Анисия Скрябина: «Киэҥ көҕүс, мындыр өй, ураты тулуур иилии куустун!»
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах сэлиэнньэтин олохтооҕо, нэһилиэк, улуус киэн туттар Далбар Хотуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Майа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Култуура бочуоттаах бэтэрээнэ, иллээх дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ Анисия Даниловна Скрябина.
— Анисия Даниловна, үгэс быһыытынан, ааҕааччыларга бэйэҥ тускунан билиһиннэриэххэ.
— Мин 1950 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Араҥас нэһилиэгин Балыктаах сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтүм. 1968 сыллаахха оскуола бастакы выпуһа буолан бүтэрбиппит. Бастаан сүөһүгэ үлэлээбитим. Онтон, кыра сааспыттан ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр идэлээх буоламмын, кулууп үлэтигэр көспүтүм. Инньэ гынан 19 сааспар Сото кулуубун сэбиэдиссэйэ буолбутум. 1973 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Культпросветучилище театральнай-режиссерскай салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Салгыы 1976 сыллаахха кэтэхтэн Хабаровскайдааҕы Култуура институтугар киирбитим, 1981 сыллаахха тэрийээччи-методист идэлээх бүтэрбитим. Онтон ыла, этэргэ дылы, харыс да халбарыйбакка, Мэҥэ Хаҥалаһым улууһун култуураҕа ситимигэр 40 сыл үлэлээтим. Ол иһигэр төрөөбүт Балыктааҕым кулуубугар – 25 сыл тохтобула суох.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.
– Сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан, 1973 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр эмиэ төрүт Балыктаах уола Иннокентий Дмитриевич Скрябинныын ыал буолбуппут. Эһиил, этэҥҥэ буоллахха, кэргэннии буолбуппут үйэ аҥаарын бэлиэтиибит. Хайа күн билсиэхпититтэн олохпут ырыаҕа ылламмыт Балыктаахпытыгар аатырбыт «Балыктаах киэһэтэ» ырыанан доҕуһуолланан ааста. Ити, чахчы даҕаны, эдэр сааспыт, тапталбыт ырыата. Биһиги үс сыл доҕордоһон ыал буолбуппут. Кэргэним аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан миэхэ суруйбута, онтон кэлбитин кэннэ доҕордоһон саҕалаабыппыт. Алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн, күн бүгүнүгэр диэри төрөөбүт дойдубутугар олоробут. Аҕабыт үйэтин тухары үлэ үөһүгэр сылдьар – 25 сыл суоппардаабыта, быыһыгар үөрэнэн киинэ мэхээнньиктээбитэ. Икки кыыстаахпыт, улахаммыт Ньургуйаана Иннокентьевна – «Сахабэчээт» сүрүннүүр исписэлииһэ, идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала, ыал, икки оҕолоох. Кыра кыыс – Айыына Иннокентьевна М.К. Аммосов аатынан университеты бүтэрэн быраас идэлээх, билигин «Сахамедстрах» тэрилтэҕэ эксперт-быраас, эмиэ ыал ийэтэ, икки оҕолоох. Инньэ гынан түөрт сиэннээхпит, кыргыттарбыт иккиэн уоллаах кыыс оҕолордоохтор. Улахан күтүөт – Леонид Валентинович Зыков Намтан төрүттээх, суоппар. Кыра күтүөт Иннокентий Васильевич Эляков – Амма, муосчут идэлээх, предприниматель. Сиэннэр тустарынан этэр буоллахха, улахан сиэн – Ньургуйаанам уола Данил 25 саастаах, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ магистратуратыгар үөрэнэр. Кыыстара Дарина 3-с нүөмэрдээх балыыһаҕа сиэстэрэ. Кыра кыыһым Айыына улахан оҕото Лилиана Владивостокка университет иккис кууруһун устудьуона. Уоллара Вася Саха-корейскай оскуола 7-с кылааһын үөрэнээччитэ. Дьиҥинэн, сиэннэрим кыраларыгар фольклорга сүрдээҕин сыһыарбытым. Кулуупка үлэлии сылдьаммын оскуолаҕа куруһуок ыытарбар илдьэ сылдьааччыбын, дьарыктааччыбын. Итинник икки улахан сиэн дьарыктаммыта, хоһоон суруйарга эмиэ үөрэппитим. Даринам хомустуур, оһуохайдыыр. Сиэммэр Лилианаҕа дьиэбэр норуот ырыатын үөрэтэр этим. Билигин кини устудьуоннуу сылдьан үчүгэйдик хомустуур, Саха сириттэн үөрэнэр оҕолор «Кэскил» диэн түмсүүлэригэр сылдьар, үлэлэһэр. Былырыын миэхэ сакаастаан түмсүүлэрин гиимнин суруйтарбыта.
