20.02.2021 | 13:07

Ангелина КУЗЬМИНА: “САХА ЭТИГЭН ТЫЛА” ААН СИТИМ ИЙЭ ТЫЛЫ ҮӨРЭТИИГЭ ТУҺАЛААХ БУОЛУОҔА!”

Ангелина КУЗЬМИНА: “САХА ЭТИГЭН ТЫЛА” ААН СИТИМ  ИЙЭ ТЫЛЫ ҮӨРЭТИИГЭ  ТУҺАЛААХ БУОЛУОҔА!”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – тыл билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, суруйааччы Ангелина Афанасьевна Кузьмина.

         – Ангелина Афанасьевна, бастаан эйигин билиһиннэриэххэ.

– Мин Бүлүү улууһун ыраах сытар Үгүлээт нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педколледжы кыһыл дипломунан бүтэрэн баран, СГУ саха салаатыгар киирбитим. Саха салаатын эмиэ кыһыл дипломунан бүтэрэн, салгыы аспирантураҕа үөрэнэн, диссертациябын көмүскээн, тыл билимин хандьыдаата буолбутум. “Кыым” хаһыакка суруналыыһынан, “Бэлэм буол+” оҕо хаһыатыгар эрэдээктэринэн үлэлээбитим.

 – “Саха этигэн тыла” аан ситимиҥ сүрэхтэммитинэн эҕэрдэлиибит. Олус элбэх үлэни ыыппыт, элбэх киһини түмэ тардыбыт эбиккин. Туохтан саҕаламмытай?

– Бу ситимнээх үлэ. “Кыым”, “Бэлэм буол+” хаһыаттарга үлэлии сылдьан сахалыы кылаастары, саха тылын чааһын элбэтиигэ элбэх ыстатыйаны суруйбутум. Онтон Былатыан Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр кэлэммин, тылы билбэт ыччат уус-уран айымньыны хайдах ааҕыай диэн өйдөөбүтүм. Бу кыһалҕа хамсык турбутугар өссө күүскэ күөрэйэн тахсыбытыгар, саха тылын учууталларыгар көмөлөһөр сыаллаах аныгы технология ньымаларын туһанан ыччакка чинчийиилэри сырдатар, ийэ тылбытыгар үөрэтэр бырайыагы суруйаммын, Грант күрэһигэр кыттарга санаммытым. Бырайыагым СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин көрдөрөр-иһитиннэр эйгэҕэ биллэрбит Гранын күрэһигэр төрөөбүт тыл кэрэтин уонна баайын ыччакка тириэрдэр, харыстыыр “Тыл – омук кута-сүрэ” хайысхатыгар кыайбыта. Түгэнинэн туһанан, СӨ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, миниистир Анатолий Аскалонович Семеновка уопсастыбаннай хамсааһыны өйүүргүтүгэр махталбытын биллэрэбит!

Ханнык баҕарар омук олорон кэлбит олоҕо, култуурата, уратыта, төрүттэрин тылыгар иҥэн сылдьар, үйэттэн үйэҕэ мунньуллубут мындырын, сатабылын, үөрүйэҕин ийэ тыл көмөтүнэн кэнчээри ыччатыгар иҥэрэр.

Онон «Саха этигэн тыла» http://sakhaetigentyla.ru/ диэн ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар сыаллаах, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга, уус-ураннык уонна таба суруйарга үөрэтэр уруоктардаах, ыстатыйалардаах, сүбэлиир-амалыыр, саха үгэһин, сиэрин-туомун, литературатын, тылын, төрүт дьарыгын сырдатар, төрөппүккэ, ыччакка көмөлөһөр аан ситим баар буолла. Бырайыак чэрчитинэн, “Саха этигэн тыла” сайт, «Саха суола» ютуб-ханаал үлэлээн номнуо элбэх көрөөччүлэннэ, сахалыы сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэнэргэ көмө кинигэ бэчээттэнэн тахсыахтаах, оҕолорго аналлаах араатардар күрэстэрэ, фольклору хомуйууга, ыстатыйа, кэпсээн суруйууга күрэхтэр ыытылыннылар.

Уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа саха тылын үөрэхтээхтэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, чинчийээччилэр, ыччат биир сомоҕо буолан үлэлии сылдьаллар. Кинилэртэн балаһа кээмэйэ хааччахтааҕынан сорохторун эрэ ааттыыр эбит буоллахпына, саха тылын, литературатын уһуйааччылара – СӨ култууратын туйгуна, оҕону олоҥхоҕо үөрэтэр маастар учуутал Наталья Иннокентьевна Мордовская, Вера Святославовна Гаврильева, Саргылаана Ивановна Игнатьева, Валентина Ивановна Аммосова, педагогика билимин хандьыдаата Марина Трофимовна Гоголева, тыл билимин хандьыдаата, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Саргылаана Еремеевна Ноева, СӨ лиссиэйин уонна Дьокуускай куорат саха национальнай гимназиятын салалтата, учууталлара, үөрэнээччилэрэ, Национальнай эпоһы харыстааһыҥҥа Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ Научнай методическай үлэҕэ уонна тас дойдулары кытта сибээскэ Олоҥхо Киинэ “Саха сирин норуот педагогикатын Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Оҕо ааҕар киинэ, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук «Бибилэтиэкэ тиһигин киинэ» тэрилтэ, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма, Амма улуустарын уопсастыбанньыктара. Ону тэҥэ бырайыак үлэтин иһитиннэрэр-биллэрэр, сырдатар өттүгэр “Киин куорат” уонна «Кыым» хаһыаттар, http://sakha.ysia.ru сайт  бииргэ үлэлэһэллэр. Кинилэргэ бука барыларыгар барҕа махталбытын биллэрэбит!

Бу аан ситим саха тылын-өһүн бары дэгэтин туһунан аныгы тиэхиньикэ ньымаларын туһанан кэпсиир, анаарар аналлаах. Төрөөбүт тылбытынан сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэтэр уруоктар тиһигинэн аттарыллан тахсан иһэллэр. Сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ ыччаты, оҕолору өйүүр, кинилэр сатабылларын сырдатар, бу үлэҕэ кытыннарар, көҕүлүүр. Сааһынан хааччаҕа суох, ийэ тылбыт кэскилин өйдүүр, ол туһугар туруулаһар, төрөөбүт тылын, үгэһин, култууратын үөрэтиэн баҕалаах, киэҥ эйгэҕэ санааны сахалыы сайа этэ-тыына үөрэниэн, суруйуон, сайдыан баҕалаахтары түмэр. Оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар саҥара үөрэнэрэ, санаатын сааһылаан этэрэ улахан суолталаах.

Ол барыта төрөөбүт тылбыт кэнэҕэски кэскилин түстүүр аналлаах. Ийэ сиргэ ытыктабылы, тапталы иҥэрэргэ туһуланар, саха сүтэн эрэр төрүт билиитин, духуобунай баайын чинчийэр, тилиннэрэр, сырдатар тускуллаах.

Суруйааччылар, чинчийээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр олохторун, айар үлэлэрин, айымньы тылын-өһүн, айар ньыма дэгэттэрин ырытыылар, тылы сайыннарыыга, үйэтитиигэ туох үлэ, тэрээһин буола турарын сырдатар суруйуулар тахсаллар. Сахалыы айымньылары, норуот ырыатын, үһүйээнин истиэххэ эмиэ сөп.

Ону тэҥэ өбүгэ билиитин, үгэһин, култууратын, норуот үөрэҕин, дьарыгын туһунан кэпсиир төрөппүттэргэ, ыччакка аналлаах “Саха суола” диэн сахалыы ютуб-ханаал баар буолла. Бу ханаал өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун сөргүтэр, төрөөбүт дойдубут кэрэтин кэрэһэлиир, сахалыы тыын сылаас биһигэ буолар аналлаах. Өссө ханаалга төрөөбүт тылбытыгар үөрэтэр тыл оонньуутун сэргии көрүөххэ сөп https://www.youtube.com/channel/UC4aWS9CkkemJoS_gci2fFxA

