08.07.2021 | 19:00

Артыыс, ыытааччы, күүстээх мадьыны, блогер – Борислав Степанов

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Борислав Степановы кытта устудьуон эрдэҕинэ, саха ыччатын таптаан ааҕар хаһыатыгар интервью оҥорон турабын. Оччолорго, кини киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу, барыга бары көхтөөх уол оҕото этэ. Хас иккис тэрээһин Борислава суох ыытыллыбат буолара.

Балай да кэм ааспытын кэннэ уолбут биир тарбахха баттанар чаҕылхай, ситиһиилээх киинэ артыыһа быһыытынан бэйэтин киэҥ эйгэҕэ ааттатта.

- Ааҕааччыга бэйэн тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

- Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым киһи сиэринэн ааспыта. Кэмигэр мэниктээн, баракаастаан хас биирдии оҕо курдук күлүм гынан ааспыта. Эрдэ ааҕар, суруйар буолбутум. Инньэ гынаннар,  Дьокуускайга Алексеева авторскай оскуолатыгар ыытар сорук тура сылдьыбыта. Ахсыска кылааска диэри куруук биэс сыанаҕа үөрэммитим. Тохсус кылаастан спордунан үлүһүйэн, кыһыл мэтээлгэ анньыһа барбатаҕым. Билигин санаатахпына, киһи хомойбот. Оччолорго хайдах эрэ наһаа хомуйбутум.  Оскуола президиэнэ, интэрнээт президиэнэ буоламмын актыыбынай олохтоох-дьаһахтаах киһи этим.

Оскуолабын этэҥҥэ түмүктээн 2013 с. ХИФУ үп-экономика институтугар “финансовай менеджер” салаатыгар киирбитим, ол кэннэ магистратуралаабытым.

Билигин «НВК Саха» ханаалга үлэлии сылдьабын. Ону таһынан бэйэбин ыытааччы быһыытынан холонобун. Үбүлүөйдэри, төрөөбүт күннэри, бэлиэ түгэннэри иилээн-саҕалаан ыытабын.  Этэргэ дылы, “Хочешь жить — умей вертеться!” диэн быраабыланан, туох көстөрүнэн барытынан хамсанан иһэбин.

КИИНЭ ЭЙГЭТЭ

- Киинэ эйгэтигэр 2016 с. «Детсат” айар-бөлөх уонна “Лига Саха КВН” уопсастыбаннай тэрилтэ “Экспедиция” (реж. Г.Менкяров)  уус-уран киинэтигэр сүрүн оруолу ыламмын, уһуллан саҕалаабытым. Бу киинэ Ханты-Мансийскайга ыытыллыбыт “Дух огня” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII фестивальга көрөөччү биһирэбилин бэлиэтиир “Золотая тайга” анал ааты ылары ситиспитэ. Ону сэргэ, “Газпром Нефть” ААУо олохтообут “За сохранение культурных традиций” бирииһин ылбыта.

Киинэбит 2019 с. тахсыбыта. Ол кэннэ, эһиилигэр 2017 с. социальнай ситимҥэ, сахалыы киинэ уһуллуутугар артыыстары көрдүүбүт диэн биллэрии тахсыбыт этэ. Ол биллэриигэ, «сүрүн оруолга” диэнэ суох быһыылааҕа.  Тиийэммин холонон көрдүм. 2-3 нэдиэлэ ааспытын кэннэ эйиигин таллыбыт, киинэҕэ уһуллуоххун сөп диэтилэр. Онтон ыла, Марианна Сиэгэнниин бииргэ үлэлэһэн, «Иччи” диэн ааттаах киинэбит бүтүн аан дойду үрдүнэн киэҥник көстө турар. Art Doydu айар бөлөҕү кытта бииргэ үлэлээһин олус үчүгэйдик ааста. Атын киинэлэри кытта тэҥнээтэххэ, кинилэр «высший пилотаж» көрдөрдүлэр, тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһи тугунан дьарыктанара, тугу гыныахтааҕа барыта таһым. Мин — артыыспын. Холобура, бэйэм эрэ оруолбар болҕомтобун ууруохтаахпын, туохха да аралдьыйбакка. Ол туһугар бары сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубута. Кыратык ыр диэннэр, туспа ас кытта көрүллэрэ, ону сэргэ доруобуйаҥ эмиэ хонтуруолланар.

- Киинэҕэ сүрүн оруолу толордуҥ, дьоруойуҥ туһунан кылгастык кэпсии түс эрэ.

- Айсен диэн ааттаах уолу оонньоотум. Уол доҕотторо олох суох. Сэмэй, аҕыйах саҥалаах уонна киһилии майгылаах киһи. Кини аҕа саастаах ийэтин уонна аҕатын кытта олорор. Уол элбэҕи ситиһэр бырааттаах, киниэхэ ымсыырар. Салгыытын «спойлердыыр” быраабым суох (күлэр)!

- Хоррор диэн саҥа таһым киинэтэ, киинэттэн көрдөххө олох түүннэри устубуккут.  Бэйэҥ төһө куттанныҥ?

- Ыас хараҥаҕа аҥаардас уһуллуубуттан куттаммытым. Санаан көрүҥ: түүн, хараҥа, ойуур, 300 метр тэйиччигэ эйигиттэн ураты биир да дууһа суох. Миигин кытта рациянан сибээстэһэллэр, тугу гыныахтааххын этэллэр... оннук турукка эн оонньуугун.

- Эн санааҕар, саха киинэтэ төһө сайынна?

