20.05.2022 | 19:00

Ардаҕы «ыҥыран», үбүлээһини эбэн...

Баһаар аҕыйыа дуо?
Ардаҕы «ыҥыран», үбүлээһини эбэн...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Былырыын, туох да диэбит иһин, ыарахан сайын ааспыта. Хаарыан бэйэлээх күөх тыаларбыт, дьон оттуур ходуһалара, сирдэрэ уокка былдьаммыттара, күл-көмөр буолбуттара. Бэс Күөл олохтоохторо дьиэтэ-уота суох сир, халлаан икки ардыгар туран хаалбыттара. Биһиги уустук балаһыанньабыт бүтүн дойдуну аймаабыта. Буруобут атын куораттарга тиийэ тарҕаммыта. Аана суох алдьархай, иэнэ суох иэдээн диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Соторутааҕыта “Якутлесресурс” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Дьулустаан Хон “Тэтим” араадьыйа “Диалог с властью” биэриитигэр быйыл ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии хайдаҕын, туох үлэ ыытыллыбытын билиһиннэрдэ, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата.

Ол курдук, былырыын балтараа ый таммах да ардах түспэтэҕин түмүгэр 8 мөлүйүөн гектар кэриҥэ тыа уокка былдьаммыт. Ол курдук, баһаары утары үлэҕэ 17 500 тыһыынча олохтоох нэһилиэнньэ, сүүһүнэн тиэхиньикэ кыттыбыт, онно эбии атын регионнартан 900 кэриҥэ парашютист-десантник, ЫБММ үлэһиттэрэ, байыаннайдар көмөҕө кэлбиттэр. Ойуур баһаарын умуруорууга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,5 млрд солкуобай кэриҥэ харчы туттуллубут.

Кырдьыга даҕаны, былырыын баһаары умуруорууга илиилээх-атахтаах, тимир көлөлөөх барыта туруммута. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” дииллэринии, улахан баһаар түмсүүлээхпитин көрдөрбүтэ.

 

Үбүлээһин

 Былырыыҥҥы иэдээн хатыламматар ханнык. Онуоха туох үлэ ыытылынна? Быйыл бэлэмнэнии хайдаҕый?

– Былырыын биһиги подразделениебыт сезону 12 мөлүйүөн солкуобайтан саҕалаабыт буоллаҕына, быйыл федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин хас эмэ төгүл улаатта, билиҥҥи туругунан – 56 мөл.солк. Мин ойуур хаһаайыстыбатыгар 2015 сыллаахха кэлбитим. Ол саҕана 1 гектар ойуур пуондатыгар 4 солк.10 харчы көрүллэр этэ. Сэттэ сыл иһигэр үгүс үлэ ыытылынна, – диэн кэпсээтэ Дьулустаан Хон.

Бу элбэх туруорсууттан ситиһиллибитэ биллэр. Онуоха СӨ Бырабыыталыстыбата, Ил Дархан Айсен Николаев, дьокутааттар өйөбүллэрэ улахан.

 

Үлэһит уонна тиэхиньикэ ахсаана элбээтэ

Аны туран, урут тиэхиньикэ, штатнай үлэһит тиийбэтэ сытыы кыһалҕа этэ. Былырыын улуустарга штатнай үлэһит ахсаана 192 киһи буоллаҕына, быйыл 564 киһиэхэ тиийэ элбээбит. Сороҕо өрөспүүбүлүкэ, сороҕо федеральнай бүддьүөт суотугар. Бары анал үөрэҕи ааспыт дьон – ойуур баһаарынайдара, тырахтарыыстар, суоппардар уо.д.а.

Биллэн турар, баһаарга үлэлиир, этэргэ дылы, ууну-уоту ортотунан сылдьар тиэхиньикэ түргэнник эргэрэр, ханнык да өрөмүөҥҥэ бэриммэт буолар, онон сыыйа туһаттан тахсар, үлэлиир кэккэттэн уһуллар.

– Үс сыл иһигэр “Экология” национальнай бырайыак чэрчитинэн, Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматынан 250-тан тахса  саҥа тиэхиньикэнэн хааччылынныбыт. Бу иннинээҕи сылларга холоотоххо, быйылгы сезоҥҥа хаһааҥҥытааҕар да бэлэммит, – диэтэ Дьулустан Иванович. Онон билигин икки тэрилтэ – “Якутлесресурс” уонна “Авиалесоохрана” муҥутуур кыра ирдэбилгэ эппиэттиир буолбуттар.

