12.03.2022 | 17:30

Аныгы үйэ суостаах ыарыыта

Аныгы үйэ суостаах ыарыыта
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Күөгэйэр күннэригэр, 20-40 саастарыгар инсуллаан охтор дьон ахсаана сыл аайы эбиллэр. Сүрүн биричиинэтэ – холестерин таһымын үрдээһинэ. Медиктэр кэнники сылларга нэһилиэнньэ 55 бырыһыана үрдүк таһымнаах холестериннааҕын туһунан иһитиннэрэллэр. 
Маны таһынан, гиперхолестеринемия диэн утумунан бэриллэр ыарыы баар. Бу ыарыы туох да сибикитэ суох буолан, эдэр дьон инфарктыыра элбээтэ. Оттон инфаркт үксэ “куһаҕан” холестеринтан буолар.

Дьиэ кэргэн гиперхолестеринемията диэн тугуй?

Чинчийээччилэр сүрэх-тымыр ыарыыларын үс сүрүн төрүөттээх дииллэр. Бастакынан, хаан баттааһынын үрдээһинэ, иккиһинэн – табахтааһын, үсүһүнэн – холестерин таһымын үрдээһинэ. Учуонайдар этэллэринэн, бу үс биричиинэни суох гынарга кыһалыннахпытына, киһи өлүүтүн ахсаана быдан аҕыйыан сөп.

 

3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэ-тээҕи клиническэй балыыһа Предиктивнэй медицинэ уонна биоинформатика киинин Липиднэй кабинетын кардиолог бырааһа Анна Владимировна Павлова бу туһунан элбэҕи кэпсээтэ.

 

– Анна Владимировна, утумунан бэриллэр холестеринемия туһунан кэпсээ.

– Дьиэ кэргэн гиперхолестеринемията (СГХС – семейная гиперхолестеринемия) – утумунан бэриллэр ыарыы, хааҥҥа уопсай холестерин уонна чиҥэ суох липопротеин (липопротеины низкой плотности) таһыма аһара үрдүүр. Инфаркт уонна инсульт – холестерин үрдээһинин содуллара. 

20-64 саастаах ыарыһахтар бу ыарыыларга ордук кэбирэхтэр. Кинилэргэ үксүлэригэр дьиэ кэргэнинэн холестерин үрдээһинэ баар буолар, ол иһин сүрэх, тымыр ыарыыларыгар бэринимтиэлэр, суорума суолланыахтарын да сөп.

 

– Бу ыарыы утумунан хайдах бэриллэрий?

– Ыарыы гомозиготнай көрүҥэ диэн баар, ол аата ийэлээх аҕа иккиэн оннук ыарыылаахтар, оччоҕо оҕолоро эмиэ үрдүк холестериннаах төрүүр – биһиги оннугу бастаан чинчийэбит. Уонна гетерозиготнай көрүҥэ диэн баар, ол аата төрөппүттэртэн биирдэстэрэ ыалдьар, ол аата оҕо ыалдьара 50 % сэрэхтээх диибит.

Маны таһынан, ыарыы биллэрэ-биллибэтэ диэн баар. Ыарыы хаһан баҕарар баарын биллэриэн сөп – эдэр сааска эбэтэр кырдьыбыккыт кэннэ. Гиперхолестеринемиялаах эрээри атын ыарыыттан өлөр дьон бааллар, оччоҕо биһиги бу киһи оҕолоругар холестеренимия бэриллибитин билбэккэ да хаалыахпытын сөп. Эр дьоҥҥо 55, дьахталларга 60 саастарыгар диэри бу ыарыы биллэрбэтэх буоллаҕына үчүгэй. Ол аата кинилэр аны гиперхолестеринемиянан ыалдьыбаттар, ол эрээри, баар буоллаҕына, оҕолоругар-урууларыгар бэриллиэн сөп.

 

Хайдах сэрэтэбит?

– Маннык кутталлаах ыарыыны эрдэттэн хайдах сэрэтэбит?

