Анна Саввинова: «Үлэлии үөрэммитиҥ үйэҥ тухары туһалыыр...»
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Анна Егоровна Саввинова уларыта тутуу саҕана, судаарыстыбаттан туох да өйөбүл суох кэмигэр, өркөн өйүнэн, тобуллаҕас толкуйунан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, онтон урбаан араас салаатыгар ылсан, ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбитэ. Кэм уларыйыыларыттан толлубакка, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, билбэт да эйгэтигэр хорсуннук киирэн испитэ сөхтөрөр. Сааһырдым диэн олорон хаалбакка, 70 сааһыгар диэри күн солото суох элбэх дьарыктаах сэргэхтик тилигирии сылдьара үгүс дьоҥҥо үтүө холобур буолар.
Уларыта тутуу – уларыйыы кэмэ
– Анна Егоровна, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Урбаанньыт суолун бэйэҥ талбытыҥ дуу, олох сирдээбитэ дуу?
– Мин Ньурба улууһун Чуукаарыгар, үрэх баһыгар төрөөбүтүм, оскуоланы Ньурбаҕа бүтэрбитим. 1967 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн кэлээт, сэбиэдиссэй Елена Гаврильевна Мярикянова салалтатынан оройуон потребительскай уопсастыбатын гастрономугар атыыһыттаабытым. Эдэр сылдьан туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттарым: хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлээбитим, 20 сааспар хомуньуус паартыйа кэккэтигэр киирбитим. Салгыы Убайааҥҥа Ньурба улууһун улахан ас-үөл ыскылаатыгар сэбиэдиссэй көмөлөһөөччүтүнэн ылбыттара. Сүүһүнэн мөлүйүөн солкуобай отчуоттанар суумалаах тэрилтэҕэ үлэлиир олус эппиэтинэстээх этэ. Онтон Сунтаарга көһөн, кэргэн тахсан, онно олохсуйбутум. Ити курдук 37 сыл атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлээбитим, ол тухары маҕаһыын, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн сылдьыбытым.
Уларыта тутуу кэмигэр уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолбута, райсойуус эстибитэ. Ол кэмҥэ Кытайынан, Турциянан сылдьан табаар аҕалан атыылыы сылдьыбытым. Онтон дьиэ кэргэнинэн бааһынай хаһаайыстыба тэриммиппит, ынах сүөһү, сибиинньэ туппуппут. Ол иннинэ райсойуус эстэн эрэр сибиинньэ пиэрмэтин ылан, дуогабарынан үлэлээбиппит. Бириһиэн УАЗ массыына пуондатын биэрэбит диэн эрэннэрбиттэрэ. Кэргэммин тылбар киллэрэн, биэс киһилээх биригээдэ тэринэн, үс сылтан ордук үлэлээбиппит. 324 сибиинньэни ылан баран, 700-кэ тиэрдибиппит. Сылга 7-8 туонна эти туттарар этибит. Хомойуох иһин, массыынабытын ол курдук биэрбэтэхтэрэ.
Сибиинньэ пиэрмэтиттэн – гостиницаҕа
– Кытайга бастакы сырыым харахпын арыйбыта. Харбин куоракка хас да мэндиэмэннээх гостиницаҕа түспүппүт. Арай оптуобустан маҥан бэрчээккилээх мааны швейцардар сиэтэн түһэрбиттэрэ, ааҥҥа көрсө тоһуйбуттара, биһиги онтон соһуйан эрэ хаалбыппыт. Аны гостиница аана киһи чугаһаатаҕына эрэ аһылларын-сабылларын, тутааҕа, кнопката суоҕун сөҕө-махтайа көрбүтүм. Кытайдар, чахчы да, олус өйдөөх, үлэһит омуктар буолалларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйбитим.
