22.10.2020 | 11:55

Андрей КРИВОШАПКИН: “Олохпун норуоппар анаабытым”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Норуодунай суруйааччы,  чаҕылхай судаарыстыбаннай деятель, норуодунай дьокутаат, эбээн норуотун улуу бэрэстэбиитэлэ Андрей Васильевич Кривошапкин сэтинньи 17 күнүгэр 80 сааһын туолла.

ЭБЭЭН НОРУОТУН ДЬОЛУГАР ТӨРӨӨБҮТ КИҺИ

Андрей Кривошапкин суруйааччы быһыытынан 1962 сыллаахтан бэчээттэнэн барбыта. Бастакы кинигэтэ “Опо” диэн эбээн тылынан 1969 сыллаахха тахсыбыта. Аатырбыт сэһэннэрэ:  «Оҕо сааһым табалара», «Уйамкане идут на Север», «Берег судьбы» роман (1988), «Золотой олень» (1990), о.д.а.

Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, Арасыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин  (“Большая литературная премия России”) 2002 сыллаахха ылбыта. 70-тан тахса кинигэлээх ааптар, проза уонна поэзия жанрдарыгар тэҥинэн өрө таһаарылаахтык үлэлии олорор суруйааччы. Кини айар үлэтигэр Үрүҥ таба таҥаралаах – таба уобараһа айымньыларын барытын ситимниир, ону кытта хотугу норуоттар туруулаһыылаах олохторо, олоххо тардыһыылара ойууланар.

Кини – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Эбээн Бытантай, Муома, Кэбээйи улуустарын бочуоттаах гражданина.

РСФСР уонна Саха АССР   Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Ил Түмэн I, II, II, IV ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата. 1994-2003 сс. Арассыыйа Федеральнай мунньаҕар Ил Түмэн бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. 2003-2008 сс. Ил Түмэҥҥэ Арктика уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларыгар бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ этэ. 1989 сыллаахтан Саха сирин хотугу норуоттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ. 2013 сыллаахтан РФ Уһук Илин уонна Сибиир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын вице-бэрэсидьиэнэ. 2014 сыллаахтан Арктическай координационнай сэбиэт чилиэнэ, СӨ Национальнай политикаҕа боппуруостарыгар сэбиэтин чилиэнэ. 

Кини үлэлээбит үлэтэ бүтүннүү эбээн норуотугар эрэ буолбакка, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар омук быһыытынан бэйэлэрин билинэллэригэр, тылларын, култуураларын билигин да тыыннаах илдьэ сылдьалларыгар туһуланар.

Бу сырыыга Андрей Васильевич үтүмэн үгүс уопсастыбаннай үлэтин, үтүөтүн-өҥөтүн аахпакка, оҕо сааһын, дьонун ахтан-санаан, олоххо көрүүтүн кэпсээн ааста.

ТАБАЛАРБЫН АХТАБЫН

– Туох барыта оҕо саастан саҕаланар. Оҕо сааһыҥ ханна, хайдах ааспытай? Оҕо сааһыҥ чаҕылхай өйдөбүллэрин ахтан-санаан ааһыахха.

Оҕо сааһым тыаҕа, хайаларга, табалары кытта ааспыта. Ийэм Ульяна Егоровна “Коммунизм” холкуоска табаһыт этэ. Инньэ гынан табалардыын алтыспытым ыраатта. Табалар барахсаттар мин дууһабар, сүрэхпэр-быарбар өрүүтүн бааллар.

Урут биһиги оройуоммут Саккырыыр оройуона дэнэрэ. Билиҥҥи Эбээн-Бытантай национальнай улууһа бүтүннүүтэ Саккырыыр диэн ааттанара. Ол иһин орто оскуоланы Саккырыырга бүтэрбитим.

Дойдубар Сэбээн-Күөлгэ сэттэ кылаастаах оскуола баара, мин онно үөрэммитим. Сэттэ кылааһы Сэбээҥҥэ бүтэрбиттэр, Дьокуускай 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэхтэрин салҕыыр этилэр. Мин эмиэ куоракка үөрэниэхпин сүрдээҕин баҕарар этим. Ол эрээри ол баҕа санаам туолбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, мин сэттис кылааһы бүтэрэр сылбар Саккырыырга орто оскуола аһыллыбыта.

Сэбээн-Күөлгэ сэттис кылааһы сэттиэ буолан бүтэрбиппит. Сорохторбут тута Дьокуускай куоракка барбыттара. Мин эмиэ куоракка талаһыым наһаа күүстээх этэ. Ол эрээри биһиги үс уолу “Куорат эҥин диэмэҥ, Саккырыырга орто оскуола аһылынна, онно үөрэнэ барыаххыт” диэн Сельсоветка кытаанахтык этэн кэбиспиттэрэ. Быстыахпыт дуо, Саккырыырдаатыбыт.

