20.06.2024 | 18:00

Арыгыттан аккаастанарга исписэлиистэр көмөлөһөллөр

Арыгыттан аккаастанарга исписэлиистэр көмөлөһөллөр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саха сиригэр арыгыттан аккаастаныы нэдиэлэтэ буолан ааста. Бэс ыйын 10-14 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын быраастара көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымалар нөҥүө нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар сырдатар үлэни ыыттылар. 

Киһиэхэ уонна уопсастыбаҕа улахан охсуулаах

Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын кылаабынай бырааһа, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан сүрүн психиатр-нарколог бырааһа Альбина Сивцева бар дьоҥҥо чөл олоҕу тутуһарга ыҥырыы таһаарда:

– Арыгыны иһиини утары үлэ “Демография” национальнай бырайыак биир сүрүн хайысхата буолар. Биһиги Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу хайысханы толору өйүүбүт.

Арыгыттан эмтэниини кистэлэҥинэн ыытар уопуттаахпыт (анонимнай кабинет) – эмтиибит, психологическай бэсиэдэлэри ыытабыт, арыгыга ылларбыт дьон чугас дьоннорун кытта ыкса үлэлиибит.

Анонимнай эмтэнии киэһэлэрин ыытабыт, ол аата аахсыйа кэмигэр  16:00 чаастан 20:00 чааска диэри приемнуохпутун сөп. Бу куһаҕан дьаллыкка ылларбыт дьон биһиэхэ кэлэн детоксикация терапиятын ааһаллар, амбулаторнай реабилитацияҕа суруйтарыахтарын сөп. Маннык аахсыйалар буолалларын туһунан эрдэттэн иһитиннэрэбит, кыһалҕалаах дьону ыҥырабыт. Арыгыттан анонимнай эмтэнии киэһэлэрэ Михаил Николаев проспегын 38 нүөмэрдээх дьиэтигэр буолаллар.

Бар дьоҥҥо этиэм этэ, арыгыга ылларыыны ыарахан ыарыы курдук ылыныахха, сыһыаннаһыахха наада. Арыгы киһи организмын бары уорганнарыгар буортулаах дьайыылаах, үгүс ыарыы төрүөтэ буолан өлүүгэ да тиэрдиэн сөп. Арыгыга ылларыы олус түргэнник буолар, онон “кыратык иһэр” диир эмиэ сыыһа.

Алкоголизм киһи кириитикэлиир, бэйэни хонтуруолланар өттүн энчирэтэр. Ол иһин күн аайы кэриэтэ криминальнай сонуннарга арыгылаабыт дьон суол саахалын таһаарбытын, баһаар биричиинэтэ буолбуттарын, киһи өлүүлээх түбэлтэлэр бэлиэтэммиттэрин ааҕабыт... Дьиҥэ, бу өлүүлээх түбэлтэлэри барытын эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп этэ...

 Биһиги быраастарбыт уопуттарыттан ылан көрдөххө, дьон үксүн “сынньанаары” арыгылыыр. Ол аата билигин нэһилиэнньэҕэ сынньаныы атын көрүҥүн пропагандалыахтаахпыт. Спордунан дьарыктаныы, уйулҕаһыты кытта үлэ, итэҕэл төлөпүөннэрэ, удамыр сыаналаах айан маршруттара, көхтөөх, хамсаныылаах-имсэниилээх сынньалаҥнар о.д.а. “Чөл олох” диэн өйдөбүлү өссө киэҥник тарҕатан, билиҥҥи муода оҥоруохха наада.

Наркологтарга “запойга барар, сатаан тохтообот дьон сылдьар”, “психологка иирээкилэр эрэ тиийэллэр” уо.д.а. курдук хабааннаах өйдөбүллэри сайдыылаах үйэҕэ суох гыныахтаахпыт. Ол иһин арыгыга ылларбыт дьон олус улахан стадияларыгар тиийэн эрэ баран наркологтарга эмтэнэ кэлэллэр. Манна бука бары биири өйдүөхтээхпит – арыгыга ылларыы ыарыытын исписэлиистэр эрэ эмтиир кыахтаахтар. Идэтийбит дьон эрэ киһини көнө суолга салайан биэрэллэр, эмтииллэр, дьоллоох олоххо төнүннэрэллэр. Маныаха ыарыы бастакы сибикилэрин мүччү тутуо суохпутун наада – нарколог быраастарга кэмигэр кэлэр ордук.

Арыгы токсическай дьайыытын төһөнөн эрдэ тохтотобут да, организм бэйэтин бэйэтэ ыраастанан барар, чөлүгэр түһэринэр кыахтаах. Биллэн турар, эмтэнии ыараханнык ааһар, ол эрэн наркологтар бу эмтэниини чэпчэкитик аһарынарга көмөлөһөллөр, оттон клиническэй психологтар арыгыта суох дьоллоох буоларга үөрэтэллэр. Дьиҥэ, сынньалаҥ хайдах да арыгыны кытта ситимнээх буолуон сатаммат.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансерга хас биирдии ыарыһаҕы кытта тус-туһунан, киниэхэ эрэ анаммыт үлэ ыытыллар. Стационарнай уонна амбулаторнай реабилитация бырагыраамалара үлэлииллэр, эмтэнэ сылдьар киһи иһэн кэбиспэтин туһугар туһуламмыт үлэ күүскэ барар. Эмтэнии кэмигэр психиатр-наркологтан ураты клиническэй психолог ыкса ылсан үлэлэһэр.

