06.04.2024 | 12:00

Арассааданы үүннэрии. Сиэмэни талыы.

Арассааданы үүннэрии.  Сиэмэни талыы.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үгүс сиэмэ 3-5 сыл устата тахсар кыаҕын сүтэрбэт. Оҕурсу, кабачок, помидор сиэмэтэ 8-10 сыл туох да буолумуон сөп. Моркуоп, сельдерей, укроп, ревень 2-3 сылынан тахсыбат буолаллар. Ол эрэн ити бэйэ сиэмэлээбитэ эрэ итинник буоларын умнума. Атыыга кэлэр сиэмэлэри ким, хаһан, хайдах бэлэмнээбитэ биллибэт. Онон сыл аайы саҥаны ылар ордук. Сиэмэни олордорго былааннаабыккынааҕар арыый элбэҕи ылар наада. Олордоргор түргэнник тахсыбыт арассаадаларгын талаҕын. Түргэнник тахсыбыт сиэмэттэн үүммүт үүнээйи аһын эрдэ биэрэр. Сиэмэни кытта оҕуруот аһын араас ыарыыта кэлиэн сөп. Бэлэм сиэмэлэр ититиллэн, хатарыллан, ыраастанан кэлэллэр да, сэрэххэ марганцовка 1% суурадаһыныгар 20 мүнүүтэ сытыарар ордук. Оттон 2-3 сыл сыппыт оҕурсу, помидор сиэмэлэригэр ыарыыны көбүтээччилэр бэйэлэрэ өлөллөр. Онон кинилэри куттаммакка ыһыахха сөп.

 

«Саха ыалын халандаара – 2012” туһанныбыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...