Маҥнай уучах табаларга мэҥэстэн айаннаатыбыт. Сирдьиппит почтаны таһааччы Силипиэн диэн эбээн оҕонньоро этэ. Үөрэн-көтөн, күлэн-салан киһи мааныта.

Сэбээнтэн ыраах ыстаадаҕа хас да хонон тиийбиппит. Мантан антах Саккырыыр сирэ саҕаланар. Аара Бытантай диэн улахан уулаах үрэххэ диэри Силипиэн эһэбит тиэрдэн биэрдэ. Ол үрэххэ Саккырыыр Дьарҕаалаах диэн сэлиэнньэтин олохтооҕо Сүөдэркэ диэн саха киһитигэр Сэбээнтэн аҕалбыт почтатын кытта биһигини туттарда.

Бытантайы туораан баран хоннубут. Эһэбит оҕонньор эмиэ хонно. Көлө табаларын сынньатыан наада буоллаҕа дии. Чэйдии олордохпутуна аллараа диэкиттэн ким эрэ доруоп саанан иккитэ ытта. Соһуйа иһиттибит. Почтальон кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр эбит этэ. Ол иһин кини олох кыһаммата. Сотору буолаат эдэр саха киһитэ илиитигэр икки куобахтаах кэллэ. Сэбээҥҥэ алын кылаас учууталынан ананан кэлбит Харитон Иванович Иванов диэн эдэр саха киһитэ эбит. Кэпсэтэрэ элэккэйэ сүрдээх. Киэһэ саҥа учууталы уучах табанан айанныырга үөрэттибит. Ыараханнык ылынна. Хайдах гыныай, итинтэн атын көлө суох дойдута буоллаҕа.

Хонон турдубут. Силипиэн оҕонньор сып-сап хомуна охсон төттөрү Сэбээн-Күөл диэки айаннаата. Эдэр учууталбыт эмиэ барыста. Табаны билбэт киһи төһө эрэ эрэйдэнэр диэн аһына санаатыбыт...

Биһиги Сүөдэркэлиин күнү быһа айаннаатыбыт. Аара ыраас хонууга эбиэттэннибит. Сирдьиппит, мүчүк гына-гына, биһиги диэки көрөр, эбээннии кэпсэтэрбит дорҕоонун истэр буоллаҕа.

Түүн ортото ыас хараҥаҕа Дьарҕаалаахха кэллибит. Ханна барыахпытый, киһибитин батыһан биир ыалга киирдибит. Үһүөлэр. Дьиэлээх эдэрчи киһи уонна кини кэргэнэ биһигини көрөн сэргээтилэр, чэйдэттилэр. Хаһаайка ханна эрэ тахса сырытта. Уонна киирэн эттэ: “Оҕолор, эһиги ампаарга утуйуҥ. Барытын бэлэмнээтим. Сарсын мантан оскуолаҕа оҕолор бараллар. Эрдэ соҕус тураарыҥ. Кинилэртэн хааллаххытына, эһигини аны ким илдьиэҕэй?”.

Ампаарга киирэн, сытаат да, утуйдубут. Сарсыарда уһуктан иһиттэхпинэ сылгы кистиирэ, ыт үрэрэ, дьон саҥата-иҥэтэ бөҕө. Тура охсон, дьиэҕэ киирэн чэйдээтибит. Хаһаайка: “Бүгүн оскуола оҕолорун илдьэллэр, чэйдии охсон холкуос салалтатыгар тиийэн көлөтө көрдөөҥ”, – диэтэ.

Көлө сылгылары дьаһайа олорор биригэдьиир киһиэхэ тиийэн Сэбээнтэн Саккырыырга үөрэнэ баран эрэрбитин кэпсээтим. “Хантан көлө булабын, – диэтэ, онтон: “Чэ, маннык гыныахха, биир атыыр сылгыны икки буолан мэҥэстиҥ, үһүскүт зоотехник уолу кытта мэҥэстэн бардын. Ким зоотехнигы кытта барсарын бэйэҕит быһаарсыҥ”, – диэтэ.

Мин атаһым Миша Степановтыын айанныыр буоллум. Афонябыт зоотехник уолга барда.

Олохпор аан бастакыбын акка олордум.  Толлорум кэмнээх буолуо дуо! Айаннаатыбыт. Аргыстарбыт бары кыргыттар. Аара суолу быһа ыллаан таҕыстылар. Истэргэ үчүгэйэ сүрдээх...