Арыгыга ылларыы киһиэхэ бэйэтигэр уонна уопсастыбаҕа улахан охсуулаах. Чэгиэн буолуҥ! Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

 

Арыгыттан эмтэнии туһунан (ол иһигэр анонимнай эмтэнии туһунан) сиһилии информацияны Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерыгар эрийэн билсиҥ:

Диспансернай-поликлиническай салаа: Дьокуускай к., Михаил Николаев проспега, 38.

Төлөпүөннэрэ: 8(4112) 33-15-49, 8(4112) 33-12-83.

Суһал наркологическай көмө салаата: 8(4112) 21-00-54.

Кангалаас бөһүөлэгэр баар реабилитационнай салаа: Дачная уул., 1, төлөпүөннэрэ: (4112) 20-04-67

Быһа линия – 8-924-591-10-20

Итэҕэл төлөпүөнэ: 8-924-567-89-90

 

Эмтэнии аахсыйатыгар 12 киһи кытынна

Бэс ыйын 14 күнүгэр Арассыыйаҕа Арыгыттан аккаастаныы нэдиэлэтин чэрчитинэн Саха сиринээҕи наркология диспансера үгэс буолбут арыгы уонна наркотик дьаатыттан босхо уонна анонимнайдык эмтиир аахсыйатын ыытта. 

Бу күн уопсайа 12 киһи кэлэн, дезинтоксикационнай терапияны ылла, арыгыттан код туруортарда. Диспансер үлэһиттэрэ кинилэргэ уонна дьиэ кэргэттэрин дьонугар консультациялары оҥордулар. Сорохтор салгыы күнүскү стационарга реабилитацияҕа суруйтардылар. Санатар буоллахха, аахсыйа кэмигэр эмтэнии босхо оҥоһуллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын диспансернай-поликлиническай салаатын сэбиэдиссэйин э.т.  А.С. Третьяков бэлиэтииринэн, кыбаарталга биирдэ ыытыллар үгэс буолбут аахсыйа биир уратытынан эмтэнии үлэ чааһын кэнниттэн 16:00 чаастан 20:00 чааска диэри ыытыллара буолар. Ону сэргэ быраастар, психологтар консультациялара, арыгыттан код туруортарыы барыта буор босхо ыытыллар, диэн иһитиннэрэр Наркология диспансерын пресс-сулууспата.

***

Олоххо буолбут түбэлтэттэн:

М. урут ыраах улууска олорбута. Иккитэ ыал буола сатаабыта сатамматаҕа, иккитэ арахсыбыта, ол кэргэннэриттэн икки уол оҕолоох. Бастаан соҕотохсуйан дуу, тэһийбэт буолан дуу, “депрессиялаатым” дии-дии нэдиэлэ аайы иһэр буолбута. Бээтинсэҕэ нэһиилэ атаҕар уйуттан дьиэтин булара. Онтон субуотаҕа абырахтанар буолбута. Өрөбүллэргэ өлөттөрөн сытара, бэнидиэнньиккэ туох да буолбатаҕын курдук үлэтигэр тиийэрэ.

Эдэр киһи оннук нэдиэлэ аайы арыгылаан иһэрэ улам элбээн барбыта. Бииргэ төрөөбүттэрэ куоракка көспүт буоланнар, киниэхэ улаханнык наадыйар да киһи суоҕа. Уолаттара бэйэлэрэ тугу булбуттарынан аһаан-сиэн, оскуолаларыгар кэлэллэрэ-бараллара, биир тылынан ийэлэрин үөхпэтэхтэрэ, хомуруйбатахтара уонна тохтото да сатаабатахтара. Ийэлэрэ билигин кэлэн өйдүүр, оҕолорум син биир тылбытын истибэт диэн туох да диэбэттэр эбит...

М. билигин 40 сааһын туолла. Үс сыллааҕыта “белай горячкалаабыт” эдэр дьахтары эдьиийэ аах хомуйа тутан куоракка ыытан кэбиспиттэрэ. Онтон ыла кини Наркология диспансерыгар эмтэнэн, Кангалааска реабилитация ааһан, көнөр суолга үктэнэн эрэр. «Эрэр» диибит, тоҕо диэтэххэ кини билигин да олоччу эмтэнэ илик. Иккитэ иһэн кэбиспиттээх. Дьахтар арыгыга ылларыыта эмтиир исписэлиистэртэн да, бэйэтиттэн да үгүс сыралаах, ардыгар хас да сыллаах үлэни ирдиир. Ол эрэн оҕолорум туһугар диэн испэтэҕэ иккис сылыгар баран эрэр. Кини бэйэтин уопутуттан этэринэн, арыгыны энергетигинэн дуу, быыппаҕынан дуу солбуйа сатыыр наадата суох эбит. “Тугунан эмэ солбуйа сатааһын киһи бэйэтин ыстырыыстыырын курдук буолан тахсар, ол кэриэтэ олоччу аккаастанан, кылыгыр ууга көспүтүм ордук эбит”, – диир.

 

Арыгыттан эмтэниини күүстээх санаалаах дьон ылыналлар, бэйэ бодотун тардынарга, көнө суолга үктэнэргэ исписэлиистэр көмөлөһөллөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....