Арыгыгын эмтэт... Эбэтэр арахсабыт!
Арыгы алдьархайын ааҕан сиппэккин. Ол эрээри дьон олоҕун огдолутара, ыалы араарара – бүтүн уопсастыба сытыы кыһалҕата.
Бүгүн улаханнык ыксаабыт, тулуйарыттан ааспыт дьахтар суругун бэчээттиибит:
Кэргэним арыгылаан барыбытын сылатта, уон сыл сордоото. Тохтоло суох итириктиир, онто улам уһаан иһэр. Куһаҕана диэн ылларбытын өйдөөбөт, эмтэтиэн баҕарбат. Хайдах гынан иннин ылыахха сөбүй? Баһаалыста, сүбэлээҥ.
Виктория Петровна Филиппова, Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын клиническэй психолога:
– Хомойуох иһин, арыгыга ылларбыт дьон үксүн ыарыыларын билиммэттэр, ол иһин анал эмтэниини наадалааҕынан аахпаттар. Үгүс киһи хаһан баҕарар тохтуохпун, арыгыбын быраҕыахпын сөп дии саныыр. Ол курдук, бу дьон бэйэлэрэ билинэллэринэн, “үлэ кэнниттэн сылааларын таһаара түһүөхтэрин”, “олох ыарахаттарын умнуохтарын”, “сэргэхсийиэхтэрин” баҕараллар эбэтэр “олохторун суолтатын сүтэрбит” аатыраллар. Аһыы утах хабалатыгар хам ылларбыт киһиэхэ сылтах мэлдьи көстөр, кини куһаҕаны оҥорорун мэлдьэһиэҕэ, туохха эрэ күтүрээн иһиэҕэ, ол тухары арыгыга ылларбытын билиниэ суоҕа. Маннык түгэҥҥэ ыксаабыт кэргэн үксүн “эмтэн эбэтэр арахсабыт” дииргэ тиийэр. Ол эбэтэр арахсарга биитэр эмтэнэргэ күһэйэр.
– Виктория Петровна, арыгыны күүһүнэн эмтэтии туохха тиэрдэрий?
– Кодирование туһунан эттэххэ, оннук эмтэнии туһата суох буолуон сөп – эр киһи ойоҕун уоскутаары эмтэтиэҕэ, ол эрээри чөл олоххо бэйэтэ баҕарыа суоҕа. Ол түмүгэ үксүн биллэр – болдьоҕун иннинэ иһэн кэбиһэр эбэтэр бүттэҕинэ эмиэ арыгылаан барыаҕа.
– Оччоҕуна хайдах гынар ордук көдьүүстээҕий?
– Дьахтар эрин наркологка эбэтэр психологка барарын курдук тылыгар киллэрэрэ ордук. Оччоҕуна идэтийбит исписэлиистэр ыарыһаҕы кытта кэпсэтэн, кини чөл олоххо мотивациятын быһаарыахтара, суостаах ыарыыттан босхолонорго чахчы туһалаах ньымалары сүбэлиэхтэрэ, ыйан-кэрдэн биэриэхтэрэ.
– Комплекснай эмтэниигэ туох киирэрий?
– Биһиги диспансербытыгар арыгыттан эмтэнии бу курдук түһүмэхтэринэн барар:
1. Ыраастааһын (детоксикация), ол эбэтэр ыарыһах организмыттан токсическай бэссэстибэлэри таһаарыы, арыгы содулуттан эмсэҕэлээбит организмы чөлүгэр түһэрии.
2. Психологтары уонна социальнай үлэһиттэри кытта үлэ. Исписэлиистэр ыарыһах санаатын күүһүрдэргэ, психологическай туругун бөҕөргөтөргө, толору уонна чөл олоххо тардыһар мотивациятын үрдэтэргэ үлэлииллэр.
3. Кодирование.
4. Реабилитация – киһи личность быһыытынан чөлүгэр түһэр.
– Үлэҥ уопутуттан арыгыттан эмтэнии үтүө холобурдарын кылгастык кэпсиэҥ дуо?
– Бастакы холобур: 62 саастаах эр киһи, олоҕор иккитэ эмтэнэ сылдьыбыт. Аан бастаан наркологияҕа 42 сааһыгар кэлбит, бэйэтин баҕа өттүнэн буолбакка, ойоҕун көрдөһүүтүнэн. Сыл аҥаарынан арыгытын төттөрү испит. Эмиэ тохтоло суох арыгылаабыт, айдаан, этиһии түмүгэр ойоҕун кытта арахсыбыттар. Үс сылынан бэйэтэ баҕа өттүнэн, чугас дьонун сүбэтин истэн, эмтэнэргэ быһаарыммыт. Билигин испэт, ремиссията – 15 сыл. Иккиһин кэргэннэммит, икки оҕону иитэр.