Аара эмиэ хоннубут. Сарсыныгар күн ортото Улахан Саккырыыр диэн күүстээх сүүрүктээх үрэҕи туораатыбыт. Арай көрдөхпүнэ, иннибититигэр элбэх баҕайы сыбахтаах дьиэлэр көһүннүлэр.  “Этиҥ эрэ, о-ол, туохтар көстөллөрүй?” – диэн ыйытааччы буоллум. Ити Саккырыыр диэтилэр. Оройуон киинэ буолан баран туох ааттаах элбэх сыбах дьиэлээҕий диэн соһуйдаҕым дии...

Сотору куудара баттахтаах саха киһитэ  кэллэ. “Василий Иванович, завуч киһи, бу оҕолору ханна эрэ олохтоо. Орто оскуолаҕа үөрэнэ кэлбиттэр”, – диэтилэр. Саабыспыт кэргэниниин манна кэлбитэ үс эрэ хоммут эбит, бэйэбит дьиэ көрдүүбүт диир. Таһырдьа тахсан завхоһу буллубут. “Егор Васильевич, бу оҕолору олохтотолоо эрэ”, – диэн намыыннык көрдөһөр.

Завхоз: “Ыарахан дьыала. Интернат өрөмүөнэ сэтинньигэ бүтэр эрэ, бүппэт эрэ”, – диэтэ.  Егор Васильевич чуор саҥалаах киһи эбит. Кинини урукуттан билэр курдукпун. Тоҕо диэтэххэ, бииргэ төрөөбүт убайа Семен Васильевич кыһын Сэбээҥҥэ табаһытынан үлэлиирэ. Кинилиин ыстаада табаны манаспыт буолан, бу Егор Васильевиһы аймаҕыргыы көрдүм. Ыскылаатыгар илдьэн үһүөммүтүгэр кирзовай саппыкы туттартаата уонна интернат аһыллыар диэри ыаллары кэпсэтэ сатааҥ диэтэ. Биһиги ону соһуйа иһиттибит. Кими да билбэт сирбитигэр хонор ыалы хайдах булабыт?

Мишалаах Афоня Сэбээҥҥэ тырахтарыыстаабыт Бугаев Кеша кэргэниниин манна олорорун өйдөөн, интернат аһыллыар диэри олордоллоругар көдөһө бардылар.

Оттон мин ханна барабын? Итинник мунааран турдахпына биир кыысчаан кэлэн сурук биэрдэ. Оо, бу үөрүүтүн! Сэбээҥҥэ үөрэппит учууталым Анна Тимофеевна Стручкова биһиэхэ олорон эрэ үөрэн диэн ыҥырбыт эбит. Долгуйдум да, үөрдүм да. Махталым билигин да муҥура суох.

Интернат кыһын биирдэ аһыллыбыта, үһүөммүтүн онно олохтообуттара.

Дьиэ кэргэним туһунан истиҥник

Дьонуҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ туох-ханнык дьон этилэрий? Хайдахтаах дьон эйигин маннык таһымнаах, киэҥ толкуйдаах, сытыы-хотуу киһи гына иитэн таһаарбыттарын билиэхпин баҕарабын.

–Биһиги бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Убайым Дмитрий Васильевич, түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх эрээри, сүрдээх сытыы өйдөөх киһи этэ. Аахсар киһини аахсар, кыаммат киһини хайаан да өйүүр бириинсиптэрдээҕэ. Кини аатырбыт тылбаасчыт. Улуу Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотурун” сахалыыттан эбээннии толору тылбаастаабыта. Саха норуодунай поэта Семен Данилов үс томнаах хоһооннорун эмиэ сахалыы саҥардыбыта.

Быраатым Петр Васильевич үөрэҕинэн юрист. Эбээннэртэн бастакы идэтийбит юриһынан биллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа.

Эдьиийим Евдокия Васильевна – оҕо эрдэҕиттэн туруу үлэһит, сырдык, үтүө санаалаах киһи. Кэргэнэ олохтон эрдэ туораабыта хомолтолоох. Икки оҕотун соҕотоҕун атахтарыгар туруорбута. Кыыһа Лена – медик, уола Степан – үрдүк үөрэхтээх физкультура учуутала, боксаҕа тренер. Тыа диэн баран муннукка ытаабыт оҕо, булчут ааттааҕа.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.

– Кэргэним Розалия Серафимовна Никитина – педагогическай наука кандидата, Арассыыйа үтүөлээх учуутала. Билигин төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт научнай үлэһитэ.

