11.10.2024 | 14:00

Арктиканы аатырпыта

Арктиканы аатырпыта
Ааптар: К.К. Стручков, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Бочуоттаах бэтэрээнэ, биэнсийэлээх
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа Дьоруойдара, Судаарыстыбаннай Дуума 1-5-с, 7-с, 8-с ыҥырыыларын дьокутаата, элбэх уордьан, мэтээл, Бочуот грамотатын, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин хаһаайына, Арктиканы аатырпыт чинчийээччи Артур Николаевич Чилингаров төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтээтилэр.

Кини 1939 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр Ленинградка төрөөбүтэ. Аҕата – армянин, ийэтэ – нуучча.

1963 сыллаахха Ленинградтааҕы үрдүкү инженернэй-морской училищеҕа Арктика факультетыгар (билигин адмирал С.О. Макаров аатынан Судаарыстыбаннай морской академия) үөрэнэн, «Океанология» идэтин ылбыта уонна Саха сиригэр ананан үлэлии кэлбитэ. Булуҥ оройуонун Тиксии бөһүөлэгэр Арктиканы чинчийэр билим обсерваториятыгар гидролог инженеринэн үлэлээбитэ. Үлэтин сүрүн хайысхатынан Хотугу Муустаах байҕалы уонна акыйаан атмосфератын үөрэтии-чинчийии этэ.

Сэбиэскэй кэмҥэ, үгэс курдук, кэскиллээх, тэрийэр үлэҕэ дьоҕурдаах, сытыы-хотуу эдэр исписэлииһи түргэнник бэлиэтии көрбүттэрэ. Итиэннэ 1965 сыллаахха кинини Булуҥ улууһун райкомолун бастакы сэкирэтээринэн талбыттара. 

 

Мин бу үтүөкэн, уһулуччулаах киһини 1966-67 сс. иккитэ көрбүт, оннооҕор кини илиититтэн үрдүк үөрэххэ киирэргэ хомсомуол путевкатын туппут дьоллоохпун.

 

Кинини бастакы көрүүм 1966 сыл тохсунньутугар буолбута. Ол кэмҥэ мин Күһүүр интэринээт-оскуолатын 11-с кылааһыгар үөрэнэрим. Кыһыҥҥы каникул кэмигэр Тиксиигэ оройуон хомсомуолун ХХI-с конференцията ыытыллыбыта. Күһүүртэн конференция дэлэгээттэринэн 20-тэн тахса киһи талыллыбыта, ол иһигэр интэринээт-оскуолаттан бэһиэ этибит: химия учуутала Г.Г. Кузьмина, алын кылаас учуутала А.М. Жиркова уонна үөрэнээччилэр: Зоя Ибрагимова (9-с кылаас), Пана Горохов (10-с кылаас), уонна мин – Костя Стручков.

Тиксиигэ тохсунньу 14 күнүгэр көтөн кэлбиппит.  Сарсыныгар оройуон кулуубугар эбиэккэ диэри райкомол бастакы сэкирэтээрэ А.Н. Чилингаров, онтон ревизия хамыыһыйатын отчуоттарын истибиппит. Эбиэт кэнниттэн тыл этиилэр, райкомол саҥа састаабын уонна хомсомуол уобаластааҕы конференциятыгар дэлэгээттэри талыы буолбута. Конференцияҕа Бочуоттаах ыалдьытынан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова сылдьыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыым оҕо-эдэр сааһым биир умнуллубат кэрэ түгэнэ этэ.

Тохсунньу 16-17 күннэригэр Тиксиигэ сулууспалыыр байыаннай чааска, Тикси 1 №-дээх оскуолатыгар экскурсияҕа сылдьыбыппыт, киэһэ аайы киинэ, кэнсиэр көрөрбүт. Оттон 18 чыыһылаттан күүстээх буурҕа түһэн хаайтарыы саҕаламмыта. Буурҕа астан, Күһүүргэ тохсунньу 24 күнүгэр эрэ көтөн кэлбиппит.

