29.03.2024 | 12:00

Анна Герасимова: «Кэргэмминиин биир санаанан үлэлиибит»

Бүгүҥҥү геройбут – туохтан да толлон турбат туруу үлэһит, эдэр урбаанньыт, муударай салайааччы, элбэх оҕолоох ийэ Анна Петровна Герасимова. Кини кэргэнэ Роман Романовичтыын бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлээбиттэрэ номнуо уонча сыл буолла.
Анна Герасимова:  «Кэргэмминиин биир санаанан үлэлиибит»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Анна Петровнаны кытта хас даҕаны сыллааҕыта алтыһан ааспыттаахпын. Тута кини киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларын – үтүө санаалааҕын, эйэҕэһин-сайаҕаһын, муударайын бэлиэтии көрбүтүм. Күүстээх санаалаах, сатабыллаах кыыс кэргэниниин хаһаайыстыба тэринэн эрчимнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Билсибит кэммититтэн эдэр дьон өссө сайдыбыттар, былааннара да киэҥ. Ол туһунан ааҕааччыларбытыгар Анна бэйэтэ сиһилии билиһиннэриэҕэ.

 

Оҕо сааһым үлэ үөһүгэр ааспыта

Мин Сунтаарга төрөөбүтүм, оҕо сааһым Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар ааспыта, биир саастаахпар онно көһөн кэлбиппит. Аҕам Петр Прокопьевич Дмитриев, олохтоох Боотулуу киһитэ. Бэйэтэ электрик идэлээх, онтон Ветеринарияҕа суоппардаабыта. Ийэм Мария Лукинична, төрдө Сунтаар Бүлүүчээнэ, иитээччи идэлээх, оҕо уһуйааныгар повардаабыта. Мин ыал улахан оҕотобун, бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт – икки кыыс, икки уол, сыллатабыт. Улаханнара буоламмын, олох кыра эрдэхпиттэн эппиэтинэс диэни билэн улааппытым. Тыа ыалын сиэринэн ынах сүөһүлээх, оҕуруоттаах этибит. Онон үлэбит хаһан да бүппэт этэ – муус, мас, от, дьыл кэмэ уларыйдаҕын аайы саҥаттан саҥа үлэ, түбүк тахса турара. Дьоммут кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ сыһыарбыттара, туохха барытыгар тэҥҥэ сылдьар этибит. Ким даҕаны быар куустан олорбото, дьиэ кэргэнинэн тутуспутунан үлэлиирбит. Биллэн турар, биһиги, оҕолор, ол саҕана, оонньуу бараары эҥин, сүрэҕэлдьиирбит ханна барыай? Ол эрээри оҕо сылдьан үлэҕэ сыстыбыппыт билигин наһаа туһалыыр, сатаабаппыт диэн суоҕун кэриэтэ. Үлэҕэ үөрэтэн ииппиттэригэр  төрөппүттэрбитигэр махталбыт муҥура суох. Манна даҕатан эттэххэ, дьоммут билигин биһиэхэ бааллар. Көмөлөһө, өйөбүл-тирэх буола сылдьаллар.

Үөрэхпиттэн, дьиэтээҕи түбүкпүттэн быыс булан, оскуолабын бүтэриэхпэр диэри үҥкүүнэн дьарыктаммытым.

 