Аһыы түспүппүт, арай хас да остуолга күн талбыт аһа күүтэн турара! Шведскэй остуол диэни аан бастаан онно көрбүтүм. Төһөнү баҕарар сиэххин сөп диэн эбит. Ол түүн утуйбатым, толкуйга түстүм. Ресепшн үлэһитигэр түһэн, ону-маны ыйыталастым. Хаһаайыннара наскы баайыытыттан саҕалаан, улам-улам кэҥээн, бэйэтэ фабрикаламмытын, онтон олох даҕаны хас да филиаллаах гостиница тиһигин тэриммитин сэргии истибитим. Ол саҕана биһиэхэ чыҥха атын хартыына этэ: ыһыллыы-тоҕуллуу, туох да суох. Сунтаарга соҕотох гостиницабыт сабыллан хаалбыта. “Биһиэхэ тоҕо маннык кыаллыа суохтааҕый?” дии санаабытым.
Кытайтан кэлэн баран, кэргэммэр тугу көрбүппүн-истибиппин кэпсээбитим. Гостиница арыйан үлэлэттэхпитинэ хайдаҕый диэбиппэр: “Бу эмээхсин Кытайтан иирэн кэлбит буолбаат!” – диэбитэ. “Оннооҕор буолуоҕу үлэлиибит дии, саҕалыахха”, – диэн хаайбытым. Биир нэдиэлэ саҥарбакка сылдьан баран сөбүлэспитэ (күлэр). Ити 2000 сыллаахха Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыһыах ыытыллыахтааҕа. Онно гостиница арыйар тоҕоостоох кэм этэ.
Ол саҕана нэһилиэкпитигэр икки этээстээх, түөрт кыбартыыралаах уопсай дьиэ түннүгэ, аана суох таах турара. Ынах, сылгы куйаастан куотан хорҕойор, иккис этээһигэр арыгыһыттар мустар сирдэрэ. Ону атыылаһан ылан, хапытаалынай өрөмүөн түбүгэр түспүппүт. Бастаан утаа сибиинньэ пиэрмэтиттэн эмискэ гостиница эйгэтигэр көһөн хаалбыппытын сорохтор өйдөөбөтөхтөрө, күлүү гыммыттар да бааллара.
Аны ол саҕана билиҥҥи курдук субсидия, ол-бу өйөбүл суоҕа. “Удачнайдааҕы ГОК” генеральнай дириэктэринэн үлэлии олорбут Анатолий Тарасович Поповка тиийэн, былааммын кэпсээбиппэр, тута өйөөбүтэ, линолеум, рулоннаах хаабыл биэрбитэ. Трамвайынан Ньурбаттан утуйар таҥас ылан кэлбиппит. Улуус дьаһалтата 50 тыһ.солк. биэрбитэ. Үөһээ этээскэ 20 миэстэлээх 8 хос, аллараа этээскэ улахан саала оҥорбуппут. Бэрэбиэркэ, көрүү-истии бөҕө этэ. Бэс ыйын 25 күнүгэр гостиницабытын арыйбыппыт, “Сынньалаҥ киинэ” (“Центр отдыха”) диэн ааттаабыппыт. Дьону сибиэһэй оҕуруот аһынан аһатаары, тэпилииссэ оҥостубуппут. Араас сиэдэрэй сибэккини олордубуппут. Бастакы ыалдьыттарбытынан 22 миниистир буолбуттара. Онно эбии Саппоро куораттан дьоппуон кыргыттара ыалдьыттаабыттара.
2002 сыллаахха Дьоҕус урбаан миниистирэ Анатолий Николаевич Скрыбыкин ыҥырыытынан (киниэхэ махталым муҥура суох) Голландияттан Хен Ренки диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах поварга үөрэммитим. “Орто Дойду” рестораҥҥа ааттаах-суоллаах асчыттары кытта тэбис-тэҥҥэ биир ый биир нэдиэлэ куурус ааспытым. Дьэ, дьиҥнээх култуураҕа онно уһуйуллубуппут. Ирдэбил, дьиссипилиинэни тутуһуу кытаанах этэ, кыратык да хойутуоҥ – сыыйыллаҕын. Биһиэхэ итинник эбитэ буоллар, Саха сирэ сайдыа да этэ дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, Москватааҕы туризм академиятыгар үөрэммитим эмиэ элбэҕи биэрбитэ.