Биһиги үс оҕолоохпут. Улахан уолбут Саша суоппар идэлээх. Иккис уол Герман  1996 сыллаахха А.И. Герцен аатынан педагогическай институту бүтэрбитэ. Ол онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар – Ил Түмэҥҥэ үлэлиир. Кыыспыт Диана культуролог идэлээх. Сиэннэрбит Гера уонна Элина Санкт-Петербурга олороллор.

“ОЛЕГ КОШЕВОЙ” ДИЭН ААТТЫЫЛЛАРА

– Устудьуоннаабыт, аармыйаҕа сылдьыбыт сылларгыттан олоххо көхтөөх позицияны тутуспут эбиккин. Онтон таһаарыылаах, уопсастыба олоҕор кимэн киириилээх, үтүө түмүктэрдээх үлэҥ... Өйгүн-санааҕын туох кынаттыырай?

– Мурманскай уобалас Кольскай тумул арыытыгар ракетнай чааска үс сыл сулууспалаабытым. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн туохха барытыгар актыыбынай позициялаахпын. Комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээрэ этим. Миигин дойдубар Сэбээн-Күөлгэ “Олег Кошевой” диэн ааттыыллара. Аармыйаҕа эмиэ комсорг этим.

Мотивация баар буолара олус наадалаах. Ити барыта иитиллииттэн буоллаҕа дии. Ийэм барахсан оҕо эрдэхпиттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах буолаар диэн өрүү үөрэтэрэ, такайара. Ол да иһин наар дьоҥҥо, уопсастыбаҕа туһалаах буоларга дьулуһарым. Бу барыта мин олоҕум устата тутуспут бириинсиптэрбиттэн тахсан испитэ.

Оҕо эрдэхпиттэн олоххо көхтөөх этим. Ол барыта миигин олоҕум устата сирдээбитэ, билигин да өйүүр.

Дьон туһугар олох олоруу уонна үлэ – мин сирдээҕи аналым уонна улахан дьолум.

ТУОХТАН ДА КЭМСИНЭРИМ СУОХ

Олоххун бүтүннүү норуотуҥ, бар дьонуҥ туһугар анаан баран, билигин сөптөөх сыанабылы, махталы ыллым дии саныыгын дуо? Биир эмэ кэмсинэр түгэннээххин дуо?

– Мин бэйэм Сэбиэскэй кэм оҕотобун. Ленинградка А.И.Герцен аатынан пединституту кыһыл дипломунан бүтэрбитим.

Олоҕум устата дьон туһугар үлэм иһин туох да сыанабылы эрэйбэппин. Дьон-сэргэ көхтөөхтүк, этэҥҥэ олорор буоллаҕына ол онтон үөрэбин уонна астынабын.

Кэмсинэр түгэни биири да өйдөөбөппүн. Туох эмэ сыыһа-халты, буоллун-хааллын диэн оҥоһуллубуту эмиэ билбэппин.

Аҕам сааска диэри чэгиэн өйдөөх-санаалаах, толкуйдуур дьоҕуру ыһыктыбакка сылдьыы, өй үлэтин өрө тутуу кистэлэҥэ тугуй?

– Олоҕум усталаах-туоратыгар доруобай, чөл олоҕунан олоробун. Биир эрэ кистэлэҥ баар – доруобай олоҕунан олоруу.

Ханнык үрдүк наҕараадаҕын саамай үрдүктүк сыаналыыгын?

– Кырдьыгынан, чиэһинэйдик эттэхпинэ, хаһан даҕаны ити туһунан санаабатаҕым.

Дьонум, норуотум туһугар үлэм үрдүктүк сыаналаммыта дии саныыбын. Айар үлэбинэн норуодунай суруйааччы аатын сүкпүтүм. Оттон дойдум уонна дьонум туһугар үлэлээбитим иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданинабын.

– Үөрэхтээһин систиэмэтин иһин-таһын билбит киһигин. Урукку үөрэхтээһин уонна билиҥҥи үгүс реформа кэннэ олохтоммүт үөрэхтээһин систиэмэтин тэҥниир кыахтааххын. Эн санааҕар, билиҥҥи үөрэхтээһиҥҥэ туох тиийбэтий? Биир кэлим эксээмэн киирэрин саҕана улаханнык утарбыккын истибитим...

– Үөрэхтээһиҥҥэ судаарыстыбаны кытары быстыспат сибээс баар буолуохтаах. Билиҥҥи үөрэхтээһини Сэбиэскэйи кытта тэҥниир сатаммат. Сэбиэскэй таһым үрдүгэ киһини сөхтөрөр эбит. Билиҥҥи үөрэхтээһин онно тиийбэт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...