Кэргэмминиин биир идэлээхпит

Оскуола кэнниттэн Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирэн үөрэнэн, үүт уонна үүт бородууксуйатын технолога идэлээх бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, 2009 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка, Майаҕа, Үүт собуотугар үлэлии тахсыбытым. Биир нэдиэлэ буолаат, аны онно кэргэним Роман эмиэ технологынан үлэлии кэллэ. Оннук билсэн, 2011 сыллаахха олохпут суолун холбообуппут. Майа собуотугар үс сыл үлэлээбиппит. Билигин үс кыыстаахпыт, улахаммыт Нелли 12-лээх, ортобут Аина аҕыстаах, кыра кыыс Уйгууна – сэттэлээх. Улахан кыыспытын оҕолонон олорор кэммэр кэргэним собуоттан Хараҕа тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлии барбыта. Иккис кыыспыт алта ыйдааҕар кэргэним дойдутугар Табаҕаҕа көспүппүт. Ол кэмҥэ да таах олорботоҕум, ИП тэринэн, кулинария арыйан үлэлэппитим. Ыллым да астаан барбатаҕым, Юлия Шапран диэн кондитер онлайн-кууруһугар, Людмила Павлова диэн кондитерга уонна Москваттан кэлэн үөрэппит Мария Васильева маастар-кылаастарыгар үөрэммитим. 2020 сыл балаҕан ыйыттан бастаан дьиэбэр астаан саҕалаабытым. Бастакы тортпун дьүөгэм төрөөбүт күнүгэр астаабытым. Аан бастаан сакааһынан оҥорор этим, өрөбүллэргэ көннөрү оҥорон атыыга таһаарааччыбын. Онтон саҥа дьыл кэнниттэн, олунньу ыйга, үүт сыаҕын иккис этээһигэр кондитерскай сыах арыйбытым. Инньэ гынан биир сыл икки үлэһиттээх бурдук ас бөҕөнү астаабыппыт – торт, рулет, кекс, булочка, бэрэски уо.д.а. Саҕалыырбытыгар биир ыйы быһа тортары эрэ астыы сылдьыбыппыт, онтон бородууксуйабыт көрүҥүн кэҥэтэн испиппит. Аспытын маҕаһыыннарынан Табаҕаҕа, Майаҕа, Бэстээххэ ыытар этибит. Кэлин өссө үөрэнэн баран суши оҥорор буола сылдьыбыппыт. Онтон дьиэ кэргэмминиин Дьокуускайга көһөн киирбиппит. Манна, куоракка олорон, эмиэ салгыы астыы сылдьыбытым буолан баран, кыбартыыраҕа үлэлиир уустуктардаах. Табаҕаҕа билигин даҕаны сыаҕым, улахан оһоҕум, тэриллэрим барыта баар. Сайыҥҥы өттүгэр онно таҕыстахпытына сыахпын син биир үлэлэтэбин. Куоракка баар кэммэр бэйэбитигэр, аймахтарбар, дьүөгэлэрбэр астыыбын.

Кэтээн көрдөхпүнэ, олоҕум, үлэм-хамнаһым барыта аһы-үөлү кытта ситимнээх эбит. Астыырбын наһаа сөбүлүүбүн, умсугуйан туран, ис дууһабыттан дьарыктанабын. Итиннэ ийэбит кылаата улахан диэххэ наада, астыырга тапталы кини иҥэрбитэ. Кыргыттарым эмиэ кыра эрдэхтэриттэн наар аттыбар сылдьан көрөн үөрэнэллэр, астыырга кыттыһаллар. Биһиги оҕо сылдьан уол, кыыс диэн арахсыбакка ийэбитин кытта тэҥҥэ астаһар буоларбыт. Бэйэм оҕолорум сотору эмиэ астыыр буолуохтара диэн эрэллээхпин.

 

Сырьевой бааза элбииригэр баҕарабыт

Кэргэним наар бэйэм тугунан эмит дьарыктаныахпын баҕарабын диирэ. Инньэ гынан, кини көҕүлээһининэн, 2015 сыллаахха кирэдьиит ыламмыт, дойдутугар Табаҕаҕа Байкалов аатынан МУТ сабыллан турар эргэ арыы собуотун өрөмүөннээн, ИП тэринэн аспыппыт. Онтон 2016 сыллаахха быраҕыллыбыт эргэ таас баанньыгы атыылаһан уонна улуус дьаһалтата 2,5 мөлүйүөн солкуобайы өрөмүөҥҥэ биэрэн, «Фонд поддержки предпринимателей» тэрилтэттэн 10%-наах займ ыламмыт, тэрил атыылаһан, 2017 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиппит. 

2018 сыллаахха бэйэбит соҕотуопкалыыр эбээһинэһи ылынан, Табаҕа, Чүүйэ, Бүтэйдээх, Суола, Өлөчөй – барыта биэс нэһилиэги кытта үүт тутарга дуогабардаспыппыт. Бу сылга, тэрилтэбитин улаатыннарар сыаллаах, Регионнааҕы лизинговай хампаанньаттан 10%-наах лизинг ыламмыт төлүү сылдьабыт.

