17.04.2021 | 13:28

Арыгы эргиэмсиктэрин «суобас суутугар»

Киин куораппыт хас муннугун аайы «эриэккэс дизайннаах», киһи хараҕа ала-чуо быраҕыллар вывескалаах арыгы маҕаһыыныгар үгүспүт хараҕа хатанар буолуохтаах.
Арыгы эргиэмсиктэрин «суобас суутугар»
Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Ким эрэ маны көрдөҕүнэ,  санаата түһэр, дууһата муунтуйар, оттон арыгы ыар тыынын сүгэ сылдьар ыарахан тыыннаах киһиэхэ бу күннээҕи олоҕун арахсыспат аргыһа буолуо. Арыгы кими “дьоллообута” баарай?... Болдьохторун иннинэ дьылҕалара тиэрэ төлкөлөммүт, эдэр саастарыгар, күөгэйэр күннэригэр сылдьар төһөлөөх ыччаты кэмин иннинэ суорума суоллаабыта буолуой? Арыгынан эргинэр эргиэмсиктэргэ ыччаттарын, чугас дьоннорун сүтэрбит аһыылаах дьонтон аба-сата тыллара төһөлөөх этиллэллэрэ буолуой? Арай, ону “суобас суута” быһаарара дуу...

Ааспыт нэдиэлэҕэ куйаар ситимин нөҥүө Петр Черкашин инстаграмҥа бэрт дьикти ис хоһоонноох суруйуута, бассаап нөҥүө тарҕанан, дьон интэриэһин тарта. Бу кимий диир буоллахха, күннээҕи олох кыһалҕатын социальнай роликтарынан куйаар ситимин нөҥүө тарҕатар. Кини норуокка “Үтүө санаа долбуура” бырайыагынан биллэр.

Петр Черкашин, уопсастыбанньык, меценат, предприниматель, «Үтүө санаа долбуура» бырайыак ааптара, «Якутянин года – 2020” уопсастыбаннай бириэмийэ лауреата, “Аҕалар лигалара” уопсастыбаннай тэрилтэ толорооччу дириэктэрэ, Хаҥалас улууһа, Өктөм нэһилиэгэ:

Мин биири бэлиэтии көрдүм. Ол курдук, Дьокуускай куораппытыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 323 тыһыынча киһи олорор. Оттон арыгы атыылыыр маҕаһыын ахсаана 303 эбит, бу өссө 2 GIS эрэ көрдөрөрүнэн. Оттон киһини эт-хаан өттүнэн сайыннарар спортивнай саалалар ахсааннара 30-тан эрэ тахса эбит. Ол аата арыгы маҕаһыыныттан 10 төгүл аҕыйах буолан тахсар. Тугу эрэ сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, усулуобуйа тэрийиэхтээххин. Киһи сонньуйуох, арыгылыырга усулуобуйа бөҕөтө тэриллибит. Ол аата бу арыгы маҕаһыыннара баалларын тухары, арыгы иһээччи ахсаана эбиллэ туруоҕа. Бачча элбэх арыгы маҕаһыына төһөлөөх элбэх саханы тыынын быспыта, дьиэ кэргэни араарбыта, оҕолор харахтарын уута тохтубута буолуой? Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаатынан арыгыттан аккаастаныахтаах, бэриниэ суохтаах. Оччоҕо эрэ ыал арахсыыта аҕыйыа, оҕо төрөөһүнэ элбиэ, олохпут тупсуо, дойдубут сайдыа. Дьон-сэргэ өйдөнөр кэмэ кэллэ. Оттон эһиги, күндү доҕотторум, бачча кыра куораппытыгар итиччэ элбэх арыгы маҕаһыына баарын туох дии саныыгытый?

Аһыы утахха бэринимиэҕиҥ

–Петр Петрович, инстаграмҥар бүгүҥҥү тирээн турар кыһалҕаны таарыйбытыҥ бассаап ситимин нөҥүө тарҕанна. Ол курдук, куораппытыгар аата-ахсаана суох арыгы атыылыыр маҕаһыын олус элбэх эбит. Туох санааттан маннык кэпсэтиини таһаардыҥ?

Тугу эрэ сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, бастатан туран, усулуобуйа тэрийиэхтээххин. Киһи хомойуох, кэлэйиэх, куораппытыгар арыгылыырга усулуобуйа бөҕөтө тэриллибит. Ол иһин бу боппуруоһу таарыйбытым. Инники кэскиллэрбит, ыччаттарбыт аһыы утаҕы арыгыны доҕор оҥостубатыннар диэн сыаллаах-соруктаах.