Артур Николаевичтыын иккис көрсүһүүм Дьокуускайга 1967 сыл от ыйыгар буолбута. Мин 1966 с. Күһүүр интэринээт-оскуолатын 11-с кылааһын бүтэрэн баран Саха Судаарыстыбаннай университетыгар инженернэй-техническэй факультекка геология салаатыгар туттарсыбытым да, бэлэмим ситэтэ суох буолан кыайан киирбэтэҕим. Ийэм сүбэтинэн, дойдубар төннүбэккэ, Орджоникидзевскай оройуон (билигин Хаҥалас улууһа-аапт.) II-с Дьөппөн нэһилиэгэр кини бииргэ төрөөбүт балтыгар Елена Федоровна Винокуроваҕа кыстыы хаалбытым. Эдьиийим 8 кылаастаах санаторнай интэринээт-оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлиирэ. Мин ол оскуолаҕа оробуочайынан киирбитим. Саас кулун тутар ыйга Покровскайга 3 ыйдаах бэлэмнэнии кууруһа аһыллыбытыгар үөрэммитим. Бэс ыйыгар бэлэмнэнии кууруспут түмүктэммитэ. От ыйыгар Дьокуускайга докумуоннарбын туттара СГУ үөрэххэ тутар хамыыһыйатыгар тиийбитим, үөрэххэ киирэрбэр оройуонум райкомолуттан докумуон наада эбит. Хайдах буоларбын билбэккэ сырыттахпына, Булуҥтан кэлбит доҕотторум: “А.Н. Чилингаров Дьокуускайга кэлбит, куоракка олорор, үлэлиир, үөрэнэр Булуҥ ыччатын кытта көрсүһүү тэрийэр үһү”, диэн үөртүлэр. Көрсүһүүбүт Ленин проспегар турар СГУ ректоратын дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар буолбута. 50-тан тахса киһи кэлбит этэ, үксүлэрэ үчүгэйдик билэр дьонум. Артур Николаевич мунньаҕы судургутук ыыппыта. Кылгастык оройуон сонуннарын, ситиһиилэрин, эдэр дьон иннигэр турар сыалы-соругу сырдаппыта. Оттон көрсүһүүгэ кэлбит ыччаттан ким үөрэххэ туттарса кэлбитин туоһуласпыта. Саалаҕа олорор дьон улахан аҥаара илиитин өрө көтөхпүтүгэр үөрбүтэ. Мунньаҕы: “Оҕолоор, үөрэххитин бүтэрэн төрөөбүт дойдугутугар төннөн, хоту дойду экономиката чэчирии сайдарын туһугар үлэлиэххит-хамныаххыт диэн эрэнэбин”, диэн тылларынан түмүктээбитэ. Мунньах кэнниттэн мин тута киниэхэ тиийэн бэйэм кыһалҕабын эппиппэр, боростуойдук: “Быһаарыахпыт”, диэбитэ.      

Сарсыныгар куораттааҕы ЫБСЛКС дьиэтигэр кэлэн кини илиититтэн СГУ-га үөрэххэ туттарсарга көҥүллүүр бэчээттээх суругу туппутум. Билигин санаатахха, бу мин дьолбор тосхойбут соһуччу түгэн эбит.

Ол дьикти түгэнтэн 57 сыл ааһа оҕуста. Мин үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн, таласпыт геологым идэтин баһылаан, үөрэммит факультеппар ытыктыыр учууталларбын кытта 49 сыл бииргэ үлэлээн, былырыын балаҕан ыйыгар сынньалаҥҥа тахсыбытым. Университет үлэһитин кирилиэһин үктэллэрин көтүппэккэ (старшай лаборант лаборатория сэбиэдиссэйэ ассистент старшай преподаватель – доцент) дабайдым. Тапталлаах университеппар, үөрэппит учууталларбар олохпор сырдык сулус буолан сирдээбиттэригэр, үтүө сүбэһит буолбуттарыгар, өйөөбүттэригэр, көмөлөспүттэригэр бараммат махталлаахпын, төрөөбүт дойдубар саҥа көлүөнэ геологтары бэлэмнэһэн сэмэй кылааппын киллэрбиппинэн дьоллоохпун.      

А.Н. Чилингаров чаҕылхай олоҕун, уһулуччулаах ситиһиилэрин сөҕөбүн-махтайабын, кинилиин кыратык да буоллар алтыһан ааспыппынан киэн туттабын. Улуу дьон хаһан баҕар сүрдээх сэмэй буолаллар. Артур Николаевич хаһан да Булуҥу умнубатаҕа, Тиксиигэ үлэлээбит сылларын күндүтүк саныыра. Тиксии биир киин уулуссата кини аатын сүкпүтэ ыраатта. Быйыл улуус дьаһалтата кини аатын саҥа болуоссакка иҥэрэргэ уураах ылыммытын истэн үөрбүтүм. Бу сиэрдээх быһаарыы.  

Быйыл бэс ыйын 1 күнүгэр ыарахан ыарыыттан чулуу киһи төлөннөөх сүрэҕэ тохтообута. Кини көмүс уҥуоҕун Новодевичьей кылабыыһаҕа кистээбиттэрэ. Бэс ыйын 10 күнүгэр ГосДуума кэккэ дьокутааттара В.В. Путиҥҥа Хотугу муора суолугар кини аатын иҥэрэргэ көрдөһүү түһэрбит этилэр. Ол көрдөһүү олоххо киирэригэр, туоларыгар баҕарабын. А.Н. Чилингаров олоҕун барытын Арктиканы, Антарктиданы чинчийиигэ анаабыта. Кини аата үйэлэргэ ааттана туруохтаах.

 

Хаартыскалар: Тиксии музейын пуондатыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...