– Анисия Даниловна, эн эдэртэн эмэнигэр тиийэ фольклорга уһуйааччы, ансаамбыл солбуллубат салайааччытын быһыытынан биллэҕин.
– Кулууппар 40 сыл үлэлээн баран билигин сүбэһит быһыытынан сылдьабын. 1984 сыллаахха, кулуупка тэрийээччи-методиһынан үлэлии сылдьан, «Мүчүк» фольклор ансаамбылын тэрийбитим, онтубун, үлэлээн бүппүтүм да иһин, баччааҥҥа диэри илдьэ сылдьабын. Билигин сүрүннээн 11 киһи дьарыктанар, итиэннэ сыллата 20-чэ киһи кэлэ-бара сылдьар. Аны оҕолорго анааммын, дьарыктыыр босуобуйа оҥостоммун, «Мүчүк-чээ» диэн эмиэ фольклор ансаамбылын тэрийбитим, итиннэ сылга 20-чэ, уопсайа сүүһүнэн оҕо уһуйуллан таҕыста. Онтубун үлэлээн бүтэн баран өссө икки сыл илдьэ сылдьан баран тохтообутум. Утум салҕанан, билигин уон үөрэппит оҕом туйахпын хатаран үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 2017-2018 үөрэх дьылыгар 3-4 кылаастарга үөрэппитим. Билигин уопсастыбанньык быһыытынан оҕолору син-биир фольклорга уһуйабын. Ким наадыйда, көрдөстө даҕаны, консультациялыыбын, үөрэтэбин, бэлэмниибин. Дьарыктанарбыт быыһыгар иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаарабыт. Ол курдук быйыл сайын «Мүчүк» ансаамбылбын Булууһунан, Күрүлүүрүнэн илдьэ сырыттым. Сотору, ахсынньы 3 күнүгэр, Балыктаахпыт кулууба тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйэ буолар. Инньэ гынан ансаамбылым үлэтин сөргүтээри сылдьабын. Ити курдук, кулууппуттан олох тэйбэппин, уопсастыбанньык да буолларбын, үлэ үөһүгэр сылдьабын.
– Дьарыктыыр ньымаларгын тиһэн оҥорбут, ааптарыскай бырагыраамаларыҥ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыттара, бэйэҥ уонна уһуйуллааччыларыҥ ситиһиилэрин туһунан кэпсэтиэххэ.
– Этэн аһарбытым курдук, 1984 сыллаахха улахан дьоҥҥо «Мүчүк» уонна «Мүчүк-чээ» оҕо ансаамбылларын тэрийбитим. Оҕолору үөрэтэргэ диэммин, кэтээн көрөн, уопуппар олоҕуран, 1994 сыллаахха аан бастаан «Чабырҕаҕы үөрэтиигэ ньыма» брошюрам тахсан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта. Онтон тирэх ылан, кынаттанан, фольклорга билиибитин-сатабылбытын дириҥэтэн, ансаамбылым хомуһу, тойугу, оһуохайы, чабырҕаҕы, олоҥхону үөрэтэн, киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта. 2020 сыллаахха тахсыбыт «Норуот тылынан айымньытыгар уһуйуу» кинигэҕэ аҕыйах бэйэм суруйбут чабырҕаҕым киирбитэ. Удьуор утума баар диэхпин баҕарабын. Аҕам өттүнэн улахан олоҥхоһут эҥин суох да буоллар, суруйар дьон баар эбит; холобур, сэрии толоонуттан эргиллибэтэх убайбыт Константин Прокопьевич Скрябин. Кини учууталлыы сылдьан илиинэн суруйан хаһыат таһаарар, хоһоон, кэпсээн суруйар эбит. Ийэм өттүнэн таайбыт – саха тылын учуутала. Онон суруйар дьарык кинилэртэн бэрилиннэҕэ буолуо дии саныыбын.
