25.11.2022 | 14:00

Аныгы кэм кэрэ куота — Уйгулаана

Аныгы кэм кэрэ куота — Уйгулаана
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кини сайын ип-итиигэ хат сылдьан ыһыахха элбэх да элбэх халадаайы тикпитин сөҕө-махтайа көрбүтүм, хайаан даҕаны кинини кытта билсиэм, дьоруой оҥостуом дии санаабытым. 
Куруук саҥаны айа-тута, толкуйдуу сылдьар, аныгы ыччакка холобур буолар эдэр ийэ, хас даҕаны бизнес салаатын үлэлэтэр Уйгулаана Васильеваны кытта сэһэргэһиибитин сэргээҥ.

— Уйгулаана, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

— Мин Сунтаар улууһуттан төрүттээхпин. ХИФУ горнай институтун кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Ол эрээри идэбинэн үлэлээбэтэҕим. Тоҕо диэтэххэ эрдэттэн бэйэм соччо баҕарбат үөрэхпэр киирэн хаалбытым. Онтон медицина институтугар “Лечебное дело” салаатыгар киирбитим, билигин оҕолонон, академическай уоппуска ыллым, кэлэр сылга тахсабын. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ пластическай хирургия, косметология өттүнэн күүскэ дьарыктанар былааннаахпын.

— Иис абылаҥар ылларбытыҥ ыраатта дуо?

— Бастакы кылааска үөрэнэр сылбар быраатым төрөөбүтэ, онно сэттэ эрэ саастаах сылдьан саҥа төрөөбүт оҕоҕо суу тикпиппин өйдүүбүн. Ийэм наһаа хайҕаабыта, дьонум наһаа сэҥээрбиттэрэ, онтон ыла илиим иискэ бара турар буолбута. Ийэм иис куруһуогар киллэрбитэ, онно оҕуруону тиһэргэ, баайарга, тигэргэ үөрэммитим. Улаатан баран араас куурустары көрөр буолбутум.

Аҕам удьуоругар уустар, уруһуйдьуттар элбэхтэр. Бэйэтэ уһанар, илиитинэн атах таҥаһын улларар, этэрбэс тигэр. Ийэм да өттүнэн хаалсыбаттар диэххэ сөп, ийэм эмиэ быыс-арыт көһүннэҕинэ кыралаан иистэнэр. Алтыс кылаастан «Мода и дизайн” диэн хайысханан конференцияларга, көстүүм тиктэ-тиктэ муода күрэҕэр кыттар буолбутум. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри оннук араас тэрээһиннэргэ кыттарым, миэстэлэһэрим.

— Хаһаааҥҥыттан бэйэҥ салоҥҥун арыйан үлэлэтэҕин?

— Кыламан оҥорор маастарынан үлэлээбитим эһиил сэттис сылым буолар. Бастакы саломмун 2018 с. арыйбытым. «LOTUS ROOMS» диэн этэ, икки сыл үлэлэтэн баран хайдах эрэ эстибитим, сылайбытым, тугу даҕаны гыныахпын баҕарбат буолан хаалбытым. Онтон саппытым. Икки сыллааҕыта иккис саломмун арыйбытым, күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии турар.

Бу аҕыйах хонугунан өссө биир салону арыйан сүрэхтээри сылдьабын. Ол курдук икки салону тэҥинэн үлэлэтиэм, бэйэм түөрт маастардаахпын. Ону таһынан тыҥырах, кыламан оҥорор кыргыттары көрдүү сылдьабын.

— Тоҕо “IVVA” диэн ааттанныгыт?

— Бу ааты кэргэним толкуйдаабыта. Бэйэм араспаанньам Иванова диэн уонна кэргэмминэн Васильевабын. Онон икки араспаанньаны холбоон, IVVA диэн таһаарбыппыт. Киһиэхэ судургутук өйдөнөр уонна дьон өйүгэр түргэнник хатанар.

Саломмар бэйэм кыламаҥҥа топ-маастарынан үлэлиибин, килийиэннэри көрсөбүн. Ону таһынан, баҕалаах кыргыттары үөрэтэбин. Маастар-кылаастары тэрийбитим хаһыс даҕаны сыла буолла, номнуо 400-тэн тахса кыыһы кыламан оҥорорго үөрэттим. Талааннаах кыргыттары саломмар үлэҕэ ыҥырабын.

— Мин истибиппинэн, быйылгы ыһыахха халадаай атыылаан, массыына ылыммыт үһүгүн.