– Төһө эрдэ биллэр да, соччонон үчүгэй, ол аата тымыр ыарыыларын сэрэтэн эмтээн барабыт. Липиднэй кэһиллиилээх ыарыһах дьиэ кэргэнин эмиэ бэрэбиэркэлиэххэ сөп, оннук гынан кинилэри инсультан, инфарктан быыһыыр кыахтанабыт.

Үлэлээбиппит тухары 2 дьиэ кэргэн гиперхолестеринемиятынан ыалдьар дьону булбуппут. Билигин кинилэр дьиэ кэргэттэрин чинчийэр былааннаахпыт. Ыарыһахтарга хас биирдиилэригэр барсар туһунан терапия бырагыраамата оҥоһуллар.

– СГХС диагнозтаммыт киһи тугу гыныахтааҕый?

– Манна биири сүрүннүөххэ наада, СГХС – утумунан бэриллэр буолан эмтэнэн хаалбат, ол эрэн холестерин таһымын өрүү хонтуруолга тутан илдьэ сылдьыахха сөп, инньэ гынан доруобуйабытыгар көмөлөһөн биэрэр кыахтаахпыт. Холестерин таһымын намтатар эмтэри үйэ тухары иһиэхтэрин сөп, оннук гынан сүрэх, тымыр ыарыыларын сэрэтэр кыахтаналлар.

 

– Холестерины намтатар эмтэр диэн тугу ааттыыбытый? Киһиэхэ туох буортулаах буолуохтарын сөбүй?

– Холестерины түһэрэр препараттар диэн – хааҥҥа “куһаҕан” холестерины намтатарга туттуллар эмтэр. Саамай тарҕаммыт статиннар диэн бааллар. Аан дойду учуонайдара үгүстүк чинчийбиттэрин түмүгэр, бу статиннар дозаларын киһиэхэ буортута суох гына таллахха, олус туһалаахтар. Онон манна киһиэхэ барсар дозаны талан биэрэрбит улахан оруолу оонньуур. Ханнык баҕарар эмп “побочкалаах” буоларын курдук,  статиннарга эмиэ баар. Ол эрэн улахан буолбатахтар уонна, иһэн бүттэххэ, тута ааһаллар.

Ыарыһахха сөптөөх доза талылыннаҕына, күн аайы эмин иһэрэ уонна сылга биирдэ хаан анаалыһын туттаран хонтуруолланара эрэ наада буолар.

 

– Холестерин таһымын эмэ суох сатаан намтатар кыаллыбат дуо?

– Намтатыахха сөп. Намыһах холестериннаах диета тутуһуллуохтаах: сыаны-арыыны аҕыйатабыт, цельнозерновой бородуукталары киллэрэбит, фрукта, оҕуруот аһа уонна балык элбэтэбит. Ас астыырга рафинированнайа суох мас арыытынан эбэтэр рапсовай, оливковай арыыларынан туттабыт. Сыа-арыы күннээҕи аһылык энергетическэй састаабын 30 бырыһыаныттан элбиэ суохтаах, оттон иҥэмтиэлээх сыа аһылыкка 1/3 элбиэ суохтаах.

Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, нэдиэлэҕэ иккитэ балык уонна омега-3 полинасыщеннай сыа кислотатын аһылыкка эбилик быһыытынан сиир буоллахха, сүрэх уонна тымыр ыарыыларын сэрэтэбит.  “Куһаҕан” холестерин таһымын хонтуруоллуур сыалтан кыһыл доруоһалаах ириистэн оҥоһуллубут эмптэри иһиэххэ сөп.

Күннээҕи олоххо хамсаныы-имсэнии элбиэн наада, хамсаннахха “куһаҕан” холестерин намтыыр, “үчүгэй” холестерин төттөрүтүн үрдүүр. Уонна, биллэн турар, уойбут дьон ордук ыйааһыннарын быраҕыахтарын наада.

Бырааскыт холестерины намтатар эмп анаабыт буоллаҕына, бу мин кэпсээбит ньымаларбын эбии көмө оҥостуохтааххыт.

 

– Балык туһалааҕын билэбит. Оттон убаһабыт этэ хайдаҕый, “куһаҕан” холестерины намтатар диэччилэр дии?