2020 сыллаахха гырааҥҥа кыттаммыт, собуот территориятыгар дьоҕус «Цех по переработке дикорастущих ягод» туттан, нэһилиэнньэттэн отон, сугун атыылаһан, барыанньа, сироп оҥоробут. Инники өттүгэр көрүҥмүт ахсаанын элбэтэр былааннаахпыт. Ити сыахха биир үлэһиттээхпин, сайыҥҥы өттүгэр бэйэм тахсан үлэлиибин. Сир аһыгар дьиэ кэргэнинэн сылдьарбытын наһаа сөбүлүүбүт, сир астыырбыттан, айылҕаҕа сылдьарбыттан улахан дуоһуйууну ылабын. Оҕолорбут эмиэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр, отонноон биһиэхэ харчыга туттараллар.

2021 сыллаахха «ЯкутНацПродукт» ТХПК диэни тэрийбиппит. Билигин аҕыс нэһилиэги кытта дуогабардаһан үүт тута сылдьабыт. Бастаан саҕалыырбытыгар 5 үлэһиттээх этибит, кэргэним сэппэрээтэрдээн, суоппардаан, бородууксуйабытын тарҕатан үлэлээн сылдьыбыппыт. Билигин уопсайа, сезоннай үлэһиттэри кытта, 16 киһи үлэлиир. Манна даҕатан эттэххэ, аҕам биһиэхэ собуокка үлэлэһэр.

Буоларын курдук, үлэбитигэр көрсөр ыарахаттарбыт элбэх, холобур, үүт былаана туолбакка, таһыммыт сыл ахсын аччаан иһэр. Сүөһүнү тутар дьон ахсаана аҕыйаата, уруккулар сааһыран тохтоотулар, эдэр көлүөнэ сүөһү ииттибэт буолла. Инньэ гынан, хомойуох иһин, сырьебут аҕыйаан иһэр. Онон чугас нэһилиэктэргэ ТХПК-лар тэриллэннэр, сырьевой баазалар элбииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Кэргэмминиин иккиэн хамаанда курдук үлэлиибит, кини салайар, мин – технологиятын хонтуруоллуубун. 100 төбө сүөһүгэ анаан хотон туппуппут, онтубут былырыын алтынньы ыйга үлэҕэ киирбитэ. Кэргэним үс бииргэ төрөөбүттэр, бары уолаттар. Ынах сүөһүнү тутууга бары бииргэ, тутуспутунан үлэлииллэр. Обрат үүт элбэх буолан, сайыҥҥы өттүгэр өссө сибиинньэ иитэбит. Күһүҥҥү тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥкатыгар куруук кыттабыт. Москваҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа кыттаммыт, арыыбыт кыһыл көмүс мэтээлгэ тиксэн үөрдүбүтэ.

 

Сөбүлүүр дьарыкпын бырахпаппын

Оскуолатааҕы сөбүлүүр дьарыкпын бырахпатым, билигин даҕаны үҥкүүлүүбүн, ыллыыбын. Кэргэним дойдутугар Табаҕаҕа олороммут эмиэ үҥкүүлүүр, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар этим. Бэйэм көхтөөхтүк, олох үөһүгэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Ырыа, үҥкүү киһи доруобуйатыгар, уопсай туругар наһаа туһалаах дии саныыбын уонна бэйэм эппинэн-хааммынан билэбин. Билигин ЯГНГ-га ырыаҕа, үҥкүүгэ дьарыктанабын, блогер Мария Столярчик тэрийбит Дьахтар кулуубугар баарбын. Наһаа элбэх тэрээһин буолар, олус интэриэһинэй. Былырыын алтынньы ыйга Турцияҕа бэстибээлгэ баран кыттан, ыллаан, үҥкүүлээн кэлбиппит.

Иллэҥ кэммэр иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Оҕо эрдэхпиттэн баайар, бэйэбэр таҥас тиктэр этим. Иллэҥ кэммэр сарсыардаттан ас астыырбын, онтубун наһаа үчүгэйдик киэргэтэн «подачалыырбын», дьиэ ис бараанын тупсарарбын наһаа сөбүлүүбүн. Иллэҥ кэммитин бииргэ атаарабыт, куоракка көһөн киириэхпититтэн дьиэ кэргэнинэн бассейнҥа уонна катокка сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Этэн аһарбытым курдук, сайын-күһүн тутуспутунан сир астыыбыт. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...