Анна Одринская: «Ийэ тылбытын биир эрэ киһи илдьэ сылдьар»
Дьокуускайга атырдьах ыйын 10-12 күннэригэр Дьүкээгир норуотун VII-с сийиэһэ буолан ааста. Үөһээ Халыматтан, Аллараа Халыматтан, Аллайыахаттан, Усуйаанаттан уонна Чукотка автономиялаах уокуругуттан, Магадан уобалаһыттан, Санкт-Петербургтан 70-ча дэлэгээт кытынна.
Сэттис төгүлүн ыытыллыбыт Сийиэс – Арассыыйа саамай аҕыйах ахсааннаах этноһын дьылҕатын түстүүр үрдүк суолталаах тэрээһин. Оттон биһиги, сахалар, Саха сирин биир баай историялаах төрүт омугун туһунан билэрбит олус аҕыйах...
Сийиэскэ дьүкээгир омугун социальнай-экономическай уонна култуурунай балаһыанньатын, инникитин туох-ханнык дьаһаннахха сайдыы барыаҕын ырытыстылар, Ассоциацияларын уонна Старейшиналар сэбиэттэрин салайар састаабын таллылар. Табаны иитии, балыктааһын, үөрэхтээһин, култуура кыһалҕаларынан төгүрүк остуоллар буолан аастылар. Декоративнай-прикладной искусство быыстапка-дьаарбаҥката, төрүт иискэ маастар-кылаас ыытылынна. Саха сирин дьүкээгирдэрэ олохсуйбут дьоҕус сирдэриттэн – Нелемнэйтэн уонна Андрюшкиноттан айар кэлэктииптэр, ансаамбыллар кэлэн кытыннылар. Үс Хатыҥ түөлбэтигэр “Шахадьибэ” диэн дьүкээгир норуотун национальнай бырааһынньыга тэрилиннэ.
Үөһээ Халыма Нелемнэйигэр чолҕоро (куобах) эмэгэт кыыллаах (тотемное животное) тайҕа дьүкээгирдэрин сыдьааннара бааллар. Тайҕа дьүкээгирдэрин култууратын, тылларын-өстөрүн, айар үлэлэрин билиһиннэрэ оҕолор ансаамбылларынан ырыа, үҥкүү, хоһоон илдьэ кэлбит “Ярхадана” этнокултуурунай киин сэбиэдиссэйэ Анна Юрьевна Одринскаяны көрсөн кэпсэттибит:
Дьүкээгирдэр – Саха сирин төрүт олохтоохторо
– Хас да тыһыынча сыл анараа өттүгэр дьүкээгир биистэрин ууһа Саха сирин территориятын барытын ылан олорбуттар. Төрүт култууралара хойукку неолит саҕана үөскээн барбыт, маныаха Соҕуруу Сибииртэн, Забайкальеттан кэлии биистэр сабыдыаллара баар. Ол саҕана дьүкээгирдэр тарҕанан олорбут сирдэрэ соҕурууттан хоту хайысханан Прибайкальеттан Арктика туундаратыгар тиийэ, Чукотка арҕаатыттан Енисейтэн Охотскай муора илинигэр диэри тэнийэрэ. Тунгустарга, монголларга, түүр омуктарга үтүрүллэн, Саха сирин хоту өттүгэр сыҕарыйан биэрбиттэр. ХVII-с үйэҕэ кинилэри нуучча айанньыттара көрсөллөр.
XVII-XVIII-с үйэлэр докумуоннарыгар олоҕуран, дьүкээгирдэр хас да биис ууһугар арахсаллара: коҕимэ, алайи, омоки, олюбенцы, яндыри, янга, онойди, шоромбои/коромои, чуванцы, ходунцы, анаулы, лавренцы.
Төрүт омуктар Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан, Анаабыр, Дьааҥы, Индигирка, Халыма, Анадырь үрэхтэринэн тэнийэн олорбуттар. Чинчийээччилэр дьүкээгир тыллаах 12 ийэ ууһа (былыр тутуллара матриархат эбит) баар этэ дииллэр.
Бэйэлэрин “юкагир” - “одул/вадул” (күүстээх, модун) диэн ааттаналлар. XVII-с үйэ ортотугар дьүкээгир ахсаана 5-6 тыһыынча буола сылдьыбыт. Көһө сылдьар норуот төрүт дьарыгынан булт, балыктааһын, сир аһын хомуйуу буолара.