Бастакы бэрэсидьиэнниин билсиһии, Штыровтан – караоке бэлэх
Кыһыҥҥы өттүгэр командировкалаах дьон, Бырабыыталыстыба тойотторо, хотуттара нэһилиэктэринэн отчуоттуу кэллэхтэринэ, биһиги гостиницабытыгар түһэллэрэ. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ үс бэрэсидьиэнэ хонон-өрөөн ааспыта. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев кэлэрин истэн, долгуйуу бөҕө. Улахан ыалдьыттары көрсөргө диэн күп-күөх мааны сервизтээх этибит, онно чэй кутаттаатыбыт. Арай Михаил Ефимович, олоро түһэн баран: “Тоойуом, улахан чааскы баар дуо?” – диэн ыйытта. Онно көрбүтүм, кырдьык, сервизпит чааскылара кып-кыра. Ыксалынан тахсан, улахан чааскыга тобус-толору итии чэйи кутан киллэрбиппэр, Михаил Ефимович махтаммыта. Онтон ыла: “Мантан бэрэсидьиэн испитэ, дьоллоох чааскы”, – диибин. Оттон иккис бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров 2000 ырыалаах караоке бэлэхтээн турар.
Биир сыл дьону-сэргэни тугунан эрэ тардыахха, саҥа сүүрээн киллэриэххэ наада диэн толкуйга түспүтүм. Ол курдук, Дьокуускайтан узбек асчытын көһөрөн илдьэн, илиҥҥи куукунаны арыйбытым. Дьон тоҕуоруһа мустар, кэлэктиибинэн кэлэн аһыыр, сынньанар буолбуттара.
Гостиница – бүтэн испэт түбүктээх, үгүс сыраны эрэйэр, ону тэҥэ эппиэтинэстээх бизнес. Кииммитин сыл аайы тупсаран, бэркэ үлэлии олорбуппут. Кэргэним улаханнык ыалдьыбатаҕа, бу олохтон туораабатаҕа буоллар, билиҥҥэ диэри гостиницабытын үлэлэтэ олоруо эбиппит.
Сунтаар курдук ураты дойдуга 37 сыл дьоллоохтук олорон кэлбитим. Аҥаардас ыһыаҕын туһунан кэпсээтэххэ, бүгүн бүппэппит. Александр Акимов, Матвей Евсеев, уран уус ини-бии Егоровтар уо.д.а. саха киэн туттар дьоно төрөөбүт сирдэрэ. Ньурбам эмиэ биир оннук үтүө-мааны дойду.
Дьарыга суох сатаммаппын
Огдообо хаалан баран Мииринэйгэ көспүтүм. СГУ Мииринэйдээҕи филиалын ректора Альбина Абрамовна Гольдман үлэҕэ ыҥырбыта, үс хостоох дьиэни биэрбитэ. Кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннар уопсайдарыгар коменданынан үлэлээбитим. Миэхэ олорон үөрэммит оҕолор билиҥҥэ диэри махтаналлар. Ханна да тиийдэрбин, үөрэ көрсөллөр.
Үгэспинэн учаастак ылан, даача туттубутум, 30 миэстэлээх банкет саалатын арыйбытым. Сунтаартан асчыт узбегым тиийбитэ. Бырааһынньыктарга, ыһыахтарга ыҥырыынан сылдьан үлэлээбиппит.
Мииринэйгэ олорбут сылларбар уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыбытым. Ол иннинэ Сунтаарга нэһилиэк дьокутаатынан икки ыҥырыыга талыллан үлэлээбитим. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Эйгэ” уопсастыбаннай тэрилтэ куратора этим. “Сардаҥа” түмсүү чилиэнэ буолан, Мииринэй оройуонун “Оһуохай” уопсастыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. 400 киһилээх болуоссакка оһуохай тылын эппит дьоллоохпун. 60 сааспын туолар үбүлүөйбүн “Иэйии” норуодунай ансаамбыл ыллаан-туойан киэргэппитэ.