Иккис холобур: 43 саастаах эр киһи, 30 сааһыттан арыгыга ылларбыт. Чугас дьонун күһэйиилэринэн хаста да араас ньыманан эмтэппит, ол эрээри болдьоҕун иннинэ иһэ турар эбит. 2019 сыллаахха диспансер стационарыгар сытан эмтэммит. Наркологтар уонна психологтар уопсай көмөлөрүнэн чөл олоххо тардыһыыта күүһүрбүт, кодированиеҕа сөбүлэспит. Диспансернай учуоттан уһуллубута, үтүөрбүтэ 3 сыл буолла.
Үһүс холобур: 46 саастаах эр киһи, 22 сааһыттан арыгылаабыт, хаста да кодированиены ааспыт, сырыы аайы сылтах көстөн, иһэн испит. 2020 сыллаахха бэйэтэ баҕаран туран Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерыгар стационарга сытан комплекснай эмтэнии бары түһүмэхтэрин, реабилитация кууруһун ааспыт. Испэтэҕэ икки сыл буолла, поликлиникаҕа диспансернай кэтээн көрүүгэ сылдьар, сотору учуоттан уһуллуохтаах.
– Виктория Петровна, кыһалҕалаах дьоҥҥо сүбэҥ иһин, үлэҥ уопутуттан үллэстибиккэр махтанабыт.
Аһыы утахха убаммыт кэргэттэрдээх дьахталларга психолог сүбэтэ
* Кэргэҥҥит өйдөөх кэмигэр киниэхэ көмө наада буолбутун быһаарыҥ. Арыгылыыра дьиэ кэргэҥҥэ, үлэтигэр, үп-харчы өттүгэр охсуулааҕын, баар чахчыларга олоҕуран, холобурдааҥ. Кыыһырбакка, куттаабакка, күлүү гыммакка кэпсэтэ сатааҥ, киниэхэ көмөлөһө сатыыргытын биллэриҥ.
* Эр киһини түһэрэр сатаммат. Мөлтөх, аҥаардас кыһалҕаны эрэ үксэтэр киһиэхэ курдук сыһыаннаһымаҥ. Өйдөөх кэмигэр хайдах курдук ситиһиилэнэрин, үчүгэйдик сылдьарын этиҥ;
* Бэйэҕит арыгыны иһимэҥ, үтүө холобур буолуҥ. Чөл олохтоох чугас дьоҥҥутун холобурдааҥ;
* Иккиэн эрэ ситиһэр кыахтаах уопсай материальнай сыалгытын-соруккутун туруоруҥ;
* Медицинскэй чинчийиини ааһарыгар этиитэ киллэриҥ. Арыгыттан сылтаан доруобуйата мөлтөөбүтүн биллэҕинэ, аһыы утахтан олоччу аккаастанарыгар үтэйиэн сөп;
* Аймахтартан, доҕоттортон кэргэҥҥит арыгылыырын кистээмэҥ. Кыаллар буоллаҕына, кини ытыктыыр, убаастыыр дьонун кытыннарыҥ. Көмө төһөнөн түргэнник оҥоһуллар да, оччонон ордук.
Иһэр баҕаны хайдах гынан хам баттыахха?
Надежда Замятина, Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын клиническэй психолога:
– Киһи арыгыга ылларар биричиинэтэ араас уонна элбэх: дьиэ кэргэҥҥэ, аймахтары кытта өйдөспөт буолуу, таптыыр киһини сүтэрии, таҥнарыы, үлэҕэ табыллыбакка, бэйэни намыһахтык сананыы о.д.а. Убаммыт дьон аһыы утах кыһалҕаны умнарга, сылааны таһаарарга, күүрүүнү намыратарга көмөлөһөр дии саныыллар, онно итэҕэйэллэр. Арыгыны эмп курдук ылыналлар, дьиҥэр, кыһалҕа төрдө буоларын өйдөөбөттөр. Ол иһин ылларбыттарын билиммэттэр (билиниэхтэрин баҕарбаттар), урукку олохторугар хаһан баҕарар төннүөхтэрин сөп курдук саныыллар. Ити баар көстүү.
Иһэр баҕаны хайдах гынан хам баттыахха? Бастатан туран, бэйэни уонна иһэр баҕаны кыайыахха наада. Онуоха туох нааданый?
– Баар быһыыны-майгыны сыаналаан көр, арыгы куһаҕанын, ыар содулун өйдөө;
– Чөл олоххо тардыһарга кыһалын;
– Күүстээх санааҕын, характергын көрдөр, арыгылыы ыҥырдахтарына, сөбүлэһимэ.
