09.04.2020 | 12:29

АСЧЫТ АҔАЛАРТАН ЫРЫСЫАПТАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕа күнэ, Уол оҕо күнэ, “Булчут күнэ – барыта муус устар ыйга бэлиэтэнэр алгыстаах күннэр.

Бу бырааһынньыктар аҕа оруолун үрдэтэргэ туһуланаллар, эппиэтинэстээх, көхтөөх буоларга ыҥыраллар. Дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларыгар, дойдубут сайдыытыгар, олохпут тутулугар дурда-хахха буоларга биһиги аҕаларбыт, уолаттарбыт сүрүн оруолу ылаллар. Ас-үөл булуута, дьиэ туттуута, баай-талым олоҕу оҥоруу  барыта биһиги эр дьоммутугар сытар.

Бүгүн биһиги биллэр-көстөр, киэҥ эйгэҕэ үлэлиир аҕалары кытта кэпсэтэн, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ханнык бүлүүдэни сөбүлээн, ордорон  астыылларын туоһуластыбыт.

Дмитрий Шадрин – “Сахафильм” дириэктэрэ

КЫҺЫЛ БАЛЫКТААХ ИТАЛЬЯНСКАЙ ПААСТА

Састааба:  400 г ыраастаммыт кыһыл балык, 400 мл сүөгэй, 1 тутум курдук күөх луук, 1 сибиэһэй кабачок, итальянскай “Barilla” хаптаҕай лапса, туус, хара биэрэс, үүнээйи күөх ото, чеснок өлүүтэ.

1 лиитэрэ хаптаҕай лапсабытын буһарабыт уонна буспутун кэннэ сиидэлээн ылан сойутабыт. Кыһыл балыкпытын 3-4 мм кээмэйдээх гына кырбастыыбыт туус, биэрэс, 1 ост.нь бурдук кутан булкуйабыт. Синньигэс гына кабачокпутун кырбаан бэлэмниибит. Сылаас хобордооххо, күүстээх уокка  кабачокпутун 3-4 мүн. ыһаарылаан ылабыт уонна үрдүгэр балыкпытын кутабыт. Балык түргэнник буспутун кэннэ сүөгэйбитин уонна чеснокпутун кырбаан, орто уокка тэптэрэн ылабыт. Барыта бүппүтүн кэннэ балыгы уонна лапсаны холбуубут. 4 тэриэлкэҕэ түҥэтэн баран, кунжут таммалатан тупсарыахха сөп.

БОЛОНЬЕЗЕ

Састааба: 500 г эриллибит ынах этэ, 1 бааҥка томат паастата, 400-500 г спагетти эбэтэр пенне лапса, 2 эриэппэ луук уонна моркуоп, 2 өлүү чеснок, 100 г копченай бекон, 100 г пармезан сыыр, 2 быһыы сельдерей от, 2 ч.нь хаппыт орегано, 1 тымтык базилик, туус.

Бекоммутун кыра кээмэйдээх гына кырбыыбыт, оҕуруот астарын сууйан-сотон баран хайдах баҕараргынан эмиэ кырбыыгын. Мин соломолуу кырбыырбын ордоробун. Буһарыахтаах иһиппитин орто уокка ууран сылытабыт. Бекоммутун оливки арыытыгар сөтүөлэтэн ылабыт уонна ореганобытын кытта булкуйабыт. Оҕуруот астарбытын биир-биир уурталаан, 5-7 мүн ыһаарылыыбыт, 30 сөк буола-буола булкуйа туруохха наада, оччоҕуна кини амтанын сүтэрбэт, битээминэ бэйэтигэр хаалар дииллэр. Бу кэннэ эппитин уонна томат паастабытын кутан, кыра уокка чаас аҥаара буһарабыт. Буһа турар кэмигэр базиликпытын быраҕабыт. Буста да, уоттан ылабыт. Арахсыбыт уокка турдаҕына, тиэстэ буолан хаалыан сөп. Ол тухары, лапсабыт кыра уокка тэтимнээхтик буһа турар. Ас барыта буспутун кэннэ пармезан сыыры түөркэлээн, пааста үрдүгэр таммалатабыт.

ДЬААБЫЛЫКАЛААХ БЫАР

Састааба: 3 уст. күөх дьаабылыка, ынах быара, хортуоппуй, сыыр, корица, мөлтөйбүт кыһыл уонна хара биэрэс, петрушка суох буоллаҕына, укуруоп да барсыаҕа.

