06.06.2021 | 16:43

Антон Васильев: «Олохпут сайдыыта, кэскилбит ЫЧЧАТТАН тутулуктаах!»

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын бүтэрээри сылдьар Антон Васильев «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньатыгар эдэр ыччакка аналлаах биэриигэ продюсер быһыытынан үлэлиир, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ  ыччат политикатын киэҥник тарҕатааччы, кэскиллээх ыччат.
Бүгүн кини  «Тэтим” балаһаҕа ыалдьыттыыр, үөрэххэ туттарсаары сылдьар үөрэнээччилэргэ бэйэтин сүбэтин-аматын кэпсиир.

ХИФУ талааны арыйар

2016 сылга Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Үөрэхпин ситиһиилээхтик түмүктээн, ХИФУ-га туттарсан киирбитим. Оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк  кыттарым. Киин куорат дьаһалтатын ыччакка уонна дьиэ кэргэн управлениетыгар «Город Добра» уопсастыбаннай тэрилтэтигэр киирбиппин киэн тутта кэпсиибин. Оскуола саҕаттан уопсастыбаннай үлэнэн ситиһиилээхтик дьарыктаммытым, ону ХИФУ-га киирэн да баран ыһыктыбатаҕым.

ХИФУ – өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин биир киэн туттар университета,  үрдүк кылаастаах профессионаллары бэлэмниир кыһа, ону сэргэ кистэлэҥ талааны арыйар, киһи идэ ыларыгар, үүнэригэр төһүү күүс буолар. Биэс сыл университекка үөрэммитим тухары кыахпын толору туһанным. Бастакы куурустан ыла тайм-менеджмент техникатын таба туһанабын. Ол иһин спордунан дьарыктанарга, туйгуннук үөрэнэргэ, көхтөөх уопсастыбаннай  үлэҕэ бириэмэм тиийэр этэ. Бу тухары бэйэбин элбэх хайысхаҕа холоннум: бастакы куурустан үөрэнэр бөлөхпөр старостабын, биэс куурус тухары ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойуустарын актыбыыһынан сырыттым, бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан кытта  үлэлээбитим.

2021 сыл тохсунньутуттан СӨ ыччатын парламенын бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Быйыл историческай факультеты икки профилынан бэлэмниир «История уонна быраап» хайысханы бүтэрэбин. Соторутааҕыта Казаннааҕы университекка  «Дьону салайыы» идэтин үөрэнэн бүтэрдим.

Эйигин куруук университет бары тэрээһиннэрин ыытааччы быһыытынан билэбин, ону таһынан “Саха” НКИХ-ҕа көрөбүн. Үлэҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа 2017 - 2018 сыллаахха «Я - молодой» диэн ыччакка аналлаах ток-шоу ыытааччытынан үлэлээбитим. 2020 сыл сайыныгар ыччаты угуйар «AYAR» түмсүүнү тэрийэммин, балаҕан ыйыттан хампаанньаҕа ыччакка аналлаах биэриилэр продюсерынан киирбитим. Оҕолорбун кытта бииргэ үлэлээн-хамсаан, улахан хамаанда тэринэн, эдэр ыччакка аналлаах бырайыактары оҥоробут. Ол курдук хас нэдиэлэ ахсын тахсар «Күөрчэх шоу» биэриилээхпит. Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр «ТылBattle» биэриини устубуппут, Тапталлаахтар күннэригэр «Мэник Сүрэх» бырайыагы, саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ «Ты тоже это видишь?» диэн ааттаах тэттик сериал оҥорон таһаарбыппыт. Бэйэбит күүспүтүнэн үлэлиибит, кимтэн да үп-харчы өттүнэн өйөбүл күүппэккэ, барытын бэйэбит толкуйдуубут, дьоруойдары булабыт, бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаарабыт. Продюсер быһыытынан үлэлиирим миэхэ билэр-көрөр сатабыллары иҥэрэр. Элбэх айар уонна талааннаах дьону кытта билсэбин, алтыһабын. Олус интэриэһинэй.