2018 сыллаахха сиэним Олимпийскай эрэл училищетыгар үөрэнэ киирбитигэр, кыбартыырабын, даачабын атыылаан, батыһан кэлбитим. Билигин да дьарыга суох олорбоппун. Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар Анастасия Ивановна Бубякинаҕа кыбытыылаах иискэ үөрэммитим. Былырыын биллиилээх маастар, уһуйааччы, бөдөҥ учуонай Светлана Ивановна Петроваҕа үөрэнэн, дастабырыанньа ылбытым. Онон билигин иискэ көһөн сылдьабын, Амматтан төрүттээх иистэнньэҥҥэ көмөлөһөбүн.
Спорду олус сөбүлүүбүн. Биир ыһыахха мас тардыһан ньирэй кыайан турардаахпын (күлэр). Күрэхтэһиилэри көрөн, спортсменнарга “ыалдьан”, сороҕор түүн үс чааска диэри олорор бэриниилээх сүгүрүйээччибин. Боксербут Василий Егоровы хайгыы көрөбүн, Олимпиада чыпчаалыгар тахсара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Тугу баҕарар тобулуохха сөп
– Бүгүҥҥү усулуобуйаҕа атыы-эргиэн, урбаан, туризм сайдыытын, кэскилин туохха көрөҕүн?
– Билиҥҥи үйэҕэ судаарыстыбаттан көмө, өйөбүл элбэх, бырагыраама хара баһаам. Киһи тугу баҕарар тобулар үчүгэй кэмэ кэллэ. Бырабыыталыстыба, Ил Дархан ити салаалары өйүүр. Саамай сүрүнэ – киһи баҕарыан эрэ наада. Тыа сиригэр да олор, куоракка да олор – син биир. Билигин тыа сиригэр өссө үчүгэй, аҥаардас айылҕата кэрэтэ сыттаҕа.
– Оттон тыа хаһаайыстыбата?
– Олус үчүгэй, кэскиллээх дии саныыбын. Бырабыыталыстыба бу салааҕа улахан болҕомтону уурар. Саха ынаҕа сайдар чинчилээх. Арктика министиэристибэтэ баар буолбута олус сөптөөх дьаһал. Арктика оройуоннара сайдалларыгар үгүс үп көрүллэр. Баараҕай тутуулар бараллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 51 оҕо уһуйаана тутулунна диэн Бырабыыталыстыба отчуоттаата. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ, куорат салалтата бэркэ үлэлиир диэн сыаналыыбын. Сахалар салайааччыларбытын өйүөххэ, биир сомоҕо буолуохха диэн ыҥырабын.
Киһи диэн гений
– Билигин фермердэргэ, урбаанньыттарга судаарыстыбаттан элбэх көмө, өйөбүл оҥоһуллар. Эһиги саҕана ыарахан соҕус этэ диэн этэн аһарбытыҥ. Кэм-кэрдии уларыйан иһэрэ итиннэ көстөр. Ол аата баҕалаах киһи тугу баҕарар тобулар, үүтү-хайаҕаһы көрдөөн булар буоллаҕа?