Бырайыак чэрчитинэн оҕолорго аналлаах “Аман өс” араатардар күрэстэрэ, фольклору хомуйуу, ыстатыйа, кэпсээн суруйууга күрэхтэр ыытылыннылар. Манна олус элбэх оҕо уонна улахан киһи, ыччат кытынна. Фольклору хомуйууга хотугу улуустартан интэриэһинэй үлэлэр киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Бу үлэлэр «Саха этигэн тыла» http://sakhaetigentyla.ru сайтка уонна ютуб-ханаалга тахсыахтара, ону тэҥэ Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай архыыбыгар туттарыллыахтара. Ыстатыйаны, кэпсээни суруйууга күрэскэ киирбит үлэлэри бу сайтка уонна өссө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин Оҕо ааҕар киинэ электроннай кинигэ гынан таһаарыа. Бу барыта оҕолору айар үлэҕэ кынаттыыр сыаллаах, төрөөбүт тылынан суруйар дьоҕурдарын сайыннарар. Күрэстэргэ киирбит үлэлэри анаарар эбит буоллахха, холобур, аман өс күрэҕэр дорҕооннору чопчу саҥарбаттар, тылларын сорҕотун сиэн кэбиһэллэр, тыллара дьадаҥы. Ол эрээри киһи киэн тутта көрдөрөр оҕолоро эмиэ бааллар. Кинилэри «Саха этигэн тыла» ханаалбытыгар көрүөххүтүн сөп. Атыттарга холобур буоллуннар, учууталлар оҕолору бэлэмнииллэригэр туһалаах буоллун диэн киллэрдибит.

Аны сотору төрөппүттэргэ аналлаах оҕолорго төрүт дьарыктары үөрэтиигэ, сайыннарыыга туһуламмыт научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин чопчу сатабылга тириэрдэр сыаллаах буолуоҕа. Холобур, төрөппүттэр оҕолорун кытта хайдах уһанары, сахалыы аһы астыыры, иистэнэри көрдөрүөхтэрэ.

– Ил Дархан гранын ылбыт эбиккин. Ханнык бырайыактары кытта күрэстэһэн кыайыылаах таҕыстыҥ? Туох уратытын сэргээтилэр?

– Ханнык бырайыактар кыттыбыттара Министиэристибэ сайтыгар барыта баар. Маны таһынан 15 бырайыак атын хайысхаларга кыайан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Грант СӨ Ил Дарханын 2014 с. ахсынньы 14 к. 227 №-дээх Ыйааҕын, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистиэристибэтин 2020 с. П-01-165 №-дээх бирикээһигэр олоҕурар. Билиҥҥи бу хааччахтаммыт кэмҥэ аныгы техналогиялары туһанан сахабыт тылын, култууратын, үгэһин сайыннарар, тарҕатар бырайыак сэҥээриини ылбыта бэлиэтэнэн турар. Манна анал хамыыһыйа үлэлээбитэ. Балаһыанньатын быһыытынан, грант үбэ сайт оҥоһуллуутугар, техническэй өттүн көрүүгэ-истиигэ, видеоматырыйааллары бэлэмнииргэ, таҥарга дуогабардаһан төлөнүллэр. Ону таһынан бырайыак былааныгар киирбит тэрээһиннэргэ, кинигэ тахсыытыгар, нолуокка, булгуччулаах страховой усунуостарга ороскуоттанар. Бу НКО-лары өйүүр уопсастыбаннай хамсааһын. Ил Дархан гранын аһаҕас куонкуруһа сыл аайы ыытыллар, ханнык да “сүүйүүлээх” латырыайа буолбатах, манна ким баҕарар куонкурус балаһыанньатыгар сөп түбэһэр үчүгэй бырайыактаах буоллаҕына, кыттыан сөп. Сэҥээрбит буоллаххытына, граннар сайтарыгар киирэн билсиэххитин сөп. Ирдэбил быһыытынан, хас биирдии грант үбүлээһинэ кэпиэйкэтигэр диэри отчуоттаныллар. Сөпкө туһаныллара кытаанахтык хонтуруолланар. Чахчы норуоппут дьылҕатын, инникитин туһугар, төрөөбүт омукпут дьонун-сэргэтин, ыччатын сайдыытыгар туһуламмыт үлэ буолар. Харчыга интэриэстээх киһи маннык бырайыагынан дьарыктаммат. Онон бырайыакпытын өйөөн, саха кэскилин туһа диэн сыраларын уура сылдьар дьоммор, уопсастыбанньыктарбар, махталбын тириэрдэбин. Инникитин бу саха тылын, омук уратытын, кэрэтин көрдөрөр, үөрэтэр, сырдатар улахан ситими тэрийбит аан маҥнайгы уонна соҕотох юридическай тэрилтэ  судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү ылан атаҕар турарыгар, салгыы сайдарыгар көмөҕө наадыйабыт. 

«САХА ЭТИГЭН ТЫЛА»  ИННИКИЛЭЭХ

– Суруналыыстыка оскуолатын үлэлэтэр этиҥ дии.