Маҥнай быары ириэрэн баран, орто лэппэҕэр куһуоктарга бысталыыбыт. Онтон туустаах бурдукка булкуйа-булкуйа, арыыга ыһаарылыыбыт. Дьаабылыканы төгүрүктүү быһан баран, үрдүгэр кыһыл, хара биэрэһи уонна корицаны таммалатабыт. Ол кэннэ кыра арыыга ыһаарылыыбыт уонна туспа иһиккэ кутан баран, тутатына үрдүгэр сыыр түөркэлээн кутуохха сөп...

Гарнирга ууга хортуоппуй буһарыахха сөп. Остуолга уурарбытыгар буспут быар үрдүгэр дьаабылакабытын уурабыт, аттыгар хортуоппуйу түөркэлээн, отунан-маһынан киэргэтиэххэ сөп.

Василий Данилов, СӨ “Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын” инженерэ, Саха сирин эдэр тутааччыларын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ.

АЙЫЛҔАҔА БУСПУТ КУС МИИНЭ

Бу боростуой, дьиэҕэ буһарыллар миин буолбатах. Саҥа бултаммыт кустан астаныллар. Мииммитигэр саамай эмис кустары көрөммүт үргүүбүт. Үргүүрбүтүгэр олус чэнчистик туттабыт, иһин-үөһүн бырахпаппыт, куртаҕын эмиэ ыраастыыбыт. Куртаҕын ыраастаан баран, сыатын быыһыгар симэн кэбиһэбит. Оччоҕуна ураты амтаннаах гына буһар. Бэйэбит баҕабытынан күөх луук, эриэппэ луук кутуохха сөп. Хортуоппуйбутун, тууспутун-тумабытын дьиэбититтэн илдьэ кэлэбит. Оллооммутун оттунан, мииммит уутун бултуйбут күөлбүтүттэн ылабыт. Сибиэһэй салгыҥҥа, буруо сытыгар буспут миин чыҥха атын буолар. Айылҕа уутун амтана эмиэ ураты буоларын өйдөөммүт, эмис кустарбыт сыата дагдайан тахсыахтарыгар диэри уокка туруорабыт. Оргутан баран хортуоппуй буһарабыт, лапса баар буоллаҕына, кутан биэриэххэ сөп. Манна өссө, бурдук баар буоллаҕына, сэлиэйдээн биэриэххэ сөп. Манна биири тоһоҕолуур наадалаах – куһу быһаҕы туттубакка, илиинэн сиэхтээххит. Кус барахсан быһаҕы олох сөбүлээбэт.

ТАЙАХ МИИНЭ

Былыр-былыргаттан саха булчуттара: “Бултаммыт тайах саамай минньигэһэ дьиэҕэ тиийбэт”, -  диэн этэллэр. Бултаммыт тайаҕы иһин хостоон, сууйан-тараан астыыллар. Тайахха мыычас диэн баар. Мычааһы хайаан даҕаны үүтээҥҥэ олорон сиэхтээхпит. Ону таһынан быара, бүөрэ, сүрэҕэ, ис өттө барыта үүтэн остуолугар хаанын түһэриэхтээх. Тайах этин сууйан-сотон баран, оллооммутугар уот оттон барытын бииргэ өрөһөлүү буһарабыт. Дьэ, манна туох даҕаны приправа, туус, биэрэс да наадата суох. Тайах этин ыбылы туустаах ууга хорҕуна барыар диэри буһарыахха наада. Уһуннук бустаҕына, кини сымныыр. Тайахпыт сототун уҥуоҕун, силиитин эмиэ үүтээҥҥэ сиэхтээхпит.

Максим Спиридонов, уол оҕолору эр киһилии иитэр “Юные искатели”  кулууп салайааччыта.

ТИЭСТЭЛЭЭХ ОЙОҔОС

Биһиэхэ наада: 850 г ойоҕос, 40 г уксуус, 20 г сыа, туус, биэрэс.

Тиэстэҕэ: 280 г үүт,  200 г бурдук, 1 сымыыт, туус.