Тайм-менеджмент бириэмэни аттарарга үөрэтэр

Хас көрдөҕүм ахсын бу уол барытын хайдах кыайа-хото тутара буолла дии саныыбын. Кистэлэҥэ туохха сытарый?

Үлэни уонна үөрэҕи тэҥҥэ дьүөрэлиир санааттан тайм-менеджмент диэн үөрүйэҕинэн олоробун. Маны мин маҥнайгы куурустан туттабын, бииргэ алтыһар доҕотторбор үөрэтэбин. Күннээҕи, нэдиэлэтээҕи былааным барыта ыйыллан турар. Бириэмэбин сөпкө туһанар буоламмын, элбэҕи ситиһэбин.

 

Ыччаты биир балаһааккаҕа түмүү

«AYAR» ыччат түмсүүтүн   хаһан тэринниҥ этэй?

«AYAR» ыччат түмсүүтүн  ааспыт сыл сайыныгар табаарыспын кытта тэрийэн саҕалаабыппыт. Ол курдук, тэрийэр үлэбитин ыыта сырыттахпытына, «Саха” НКИХ биһигини өйөөн, ыччакка аналлаах биэриилэри устарга көмөлөһөн саҕалаабыта. Салайааччы быһыытынан туох баар тэрийээччи уустук түгэннэрин таба көрөн, быһаарсан продюсер идэтигэр киирбитим. Генеральнай дириэктэр Олег Олеговичка, генеральнай продюсер Торговкин Ньургун Васильевичка уонна Алена Антоноваҕа олус  махтанабыт. 

 

Сокуон хараҕынан ыччат интэриэһин көмүскээһин

Ыччат парламенын чэрчитинэн туох үлэни ыыттыҥ? Биир эмэ сокуону олоххо киллэрдигит дуо?

Ыччат парламеныгар 2019 с. киирбитим. Ол курдук көннөрү чилиэнтэн салайааччы солбуйааччыта буолан, салайааччы дуоһунаһыгар талбыттара. Саамай киэн туттар түмүктэрбитин бэлиэтээтэххэ, СӨ патриотическай иитии сокуона баар буолуута. Сокуон бырайыага Ил Түмэҥҥэ бастакы дьүүллэһиитин этэҥҥэ ааспыта. Ааспыт сыл күһүнүгэр Арассыыйа Судаарыстыбыннай дууматын депутата Галина Иннокентьевна Данчиковалыын ыччат политикатын бырайыагын уопсастыбаннай ырытыыга ыытаммыт, биһиги этиилэрбит бу сокуоҥҥа киирдилэр. Сокуон олоххо киирэригэр төһүү буолбут  киһибитигэр Михаил Дмитриевич Гуляевка ыччат дьыалатын, физическай култуура уонна спорт Ил Түмэн кэмитиэтин  салайааччытыгар махтанабыт.

Саха парламена-ыччат илиитигэр!

Уопсастыбаннай үлэ – олоххо сирдиир суолдьут

Устудьуон үрдүк аатын сүгээри сылдьар оҕолорго тугу сүбэлиигин?

Абитуриеннарга талар идэҕитигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ, кимтэн даҕаны кыбыстыбакка, ким эрэ ыҥырарын кэтэһэн турбакка, уопсастыбаннай үлэҕэ сылдьан бэйэҕитин үчүгэйдик көрдөрүҥ диэн сүбэлиибин.  Бэйэҕит сыаллаах-соруктаах, туспа көрүүлээх, эрэллээх дьон буоларгытыгар баҕарыам этэ. Эһиги аны улахан дьоҥҥут, иннигитигэр  улахан эппиэтинэс күүтэрин өйдөөҥ.

Университет сайдарбар үчүгэй балаһаакка буолбута. ХИФУ бэйэтин устудьуоннарын үчүгэйдик өйүүр, үөрэтэр уонна киһи буолан тахсалларыгар улахан суолтаны уурар.

— Кэпсэтииҥ иһин махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...