— Халадаай тигэн атыылаабытым бэһис сыла буолла. Пандемия кэмигэр ыһыах буолбатаҕынан сибээстээн наадыйааччы аҕыйах этэ, биирдиилээн дьоҥҥо тикпитим. Быйылгы ыһыахха олох «ажиотаж» этэ (күлэр). Ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар утуйар уубун умнан туран үлэлээбитим, саатар итии да күннэр турбуттара, аны хат сылдьабын. Уопсайа 37 халадаайы атыылаабытым, барыта былдьаһыгынан барбыта. Ыһыахха мин тикпит халадаайбынан сылдьар кыргыттары көрсүбүтүм, туораттан бэйэҥ үлэҕин көрөр наһаа үчүгэй эбит. Билигин дьон син биир сакаастыыр. Кыра оҕолордоох буоламмын сакааска тигэрим арыый уустук. Кэлин ателье арынар былааннаахпын.

Кистээбэккэ эттэххэ, халадаай эрэ атыылаан 700 тыһ. солк. киллэрбитим. Эрдэттэн былааннаан, бу сыалбын-сорукпун балтараа ый иһигэр ситиспитим. Японияттан сабыс-саҥа массыына  сакаастаабытым номнуо кэллэ, бастакы хаһаайын буолабын.

— Ситиһии төрдө тугуй?

— Киһи туруоруммут сыалын ситиһиэхтээх. Биллэн турар, бу киниттэн бэйэтиттэн улахан тутулуктаах. Мин санаабыппын олоххо киллэрэргэ дьулуһабын. Сыалбын ситистэхпинэ бэйэбин хайҕыыбын, туох эмит саҥа мал ылыахпын сөп. Бэйэбин хайҕаатахпына, таптаатахпына миэхэ мотивация уонна күүс эбиллэр.

— Дьиэ кэргэни уонна үлэни-хамнаһы хайдах дьүөрэлиигин?

— Мин үс оҕолоох ийэбин. Улахан кыыһым алта саастаах, иккис оҕобут уол, икки саастаах уонна бу кырабыт биир ыйын туолбута. Оҕолорбун көрөрбөр балтыларым, кэргэним уонна ийэм көмөлөһөллөр. Чугас дьонум куруук аттыбар баар буоланнар элбэҕи ситиһэбин, инним диэки эрэллээхтик хардыылыыбын.

— Үлэҕэр номнуо таҕыстыҥ дуо, олох үлэҕэ умса түспүт кыыс эбиккин.

— Оҕоломмутум сарсыҥҥы күнүгэр үлэлии тахсыбытым. Биир сиргэ олорорбун олох сөбүлээбэппин, куруук хамсана, саҥаны айа-тута сылдьабын. Кыратык олороору гынным эрэ, тыыным-быарым хаайтарар курдук, кэргэним ону эмиэ өйдүүр. Билигин оҕо көрөөччү буллум, киниэхэ наһаа итэҕэйэбин. Куруук долгуйа, куттана сырыттахпытына тугу даҕаны ситиспэт буоллахпыт.

— Иискэ маастар-кылаастары ыытаҕын дуо?

— Элбэх киһи күүтэр эбит. Халадаай тигиитигэр куурустарга наадыйаллар. Билигин чопчу этиллибэт эрээри, кэлэр сылга таһаарар былааннаахпын, билигин иккис саломмун арыйаары сүүрэ-көтө сылдьабын. Ыллым даҕаны оҥорбутунан барбаппын, барытын сааһылаан, толкуйдаан үтүө түмүктээх буоларыгар дьулуһабын.

Киһи барытын биирдэ кыайара ыарахаттардаах. “Буоллун-хааллын” оҥорору олох утарабын.

— Cоҕотох хас даҕаны бизнеһи тутар хайдах эбитий?

— Бастаан ыарахан этэ. Тоҕо диэтэххэ конкуренция элбэх, кэрэ буолуу салоннара хардыы аайы тураллар.  Киһи ыарахаттары син биир көрсөр. Аат элбэҕи быһаарар эбит. Бастаан ааты-суолу оҥордоххо, дьон бэйэтэ тардыһар буолар. 

Инним диэки сайдар баҕа санаалаахпын. Холобур, бу таҥас брендин оҥорор, Арассыыйа ырыынагар тахсар, маҕаһыын арыйар уо.д.а. былааным үгүс. Саломмун сайыннарыам, өҥөбүн элбэтиэм, маастардары ылан хамнастаан үлэлэтиэхпин баҕарабын.

— Ыччакка тугу сүбэлиигин?

— Иннигит диэки куттаммакка баран иһиҥ. Саамай кылаабынайа – халбархайтан чаҕыйымаҥ. Түһүү-тахсыы, уларыйыы-тэлэрийии син биир баар буолар. Киһи бэйэтэ эт илиитинэн тутан-хабан боруобалыахтаах. Ол эрээри уопут ханна да куоппат, ону өйдөөҥ.

Киһи уолуйара, ыгылыйара үгүс. Миэхэ кыргыттар бизнес арынаары суруйаллар, куттаналлар, умайан хаалыахпыт диэн долгуйаллар эбит. Сыал-сорук туруорунуҥ уонна ону ситиһиҥ.

— Уйгулаана, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...