Саха сиригэр тайҕа уонна туундара дьүкээгирдэрэ бааллар
– Нелемнэй – дьүкээгир көс бииһэ үһүс олохсуйбут сирэ эбит, үрдүк сыырдаах Нунгэдэн (Ясачная) үрэх үрдүн сөбүлээн олох туттубуттар уонна онно хаалбыттар. Билигин Нелемнэйгэ 240 киһи олороруттан 172-тэ дьүкээгир. Ийэ тылын илдьэ хаалбыт биир эрэ киһилээхпит.
Биһиги тайҕа дьүкээгирдэрэбит, Саха сиригэр өссө туундара дьүкээгирдэрэ диэннэр бааллар.
Нелемнэй сүрүн тэрилтэтэ – орто оскуола, 25-һи эрэ нэһиилэ кыайар оҕолоохпут, кыра музейдаахпыт. Ону таһынан хочуолунай, дизелинэн барар ыстаансыйа, почта, амбулатория, бэкээринэ, “Якутоптторг” филиала, култуура киинэ үлэлииллэр.
Баһылыкпыт “аниджа” (вождь) дэнэр, Андрей Афанасьевич Солнцев талыллан үлэлиир. Биллэн турар, үлэ миэстэтэ олус аҕыйах, ол иһин нэһилиэнньэ баһыйар өттө булдунан, балыгынан айаҕын булунар. Көһөн барыы олус элбэх, аҕам саастаах дьон кытта көһө сатыыллар. Онуоха киин сиртэн аһара ыраахпыт, бырайыаспыт, сыанабыт ыарахана – барыта төрүөт буолар.
Туруулаһар дьон баар буолан…
– Дьүкээгирдэр төрүт дьарыктарыттан билигин балыктааһыны уонна бултааһыны эрэ тутан хаалбыт омук. Дьоммут билигин сүрүннээн тайаҕы уонна күндү түүлээҕи бултааһынынан дьарыктаналлар, балыгы араастаан астыыллар, ханна да суох минньигэс дьууххала бэлэмнииллэр.
Омукпут прикладной искусствотынан дьарыктанар маастардар бааллар. Сыанаҕа кэтэр көстүүмнэри, кыыл уҥуохтарыттан араас оҥоһугу, балык тириититтэн, көтөр көп түүтүттэн, күндү түүлээхтэн арааһы иистэнэллэр, оҥороллор. Холобур, улар, кус, хаас тириитин таҥастыыллар, атахтарын, тумустарын кытта иискэ тутталлар, аттаран матырыйаал оҥостоллор.
Дьүкээгир култууратын тарҕатар, тыыннаах хааларын туһугар туруулаһар, олохторун бүтүннүү норуоттара сиртэн симэлийэн хаалбатын туһугар аныыр дьонноохпут. Кинилэр баар буоланнар биһиги омук быһыытынан уратыбытын, хомойуох иһин, кырдьыгы хайдах баарынан эттэххэ, сир үрдүттэн олох сүтэн эрэр омук бэрэстэбиитэллэрэ буоларбытын өйдүүбүт уонна кыахпыт баарынан тылбытын, култуурабытын, төрүт дьарыкпытын тыыннаах хаалларан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн иһэр соруктаахтык олоробут.
Норуоппут чаҕылхай бэрэстэбиитэллэриттэн биирдэстэринэн саамай ытыктыыр киһибит Любовь Николаевна Демина буолар. Кини Нелемнэй өрөгөй ырыатын ааптара, төрөөбүт тылынан суруйар суруйааччы, поэтесса. Дьүкээгир тылын үөрэтэр учуобунньукпутун, босуобуйаларбытын суруйбутун таһынан, тайҕа дьүкээгирдэрин ийэ тылларын илдьэ сылдьар бүтэһик киһибит. Магадан уобалаһын Среднаканскай оройуонун Балыгычан сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Ийэ тылын илдьэ сылдьар буолан, дьүкээгир тылын научнай чинчийиигэ информант оруолун толорбута элбэх. Бастакы идэтэ буҕаалтыр, онтон Герцен аатынан филологическай институту бүтэрбитэ. Үөһээ Халыма дьүкээгирдэрин фольклорун хрестоматиятын оҥорбута. 2005 сыллаахха дьүкээгир тылынан хоһоонунан азбука таһаартарбыта, онтун барытын аудиоҕа кытта үйэтиппитэ.