– Хамсык буолан үөрэтии билигин ютуб-ханаал, сайт нөҥүө. Эбии дьарык оскуолаларга тохтоон турар. Бу биэриилэрбитин көрөн дьарыктаналлар, онно бэриллэр сорудахтары оҥороллор, учууталлар уруоктарыгар туһаналлар. Номнуо дьон-сэргэ билэр, кэтэһэн ааҕар, көрөр, үөрэтэр ситимэ буолла.

Оҕолор билигин, баҕарбатахпыт да иһин, син биир гаджекка олороллор, туһаналлар. Онуоха тугу көрөллөрүн хонтуруоллаан, маннык туһалаах, төрөөбүт тылынан үөрэтэр, сайыннарар бырайыактары көрдөрүөххэ наада. “Саха этигэн тыла” аан ситим, “Саха суола” ютуб-ханаал ыччат көрөрүн туһугар элбэхтик тарҕанара, онно саха тыллаах бүтүннүү суолтатын өйдөөн туран өйүүллэрэ буоллар. Айти эйгэҕэ үлэлиир дьону бииргэ үлэлииргэ ыҥырабыт. Дьон бу бырайыак туһунан санааларын этиниилэригэр, суруйууларыгар да көстөрүнэн, аан дойдуга тахсар  аналлаах, инникилээх үлэ буоларын бэлиэтээтилэр. Салҕанарыгар өссө да Арассыыйа таһымнаах граннарга кыттан, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга киллэрэн ылсыбыты ыһыктыбакка, баар ситими туһанарга, өйүүргэ  этиилэрин киллэрдилэр. Сайт сүрэхтэниитигэр омук сиригэр олорор сахалар кытта кыттыбыттара олус үчүгэй.

– Үлэлэһиэн баҕалаах дьон эйигин хайдах булалларый?

– Сайтпытыгар аадырыспыт толору сурулла сылдьар. Ол эбэтэр ostyoryja_2019@mail.ru электроннай почтаҕа эбэтэр @sakhasuola диэн инстаграммытыгар суруйуохтарын сөп.

ОҔОЛОРБУТУН САХАЛЫЫ ИИТИЭХХЭ

– Оҕолорбун сахалыы иитэргэ кыһанабын. Кинилэр бэйэлэрэ сэргиир тиэмэлэринэн, дьиэ кэргэн саҕалаабытын ыһыктыбакка үөрэтэллэрэ умсугутар эбит. Биһиги дьиэ кэргэн айылҕаҕа сылдьан, төрүт үгэстэргэ сыһыара сатыыбыт. Куорат оҕолоро булка, сиргэ-уокка сыһыаннаах тыллары, малы-салы билбэттэрэ элбэх. Быйыл хатыҥҥа баар ыт муннун үөрэтэн суруйан эрэбит. Тоҕо маннык ааттаммытын, көрдөрөн, өйдөнөр гына быһааран кэпсээтэххэ, оҕо ордук ылынар.

– Тылы тыыннаах илдьэ сылдьарга төрүт үгэстэри өрө тутуохха, күннээҕи олоххо сахалыы дьаһанан олоруохха дииллэр. Ону туох дии саныыгын?

– Саха киһитэ сахатын тылын кырдьык таптыыр буоллаҕына, сахалыы саҥардаҕына, онтуттан дуоһуйар, астынар буоллаҕына, ийэ тылын үйэтитиэ. Күннээҕи олоххо, дьыала тылыгар, былаас уорганнарыгар ийэ тыл эйгэтэ кэҥиэхтээх. Ону ааһан, сөпкө саҥарарга, суруйарга дьулуһуохтаах. Сахалыы дорҕооннору сыыһа саҥараллар. Холобур, тыл бүтүүтүгэр “Ҥ” дорҕооммут олох да сүтэн эрэр. Нууччалыы тылы кыбыталлар: “прикуһа мөлтүүр. Силикон үчүгэй, онтон уже оҕо улааттаҕына...”. Сыыс тыллары элбэхтик тутталлар: “киһи сүһүөҕэ буоллаҕына итийэр” (сөпкө: киһи сүһүөҕэ итийэр). Үйэлээх үгэскэ сөп түбэһэр этиилэри кытта туруору тылбааһы булкуйан биир этии оҥорон кэбиһэллэр. Онон ол сомоҕо этии буолан, нуорма курдук киирэн хаалар: “... элбэҕи бэйэбэр биллим (много для себя узнал нового) (элбэҕи биллим оннугар).