Ситиһиилэрбитин этэр буоллахха, 1984-2019 сылларга култуура уонна спорт эстафетатыгар дипломаан, лауреат буоларбыт. Ол курдук, 1985 сыллаахха оройуон фольклорга бэстибээлин дипломана, 1986 сыллаахха оройуон бэстибээлин лауреата уонна өрөспүүбүлүкэ бэстибээлин дипломаана, 2009 сыллаахха улуустааҕы чабырҕах күрэҕин дипломаана, 2014 сыллаахха зональнай куонкуруска Гран-при хаһаайына, 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус лауреата буолбуппут. Үөрэппит кыыһым Аксинья Степанова өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх оһуохай этээччитэ, Геннадий Афанасьев – «Бастыҥ хомусчут», Валентина Кривошапкина – «Талааннаах чабырҕахсыт» аатын ылбыттарынан киэн туттабын.
– Анисия Даниловна, кыраайы үөрэтиинэн эмиэ дьарыктаммытыҥ, кинигэ суруйуутугар да кыттыбытыҥ, ол туһунан кэпсии түс эрэ.
– Уопсайа уон кинигэлээхпин, ол иһигэр фольклорга алта уонна төрөөбүт нэһилиэгим историятын, сэрии бэтэрээннэрин, кулуубум туһунан түөрт кинигэ. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ини-биилэр кыттыбыттарын туһунан кинигэҕэ бэйэм нэһилиэгим дьонун туһунан киллэрбитим. Сүрүннээн учууталбыт Парасковья Прокопьевна Габышева ини-биилэр тустарынан суруйбутугар олоҕурбутум, онтон үс-түөрт дьиэ кэргэни эбии булбутум. Итини сэргэ Чурапчы көһөрүллүүтүн үөрэппитим. Итиэннэ улуустан Ааллаах Үүнтэн таһаҕы таһыыга айаннаабыт биир дойдулаахтарбын буламмын эмиэ кинигэ оҥорон таһаарбытым. Итиннэ тохтоон аастахха, Алдаҥҥа көмүс көстөн, норуот олоҕун уйгутун тупсарыыга киирсэн, Ааллаах Үүҥҥэ хас биирдии холкуостан 11-12 киһини иккилии солбук аттаах ыыппыттар эбит. Улууспутуттан элбэх киһи барбыт, онон улуус кыраайы үөрэтээччилэрэ ол историятын үөрэттэрбиттэрэ. Ити иннинэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ааллаах Үүн туһунан икки кинигэ тахсыбыт, ол эрэн дааннайдара ситэтэ суоҕуттан бэйэбит хомуйан эбэн биэрдибит. Инньэ гынан 2018 сыллаахха «Мэҥэ Хаҥалас холкуостара – Ааллаах Үүҥҥэ» диэн улахан, халыҥ кинигэ күн сирин көрбүтэ, онно биһиги Мэҥэ нэһилиэгин Балыктаах бөһүөлэгин дьонун булан киллэрбиппитинэн киэн туттабыт.
– Талааннаах киһи барытыгар дэгиттэр диэн мээнэҕэ эппэттэр, эн ол туоһута эбиккин. Хоһоон суруйуутун абылаҥар хаһааҥҥыттан куустардыҥ?
– Үлэлээн бүтэн, кулууптан тохтоон бараммын, арай, сценарий суруйарбын, айар үлэбин суохтаан бардым. Устунан аны хоһоон суруйан саҕалаатым. Хоһоон, чабырҕах суруйан улуустааҕы «Таммахтар» айар түмсүүгэ ылбыттара. Билигин кинилэри кытта үлэлии, айа-тута сылдьабын. Хоһоон айабыт, көрсүһэбит, ыҥырдылар да, үөрэ-көтө бара турабын. Дьиҥэр, уруккуттан суруйар этим, холобур, сценарий суруйарбар тыл тиийбэтэҕинэ хоһоон кыбытар адьынаттаах буоларым уонна оһуохайы, тойугу, чабырҕаҕы суруйарым. Онтон «официальнайдык» хоһоон суруйар буолбутум 2010 сылтан диэххэ сөп. Дьиҥэр, хоһоонум буолунай. Онтон сороҕо эрэ биир кинигэҕэ киирбитэ.
