14.01.2023 | 11:00

Арыгы дьахтар кэрэ сэбэрэтигэр дьайыыта

Арыгы дьахтар кэрэ сэбэрэтигэр дьайыыта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арыгы дьахтарга буоллун, эр киһиэхэ буоллун үтүөнэн дьайбатын бары да биэс тарбахпыт курдук билэбит. Ону ол диэбэккэ иһээччи киһи син биир иһэр, олох испэт киһи тарбахха баттанар. Бүгүн биһиги Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансер психолога Татьяна Махмуд сүбэтин ааҕааччыларбытыгар тылбаастаан таһаарыахпыт.

Дьахтар этэ-сиинэ арыгыны эр киһитээҕэр олох атыннык ылынар. Ол курдук, дьахтар этэ-сиинэ, ыйааһына эр киһитээҕэр быдан атын. Ол аата дьахтар эр киһитээҕэр кыраны да истэҕинэ, этин-сиинин сүһүрдэрэ быдан түргэн.

Дьахтар арыгыны куруук иһэн саҕалаатаҕына, кини организмыгар ыарахан уонна көммөт уларыйыылар тахсаллар.

Арыгы тас көрүҥҥэ хайдах дьайарый?

 

Тириигэ дьайыыта

Тирии ис уорганнаргын уонна систиэмэҥ туругун, доруобуйаҕын көрдөрөр. Арыгы киһи этин-сиинин куурдан, тириигэр улаханнык дьайар. Өскөтүн киэһэ аһара элбэҕи истэххинэ, сарсыарда сирэйиҥ үллүбүт курдук буолар, кууран-хатан, хаҕыланан хаалар.

Куруук арыгыны иһэр дьон сирэйдэрин тымыра көстө сылдьар курдук буолар. Бу сирэйгэр хаан мустуутуттан тахсар. Ону көннөрөр, сирэйгин чөлүгэр түһэрэр ыарахаттардаах. Өссө биир соччото суох түмүк – прыщик тахсыыта. Арыгы саахара элбэҕиттэн, эккэр-сииҥҥэр оргуйан киирэр, ол түмүгэ сирэйгэр көстөр. Маны таһынан, испиир эккэр-сииҥҥэр эр киһи гормоннарын оҥорон таһаарар, онон тирииҥ сыыйа-баайа куруубай буолан иһэр, дириҥ хайаҕастар уонна ымынахтар тахсан бараллар. Медицинэ чопчулуурунан – арыгы иһииттэн кураанах тирии кыһалҕата бэлиэтэнэр. Түмүгэ биллэр – эрдэ кырдьыы, мыччыстаҕастар эбиллиилэрэ, элбээһиннэрэ. Куруук иһии киһини эрдэ кырытыннарар, арыгы дьахтар да, эр киһи да организмыгар С уонна Е битэмиин саппааһын аччатар, бу коллаген – белок аччыырыгар тиэрдэр, кини тирии ньалҕаархай буоларыгар көмөлөһөр, ол арыгыттан барыта суох буолар.

Биллэн турар, биир бакаал маннык түмүктэри аҕалбат. Ол эрээри киэһэ иһиллибит 2-3 коктейль сарсыардааҥҥы көрүҥҥүн тупсарбат.

 

Арыгы баттахха дьайыыта

Арыгы баттахха үтүөтүк дьайыыта пиибэ доруоһатыгар оҥоһуллубут мааска көмөтүнэн эрэ буолар. Оттон искэр киллэрдэххинэ, ол эбэтэр иһэ сырыттаххына, куһаҕантан атыны аҕалбат. Трихологтар этэллэринэн, испиирдээх утахтар баттахха олус улахан хоромньуну аҕалаллар, онтон сылтаан баттаҕыҥ тостумтуо буолар, төрдүлэрэ буортуйар, ону таһынан өҥө уларыйар уонна убуур.