- Бүтүн, Арассыыйаны ылан көрдөххө биһиги сахабыт сирэ, регион быһыытынан саамай элбэх киинэни устар дойду буолар. Сахалар киинэҕэ ураты көрүүлээхпит, ол туоһута билиҥҥи азиатскай омук оҥорбут киинэтэ атын таһымҥа тахсыыта. Саха киинэлэрэ ФЕНОМЕН буолла диир кыахтаахпыт. Манна даҕатан эттэххэ, “Иччи” киинэбит сахалыы киинэлэртэн аан бастакынан аан дойдуга таҕыста, ону сэргэ онлайн балаһааккаларга эмиэ тарҕанна.

КҮҮСТЭЭХ МАДЬЫНЫ

- Спордунан утумнаахтык дьарыктанар эбиккин дии?

- Бэһис кылаастан ыла ДЮСШ-ҕа мас тырдыһыытын уонна хапсаҕай секцияларыгар утумнаахтык дьарыктаммытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тренердэр эрчийбиттэрэ: маска В.В. Олесов, хапсаҕайга П.М. Каженкин. Оҕо сылдьан сүүрэн да көрбүтүм, мээчиктииртэн даҕаны туора турбат этим. Хапсаҕайга оҕолорго өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолбутум. Сүрүн көрүҥүм – мас тардыһыыта буолар. 70 кг үөһэ ыйааһыннаах оҕолорго СӨ муҥутуур чөмпүйүөнэ буолбутум, Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар кыттан бастаабытым. 2019 с. эр дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэҕэ кыайаммын маастар нуорматын толорбутум.  Хомойуох иһин, быйыл өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр  кытта сылдьан быччыҥым быстан тыраамба ылан кэбиспитим. Ол иһин, бу буолаары турар Манчаарыга кыттыбаппын. Дьиҥэр, быйыл кыттан бараммын маспын түмүктүөм дии санаабытым.

- Хайдах эрэ, быһыыҥ-таһааҥ Дыгын оонньуутугар барсар дии, көрөөччүлэр да сэргээтилэр. Тоҕо кыттан көрбөккүн?

- Оҕо эрдэхпиттэн тренерым онно бэлэмниирэ. Ыстаннарар, тутум эргиттэрэр, ол эрээри, ыарахан соҕустук бэриллэр этэ. “Хаҥалас Боотур” диэн 2013с. Орто-Дойдуга эр дьоҥҥо күрэх буолбута, онно МР саа ылбытым. Маһым баара, хапсаҕайым эмиэ үчүгэй этэ, ыстаныы, сүүрүүбүт арыый боростуой соҕус этэ. Ону, оччолорго устудьуоннуу киирэн бараммын, арыый арылдьыйбытым. Төлөбүрдээх үөрэххэ сылдьар буоламмын, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанан, бэйэбин көрдөрүөхпүн наада диэммин КВН-ҥа көһөн хаалбытым. Кэлин, 2015 с. многоборьеҕа кыттан көрбүтүм. Онно ыйааһыным лаппа улахан этэ уонна онтон хайа муҥун икки куобаҕы эккирэтэ сылдьыахпыный диэн, хайатын да ситиэм суоҕа дии санаан мас тардыһыытыгар көспүтүм. Син биир баҕа санаа баар, биир сыл кыттан көрөр былаан баар.

САХА-КВН ЭЛБЭХХЭ КӨМӨЛӨСТӨ

- Урут Сэргэлээх уоттара сыанатыттан түспэт буоларгыт, КВН-ҥа хайдах кэлбиккин ааҕааччыларга сэгэтэ түс эрэ.

- Киһи соһуйуох эмискэ баар буолан хаалбытым. Биир сааскы күн Хаҥаластар Дьокуускайга күрэхтэһэ диэн  “Модун” спортивнай комплекска кэллибит. Тэҥ саастыы оҕолорум бары Оҕо дыбарыаһыгар тиийэннэр КВН көрө олороллоро, мин онтон хаалсыбатым. Киһини күллэрэн, саататан, бэрт бэтиэхэ бөҕө буола турар эбит. Испэр хайдах эрэ ымсыыра санаатым уонна мин даҕаны холонон көрүөхпүн сөп эбит диэн толкуйданным. Салгыы  “Эллэй сиэннэрэ” диэн халыҥ хамаандабын тэринним. Устудьуоннуур сылларбар актыыбынай ыччаттары түмэммин  “Уолаттар” хамаандаларын тэрийбитим. КВН биһигини сытыы-хотуу, булугас-талыгас буоларга үөрэппитэ.

БЭЙЭБИН ӨССӨ ДА КӨРДӨНӨБҮН

- Салгыы туох былааннааххын?

- Инники былааҥҥа үлэ турар. Сааһым эдэрим суотугар, бэйэбин син биир көрдүү сылдьабын. Бу маннык үлэһиппин диэн этэр кыаҕым суох. Сөбүлүүр дьарыкпын сыымайдаан көрөбүн, холобур, ити тэрээһиҥҥэ баран комментатордаан көрөбүн, тэрээһиннэри ыытабын, ону-маны атыылаан да көрөбүн. Олохпут тэтимэ да уларыйда. Европейскай стандартар киирэннэр киһи сааһа арыый уһаата. Урут 20 сааскар тарбаххар биһилэҕиҥ суох буоллаҕына, кырдьыыга барбыт киһи диэн аатырар буоларыҥ. Билигин 30-тан лаппа тахса бараннар ыал буолалларын киһи соһуйбат...

 

Өй-санаа, кыах, эт-хаан өттүнэн, барыга барытыгар көхтөөх көкөт ырыаһыт да буоллаҕына соһуйуом суоҕа! Эдэр киһи аартыгыҥ өссө арылла турдун, куруук ситиһии эрэ аргыстаах буол. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...