– Бу иннинээҕи уустук сылларга 5-7 тыһыынча киһи баһаарга үлэлиирэ. Оттон былырыын – 17 500 киһи.  Урукку өттүгэр баһаарга сылдьыбыт дьоҥҥо хамнас кэмигэр төлөнөрө уустук этэ. Биир-икки сылга тиийэ уһуура. Билигин барыларын кытта төлөһөн олоробут, – диэн кэпсээтэ “Якутлесресурс” салайааччыта.

 

Кутааны кытта көрөр

– Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Дистанционнай кэтээн көрүү информационнай систиэмэтэ (ИСДН) үлэлиир. Ол көмөтүнэн ханна баһаар саҕаламмытын, иэнин, хайысхатын көрөбүт. Бастаан “термоточкалары” (умайбыт буолуон сөптөөх сирдэр) бэлиэтиибит, онтон ол туочукаҕа этэрээттэри ыытабыт. Баһаар баара билиннэҕинэ, тута координаттарын этэллэр уонна умуруоран бараллар. Ити этиллибит систиэмэ сыл аайы тупсарыллар, спутник элбиир. Билиҥҥи ИСДН, бэл диэтэр, оттуллубут кутааны кытта быһа көрүөн сөп.

“Якутлесресурс” өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 22 станциялаах (ЛПС). Үксэ илин эҥээргэ, киин улуустарга. Ону таһынан, хоту улуустарга сезон аайы станциялар быстах кэмҥэ арыллаллара. Билигин 43 станция барыта мэлдьи үлэлиир кыахтанна. Холобур, Дьааҥыга, Зярынкаҕа, Хаандыгаҕа. Үлэһиттэр тэрилинэн-тээбирининэн, таҥаһынан-сабынан хааччыллыбыттар, сыыйа-баайа тиэхиньикэ көрүллүөҕэ.

 

Өртөөһүн көҥүллэммэт!

Даачаларга, сир учаастактарыгар от охсуллубакка хаалара – баар көстүү.  Эфир кэмигэр биир истээччи сэтиэнэх ордук кутталлаах, буорах курдук умайан тахсыан сөп, хайдах эмэ гынан суох оҥорору ситиһиэххэ наада диэн этиилээх эрийдэ.

Маныаха Дьулустаан Иванович 2015 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар өртөөһүн туһунан анал сокуон баарын, онтон дойду үрдүнэн бобуллубутун кэннэ күүһүн сүтэрбитин санатта.

 

Билигин тыа саҕатыгар турар сирдээх, даачалаах дьон кур оту уматаллара көҥүллэммэт. Ол эбэтэр оккутун охсуҥ эбэтэр илиигитинэн үргээҥ – бэйэҕит кыһалҕаҕыт.

 

“Тыа хаһаайыстыбатын туһунан эттэххэ, өртөөһүн туһалааҕын науканан дакаастыахха наада. Ол кэннэ биирдэ дойду таһымыгар туруорсар кыахтаахпыт”, – диэтэ “Якутлесресурс” салайааччыта.

Манна даҕатан эттэххэ, “Өртөөһүн бобуулаах!” диэн суостаах матырыйааллары хаһыакка субу-субу таһаарабыт, ыстараап кээмэйин ыйан куттуубут. Өйдөтүү, сэрэтии үлэтэ барар. Сокуон өссө кытаатар. Кэлин нэһилиэнньэ син ылынан эрэр курдук... Ол эрээри, дьон этэринэн, олох бэйэтэ да көрдөрбүтүнэн, бу сокуон, эмиэ “ыт сокуонун” курдук, ситэтэ суоҕа, “сиикэйэ” билиннэ. Өртөөһүн бобуллуоҕуттан маннык улахан баһаардар буолаллар диэн санаа эмиэ да оруннаах курдук. Кырдьык, сорох сир учаастактарыгар, ходуһаларга, бааһыналарга сылы-сыллаан сэтиэнэх от саба үүнэн турара ордук улахан кутталы үөскэтэр эбээт! Быраҕыллыбыт, көрүүтэ-харайыыта суох сылдьар дьэллик ыттарга холоонноохтор...

 

Эттэххэ дөбөҥ

Биир истээччи этиитэ соһутта. Кини ойуур син биир хаһан эрэ умайыахтаах, үйэ тухары турбат диэн санаалаах. Чэ, ол өйдөнөр. Салгыы: “Учаастактары минерализованнай балаһаларынан араарыахха уонна... уматыахха наада. Дьону бу былааннаммыт учаастактан оккутун-маскытын дьаһайыҥ диэн сэрэтэн баран. Үчүгэй маһын кэрдиҥ, тиэйиҥ уонна уоттаан иһиҥ диэҥ. Оччоҕуна саҥа тыа үүнүө этэ”, – диэтэ.

Биир этиинэн хоруй – ити сокуонунан көҥүллэммэт.

