21.05.2022 | 13:19

Аркадий Алексеев тоҥмут-хаппыт дьарыктара

Аркадий Алексеев тоҥмут-хаппыт дьарыктара
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Интервью "КИИН КУОРАТ" хаһыакка 2019 сыллаахха тахсыбыта

Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуотаах олохтооҕо, норуодунай артыыс Аркадий Михайлович Алексеев аатын билбэт саха суох буолуохтаах. Кини талааныгар сүгүрүйэбит, кининэн киэн туттабыт, хайҕыыбыт уонна таптыыбыт...

Дьиҥэ, Аркадий Михайлович анал музыкальнай үөрэҕэ суох аҥаардас айылҕа биэрбит талба талаанынан уонна дьүккүөрдээх үлэтинэн өрө тахсыбыт киһи.

– Оскуола саҕаттан олоххо көхтөөх киһибин. Оскуолабар соҕотох баянист, фотограф, худуоһунньук этим. 1957 сыллаахха Майа орто оскуолатын бүтэрбитим. Таах олоруохтааҕар оччотооҕуттан маһынан кыратык уһанар этим.

Оскуолам кэнниттэн, оччотооҕу ыччат сиэринэн, комсомуол ыҥырыытынан 2 сыл Томтор 7 кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитим. Онтон 1959 сыллаахха Москваҕа Ленин уордьаннаах Сталин аатынан физкультура уонна спорт институтугар киирбитим. Дьэ, онно үөрэнэ сылдьан “Дружба” ансаамбылга үҥкүүлүүбүн, баяҥҥа оонньуубун, ыллыыбын, “На старт!” диэн институт хаһыатыгар кылаабынай худуоһунньуктуубун. Ол курдук, кылаабынай худуоһунньуктаан уонна барыга бары актыбыыстаан 3 солкуобай 20 харчылаах аһылык талонун ылар этим, онтукабынан күҥҥэ үстэ босхо аһыыбын. Онно эбии спортивнай сбордарым эҥин элбэх буоллаҕа.

Устудьуоннуу сылдьан масло, тушь, акварель туттан уруһуйдуур этим. Ким да үөрэтиитэ суох, маннык эбит диэн таайыынан. Подмосковьеҕа Истра үрэххэ, Вешняки станцияҕа баран уруһуйдуурум. Мольберпын, кырааскаларбын, киистэлэрбин барытын илдьэ сылдьарым. Тоҥуу-хатыы сүрдээх буолара да, күнү-күннүктээн туран уруһуйдуурум. Баскыһыанньабын онно туһанарым.

Мас оҥоһуктарбын африканскай истииллээх оҥорорбун сөбүлүүбүн. Көннөрү быһаҕынан кыһан оҥоруулар. Эмэгэт курдуктар. Үксэ билигин суох, хараллыбакка хаалбыт. Уруһуйдарбын да Москваттан барытын сүгэн кэлбэтэҕим, табаарыстарбар тарҕаталаабытым.

– Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн, 3 сыл ыалтан дьиэ уларсан, онон-манан олоро сылдьыбыппыт. Кэргэннээхпин, биир оҕолоохпут. Ол саҕана маһы кыһыынан үчүгэйдик дьарыктана сылдьыбытым. Үксүн солом суоҕа. Дьиҥэ, сайыннарыах хаалбыта буолуо...

Өссө Майаҕа олорон хаартыскаҕа түһэриинэн бэркэ дьарыктаммытым. Бииргэ үөрэммиттэрбин, үөлээннээхтэрбин, академик Ларионовы элбэхтик түһэртээбитим. Барытын кинилэргэ тарҕаппытым, үөлээннээхтэрим да ахсааннара аҕыйаата. Кэнники бириэмэм тиийбэккэ хаартыскабын тохтоппутум.