 Ойоҕоһу уҥуохтарыттан араарабыт, кыратык эмти охсобут, туустуубут уонна биэрэстиибит. 3 быраһыаннаах остолобуой уксууһунан ыстарабыт уонна 20 мүнүүтэ «сынньатабыт». Үүккэ сымыыт, туус уонна бурдук эбэн, кытаанах тиэстэни мэһийэбит. 100 грамм ыйааһыннаах өлүүскэлэргэ үллэрэбит уонна дьоҕус лэппиэскэлэри тэнитэбит. Хас биирдии лэппиэскэ ортотугар биирдии кырбас эти уурабыт. Онтон хобордооххо икки өттүттэн кытархайдыҥы өҥнөнүөр диэри соркуойдуубут. Буспутун кэннэ көстөрүүлэҕэ уган баран, ыһаарылыыр кэмҥэ тахсыбыт симэһинин кутабыт уонна духуопкаҕа угабыт.

СҮӨГЭЙДЭЭХ КУОБАХ

Биһиэхэ наада: 700 г куобах этэ, 500 мл сүөгэй, 1 лавровай сэбирдэх, 10 устуука хара горох биэрэс, чеснок, эриэппэ луук, 2 моркуоп, петрушка силиһэ, 20 г ынах арыыта, туус.

Куобах этин бысталаан баран, оргуйа турар ууга кутабыт уонна 10-15 мүнүүтэ буһарабыт. Иккис буһарыыбытыгар, эппитин тууһаммыт, эмиэ оргуйа турар ууга угабыт, лавровай сэбирдэх, хара горох, биэрэс, төгүрүктүү быһыллыбыт моркуоп уонна петрушка силиһин эбэбит. Буһуор диэри сотору-сотору буккуйабыт.

Эппитин сойутан баран, быыһыгар быһыллыбыт чесноктары кыбытабыт уонна туһунан көстүрүүлэҕэ буһарарга бэлэмниибит: үрдүгэр ынах арыытыгар ыһаарыламмыт эриэппэ луугу, сүөгэй кутабыт уонна 25-30 мүнүүтэҕэ кыра уокка буһарабыт. Сотору кэминэн бүлүүдэ бэлэм.

Станислав Григорьев, «Сататур» сынньанар киин хаһаайына

ТЕРИЯКИ СОУСТААХ УБАҺА ЭТЭ 

Састааба: 1 кг убаһа этэ,  2 устуука орто моркуоп, 1 устуука кыһыл биэрэс,  10 горох хара биэрэс, чеснок, эриэппэ луук, 1 өлүү имбирь , сельдерей силиһэ, 10 г ынах арыыта, туус, соевай соус, 4 ост. нь. мүөт, кунжутнай арыы.

Убаһа этин маринуйдаан баран, кыра гына бысталыыбыт. Онтон ынах арыытынан буһарар иһиппитин биһэбит уонна эти онно кутан ыһаарылыыбыт. Сотору-сотору буккуйабыт. Эппит бары өттүттэн саһарчы буһуохтаах.

Кыра гына кырбаммыт эриэппэ луугу, кыһыл биэрэһи уонна моркуобу кыра гына кырбаан, орто уокка соевай соустаан ыһаарылыыбыт. Буспутун кэннэ эппитин кутабыт уонна мүөппүтүн булкуйабыт. Эбии туус уонна соевай соус, кыра гына имбирь кырбаан кутабыт. Эппит соуһун быһа холоон 10-ча мүнүүтэнэн ылыахтаах. Гарнирбытыгар рис куруппа буһарабыт.

Сотору кэминэн бүлүүдэ бэлэм. Дьоммутугар минньигэс буоллун диэн, риспитин тэриэлкэ ортотугар күн курдук тэнитэбит уонна тулатыгар эппитин кутабыт.

ЭТТЭЭХ АЛААДЬЫ

Састааба: 500 г убаһа этэ, 250 г хаппыыста, 1 уст. улахан эриэппэ луук, 3-4 уст. чеснок, 2 сымыыт, 1 моркуоп, туус, үүт, бурдук, ынах арыыта.

Састааппытын барытын кыра гына кырбастыыбыт, моркуоппутун түөркэлиибит. Мин эппин эрэ кырбыыбын уонна барытын блендергэ эриттэрэбин. Тахсыбыт маассабытыгар 2 сымыыт, туус кутан баран, үчүгэйдик булкуйабыт. Онтон кыратык үүт уонна бурдук кутан, хойуу соҕус алаадьы тиэстэтин охсобут. Ынах арыылаах хобордооххо алаадьы курдук сырылаччы ыһаарылыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...