 

«Ноу-хау» кыаллыбат, былыргы ньыма эрэбил

Эфир кэмигэр: “Баһаары утары үлэҕэ саҥа технологиялары киллэрэҕит, туһанаҕыт дуо?” – диэн ыйытыы киирдэ. Истээччи Израильга, Америкаҕа, уопсайынан, атын арҕааҥҥы дойдуларга аныгы технологиялары баһылаабыттарын, химияны кыайа-хото тутталларын холобурдаата. “Волонтер көмөтө диэн ааспыт үйэ. Арҕааҥҥылар итиччэ улахан баһаардары туох да уута суох химическэй күүгэнинэн биирдэ саба ыһан тохтотоллор”, – диэтэ. 

“Ууга эбиллэр химическэй реагеннары туһанар туһунан толкуйдуубут”, – диэн хоруйдаата Дьулустаан Иванович. Ол эрээри бу “ноу-хау” сыаната олус ыарахан, элбэх үбү эрэйэр. Санаан көрүҥ, биһиги киэҥ нэлэмэн сирбитигэр, Саха сирин курдук улахан территориялаах өрөспүүбүлүкэҕэ хайдах да кыаллыбат дьыала. “Онон былыргы ньыманан үлэлииргэ күһэллэбит”, – диэтэ Хон.

 

Искусственнай көмө туһалыа дуо?

Кураан дьылга ардаҕы “ыҥырар” үлэ ыытыллар. Ол эрээри сороҕор ол да туһалаабатын былырыыҥҥы ыарахан сайын көрдөрбүтэ. Этэргэ дылы, айылҕа биһигиттэн ыйыппат, бэйэтэ эрэ билэр.

Уус Алдан олохтооҕо Егор Егорович харса суох ардаҕы түһэриҥ, от да үүнүө этэ диэн санаатын тиэртэ. Кини нэһилиэк аайы үлэтэ суох дьону мунньан, өртөөһүнү ыытар мобильнай биригээдэлэри тэрийиэххэ наада диэн этиилээх.

– Ардаҕы аҕалар сөмөлүөттэри баһаары эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытарга туһаныахтаахпыт. Баһаары умуруорарга буолбатах. Бу боппуруоһу соторутааҕыта Айсен Николаев дойду бэрэсидьиэнин кытта мунньахха туруорсубута. Оттон өртөөһүн хайа да көрүҥэ көҥүллэммэт.

 

Санатан аастахха, бу аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга Росгидромет Як-42 сөмөлүөтэ кэлбитэ. Бу көтөр аал бэс ыйыгар диэри өрөспүүбүлүкэҕэ искусственнай сөҥүүнү элбэтэр экспериментальнай, технологическай үлэни ыытыахтаах. Судургутук быһаардахха, ардаҕы түһэриэхтээх.   

 

Былырыын региоҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэрин, федеральнай көмөнү өр күүппүппүт.

– Айсен Сергеевич 1 мөлүйүөн гектар умайда даҕаны, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ федеральнай таһымҥа тута биллэриллиэхтээҕин туруоруста. Оччоҕуна эбии көмөнү суһаллык ыҥырар кыахтаныа этибит, – диэтэ Дьулустаан Иванович. 

 

Ойуур пуондатыгар киирбэттэр

Быйыл сайыммыт кэлэ да илигиттэн баһаардар саҕаланнылар. “Якутлесресурс” салайааччыта этэринэн, сааскы баһаар үксэ дьон дьалаҕайыттан тахсар.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр сабаҕалыылларынан, бу сайын Саха сирин соҕуруу өттүгэр куттал суоһуон сөп.  Күһүөрү – хоту улуустарга.

– Хоту улуустарга ландшафтнай территория элбэх. Уруккута мэччирэҥ сирдэр билигин быраҕыллан тураллар. Олор ойуур пуондатыгар киирбэттэр. Лесниктэр каарталарыгар сырдык бээтинэ эрэ курдук көстөллөр. Бу сирдэр умайаллара ордук кутталлаах. Тоҕо диэтэххэ үксүн нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас сыталлар, – диэтэ Дьулустаан Хон.

 

Саха сиригэр харыстанар территория иэнэ быйыл 50 мөлүйүөн гектарга тиийэ улааппыт. Былырыын быһа холоон 40 мөлүйүөн гектар эбит. Хоту улуустарга үс авиа салаа аһыллыбыт. Тэҥнээн көрдөххө, Сэбиэскэй Сойуус саҕана, 80-с сыллар бүтүүлэригэр, 102-103 мөлүйүөн гектар харыстанар зонаҕа киирэр эбит. Ол саҕана 5 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиирэ. Оттон билигин авиабазаны кытта холбоон 1000-тан эрэ тахса киһи.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...