Өскөтүн арыгыны куруук иһэр буоллахха, метаболизм эккэр-сииҥҥэр олорон хаалар, ол баттаҕыҥ капиллярдарын бүөлүүр. Маннык уларыйыылар иҥэмтэлээх веществолары уонна кислороду аччаталлар, ол иһин баттах төрдүлэрэ өлөн киирэн бараллар. Онон, арыгы иһээччилэр, баттаххытын тарааннаххыт аайы тарааххытыгар баттах хаалара элбээн иһэрин билиэххит. Ол түмүгэр баттах олус убаҕастык, хобдохтук көстүөҕэ, хайа да бүрүчүөскэ киэргэтиэ суоҕа.

 

Арыгыттан ыйааһын эбиллэр

Дьахтар организма арыгыны оҥорон таһаарарыгар эр киһитээҕэр элбэх бириэмэ наада. Ол иһин кыргыттар арыгыттан быдан эрэйдэнэллэр. Итирдэр утаҕы таһаарарга, быарга баар эбии антиоксиданнар уонна С битэмиин наада. Куруук арыгыны иһэр киһиэхэ бу саппаас бүтэр, онтон гиповитаминоз буолаҕын уонна иммунитет мөлтүүр. Хааҥҥа этанол баарыттан эстроген ахсаана элбиир, онтон сылтаан дьахтарга араас ыарыы эбиллэр, ол иһигэр эмиий былчархайдарын поликистоһа диэн. Испиир хааҥҥа саахар тахсыытын биричиинэтэ буолуон сөп. Итирдэр утахха саахар элбэҕин таһынан, арыгыны минньигэс бүлүүдэлэри кытта сокуускалаан иһэллэр. Бу үксүн киэһэ эбэтэр түүн буолар, ол иһин мантан сылтаан ыйааһын эмиэ эбиллэр. Маны таһынан арыгы прогестерон тахсыытын баттыыр – ол аата дьахтар гормона, ону таһынан тестостерону көҕүлүүр.

 

Араас уларыйыылар саҕаланаллар

Дьахтар организмыгар бары хамсааһын гормональнай эргииргэ бэринэр, маныаха арыгы эмиэ сабыдыаллыыр. Элбэҕи истэххэ, бүөр былчархайдарыгар токсическай дьайыыны оҥорор, олор эр киһи гормонун таһааран саҕалыыллар.

Өскөтүн арыгы организмҥа олус чаастатык киирдэҕинэ, эр киһи гормоннара сыыйа-баайа хааҥҥа мунньустан, урукку кыраһыабай сэбэрэ ханна да суох буолар, эр киһитиҥи көрүҥү биэрэр. Иһээччи дьахталлар куоластара уларыйар, намыһах уонна хаахынас, оттон хамсаныылара көнтөрүк уонна сытыы буолаллар. Куруук арыгынан утахтанар дьахталлар климакстара, испэт-аһаабат кэрэ аҥаардартан, быраастар бэлиэтииллэринэн, 10-15 сыл эрдэлиир.

 

Арыгы тиискэ сабыдыала

Үгүстэр билэллэрин курдук, арыгы гормональнай кэһиллиини оҥорор, баттаҕы уонна тириини буортулуур, оттон тиискэ дьайара олох кыра дииллэр. Иһээччилэргэ биир содулунан тиис эмалын эрозията буолар. Ханнык баҕарар итирдэр утахтар миилэҕэ уонна айах иһигэр куһаҕаннык дьайаллар, бу эрозияҕа уонна тиис алдьаныытыгар тиэрдэр. Кислота уонна саахар ханнык баҕарар арыгы көрүҥэр бааллар, эмалы олус чарааһаталлар уонна өҥүн уларыталлар. Кыһыл арыгы эрэ тиис өҥүн уларытар диэн сыыһа өйдөбүл баар, үрүҥ да арыгы манна сабыдыаллыыр. Эмаль эрозията тииһи олус уйан оҥорор, көстүүтүн мөлтөтөр. Маны таһынан пломба эмиэ түһүөн сөп.