– “Аныгы олох туһата суох”, “Мин муҥнаах, мин сордоох” диэн ытанар сыыһа дии саныыбын. Хайдах киһи буолан тахсарыҥ бэйэҥ ис хаачыстыбаҕыттан тутулуктаах. Киһи диэн гений. Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа, хайа да түгэҥҥэ тугу барытын сатыыр кыахтаах. Кыайбата суох. Сыал-сорук туруорунан, толкуйдаан, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээтэҕинэ, тоҕо табыллыа, кыаллыа суоҕай? Урукку кэм үчүгэйэ – барыта бэрээдэк уонна ирдэбил этэ. Аны туран, “НВП”, “Домоводство” диэн предметтэр бааллара. Мин онно ылбыт сатабылларым билиҥҥэ диэри олохпор туһалыыллар. Холобур, оҕо сылдьан өстүөкүлэ быһарга үөрэммитим. Ыалларбыт дьиэ тутта сырыттахтарына көрбүтүм. Оскуола кэнниттэн оччотооҕу оҕолор производствоҕа үлэлии хааларбыт. Арай күһүн тиийбиппит, хотоммут түннүгэ суоҕа. Биригэдьиир салапаанынан бүрүйтэриэм диэбитэ. Онуоха, толло-толло: “Мин түннүк тааһа быһабын ээ. Быһыахпын сөп дуо?” – диэн соһуппутум быһыылааҕа. Сүүстэн тахса ынах турар икки уп-улахан хотонун түннүктээбитим. Биригэдьиир нэрээт суруйан, үс солкуобай ылбытым. Ону ийэбэр биэрбиппин үөрбүтүөн, тэллэҕин анныгар уктан кэбиспитэ.
Олох бэйэтэ үөрэппитэ
– Саҥаттан саҥа дьарыкка ылсан иһэргинэн маладьыас эбиккин. Сааһыран баран үөрэнэр хайдаҕый?
– Өссө үчүгэй. Муударай буолан, өркөн өйдөнөн иһэҕин. Олоххо сыһыаныҥ атын, ол иһин үөрэнэргэр чэпчэки.
Үлэлии үөрэммитиҥ үйэҥ тухары туһалыыр эбит. Ыанньыксыттаан элбэҕи билбитим, ылыммытым. Пиэрмэҕэ үлэлиирбэр, бааһынай хаһаайыстыба тутарбар көмөлөстөҕө ол.
– Олох, кэм уларыйыыларыттан чаҕыйбакка, тэҥҥэ хардыылаан иһэҕин. Аны билбэт эйгэҕэр хорсуннук киирэн иһэргиттэн сөхтүм. Итиннэ ким үөрэппитэй?
– Олох бэйэтэ үөрэттэҕэ. Кэм-кэрдии төһөнөн түргэнник уларыйар да, эн эмиэ ракета курдук уларыйан иһиэхтээххин. Барытыгар киирэн, ылсан иһэриҥ ордук. Билигин саатар уон сыл эдэрим буоллар, урбаанньыттыы сылдьыам этэ. Кыыһым – Иннокентий Тарбахов үөрэнээччитэ, асчыт. Быйыл Дьокуускайга Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар миэстэ ылан, саха аһын-үөлүн атыылыыр павильон арыйар баҕалаахпыт. Хардыы аайы хот-дог, шашлык, мороженай элбэх. Оттон саха төрүт аһа атыыламмат да курдук. Мээрийэҕэ, паарка дьаһалтатыгар киирэ сылдьыбытым. Ирдэбилим да элбэх, кып-кыараҕас лааппыга туруохпун баҕарбаппын. Биир туочуканы буллубут. Аны кыыспар субсидияны аккаастаан кэбистилэр. Чэ, ол эрээри кыаллыбат боппуруос диэн суох. Тугу баҕарар толкуйдаан, тобулан таһаарыахха сөп. Оннук буолбат дуо?
Оҕону тэҥҥэ илдьэ сылдьан үөрэтэр үчүгэй
– Оҕону иитиигэ туох көрүүлээххин? Билиҥҥи көмпүүтэр, гаджет үйэтигэр ыччаты олох сатабылларыгар, үлэҕэ хайдах сыһыарыахха сөбүй? Ханнык да ютуб онно үөрэппэтэ буолуо...