«Саха этигэн тыла» сайт сүрэхтэниитигэр үгүс учуонайдар,  учууталлар, саха тылын дьылҕатын туһугар кыһанар дьон, түмсүүлэр кытыннылар. Норуотун тылын билэригэр, уус-уран айымньытын, устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан ааҕарыгар, үөрэтэригэр ыччат билиитэ хаҥыырыгар, олоҕу көрүүтэ кэҥииригэр олус туһалааҕын, аныгы кэмҥэ сөптөөх, наадалаах бырайыак буоларын бэлиэтээтилэр уонна бу үйэлээх үлэ буолбутун сыаналаатылар. Онон бу маннык ситимнэри ааҕан, тыл үөрэхтээхтэрэ ыытар үөрэхтэригэр кыттан, элбэхтик саҥаран-иҥэрэн, санааларын ийэ тылынан этэргэ үөрэниэхтээхтэр, кыһаныахтаахтар.

– Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Саха киһитин быһыытынан, ийэ өй-санаа уһуктарыгар, төрөөбүт дойдубутун таптыырга уһуйуо этилэр. Өйө-санаата уһуктубут ыччат олоххо ордук тардыһыылаах, тобуллаҕас буола сайдар. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сарсыҥҥыта саргыланар, кэнэҕэскитэ кэскиллэнэр! Күндү доҕоттор, биһиги аан ситимнэрбитин ааҕыҥ, истиҥ, көрүҥ, үөрэниҥ, кыттыһыҥ! Саха сарсыҥҥылаах буоллун!

Феодосия Васильевна Габышева, Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ уонна түмэт тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата:

Саха ырааҕы анааран көрөр мындыр омук. Ханнык баҕарар омук төлкөтө кэлэр кэнэҕэски ыччатын кэскилигэр. Тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр үөрэх киэҥ суолун тэлбит норуот ордук сырдык, хайаатар да чаҕылхай инникилээх буола туруох тустаах. Ыччаты иитии, үөрэтии, төрөппүтү кытта үлэ – олох кэлэр кэмин түстүүр үлэ буоларын бары өйдүүбүт. Төрөөбүт тылбыт кэрэтин уонна баайын ыччакка тириэрдэр, харыстыыр “Тыл – омук баайа” диэн тыл билимин хандьыдаата, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна Ангелина Афанасьевна Кузьмина бырайыага саха тылын, култууратын, үгэһин үөрэтиигэ, аныгы олох тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн сайыннарыыга улахан көмөлөөх. Ангелина Афанасьевнаны саха тылын, төрөөбүт норуотун дьылҕатын туһугар күүскэ ыалдьар, кыһанар, онуоха суруналыыс, кэскиллээх үлэһит, дьоҕурдаах тэрийээччи, чинчийээччи быһыытынан сыаналыыбыт.

Бырайыак саха омук кэрэтин, уратытын көрдөрөр сонун хараҕынан оҥоһуллубут. Билиҥҥи кэмҥэ олус наадалааҕын көрдөрдө. Саха омук инники саҥа саҕахтарын тобулар сахалыы үөрэтии, билии-көрүү кэҥээн иһэригэр туһалаах ситим баар буолбутун биһириибит!

Онон үрдүк профессиональнай таһымнаах киһи бу дьыалаҕа ылсыбытыттан үөрэбит уонна саха үөрэхтээҕин, дьонун-сэргэтин, ыччатын сомоҕолуур ситим буолуоҕар эрэнэбит! Уһуйааччылары, учууталлары, кыраайы үөрэтээччилэри, учуонайдары сахабыт кэскилин туһугар бу үлэттэн туора турбакка бииргэ үлэлэһэргитигэр ыҥырабыт уонна бэйэбит өттүбүттэн эмиэ өйөбүл баар буолуоҕа диэн эрэннэрэбит! 

Тыл билимин дуоктара, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Николаевич Ефремов:

Ил Дархан өйөбүлүнэн тахсар  “Саха этигэн тыла. Ийэ тылбытынан саҥарыаҕыҥ”  аан ситим бырайыак бу саҥа кэскиллээх  уопсастыбаннай хамсааһын. Кини саха норуотун тыла, култуурата салгыы сайдыытыгар биир  улахан олук буолуо диэн эрэниллэр.