– Түбүктээх үлэҥ таһынан иллэҥ кэмиҥ дьарыктара? Холобур, кыыскыттан истэн, көмүс тарбахтаах иистэнньэҥҥин билэбин.
– Эдэрбиттэн иллэҥ кэммэр иистэнэрбин сөбүлүүбүн, эдьиийдэрим бары иистэнньэҥнэр. Кырдьаҕас эдьиийбит Анна Прокопьевна Скрябина быйыл 90 сааһын туолла. Кини аатырбыт иистэнньэҥ, саха таҥаһын тигэр. Эдьиийбит үлэлэрэ Ленинградка, Японияҕа тиийэ тарҕаммыттара. Онон кинини удьуордаан иистэнэр буолбутум буолуо дии саныыбын. Кыһалҕа кыһайан диэбиккэ дылы, иискэ бэйэм үөрэммитим. Түүлээҕи, этэрбэһи тигэбин, оҕуруо анньабын. Оҕолорум оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхтэриттэн, онтон кэнники аны сиэннэр кэтэр таҥастарын, этэрбэстэрин, бэргэһэлэрин, үтүлүктэрин барытын бэйэм тигээччибин. Салгыы саҕынньаҕы тигэр буолбутум. Кэнники олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, ютуб ханаалтан көрөммүн ону-маны оҥоробун, холобур, хаһыаттан корзина. Интэриниэккэ киирэммин маастар-кылаастары көрөбүн, үөрэнэбин, үтүктэн барытын оҥорон иһэбин.
Эдэрчи сылдьан сүөһүлээх-астаах, сылгылаах этибит, хоруолугар, хааһыгар, козатыгар тиийэ иитэрбит. 1984 сыллаахха Балыктаахпытыгар саҥа дьиэҕэ быһа холоон 2012 сылга диэри дьарыктанныбыт. Кэнники сааһыран тохтоотубут, уонча сыл буолла. Билигин оҕуруот аһын, дьиэ таһыгар сибэкки арааһын үүннэриинэн дьарыктанабын. Балыктаахха уу ситимэ киирэн, тыа ыалын абыраата, оҕуруот үүннэрэргэ туох да ааттаах. Урут итинтибит суох эрдэҕинэ дэлэйдик үүннэрэр кыһалҕа этэ. Эдэр сылдьан оҕуруоту сатаан көрбөт, үчүгэйдик билбэт да этим, биэдэрэнэн уу таһыыта туспа эрэй буолааччы. Билигин шланганы соһо сылдьан ууну эрэсииминэн кутуохха эрэ наада. Дэриэбинэбит ыала бары оҕуруоттанна, эбии дохуот киллэринэр буолла. Аны өссө, үтүктүһэ-үтүктүһэ, тэлгэһэбитигэр сибэкки арааһын үүннэрэ сатыыбыт. Мин, холобур, биир кэмҥэ наар кыһыл, сылыгар маҥан эрэ сибэккилэри үүннэрэ сылдьыбытым. Аны билигин интэриниэккэ киирэн ханнык сибэкки туох суолталааҕын, туох үчүгэйи түстүүрүн үөрэтэбин, сороҕун сиэннэрбиттэн ыйытабын, дьиэм иһигэр эмиэ оннук билэн баран үүннэрэбин.
– Дьиэ кэргэнинэн туох үгэстээххитий?
– Туохтааҕар даҕаны дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын, сир астыырбытын, иллэҥ кэммитин бииргэ атаарарбытын сөбүлүүбүт. Билигин даҕаны, оҕолорбут, сиэннэрбит кэллэхтэринэ, дуобаттыыбыт, лотолуубут. Эппитим курдук, оҕолорбун, сиэннэрбин фольклорга үөрэтэр, кэнсиэрдэтэр уонна ахсааны биллиннэр диэн лотолатар этим. Үлэлии сылдьар кэммэр манна, Балыктаахха, Оҕо дьиэтэ баар этэ. Биир кэмҥэ, куонкуруска хапсаммын, үс сайын оҕолору көрбүтүм. Ол оҕолору кытта бары бииргэ сылдьан тэллэйдээн, отонноон, кэнсиэртээн, спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийэн, сайыны бэркэ атаарарбыт. Миэхэ сылдьыбыт оҕолору кэнники барыларын ыаллар ииттэ ылбыттара, ким Покровскайга, ким Аммаҕа, ким Хаҥаласка барбыттара. Кыргыттарбын кэнники көрсөбүн, сүрдээх үчүгэйдик кэпсэтэбит, биир кыыһым Майаҕа кэргэннэнэн олорор. Бастакы кэмҥэ миэхэ аккырыыкка, кэһии ыыталлар этэ. Биир уолум аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит үһү. Ити курдук билигин даҕаны ыйыталаһан, ыраахтан билсэбин.
