03.04.2022 | 10:00

Андрей Петров: «Кыайыыны билигин да ылбатар, кинини ситиһиэм олохпор»

Андрей Петров:  «Кыайыыны билигин да ылбатар, кинини ситиһиэм олохпор»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Үгүстүк эр киһи, аҕа оруола уопсастыбаҕа, дьиэ киэргэҥҥэ намтаата диэни истиэххэ сөп. Ол эрэн, ис дьиҥэр, олоххо көхтөөх позициялаах эр дьон кэлин элбээн иһэр.

Бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойа Андрей Данилович Петров киин куорат 203-с дьоҕус оройуонугар баар «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназияҕа муусука учуутала. 

Бэйэм Кэбээйи улууһуттан төрүттээхпин. Ийэм Аида Николаевна Петрова РФ үтүөлээх учуутала, Кэбээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Кини сүбэтинэн бастаан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэммин алын кылаас уонна уруһуй учуутала идэлээх, кэлин, 2004 сыллаахха, СГУ төрүт култуураҕа салаатын бүтэрбитим. Бүлүү педучилищетыгар, ол саҕана, алын кылаас учуутала буолуохтаах устудьуоннартан музыкальнай үнүстүрүмүөҥҥэ оонньууру ирдииллэрэ. Бастаан баяҥҥа олох үөрэниэ суох курдук буолан үөрэхпиттэн уһулла сыспыттаахпын, инньэ диэн ийэбэр тиэрдибиттэр. Ийэм көрдөһөн хаалларбыттара, онтон иккис сылбар, дьолбор, Намтан баянист уол үөрэнэ кэлбитэ, биир хоско олорбуппут. Киниттэн сүбэлэттэрэн, түргэнник үөрэммитим. Учууталым миигиннээҕэр ордук үөрбүтэ, кэнсиэртэргэ кытыннарар буолбута. 1993 сыллаахха аармыйаҕа тиийэн өссө үчүгэйдик оонньуур буоллум. Уолаттар ырыа сакаастаан оонньотоллор, инньэ гынан отой ытыс үөһэ, убаастабылга сылдьыбытым.

Андрей Данилович иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, биэс оҕо амарах аҕата, оҕо иитиитигэр бэйэтэ киэҥ көрүүлэрдээх киһи.

Кэргэним Алена Вячеславовна Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн төрүттээх, идэтинэн фельдшер. Икки кыыстаахпыт, үс уоллаахпыт. Улахаммыт Надя – устудьуон, Курскай  куоракка музыкальнай училищеҕа хоровой салааҕа үөрэнэр. Түөрт оҕобут Саха гимназияҕа үөрэнэллэр: Сандал – 7-с, Күннэй – 5-с, Мичил – 4-с, саамай кыра киһибит Сарыал 3-с кылаастар.  Оҕолорбутун олох кыраларыттан спортка сыһыарбыппыт. Сандалы үс сааһыгар роликка туруорбутум, кыыспын Күннэйи роликка уонна хаҥкыга икки аҥаарыгар, Мичили икки сааһыгар, онтон саамай кырабыт Сарыал биирин үс ый ааһан баран турда. Арай суоска уобуулаах саҥа хаама сылдьар киһибит кэлэн ролик диэки ыйар, ол иннинэ улахан оҕолор кэтэн сүүрэ сылдьалларын көрөр. Дьээбэҕэ кэтэрдэн көрүөххэ диэн буолла. Кэтэртим – киһибит турда уонна хаһааҥҥыттан эрэ сатыыр киһи курдук ходьоҥолоон барда. Инньэ гынан кыра оҕолор сайдыылара быдан түргэн эбит диэн өйдөбүлгэ киирбитим.

Уол оҕо төрүүрүн наһаа кэтэһэрим, хайдах иитиэхтээхпин отой чопчу билэр, эрдэттэн былааннаах этим. Бэйэбит бииргэ төрөөбүт иккиэбит, балтылаахпын. Кыра сылдьаммын убайдардаах, бырааттардаах табаарыстарбар наһаа ымсыырарым. Ол саҕаттан мин уолум эмиэ бырааттаах, эбэтэр убайдаах буолуоҕа диэн ыра санаалааҕым.