Ольга Геннадьевна Тимофеева уонна Любовь Алексеевна Филатова диэн норуот маастардара оскуола оҕолорун төрүт иискэ уһуйаллар. Дьүкээгир ырыатын-тойугун тарҕатааччы ыччаппыт Ирина Дускулова көстүүмнэрин бу маастардарбыт тигэн биэрэллэр. Евдокия Ильинична Шалугина эмиэ төрүт көстүүмнэрбитин тигэр, оҕуруонан киэргэтэр. Анал үөрэхтэрэ суох эрээри өбүгэлэрин ииһин илдьэ сылдьар, ыччакка тарҕатар сыаллаах дьон баар буолан, төрүт таҥаспытын кэтэбит.
Елизавета Ивановна Дьячкова диэн төрүт култуура учуутала элбэх үлэни ыытар, кини оҥорбут учуобунньуга Арассыыйа таһымыгар үрдүктүк сыаналаммыта.
Алена Николаевна Миронова диэн дьүкээгир тылын уонна хотугу норуоттар литератураларын үөрэтэр учууталбыт тылы уонна култуураны тыыннаах хаалларар эксперимени сүрүннүүр. Эмиэ үөрэтэр босуобуйалар, азбука, тылдьыттар ааптардара, айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар.
Кинилэр үлэлэрин быйыл Дьокуускайга “Кочевье-2023” бырааһынньык дьоно олус биһирээтэ.
Омук быһыытынан уратыбытын харыстыы сатыыбыт
– Дьүкээгирдэр эмэгэт кыыллара – чолҕоро (куобах). Үөһээ Халыма дьүкээгирдэрэ куобахтан төрүттээхпит дэнэбит.
Лондол диэн оһуокайга майгынныыр төгүрүктүүр үҥкүүлээхпит. Номоххо кэпсэнэринэн, хас да күн тохтообокко үҥкүүлүүллэрэ, сарыы этэрбэстэрин тыаһа сырылаан олороро үһү.
Төрөөбүт тылбытын үөрэтиигэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктартан бастакы учуонай Н.И. Спиридонов-Тэкки Одулок аатын сүгэр Саха сиригэр соҕотох Дьүкээгир национальнай оскуолата сүҥкэн кылааты киллэрэр. Ону таһынан уһуйааҥҥа эмиэ тылы үөрэтэллэр. Ол эрэн нэһилиэнньэҕэ төрөөбүт тылын билэр киһи суоҕуттан, күннэтэ кэпсэппэппититтэн, олохпутугар наар нууччалыы салаллан хаалбыппытыттан уонна дьиҥнээх ийэ тылын илдьэ сылдьар учуутал суоҕуттан, тылы ыччакка иҥэрэр олус уустук.
Төрүт таҥаспытын бырааһынньыктарга эрэ кэтэбит. Биллэн турар, билигин өбүгэбит таҥаһа стилизацияламмытын таҥнабыт. Сарыыттан тигиллэр, оҕуруонан киэргэтиллэр. Уратыбыт – таҥаспыт көхсүгэр күн бэлиэлээхпит, ис диэкинэн харысхал тигиллэр (төрүүргэ-ууһуурга көмүскэл уонна көмө буолар), ойоҕосторунан куһаҕан тыынтан харыстыыр киэргэллэр тигиллэллэр.
Бэргэһэбит оройо хайаҕастаах, бастатан туран, манан салгын сылдьар уонна үөһээ киэҥ куйаары кытта ситим олохтонор дииллэр эбит. Оҕолоро муостаах бэргэһэлээхтэр, ол эмиэ куһаҕан тыыннары куттуур аналлаах, муостаах абааһылар оннук бэргэһэлээх оҕо утуйа сытарын көрөн, “бэйэбит киһибит сытар” диэн, ааһа тураллар.
Дьүкээгирдэр дьадаҥытык олорбуттар. Биир киһи үйэтигэр таба тириититтэн тигиллибит үс таҥаһы таҥнар эбит. Биллэн турар, былыргы дьон таҥаһа соччо баай киэргэлэ эҥин суох. Арай нууччалар кэлбиттэрин кэннэ, атыыһыттары кытта алтыһан, түүлээххэ мэнэйдэһэн киэргэнэр буолбуттар.