Арыгы тиистэн олус суолталаах битэмииннэри уонна эттиктэри ылар, ол курдук кальцийы, А уонна В битэмииннэри, магнийы, сыыҥканы уонна тимири. Бу элеменнэр бары тиис доруобай туруктаах буоларыгар көмөлөһөллөр, ону таһынан иммунитекка сабыдыаллыыллар. Арыгыттан пародонтоз уонна кариес үөскүүр. Бу ыарыылартан сылтаан миилэ сахсархай буолар уонна хааннырар, онон тииһи үчүгэйдик туппат, сыыйа хамсыы сылдьар буолаллар. Кариес арыгыга баар саахартан уонна красительтан үөскүүр, бу үксүн коктейльга баар. Арыгыттан этиҥ-сииниҥ кууран-хатан барар, онтон сылтаан сили таһаарыы аччыыр. Ол түмүгэр тиистэр сөптөөх иҥэмтэлээх элеменнэри ылбаттарыттан айаҕыҥ сыта куһаҕан, мөкү буолар.

 

Эр киһини кытта тэҥҥэ иһимэ!

Дьахтарга биир сүрүн быраабыланан арыгыны эр киһини кытта тэҥ дозаны иһимэ диэн буолуохтаах. Бэлиэтээн эттэххэ, дьахтар уонна эр киһи физиологиятын таһымыгар уратылаһыы бэлиэтэммэт курдук. Испиир организмҥа киирэн тарҕанарыгар уу наада, кини молекулата испиир молекулатыгар сыстар, онуоха углерод сорҕотун эмти ытыран ылар курдук – онтон арыгы уксуска кубулуйуута саҕаланар. Дьахтар организмыгар уу 10% аҕыйах, кини эр киһини кытта тэҥ дозаны истэҕинэ, хааныгар арыгы концентрацията эр киһитээҕэр үрдүк буолар, төһө даҕаны тэҥ үрдүктээх уонна ыйааһыннаах буоллаллар.

Англия чинчийээччилэрэ бэйэлэрин санааларын соҥнуулларынан, эр киһи уонна дьахтар испит арыгыларын хабааннаһыытын нуормата 3:4 тахсыа суохтаах. Маны куруук кэһэр буоллахха, арыгыга убаныахха сөп. Хааҥҥа этанол концентрациятыгар дьахтар половой гормоннара эмиэ сабыдыаллыыллар. Кинилэр куртахха фермены аччаталлар, ол быыһыгар быарга этанол оҥорон таһаарыытын түргэтэтэллэр. Онон, арыгы симэлийиитэ эр киһитээҕэр бытааннык барар, ол оннугар быар килиэккэлэрин түргэнник алдьатар, бу быарга элбэх кыһалҕаны оҥоруон сөп.

Арыгы иһэргэ дьахталлар менструальнай циклларын иккис аҥаарыгар ураты болҕомтону ууруохтаахтар диэн быраастар сүбэлииллэр. Науканан дакаастанан турар, элбэхтик иһэр дьахталлар менструациялара кэлиэн иннинэ арыгыга ордук тардыһаллар эбит, оттон эр дьон, холобур, настарыанньаларын түһүүтэ бэлиэтэнэр. Өссө менструация иннинэ арыгы куртах-оһоҕос тыраагыттан хааҥҥа быдан түргэнник иҥэр, онуоха токсическай эффект эмиэ улаатар.

 

Бу ыстатыйаны ааҕан, анаалыстаан, арыгы дьахтар организмыгар хайдах дьайарын, туох содулу аҕаларын быраастар, наука сүбэтин, дакаастабылын өйдөөн, ыраҥалаан, баҕар, туох эмит түмүгү оҥостуохтарын сөп. Оттон арыгы иһииттэн эн бэйэҥ эрэ этиҥ-хааныҥ эчэйбэт, ону таһынан чугас дьонуҥ, оҕолоруҥ, ийэҥ-аҕаҥ эрэйдэнэрин, санаарҕыырын эбэн кэбис уонна иһэргин күн бүгүҥҥүттэн тохтот.

 

“Өрөспүүбүлүкэ наркологическай диспансерын” пресс-сулууспата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...