Бэйэм тугу саҥаны билбиппин, сатаабыппын оҕолорбун, сиэннэрбин уонна уопсайынан дьону кытта үллэстэр үгэстээхпин. Оҕуруот аһыттан арааһы астыыбын – холобур, сөбүлээн оҥорор соҕотуопкаларым «Кабачок – крутой бочок», «Лето на зиму», «Аленушка» уонна да атыттар. «Аленушка» салаат састааба сүрүннээн сүбүөкүлэ, моркуоп, помидор, болгарскай биэрэс, луук, укуруоп буолар. Үс киилэ сүбүөкүлэҕэ биирдии киилэ моркуоп, биэрэс, помидор кутабын. Буһаран баран уксуустуубун, туустуубун, саахардыыбын уонна мас арыыта эбэбин. Уксууһу сороҕор куппаппын, сөбүлээбэппин, оччоҕо хаппахтыам иннигэр лимон кислотатын эбэтэр салаатым үрдүгэр, иһитим кээмэйиттэн көрөн, 1 аспирины (кыра иһиккэ аҥаарын) уурабын, кини бактериялары өлөрөр.
Биир үгэскэ кубулуйбут дьарыгым – ютуб ханаалга көрөн үөрэнэн, араас маастары оҥоробун. Холобур, сис, сүһүөх ыарыытыгар туттуллар маас ырысыаба: биир сиикэй сымыыты үөһэнэн дьөлөбүн, истикилээҥкэҕэ сүүрдэбин. Сымыытым хаҕым бырахпаппын, кээмэйдиир иһит курдук туттабын. Хахпынан 70%-наах уксууһу кээмэйдээн, сымыыппар кутабын. Эмиэ сымыыт хаҕынан ууллубут ынах арыытын эбэбин, булкуйабын. Мааспын биир күн холодильникка туруорабын, сарсыҥҥытыттан туттан барабын. Наһаа үчүгэй маас, туттубутум ыраатта. Өссө чистотел диэни үүннэрэбин, итини үргээн ылан илиибинэн быһыта тыытан баран лүөн арыытын эбэбин, икки суукка туруоран баран оргутабын, онтон сиидэлиибин. Араас бааска туттар маас бэлэм.
– Үйэ аҥаарын кэриҥэ бииргэ олорбут ыал буоларгыт быһыытынан эдэр дьоҥҥо оҕо иитиитигэр уонна дьиэ кэргэн эйгэтигэр сыһыаннаах сүбэҥ-соргуҥ?
– Кыыс оҕо иитиитин туһунан үллэстэр буоллахха, бастаан кыргыттарбын дьиэ үлэтигэр сыһыарбытым. Иккиэн, тыа оҕолорун быһыытынан, хотон үлэтигэр сыстаҕастар этэ. Кулууп үлэһитэ буолан, мин түүннэри-күнүстэри үлэ үөһүгэр сылдьарым. Дьиэни-уоту кыргыттарбар, кэргэммэр эрэнэрим, кинилэр көмөлөрүнэн, этэргэ дылы, үлэбэр оройбунан түһэрим. Оҕолорум сүөһү-ас көрүүтүгэр абыраабыттара диэххэ наада. Биэс ыанар ынахха, кыралыын-улаханныын уопсайа уон түөрт төбөҕө тиийэ туппуппут. Аҕабыт биһигини харыстаан окко-маска сыһыарбатаҕа, онон от үлэтигэр бэйэтэ сылдьара. Онон дьиэ кэргэн кэрэ аҥаардара айылҕаҕа, алааспытыгар сынньана эрэ тахсарбыт. Кыыс киһи хайаан даҕаны аска сыстаҕас буолуохтаах. Бэйэм бурдук аһы сатаан астаабат этим, онон кыргыттарым бэйэлэрэ үөрэнэн бэртээхэй асчыт буолбуттара. Кыра кыыспын сопхуос остолобуойугар асчыт көмөлөһөөччүтүнэн биэрэммин үөрэттэрбитим. Дьиэ сууйуута, хомуйуута эмиэ кыргыттарым эбээһинэстэрэ этэ. "Туох барыта миэстэлээх, бэрээдэктээх уонна бириэмэлээх" диэн девизтээх этибит. Иккиэннэрин ырыаҕа-тойукка, хомуска, иискэ эмиэ үөрэппитим. Билигин иллэҥэ суох үлэлээх буолан дьарыгырбаттар, баҕар, кэнники, биэнсийэҕэ таҕыстахтарына талааннара арыллыа.