– Кэргэним Михаил Петрович Саввинов суоппар этэ. Икки өттүттэн оҕолоох дьон холбоспуппут, уопсай кыыс оҕоломмуппут, онон түөрт оҕону атахтарыгар туруорбуппут. Барыларын тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан, үлэҕэ сыһыаран ииппиппит. Маай өрөбүллэригэр тыаҕа икки сыллаах саһааммытын туруора, мас кэрдэ тахсарбыт. Оҕолор аҕалара оҥорон биэрбит кыра сүгэччилэринэн мутук сулуйан көмөлөһөллөрө. Сайын аайы от үлэтигэр тахсарбыт. Ол аайы мин миин, торуой, бэрэски, алаадьы өлгөмнүк астыыбын. Үлэ – бырааһынньык, үлэ – дьол курдук буолара.
Оҕоҕо улахан киһиэхэ курдук сыһыаннаһыахтааххын диэн санаанан салайтарабын. Үйэбэр биирдэ даҕаны оҕону мөхпөтөх киһибин. Оҕону биэс сааһыгар диэри иитэн таһаараҕын. Ити сааһыгар диэри өйө-санаата, илиитэ-тарбаҕа сайдар.
Мин санаабар, төрөппүттэр төлөпүөнү туттаран кэбиһэн сыыстараллар. Ол иһин хойукка диэри сатаан саҥарбат оҕо элбээтэ. Аны туран билигин үлэ барыта автомат буолан хаалла. Таҥаһы массыынаҕа сууйтарыы хантан үлэҕэ үөрэтиэй?
Куһаҕан киһи диэн суох
– Олоххор махтанар дьонуҥ?
– Ийэлээх аҕабар, араас кэмҥэ алтыһан ааспыт дьоммор махтанабын. Бииртэн биир муударай салайааччыга түбэспит дьоллоохпун. Райком бастакы сэкирэтээрэ Прокопий Меркурьевич Герасимов, ытыктыыр салайааччым Климент Егорович Иванов – үтүө сүбэһиттэрим, настаабынньыктарым. Экология миниистиринэн үлэлээбит Василий Гаврильевич Алексеевка, элбэххэ үөрэппит ытык киһим Альбина Абрамовна Гольдмаҥҥа өйөбүл буолбуттарыгар муҥура суох махтанабын.
Мииринэйгэ коменданныыр кэммэр элбэх оҕоҕо көмөлөспүтүм. Кырдьык, сорохтор үөрэхтэриттэн үүрүллэ да сыһаллара. Ол эрээри барыларын төһө кыайарбынан өйдүү, өйүү сатыыр этим. Ол оҕолорум көрүстэхтэрин аайы махтаналлар. Билигин үгүстэр ытыктанар дьон буоллулар, онтон үөрэбин.
Куһаҕан киһи диэн суох. Арыгыһыт, умнаһыт да буоллун – бары дьоммут. Ол иһин харчы умналыы турар дьону көрө-көрө быһа ааспаппын. Төһөнөн ыктара сылдьар киһиэхэ көмөлөһөҕүн да, таҥара эйиэхэ оччонон элбэх үтүөнү биэрэр. Олорорго да чэпчэки.
Эдэр эрдэхпиттэн кинигэ суруйар баҕалаахпын. Хас биирдии олохпор көрсүбүт киһим дьылҕата бэйэтэ туспа кинигэ буолуон сөп. Сурунан, бэлиэтэнэн иһэбин, үксэ өйбөр баар. Бачча сааспар диэри элбэх киһини кытта алтыстаҕым. Ол тухары саныыбын ээ – куһаҕан киһи диэн суох. Көмпүүтэргэ үөрэммитим буоллар, элбэх кинигэни таһаарыам этэ.
***
Сааһын тухары араас эйгэҕэ хорутуулаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлээбит Анна Егоровна Саввинованы кытта кэпсэтэ олорон, атыы-эргиэн бэтэрээниттэн ураты улахан аата-суола суоҕуттан соһуйдум. “Туйгун, үтүөлээх үлэһит буолбатаҕыҥ дуо?” – диэн токкоолоспуппуттан кэмсинним.
Чахчы үлэһит дьоммутун кэмигэр сыаналаабаппыт, өрө туппаппыт хомолтолоох. Арай Үлэ сылыгар хаһыакка суруйан, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэхпитин эрэ сөп.