Петровтар сыллата төрөөбүт кырачааннарыгар куорат атын-атын уһуйааннарыгар миэстэ биэрбиттэригэр оҕолорбутун хайдах таһабыт диэн толкуйга түспүттэр. Ыал аҕата бэйэтэ толкуйдаан-тобулан, бырагыраама оҥорон, бастаан уһуйаан, онтон алын кылаас оҕолоро оскуола таһынан эбии дьарыктаналларыгар аналлаах киини тэрийбиттэр.

Бастаан чааһынай уһуйаан арыйан, араас хайысханан, ол иһигэр спордунан дьарыктаабыппыт. Оҕолору 3 саастарыттан роликка, хаҥкыга, хайыһарга туруорбуппут, бассейнҥа сырытыннарарбыт, гитараҕа оонньуурга кытта үөрэтэрбит. Бэйэбит оҕолорбутугар эбии 4-5 оҕо дьарыктанара. Күн аайы баяҥҥа оонньоон ыллатар этим, биэс саастарыттан гитараҕа оонньуур уонна ыллыыр оҕолор тахсыбыттара. Салгыы сайдаммыт, кэҥээммит «Эйэлги» диэн автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэни арыйбыппыт. Аатын дойдубар Кэбээйигэ сылдьан Эдьиий Дораны кытта сүбэлэһэн толкуйдаабыппыт – эйэлээх, иллээх, уйгулаах оҕолор диэн ис хоһоонноох. Бастаан Оҕо саас дыбарыаһын таһыгар, онтон Алексей Климентьевич Семеновтыын кэпсэтэн, кини бырайыакпытын сэргээн, 2-с №-дээх оскуолаҕа көспүппүт, 2016 сылтан саҕалаан 5 сыл үлэлээбиппит. 1-4 кылааска үөрэнэр отучча араас оҕо омук оҕото үөрэхтэрин таһынан (продленка) сөбүлээн туран спорт араас көрүҥүнэн, үҥкүүнэн, ырыанан дьарыктаналлара. Улахан болҕомтону сахалыы тыыҥҥа иитиигэ, култуурабытыгар сыһыарыыга уурбуппут. Ол курдук, оҕолордуун куруук оһуохайдыыр этибит. Оһуохай нөҥүө нууччалыы иитиилээх оҕолор, оннооҕор атын омуктар, сахалыы саҥарарга үөрэммиттэрэ. Холобур, дагестанка кыыс Амирова Самира уонна нууччалыы иитиилээх Михайлова Полина наһаа үчүгэйдик оһуохай тылынан 2-с №-дээх оскуола 80 сыллаах үбүлүөйүн арыйбыттара. Бастаан кэргэмминээн, онтон дьиэҕэ үлэни оҥороллоругар педагогтары ыҥыран үлэлэппиппит. Спордунан утумнаахтык дьарыктанарбыт. Биһиэхэ дьарыктанар кыргыттар куорат үрдүнэн ыытыллар алын кылаастар ортолоругар хайыһар эстафетатыгар бастыыллара. Ыам ыйыгар төрөппүттэргэ ыыппыт үлэбитин отчуоттааччыбыт, оҕолор ситиһиилэрин көрөөччүбүт. Оҕолор бары өттүнэн сайдан, үөрэхтэригэр тупсан иһэллэрэ барыбытын үөрдэрэ. Салгыы да наһаа үчүгэйдик үлэлиэхпитин, пандемия мэһэйдээн, тохтоон хаалбыппыт. Икки сылы быһа үлэлээбэтигит, ликвидацияҕа бараҕыт диэн буолла.

Уол оҕо төрөөтөҕүнэ хайдах иитиэхтээҕин эрдэттэн былааннаабыт киһи быһыытынан, Андрей Данилович бастакы уолун кытта араас хайысханан ылсан туран дьарыктанар.