Дьахталлар суһуох киэргэлин кэтэллэр эбит, таҥастарыгар чуораанчыктары тиктэллэр – бу эмиэ куһаҕан тыыннары үргүтэр аналлаах.
Олорор дьиэлэрэ – ураһа (тордох).
Дьүкээгирдэр национальнай куухуналара сүрүннээн балыктан, эттэн турар. Атын хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар астарыгар майгылыыр бүлүүдэлэрдээхпит. Ол эрэн биһиэхэ эрэ астанар бүлүүдэлэр эмиэ бааллар, холобур, буспут балыгы сугуну кытта булкуйан буһараллара “кулибаха” диэн киирии тылынан ааттанар. Тайах муннун, уоһун, тайах оҕотун саҥа үүнэн эрэр муостарын (панты) сииллэр.
Сүрүн балыкпыт – тууччах (нельма, ол иһин сирбит Нелемное диэн ааттаах).
Национальнай бырааһынньыкпыт “Шахадьибэ”, дьүкээгир тылыттан тылбаастаатахха, “Мустар сир” диэн суолталаах. Урут маннык мустар сиргэ сайын саҕаланыыта бары уустар түмсэллэр эбит. Билигин дьүкээгирдэр үгэс буолбут мунньахтара атырдьах ыйыгар ыытыллар – Дьокуускайга мустабыт, ону тэҥэ нэһилиэкпитигэр эмиэ бырааһынньыктыыбыт. Бырааһынньыкка арчыланыы ыытыллар. Уот, тайҕа иччилэригэр уонна күҥҥэ сүгүрүйэбит, куһаҕан тыыннартан харыстыылларыгар көрдөһөбүт.
Аныгыскы сийиэс Нелемнэйгэ буолуоҕа
– Буолан ааспыт Сийиэскэ биһиги, нелемнэйдэр, этнокултуурунай киин дьиэтин тутууну туруорустубут. 2000 сыллардаахха култуура киинин дьиэтэ эргэрэн көтүрүллүбүт, онтон ыла эргэ оскуола дьиэтин бэкээринэни, библиотеканы кытта кулууптар үллэстэн олоробут. Саҥа дьиэни тутуохпут диэн 20-чэ сыл устата эрэннэрдилэр.
Тылы уонна култуураны сүтэрбэт туһугар ситимнээх үлэ тохтоло суох барыан наада. Биһиги дьүкээгирдэрбит ийэ тылларын сүтэрэн эрэллэр, биир эрэ ийэ тылын илдьэ сылдьар (носитель языка) киһилээхпит, уоннааҕылар үөрэппитэ эрэ буолабыт, көҥүллүк саҥарбаппыт, санаабытын сайа эппэппит. Холобур, Аллараа Халымаҕа туундара дьүкээгирдэрэ олороллор, кинилэр төрөөбүт тылларынан холкутук кэпсэтэллэр.
Тэкки Одулок аатынан общинаҕа өйөбүл наада. Билигин чааһынайдар эрэ бултуур кыахтаахтар. Оттон община судаарыстыбаттан өйөбүлэ суох, бултуур сирдэрин докумуоннаһыыга харгыстары көрсөллөр.
Промышленнай, сир баайын хостуур тэрилтэлэр элбии тураллар. Тулалыыр эйгэҕэ хоромньу улаатар, экологическай балаһыанньаны хонтуруоллааһын суоҕун кэриэтэ. Ол иһин өбүгэлэрбит төрүт олорбут сирдэрин харыстыыры уонна олохтоох дьоҥҥо иҥэрэри туруорсабыт. Итинник тэрилтэлэр үлэлиир буоллахтарына, олохтоох нэһилиэнньэҕэ социальнай суолталаах көмө, үбүлээһин оҥороллорун ситиһиэххэ наада.
Дьүкээгирдэр сийиэстэрин түмүгүнэн резолюция олоххо киирэригэр баҕарабыт. Кэлэр сийиэс түөрт сылынан биһиэхэ, Нелемнэйгэ, ыытыллар буолла, онуоха диэри этнокултуурунай кииммит дьиэтэ тутулларыгар улахан эрэллээхпит.