– Убаһа этэ холестерины намтатар дииллэрэ – сымыйа. Убаһа этэ – олус сыалаах эт. Ханнык баҕарар аһара сыалаах эт курдук, “куһаҕан” холестерин таһымын үрдэтэр эрэ. Бырааскыт диета анаабыт буоллаҕына, сыалаах эти төһө кыалларынан аҕыйатаргыт ордук.

 

Медицинэ сайдар хайысхата

– Эһиги балыыһаҕытыгар Липиднэй кабинет диэн арыллыбыта, хайдах үлэлиигитий?

– Биһиги исписэлиистэрбит утумунан бэриллэр липиднэй кэһиллии ыарыыларын эмтииллэр. Ол иһигэр гиперхолестеренимия киирсэр. Ону кытта сүрэх, тымыр ыарыытыгар бэринимтиэ ыарыһахтары кытта үлэлиибит.

 

– Кабинеккытыгар ханнык чинчийиилэри ыытаҕыт?

– Биһиэхэ эмтэнии бырагырааматын оҥотторорго липидолог консультациятын ылыахха сөп. Дьокуускай куорат үрдүнэн биһиэхэ эрэ дьиэ кэргэн гирехолестеринемиятыгар “көнө секвенирование” диэн анаалыс оҥоһуллар (ол аата 1-2 ген буолбакка, тыһыынчанан ген бэрэбиэркэлэнэр). Бу хайысхаҕа биһиги Новосибирскайдааҕы Цитология уонна генетика институтун кытта үлэлэһэбит. Маны таһынан, статиннары иһэр киһиэхэ дозатын сөпкө талар фармако-генетическэй анаалыстары оҥоробут.

 

– Липиднэй профиль диэни билэргэ төһө элбэх анаалыс туттарыахтаахпытый?

– Улахан дьон бары липиднэй профиль диэннэрин билиэхтээхтэр, ол аата сылга биирдэ хаан анаалыһын туттаран, липиднэй эттиктэр эргийиилэрин бэрэбиэркэлэтиэхтээхтэр. Сүрэх, тымыр ыарыыларын сэрэтэргэ терапевкытыттан ханнык бөлөххө киирэргитин чуолкайдаһыахтааххыт.

 

– Липидолог консультациятыгар хайдах кэлиэххэ  сөбүй?

– Биһиги балыыһабытыгар Предиктивнэй медицинэ уонна биоинформатика Киинигэр хаан плазматыгар холестерин таһыма 10 ммоль/л. улахан,  оттон ЛПНП  8,5 ммоль/л элбэх буоллаҕына кэлэҕит. Эбэтэр эһиги чугас аймаххытыгар инфаркт уонна инсульт 50 саас иннинэ буолбут, оттон холестериҥҥыт 7,5 ммоль/л, ЛПНП 5,0 ммоль/л куоһарбыт буоллаҕына.

Үс ый эмп испиккит кэннэ туһалыыра көстүбэт буоллаҕына, тымыр атеросклероһа, атеросклеротическай төрүөттээх инфаркт, инсульт 40 сааскытыгар диэри буолбут буоллаҕына эмиэ биһиги кабинеппытыгар көрдөрүнэргит тоҕоостоох.

 

ОМС бырагырааматынан Липиднэй кабинекка суруттарарга наада:

липидограмма түмүктэрэ  (ОХС, ЛПНП, триглицериды);

щитовиднай былчархай гормоннарыгар хаан анаалыһын түмүктэрэ;

сүрэх уонна артерия УЗИ-та;

балыыһаттан тахсыбыт выпискаларгыт.

Төлөпүөннэрэ: 507-214.

 

Дьиэ кэргэн гиперхолестеринемията диэн ыарыы баарын дьоҥҥо өйдөтүөххэ наада. Бу информацияны киэҥник тарҕатан, киһи олоҕор суоһуур ыарыылары сэрэтэр кыахтанабыт, дьон олоҕун уһатарбыт таһынан, аныгы фармацевтика биотехнологическай салаатын сайдыытын түстүүбүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...