– 90-ус сыллартан спорт үлэтин тохтотон, айар үлэм төлөнө умуллаары гынна диэммин, үөрэммит идэбин быраҕар ыарахан этэ буолан баран, айар үлэҕэ көспүтүм. Студия аһан үлэлэппитим быйыл 27-ис сылыгар барда. Билигин да кэнсиэртэри тэрийэбит. Былырыын икки кэнсиэргэ сааланы толору көрөөччү кэлэн үөрдүбүттэрэ. 5,5 сыл “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа үлэһитэ буола сылдьыбытым. Ол саҕана идэтийбит эстраднай коллективы тэрийэр баҕа санаалаах этим. Ону телевидение оччотооҕу бэрэсидьиэнэ Семен Афанасьевич Протодьяконов өйөөн, “Саха” НКИХ иһинэн бастакы идэтийбит эстраднай бөлөх тэриллибитэ. Киниэхэ билигин да махтанабын. Онно билигин саха дьоно сөбүлүүр артыыстара кэргэннии Егоровтар, Аскалон Павлов, Александр Бурнашов үлэтэ суох сылдьалларын, штакка ылларан хамнастаах үлэһит оҥортуубун. Оттон Раиса Захарова телевидение хоругар үлэлии сылдьарын, солист буолуохтааххын диэн ыҥыран ылабын.

Уопсайа 18 документальнай киинэни – Ытык сирдэри, Саха сирин кэрэ айылҕатын устубутум. Эмиэ ким да үөрэтиитинэн, кими да үтүктүүнэн буолбакка, бэйэм санаабынан. Сценарийын, тиэкистэри барытын бэйэм суруйарым. Ол киинэлэрбин устаары 18 экспедицияны тэрийэн турабын. 2002 сыллаахха Ханты-Мансийскайга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска “Бастыҥ телевизионнай бырайыак” аатын ылбыппыт.

Билигин саныыбын ээ, хайдах барытын кыайа тутарым буолла диэн. Киинэ устуута оператортан улахан тутулуктаах. Мин операторым Семен Васильев этэ. Режиссерум – Анатолий Спиридонов. Кимтэн да улахан өйөбүл, спонсорство эрэйбэккэ үлэлээбиппит. Редактор хамнаһа 5-6 тыһыынча буолара. Монтажка тахсар анал бириэмэм да суох этэ. Ким эрэ тахсыбатаҕар, “окошкоҕа”  эҥин киллэрэн биэрэллэрэ, түүннэри-күнүстэри үлэлиирбит. Улахан патриотическай санаа уонна туристическай маршруттары чинчийэр баҕа сирдээбитэ. Биэриилэрим тахсыбыттарын кэннэ Сиинэнэн, Амманан, Буотаманан кэлии-барыы хойдон, сөбүлээбэт да дьон бааллара...

35 биэрэстэ усталаах Кэбээйи Ньидьилитин устубуппут, холобур, оннук далааһыннаах съемкалары билиҥҥитэ ким да ыыта илик.

Бу акварель уруһуйум. Манна кыратык сыыһа тутуннуҥ да, бүтэҕин. Соппоккун, үрдүнэн саба кырааскалаабаккын. Кырааскабын кумааҕыга суруйан көрө-көрө уруһуйдуубун. Дэлби тоҥо-тоҥо, этюдникпын соспутунан Истра биэрэгэр турарбын саныыбын.. Билигин уруһуйдаабаппын. Онно харах наада.

Японецтар уонна “Комсомольская правда” хаһыат экспедицияларын кэнниттэн Өймөкөөҥҥө Лабыҥкыр күөлүн устубутум. Хайдах да абааһы баар буолуон табыллыбат сирэ. Көннөрү икки атахтаах кыайан сылдьыбат айылҕата. Улуу күөл – устата 14 км, туората 4 км, дириҥэ – 64,5 м диэн этэ, кэнники 80 м булбуттар үһү. Биир табыллыбыт киинэм ол эбит диибин.