Кэргэҥҥин кытта сылаас сыһыаннаах буолуу саамай сүрүнэ – бэйэ-бэйэни истии, өйдөһүү. Холобур, наар биир киһи дьаһайара, дьахтар да буоллун, эр киһи да буоллун, сатаммат. Уопсай тылы булан, хардары-таары салайсар, бэйэ-бэйэни өйөһөр, ситэрсэр үчүгэй буоллаҕа дии. Оччоҕо эрэ бииргэ уһуннук, этэҥҥэ олоруохха сөп эбит. Тойон-хотун буола сатаан былааһы, харчыны былдьаспакка, сүбэнэн, эйэнэн олоруу – бу буолар дьиэ кэргэн дьоло. Урут иккиэн үлэлиибит, хамнас ылабыт. Эдэр эрдэхпититтэн хамнаспытын үллэстэр үтүө үгэстээхпит. Холобур, хамнаһым кэллэ да, аҥаардаһабыт, кэргэним хамнаһын эмиэ биир оннук. Мин кулууп үлэһитэ иллэҥим суох, кини суоппар киһи онно-манна сылдьара элбэх, онон аһы-таҥаһы кини атыылаһар. Миискэтиттэн хурустаал иһитигэр тиийэ аҕалааччы, кэргэммэр толору эрэнээччибин. Аны эмиэ эдэр эрдэхпититтэн аспытын-үөлбүтүн хаһаанар идэлээхпит, куулунан, дьааһыгынан хаһаанааччыбыт. Онон мин, түүннэри-күнүстэри үлэлиир киһи, астара баар диэммин налыччы сылдьааччыбын. Билигин кууһунан атыылаһар маҕаһыыннар баар буоланнар, отой да абыранныбыт.
– Анисия Даниловна, түгэнинэн туһанан, түмүккэ биир дойдулаахтаргар, хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.
– Майгыбытын-сигилибитин тупсаран, бэйэ бодобутун тардынан, саамай холкубутугар киириэхтээхпит дии саныыбын. Саха дьонун сиэринэн оһохпутун аһатан, Айыыһыттарбытыттан аргыый көрдөһө сылдьыахпытын, оҕолорбутун, сиэннэрбитин саха итэҕэлигэр сыһыарыахпытын наада. Бары иллээх, биир сомоҕо буоллахпытына, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа диэн өйдүөхтээхпит.
Түмүккэ күүс-көмө буолбут салайааччыбытыгар Тамара Иннокентьевна Спиридоноваҕа, «Таммахтар» литературнай холбоһукка, дьоһун дьоммор – Августина Семеновна Хабароваҕа, Наталия Гаврильевна Пахомоваҕа, фольклору сэҥээрээччилэргэ – Зоя Григорьевна Сысолятинаҕа, Галина Гаврильевна Федороваҕа уонна Балыктааҕым олохтоохторугар, кулуубум кэлэктиибигэр – Любовь Васильевна Кычкинаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Кинилэргэ уонна бар дьоммор, Сахам сирин олохтоохторугар бу быыһык кэмҥэ бэйэ-бэйэни өйөһөн, аймаммакка, биир сомоҕо буолан, өбүгэбит үгэһин тутуһаргытыгар баҕарабын. Киэҥ көҕүс, мындыр өй, ураты тулуур эһигини иилии куустун! Тускуо! Тускуо! Тускуо!