26.09.2024 | 14:00

Арассыыйа Дьоруойун иитэн таһаарбыт үөрэх кыһата

Арассыыйа Дьоруойун иитэн таһаарбыт үөрэх кыһата
Ааптар: Валерий Васильевич Лыткин, 1983-1992 сылларга ДьПУ-1 военруга, үлэ, спорт бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы педколледж балаҕан ыйын 16 күнүгэр 110 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. 1914 сыллаахха ити күн учуутал семинарията аһыллан, үлэтин саҕалаабыт. Бу оччолорго олус улахан сабыытыйа этэ: эдэр ыччат миэстэтигэр үөрэнэр, идэ ылар усулуобуйата тэриллибитэ, олохтоох оҕолор каадыр буолан тахсар кыахтаммыттара. Ол эрэл туолан, кылгас кэм иһигэр семинария алын кылаас учууталларын уонна иитээччилэри бэлэмниир үөрэх кыһатынан буолбута.

Мин 1979 сыллаахха оччотооҕу Дьокуускайдааҕы бастакы нүөмэрдээх педучилище физкултуурунай салаатын бүтэрбитим уонна направлениенан Хабаровскайдааҕы пединститут физкултуурунай факультетын байыаннай салаатын бүтэрэн, анал үөрэхтээх военрук уонна физкултуура учуутала дипломнаах кэлэн, 1983-1992 сылларга үөрэммит кыһабар үлэлээбитим.

Училищеҕа 8 кылаас кэннэ киирбит устудьуоннар нэдиэлэҕэ иккилии чаас начальнай байыаннай бэлэмнэниини бараллара, ону таһынан араас байыаннай-патриотическай тэрээһиннэр хомсомуол тэрилтэтин кытары бииргэ былааннанан ыытыллаллара. Оччолорго хомсомуол тэрилтэтин сэкирэтээринэн уопуттаах, элбэх идеялаах тэрийээччи Денисова Маргарита Егоровна үлэлиирэ. Училище салалтата уонна дириэктэр – САССР үтүөлээх учуутала Слепцов Молот Сергеевич байыаннай-патриотическай иитиигэ улахан болҕомтолорун уураллара, араас ыытыллар тэрээһиннэргэ бары өттүнэн өйөбүлү оҥороллоро. Училище физкултуурунай салаатыгар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр, Афганистаҥҥа сулууспалаан кэлбит интернационалист буойуннары кытары 16-17 саастаах оҕолор үөрэммиттэрэ.

Сыл аайы Сэбиэскэй Аармыйа күнүн көрсө байыаннай-патриотическай иитии декадата ыытыллара. Ол чэрчитинэн бөлөхтөргө кылаас чаастара, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин, интернационалист буойуннары кытары көрсүһүүлэр буолаллара, бүтэһигэр декаданы “А, ну-ка, парни” күрэҕинэн түмүктүүрбүт.

Хайыһар преподавателэ, хайыһарга спорт маастарыгар хандьыдаат Винокуров Дорий Ивановиһы кытары 4 төгүл хайыһар десанын оҥорон турабыт: Дьокуускай – Саһыл Сыһыы – Дьокуускай; Дьокуускай – Танда – Дьокуускай; Дьокуускай – Көбөкөн – Дьокуускай. Маннык десаннарга устудьуоннар тулуур, эппиэтинэс, дьиҥнээх доҕордоһуу өйдөбүлүн иҥэринэллэрэ, полевой усулуобуйаҕа сатабыллаах буолууга үөрэнэллэрэ.

Педучилище выпускниктара эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, байыаннай бэлэмнэниигэ чиҥ билиилээх буоланнар, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр туйгуннук сулууспалыыллара уонна аармыйа кэнниттэн үгүстэрэ быраабы араҥаччылыыр уорганнарга сулууспалаабыттара. Олор истэригэр киэн тутта ааттыыбын бойобуой наҕараадалардаах офицердары – Коваленко Геннадийы, Кочмарев Олегы, Колесов Александры, Коваленко Александры, Хворостянай Геннадийы, о.д.а. Бу бары училищеҕа 8-с кылаас кэнниттэн киирэн, байыаннай бэлэмнэнии уруогун барбыт уолаттар.

Колесов Александр бойобуой суола Приднестровье конфлигыттан саҕаламмыта, Чечня бастакы сэриитин кыттыылааҕа. Украинаҕа ыытылла турар анал байыаннай дьайыыга “Боотур-1” добровольческай этэрээт хамандыыра. “Арассыыйа Дьоруойа” үрдүк наҕарааданы 2023 сыллаахха дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В. Путинтан туппута.

Физкултуурунай салаа сэбиэдиссэйэ, САССР үтүөлээх учуутала Масагутова В.П. уонна ЯПУ-1 педпрактикаҕа сэбиэдиссэйэ, САССР үтүөлээх учуутала Крусь Г.В. кытта

Кини өссө 1998 сыллаахха “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Эр санаа уордьан кавалера. ЯПУ-1 физкултуурунай салаатыгар 1988-91 сс. үөрэммитэ. Бу оҕолор мин педучилищеҕа таһаарбыт бүтэһик выпуһум этэ. Ити кэннэ Сойуус ыһыллан, оскуолаларга уонна орто үөрэх кыһаларыгар НВП оннугар ОБЖ диэн предмети үөрэтэр буолбуттара. Мин ити сыл Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнин Дьаһалтатыгар үлэҕэ ыҥырыллан, онно киирбитим.

Арассыыйа Дьоруойа үөрэммит кууруһун куратора – САССР үтүөлээх тренерэ, ССРС физкултуураҕа уонна спорка туйгуна, хайыһар спордун методист-преподавателэ Винокуров Дорий Иванович. Дорий Иванович 40 сыл биир сиргэ үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, уһуннук, үтүө суобастаахтык үлэлээбит үөрэҕин кыһатын үбүлүөйүн көрсө 82 сааһын туолуоҕа.

Физкултуурунай салаа сэбиэдиссэйинэн САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, ССРС физкултуураҕа уонна спорка туйгуна Масагутова Вера Петровна уһун сылларга олус ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кини хас биирдии физкультурникка ийэлии амарахтык сыһыаннаһара, дэлэҕэ даҕаны “маамабыт” диэн ааттыахтара дуо. Вера Петровна педучилищеҕа 47 сыл үлэлээбитэ, онтон 35 сылын – физкултуурунай салаа сэбиэдиссэйинэн. Ити сылларга физкултуура учууталын дипломун 1583 выпускник ылбыта, олор ортолоругар сүүс ССРС спордун маастара, спорт маастарыгар хандьыдааттар уонна алта аан дойдутааҕы кылаастаах маастар. Хомойуох иһин, Вера Петровна билигин биһиги кэккэбитигэр суох.

Педколледж 110 сыллаах үбүлүөйүнэн дириэктэри, биһиги выпускникпытын, үөрэппит устудьуоммун Николаева Изольда Ивановнаны, педкэлэктииби, устудьуоннары, техүлэһиттэри эҕэрдэлиибин. Бу биир саамай кырдьаҕас, киэҥ историялаах үөрэх кыһатын үтүө аатын өрүү үрдүктүк тута сылдьыахтара диэн эрэнэрбин биллэрэбин.

Быйылгы үбүлүөйү Арассыыйа Дьоруойдаах көрсөбүт, бу педколледж кэлэктиибигэр улахан чиэс уонна бочуот, үөрэхпит кыһатын историятыгар саҥа кэрдиис кэм!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...