Редактор хамнаһа диэн 5-6 тыһыынча этэ, үгүс ороскуоту барытын бэйэм уйунар кыахтааҕым. Холобур, Амма туһунан уһуларбар тайҕанан 2 уралынан тиийэн түһэбит. Лодка, байдарка, эрэһиинэ оҥочо эбэтэр катамаран көлөлөөх буолабыт. Ону барытын бэйэм була сатыыбын. Экспедициябар сороҕор 8-ка тиийэ киһилээх буолабын. Ханна да тиийдэхпинэ, миигин билэр саха дьоно барахсаттар баалларын онно билбитим. Онон норуоппар улахан махталлаахпын.

Саха телевидениетыгар “Төрөөбүт дойдум устун” рубрика арыйан үлэлэппиппит. “Хаатылыма – үтүө дойду” диэн бастакы киинэбин бэйэм дойдум туһунан устубутум. Оччолорго бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев элбэх ытык сири ураты харыстанар сирдэринэн биллэрбитэ. Кэнники дьон сырыыта кэҥээтэ, турист элбээтэ. Ол сирдэрбитин аны да харыстаатахпытына сатанар этэ. Саха сирэ – туризм улаханнык сайдыан сөп сирэ. Тыытыллыбытах Ийэ айылҕабытынан кими баҕарар угуйуохпутун сөп.

Саамай уустук айаным Чуона үрэҕинэн этэ. Иркутскай уобалас диэкиттэн Мииринэйинэн Чернышевскэй ГЭС  Бүлүү муоратыгар устан кэлбиппит. Онно ууга тимирдиллибит Туой Хайа баар. Устарга кутталлаах да, сэрэхтээх да этэ. Уу анныгар сүүнэ улахан тииттэр үүнэн тураллара.

Дьааҥыга Ньэлгэһэ үрэх устун устубуппут. Хайа үрэхтэрэ сүрдээх долгуннаах, дохсун сүүрүктээх, муус тымныы уулаах буолаллар. Мээнэ киһи тулуйбат айана онно баара. Улаханнык саллан, сөҕөн кэлбитим. Хайалара үрдүктэрэ бэрт, халлаан былыта Дьааҥы хайаларын ортотунан ааһар курдук. Аны хайа тэллэҕэр, уунан саккырыы турар тааска балаакка да туруоран хонор уустуктардаах этэ. Араас албаһы толкуйдаан, харыйа лабаатын тэлгээн эҥин, балааккаланан хонон турааччыбыт.

– Билигин студиям үлэлиир. Мин айар бөлөхпүттэн үгүс ааттаах-суоллаах ырыаһыттар тахсыбыттара: А.Павлов, А.Готовцева, Сахая, Ал. Бурнашов, Лэгэнтэй, Олимпия, Умсуура Ченянова, Константин Степанов. Бу кэлин Кирилл Матвеев, Майя Сергина, Инна Донская-Дайаана, Святослава, Байбал Сэмэнэп уола Аскалон Семенов, Айаал Кириллин-Күндэл диэн оҕолорбун хайҕыыбын, улахан кэскиллээх оҕолор. Амматтан Милена Борисова, Айталина Седалищева-Айса, Ванс Иванов дьарыктаммыттара. Арааһа, 40-ча ырыаһыты иитэн таһаардым буолуо.

– Өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо буоллум. 82 сааспын туолаары сылдьабын. Тэтим өссө да баар. Үлэлиир санаа баар. Оттон доруобуйа көрдөрүө.

Мэҥэҕэ “Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ” куонкуруспун ыытабыт. Лоомтукаҕа мин ааппын сүгэр кулууп үлэлиир. Онно 30-тан үөһээ саастаахтарга ырыа күрэҕэ буолар. Билигин эдэрдэргэ аналлаах күрэх элбэх, онон саастаахтары өйүөххэ диэн санааттан, күрэхпитигэр ырыа ансаамбылларын киллэрэбит.

Сыл-хонук баран иһэр. Мин саамай таптыыр кэмим – күһүн, онон көмүс күһүнү үчүгэйдик атаарыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...