Уол оҕону аҕа бэйэтин холобурунан иитиэхтээх диэн бигэ санаалаахпын. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанабын, ол иһигэр буоксанан, хайыһарынан. Күүтүүлээх улахан уолбун араас хайысханан – муусуканан, спордунан тэҥҥэ дьарыктыыбын. Ол курдук Сандал үс сааһыттан роликтыыр, түөрт сааһыттан «коньковай» уустук көрүҥүнэн хайыһардыыр. Кини өссө дуобаттыыр, бастаан бэйэм дьарыктыыр этим, онтон Оҕо дыбарыаһыгар киирбитэ. Биэс сааһыгар Хаҥаласка ыытыллар «Куллаты кубога» диэн күрэхтэһиигэ бастаан турар. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оскуола оҕолорун кыайан улаханнык соһуталаан турар. Алта сааһыгар Бүтүн Арассыыйа таһымыгар ыытыллар «Таманский полуостров» диэн турнирга бастаабыта. Ол кэнниттэн Арассыыйа первенствотыгар Сочига баран кыайыыны икки төгүл ситиспитэ, итини таһынан Европаҕа иккистээбитэ. Бэйэм муусукаҕа сыһыаннаах буоламмын, уолбун алта сааһыгар фортепиано кылааһыгар биэрбитим, билигин ахсыс сылын үөрэнэр. 3-с кылааска үөрэнэ сылдьан «Саҥа ааттар» куонкуруска 3-с степеннээх лауреат аатын ылбыта. Оҕону араас хайысханан барытынан сайыннарыахха наада дии саныыбын, өй-күүс өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буоларын курдук. Сандал хайыһарга куорат эстафеталарыгар түөрт төгүл бастаабыта, өрөспүүбүлүкэҕэ 2-с буолбута. Былырыын Аммаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытыгар бастаата.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Куорат дьиэ кэргэнэ» күрэххэ бастаабыппыт, Арассыыйаҕа «Сто лучших семей» номинацияҕа тиксэммит, кинигэҕэ киирбиппит, 300 тыһыынча солкуобайдаах Бэрэсидьиэн Гранын ылан турардаахпыт.

Киһи олоҕун тухары сайдар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Андрей Данилович үлэтин таһынан хаһыс да сылын Хатылаевтарга күпсүүргэ оонньуур. Муусука сүдү күүһүн туһанан, оҕолору төрөөбүт тылларыгар төннөрөр баҕалаах.

 «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» диэн гимназияҕа соторутааҕыта муусука учууталынан үлэлии киирдим. Губинскай уокурукка кыһыны атаарыы күрэҕэр 1 кылаас үөрэнээччитэ Женя Гущинаны частушка ыллыырыгар бэлэмнээммин, улахан дьону кытта тэҥҥэ кыттан 1-кы миэстэҕэ тигистэ. Бэйэм кистэлэҥ сыалбын үллэстэр буоллахха, гимназияҕа ырыа, муусука нөҥүө сахалыы тыыны киллэриэхпин баҕарабын. 1500 оҕоттон үксэ саха үөрэнэр эбит, ол эрэн төрөөбүт тылларын билбэттэр. Сорохтор миигин Өндөр Уус диэнинэн билэллэр. Бэйэбин син биир ууһунан ааҕабын, тоҕо диэтэр мин оҕолору иитэн-үөрэтэн, бүтүн киһини чочуйан таһаарар уус буолабын.

Бэйэм куораттааҕы Аҕа сүбэтин чилиэнэбин. Бу күннэргэ улахан уолум Сандаллыын Аҕа күрэҕэр кыттаммыт, 10 иһигэр киирдибит. Бэйэбитин холонон көрөр баҕаттан «Кыайыыны билигин да ылбатар, кинини ситиһиэм олохпор» диэн аармыйа кэнниттэн толкуйдаабыт девизпинэн кытынныбыт. Ити эппит тылларбын олохпор ситистим дии саныыбын. Инники өттүгэр биир баҕа санаам – сахалыы тыыннаах чааһынай алын сүһүөх оскуоланы арыйыы. Ити өттүгэр бэйэм туспа көрүүлэрдээхпин. Түмүккэ хаһыат ааҕааччыларыгар туһаайан этиэм этэ, бэрт былдьаһымыахха, түмсүөххэ, бэйэ-бэйэни өйөһүөххэ диэн. Ити буолар сайдыыбыт кэскилэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...