– 2 GIS сыһыарыы нөҥүө көрөҥҥүн, куораппытыгар 303 арыгынан эргинэр маҕаһыыннар бааллар эбит диэн быһааран суруйдуҥ. Оттон биллибэтинэн-көстүбэтинэн төһө элбэх арыгы маҕаһыына баара буолуо дии саныыгын?

– Ити 2 ГИС сыһыарыы эрэ нөҥүө баар арыгы атыылыыр маҕаһыыннар, ону таһынан түүннэри арыгыны тиэрдэр (доставка) бутлегердар, пивной баардар, бириэмэни тутуспакка уора-көстө үлэлии турар маҕаһыыннар олус элбэхтэр. Кэмиттэн кэмигэр сокуонунан быраабы араҥаччылыыр уорганнар миэрэ ылаллар, ыстарааптыыллар. Ол да буоллар, син биир тоҕо эрэ үлэлии тураллар.

– Арыгыттан сылтаан төһөлөөх эдэр ыччаппыт суорума суолламмыта, дьиэ кэргэн олоҕо ыһыллыбыта буолуой? Эн тус көрүүҥ.

– Хомойуох иһин, олус элбэх. Куораппытыгар арыгы атыылыыр маҕаһыыннар элбэхтэриттэн сонньуйаҕын эрэ. Дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа арыгылыыр буоллаҕына, бу бүтүн уопсастыба иэдээнэ буолар. Туох кистэлэ кэлиэй, улууска, дэриэбинэҕэ иһэр-аһыыр дьиэ кэргэттэр бааллар. Манна олохтоох дьаһалта күүскэ үлэлиэн наада. 

– Эн санааҕар, билиҥҥи ыччат аһыы утахха ылларыыта хайдаҕый?

– Билиҥҥи көлүөнэ өйө-санаата арыый уларыйан, сайдан, өйдөнөн иһэр. Урукку 90-с сыллар курдук, билигин арыгы, пиибэ иһэр муода буолбатах. Ол да буоллар, син биир бааллар. Ол иһин итиччэ элбэх маҕаһыын баар буоллаҕа.

– Куоракка арыгы маҕаһыына хас хардыыҥ аайы баар буоллаҕына, тыа сиригэр “туочукалар” нэһилиэнньэҕэ арыгыны кистии-саба атыылыыллар. Ол кыайан уодьуганнаммат. Дьон-сэргэ көрө-көрө көрбөтөҕө, истэ-истэ истибэтэҕэ буолаллар. Маннык көстүү ханнык баҕарар улууска, дэриэбинэҕэ баар. Бары бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, онон туох да миэрэ ылыллыбат. Чөл олохтоох биир эмит нэһилиэги холобурдуоҥ дуу...

– Хас улуус, нэһилиэк аайы арыгы атыылыыр «туочукалар» бааллар. Холобур, биһиги нэһилиэкпитигэр – Уус Алдан Тумулугар 2012 сыллаахха Айхал Габышев, нэһилиэкпит аҕа баһылыга Василий Алексеев уонна чөл олоҕу өрө тутар Матвей Лыткин буоланнар «сухой сокуон» олохтообуттара. Ол кэннэ нэһилиэкпит улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх кэккэ ситиһиилэрдээх, кыайыылардаах. Дэриэбинэбит тупса, сайда түспүтэ. Спорт саала иһэ бу бүгүҥҥү күҥҥэ диэри толору киһи, араас спортивнай тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онон хас биирдии улууска, нэһилиэккэ «сухой сокуон» олохтуохтарын наада.

– Куоракка маҕаһыыҥҥа атыыланар 250 солкуобай сыаналаах арыгыны тыа сиригэр 1-1,5 тыһыынча солкуобайга “арыгы эргиэмсиктэрэ” атыылыыллар. Оннук дьону хайдах “суобас суутугар” ыҥырыаҥ этэй?

- Арыгы атыылаан дьолго тиксибит киһи диэн суох. Өскөтүн суут-сокуон кыайбатаҕына, айылҕа бэйэтэ оройго саайыан сөп. «Бэйэҕиттэн сиппэтэҕинэ, бэдэргиттэн ситиэ»  диэн өбүгэбит өс хоһооно манна оруобуна сөп түбэһэр.

– Бу кыһалҕа утары туох дьаһал, хамсааһын тахсыан сөбүй?

– Дьиҥэр, үлэ бөҕөтө барар, барбат диир сыыһа. Былаас да, уопсастыба да өттүттэн хамсааһын бара сатыыр. Оннооҕор биһиги арыгыны утары өйдөтөр-үөрэтэр социальнай роликтары устабыт, оҥоробут, олоххо буолбут кэпсээннэри аһаҕастык суруйабыт, санаабытын үллэстэбит.

–Түмүк тылыҥ.

– Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаатынан арыгыттан аккаастаныахтаах, оччотугар дьон арыгы испэт, атыыласпат буоллаҕына, биллэн турар, маҕаһыыннар аччыахтара, сүтүөхтэрэ, бүтүөхтэрэ. Онон арыгыга олох бэриниэ суохтаахпыт. Оччоҕо эрэ ыал арахсыыта аҕыйыа, оҕо төрөөһүнэ элбиэ, олохпут тупсуо, дойдубут сайдыа. Дьон өйдөнөр кэмэ кэллэ!

Бүтүн норуот кыһалҕата

Альбина Афанасьевна Аммосова:

– Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕа буолуо эрээри, хас хардыы аайы угуйар сурук-бичик онно киирэргэ хардыы оҥорторор курдук. Ааһан иһэр киһи санаата араас буоллаҕа, сыыһа өйдөбүл кимиэхэ баҕарар баар. Ама, биир үрүүмкэ аайы...эбэтэр бүгүн эрэ... Ол сылдьан, бу киһи бытыылка моонньун ыыппаттыы тутуһа сылдьар буолбутун билбэккэ да хаалыан сөп. «Киһи – санаа баттыга» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыл. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэчээттэммит кумааҕылаах, сокуоҥҥа эппиэттиир, атыылыырга сөбүлэҥнээх тэрилтэни туох да сыала-соруга суох уодьуганныыр быраап ханна да суох, оннук чиҥник баһылаан-көһүлээн олорон атыыланар ас. Барыларын күһэйэн туран, чөл олоҕунан дьарыктаныҥ, спортивнай саалаҕа эрчиллиҥ диир эмиэ сатамньыта суох. Ол 30 спортивнай саалаҥ кими да босхо дьарыктаабат, хармааҥҥар харчыта суох сылдьан киирбэккин. Элитнэй дьарыктанар сирдэр бары ыарахан халҕаннаахтар, кытаанах харабыллаахтар. Киһи бэйэтин баҕата, дьаныара уонна дьулуура эрэ наада. Сорохторго бу кыаллыбат. Тугу эрэ сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, усулуобуйа тэриллиэхтээх. Онно син биир бүддьүөтүҥ оруолу оонньуур. Билигин дьон үксэ хабалаҕа хаптаран олорор. Дьиэ буоллун, үөрэх, уһуйаан буоллун, эбии төлөбүрдээх дьарыкка санамматтара чуолкай. Тиийиммэппит-түгэммэппит диэн ытаһабыт да, ытыс тоһуйааччыбыт ахсаана күн-түүн эбиллэр. Ол аайы арыгы маҕаһыына үүнэ-сайда турар. Бу биһиги эрэ кыһалҕабыт буолбатах, бу бүтүн норуот кыһалҕата. Маны туоратарга үлэ хаамыыта өссө да тобулла, толкуйдана илик. Киһи киһиэхэ сыһыана тымныынан аргыйарын тухары, бу боппуруос хаһан да кыаллыа суоҕа.

Елена Григорьевна Николаева:

– Сахалар, бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах норуот, киин куораппытыгар итинник элбэх ахсааннаах арыгы маҕаһыыннаахпыт норуот эстиитигэр тиэрдиэн сөбө буолуо. Атын сайдыылаах куораттар дьон култуурунайдык киирэн аһаан тахсар сирдэрин тэрийэллэр. Биһиэхэ кымыс, быырпах, үрүҥ ас атыыланар, аһаан тахсар кафеларын тэрийиэххэ сөп буоллаҕа эбээт. Арыгы атыытын оннугар, оннук кафелар бааллара буоллар, ыччат оннукка сыыйа үөрэниэ этэ.

Айталина Гаврильевна Николаева-Петрова:

– Арыгы үйэлэргэ баар. Оҕону арыгы куһаҕаныгар, содула ыараханыгар иитии кыра эрдэхтэн, дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах. Төрөппүттэр оҕоҕо үтүөнү, мөкүнү араара үөрэнэргэ иитиилэрэ итиннэ эмиэ оруоллаах. Куораппытыгар арыгы маҕаһыына олус элбэх. Ону аҕыйатар туһунан туруорсууну норуот эрэ күүһүнэн көмөлөөтөххө кыаллыа. Улахан куораттарга сырыттахпына, арыгы маҕаһыына олох аҕыйаҕын сөҕө да, ордугургуу  да көрөбүн. Дьиктитэ диэн, ити чэпчэки арыгы онно атыыламмат. Онтон биһиэхэ балаһыанньа хайдаҕый? Олох мөлтөх диибин. Хас хардыыҥ аайы арыгы маҕаһыына... араас суорда барыта атыыга баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...