Киһи модун санаата уонна олоххо тардыһыы күүһэ тугу баҕарар кыайар! Арыгыта суох олох ордук кэрэ, үөрүүнэн толору!
Доруобай, чөл олохтоох буолуҥ!
Көнөр суолга букатыннаахтык быһаарыммыт дьоҥҥо сүбэлэр:
1. Арыгылааһын ыарыы буоларын өйдүөххэ наада. Ол аата хайаан да уопуттаах исписэлиистэр эрэ абырыыр кыахтаахтар. Нарколог быраастар сөптөөх эмтэри талан биэриэхтэрэ, туруккут тупсарыгар, эмсэҕэлээбит доруобуйа чөлүгэр түһэригэр көмөлөһүөхтэрэ. Психолог кыһалҕа психологическай өрүттэрин быһаарыаҕа, сүбэ-ама биэриэҕэ.
2. Ыарыһах ыарыыга ылларбытын билиниэхтээх, кыһалҕаны өйдүөхтээх. “Арыгылыырбын тоҕо быраҕыахтаахпыный?” диэн толкуйдуохтаах, сыал-сорук туруорунуохтаах.
3. Арыгыттан аккаастаммыт киһи туга эрэ итээбит курдук сананыа суохтаах, ол иһин олоҕун араас интэриэһинэй сабыытыйаларынан, дьыалаларынан толоруохтаах. Былаан оҥосторо, иннигэр туолар кыахтаах соруктары туруорунара ордук.
4. Арыгы кыһалҕатын туһунан чугас уонна күндү дьоҥҥутун кытта кэпсэтиҥ. Дьиэ кэргэн, аймахтар өттүлэриттэн көмө баар буоллаҕына, киһи ыар санааттан-онооттон босхолоноро чэпчэки.
5. Бииргэ арыгылыыр дьоҥҥун кытта алтыһан бүт.
6. Дьиэҕэ баар аһыы утаҕы барытын хомуйан бырах. Арыгылаах бырааһынньыктары тумун. Эбэтэр аһыы утаҕа суох көрсүһүүлэринэн солбуй. Өйдөө: оннооҕор биир бакаал вино барытын туора сотуон сөп.
7. Араас ыарахаттары көрсөргө, “ломка” кэмигэр мөлтөөн биэрбэт, бэриммэт туһугар бэлэм буол. Оннук түгэҥҥэ исписэлиистэр (нарколог, психолог) көмөлөрүгэр эрэн.
8. Арыгылааһын туһунан литератураны аах.
9. Күннээҕи олоххо эти-хааны чэбдигирдэр дьарыктары элбэтии үчүгэй. Спорт санааны күүһүрдэргэ, ыарыыны кыайарга олус туһалаах.
10. Аһыыр аһыҥ хаачыстыбалаах уонна туһалаах буолуохтаах. Үчүгэйдик сынньан, уугун хана утуй.
11. Төһө кыалларынан стреһи тумун, кыра аайы кыһаллыбат буола сатаа.
12. Интэриэһинэй дьарыкта көрдөн, үтүө саҕалааһын сүргэни көтөҕөр.
13. Сорох дьоҥҥо саҥа сиргэ көһүү, идэни уларытыы, волонтердааһын, көхтөөх сынньалаҥ көмөлөһөр, олохторугар үөрүүнү үксэтэр. Өрөбүлгэ арыгылыы олоруох оннугар тыаҕа дьаарбайан, сынньалаҥы туһалаахтык атаарбыт ордук. Чугас дьоҥҥун кытта сөбүлүүр дьарыктаах буолуҥ.
14. Астыныыны, дуоһуйууну аҕалар атын ньымалары көрдөө. Сөбүлүүр дьарыгыҥ сыыйа-баайа үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиир буолуоҕа.
Биллэрии!
Кулун тутар 20 күнүттэн нарколог быраастартан ыспыраапканы ылыы өҥөтө эрдэттэн суруйтарыынан эрэ оҥоһуллар.
Колл-киин нүөмэрэ: 122 (эбии 2 кнопканы баттыыгыт).
Эбэтэр https://er14.ru/ портал нөҥүө суруйтарыахха сөп. Приемҥа уочараттаан киириллибэт!
Кулун тутар 20 күнүттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера Дьокуускай куорат 202-с дьоҕус оройуонугар нарколог кабинетын арыйар.
Аадырыһа: 202-с дьоҕус оройуон, 2-с куорпус (Дьокуускай куорат Медицинскэй киинин дьиэтэ, 5 этээс). Үлэлиир кэмэ: сарсыарда 8.30 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри (бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри).
Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансерын пресс-сулууспатын матырыйааллара туһанылыннылар