Билиҥҥи интэриниэт-куйаар ситимин үйэтигэр маннык бырайыактар олус наадалар. Дьон билиини ылар ситимэ буолла. Онон ютуб-ханаалга маннык бырайыак үлэтэ саха тылыгар, норуот култууратыгар, устуоруйатыгар сыһыаннаах туһааннааҕын булан туһанарыгар көмөлөһүө. Бу бырайыак утумнаахтык сайдарыгар интэлигиэсийэ араас араҥата көхтөөхтүк кыттара наада.

Бырайыак салайааччытыгар Ангелина Афанасьевнаҕа кэскиллээх үлэтигэр ситиһиини баҕарабын.

Борисова Марианна Николаевна, Дьокуускай куорат саха тылы учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта, 26 №-дээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала:

– Ангелина Кузьмина саха тылын үөрэтэр ис хоһоонноох бырайыагынан үлэтин ааҕан, көрөн, истэн баран, бэйэм санаабын тириэрдэбин. Биллэн турар, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарыы уонна бэйэ санаатын сааһылаан суруйуу – олох ирдэбилэ. Сүрүн төрүөтэ –аныгы куйаар ситимэ күүскэ өтөн киирэн эрэр кэмигэр тыл туругун мөлтөтөр түгэннэри күннэтэ кэриэтэ көрөбүт, истэбит. Аны төрөөбүт тылын билбэт уонна билэ да сатаабат киһи элбээн иһэр курдук. Ол эбэтэр киһи үксэ күннээҕи эрэ кыһалҕанан салайтаран олороро көстөн тахсар. Тыл биһиги олохпут көмүскэлэ буоларын өйдүөхтээхпит. Төрөөбүт тылбыт биһигини олохпут устатын тухары арыаллыыр. Тылбыт көмөтүнэн алтыһабыт, олоробут, сайдабыт. Тыл көмөтүнэн норуот үгэһин билэбит, тыл көмөтүнэн төрүттэрбитин кытта ситимнээх буолабыт. Төрүттэрбитин кытта ситиммитин сүтэрбэтэхпитинэ, көмүскэллээх буолабыт. Ол өттүн өйдөөн туран, Ангелина Афанасьевна бу бырайыагын төрөөбүт норуотугар күүс-көмө буолан, кэнчээри ыччатыгар, ыччакка, итиэннэ сахалыы тылын баһылыан баҕарар дьоҥҥо анаабыт. Урукку өттүгэр бу курдук киэҥ ис хоһоонноох уонна элбэх хайысхалаах биир кэлим бырайыак баара биллибэт. Онон улахан, дьоһун үлэ оҥоһуллан эрэриттэн үөрэбит эрэ. Бырайыак хас да хайысхалаах. Саха тылын баайын, сүмэтин, кэрэтин тириэрдэр аналлаах хайысханы уруок тиһигин быһыытынан үөрэтэр. Бу үөрэх тиһигэ сааһынан хааччахтаммат. Онон ким баҕалаах туһаныан сөп. Итини сэргэ, кыраайы үөрэтээччилэр, суруйааччылар, учуонайдар олохторун сырдатар ис хоһоонноох ыстатыйалары, кинилэр суруйууларын киллэрэр. Манна даҕатан, тыл үөрэҕин сырдатар ис хоһоонноох биир суол баарын көрдүм. Кини тыл сайдан иһэр тэтимин, тыл төрдүн-ууһун ырытар ис хоһоонноох биэриилэрин дьон-сэргэ кэрэхсиэ дии саныыбын. Ону сэргэ, баай ис хоһоонноох матырыйааллара, биэриилэрэ, ыччакка уонна оҕолорго аналлаах олус элбэх күрэстэрэ, кини сонун үлэтин тупсаран, киэргэтэн биэрэллэр. Бырайыак ааптара Ангелина Афанасьевна суруйбут кинигэтин, айымньыларын туспа хайысханан киллэрбит. Ону оҕолор да, улахан дьон да умсугуйан ааҕыахтара. Уопсайынан, киэҥ далааһыннаах үлэ саҕаламмыт. Мин санаабар,  төрөөбүт тылын дириҥник үөрэтэр баҕалаах киһиэхэ олус туһалаах бырайыак. Онуоха кыахпыт тиийэринэн, идэлээх дьоннор көмөлөһүөхпүтүн наада. Оччоҕо эрэ, төрөөбүт тылбыт баайын, кыаҕын, сүмэтин, кэрэтин сүтэрбэккэ, кэнчээри ыччакка тириэрдиэхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...