14.09.2021 | 12:00

Ампаардаахха «Боотур үөрэҕэ»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суруналыыс ханна да тиийдэҕинэ саҥаны, сонуну билэ-көрө сатыыр, интэриэһинэй дьоннуун көрсүһүүтүн өйүгэр хам хатыыр. Сорох кэпсэтиини диктофоҥҥа эбэтэр блокнокка хаһаанаҕын, биир эмэ күн хостоон ылан сурукка тиһэҕин. Сонун сойор дииллэр. Ол эрээри суруллубут суоруллубат аналлаах.

Бу сайын Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгэр аҕыйах күҥҥэ сынньана тахсан баран, эмиэ биир ураты киһини кытта билсибитим. Кинини үгүс ааҕааччыбыт билэр. Алексей Юрьевич Уваров – кикбоксиҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара, араас таһымнаах күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа, чөмпүйүөнэ, “Мохсоҕол” спортивнай кулууп салайааччыта.

Кинини суолга сатыы хааман иһэрин көрбүппүт. Сарсыныгар “Боотур уораҕайыгар” ыалдьыттаабыппыт.

– Бу Ампаардаах диэн ытык сиргэ кэлэн тураҕыт. Манна 2017 сыллаахха “Тыгын Дархан” киинэ уһуллубута. Норуокка “кириэппэс” диэн биллэр эбийиэккэ киинэ түмүктүүр сыаната көстөр. Тыгын Дархан Лөгөйдүүн киирсиилэрин, боотурдар хапсыһыыларын өйдүүр буолуохтааххыт. Ол Белолюбскай баай алааһа көстөр, онно кини аатынан аллея баар, – дии көрсүбүтэ кини.

Алексей Юрьевич киинэ уһуллар кэмигэр нэһилиэк баһылыга Илья Владимирович Семеновы кытта ыкса билсибиттэрин, тута биир тылы булбуттарын сэһэргээбитэ. Саха норуотун былыргытын сэргиир дьон үгүһү кэпсэтэ олорон, боотур үөрэҕин сөргүтэр, аныгы ыччаты уһуйар бырайыагы толкуйдуохха сөп эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Ол курдук, кириэппэһи киинэ бүппүтүн кэннэ быраҕан кэбиспэккэ, салгыы сайыннарар туһунан сүбэлэспиттэр. Грант сүүйэн, бөҕөргөтүү, саҥардыы үлэтин, эбии тутуу ыыппыттар. Биһиги тиийэ сылдьар кэммитигэр ыраастыы, оҥосто сылдьаллара.

– Быйыл, хомойуох иһин, пандемиянан лааҕырбыт арыллыбата. Ол оннугар байыаннай-патриотическай, туристическай маршрут быһыытынан үлэлээтибит.

– “Боотур үөрэҕин” хайдах көрөҕүтүй, инникитин хайдах үлэлиир санаалааххытый?

– Манна оҕолору боотур үөрэҕэр эрэ буолбакка, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр, сахалар төрүт дьарыктарыгар уһуйуохтаахпыт. Ийэ айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, булт-алт, балыктааһын сатабылларыгар, өбүгэ оонньууларыгар үөрэтиэхтээхпит. Саха оҕолоро төрүт дьарыктарын кыра саастарыттан билэн улаатыахтаахтар. Аны биир сонун хайысхабыт – ыччаты кэрэхсэбиллээх сирдэринэн сырытыннарыы. Амма, бу Мээндиги сирэ-уота олус баай историялаах.  Оҕолор сатыы сылдьан сири-дойдуну көрдүннэр, айылҕалыын алтыстыннар, төрөөбүт дойдуларын туһунан билиилэрэ кэҥээтин диэн сыаллаахпыт-соруктаахпыт. 

– Уолаттары ханнык көрүҥнэргэ дьарыктыыгыт?

– Эр киһи хаһан баҕарар халыҥ хахха, көмүскэл буолуохтаах диэн санаанан салайтарабыт. Уон күннээх дьарык кэннэ уолаттар анал тургутууну ааһыахтаахтар. Бу кэм устата бэйэлэрин көрдөрбүт уоланнарга анал ааттары туттарыахтаахпыт: “Бэдэр”, “Мохсоҕол”, “Бөрө”, о.д.а.

Федор Васильев “Военное дело якутов” диэн кинигэтигэр сахалар бэйэлэрэ бойобуой көрүҥнээхтэр диэн суруйбута. Кырдьык, кыргыс үйэтигэр уол оҕолору бэйэлэрин көмүскэнэргэ үөрэтэллэрэ, хас алаас аайы боотурдар бааллара. Батыйанан, үҥүүнэн киирсии баар эбит. Ону эбии чинчийэн уолаттарга үөрэтиэхпитин, инникитин сайыннарыахпытын баҕарабыт.

Биһиги норуоппут сүрүн көрүҥэ – хапсаҕай. Атахпытыгар тирэхтээх, хаһан баҕарар көмүскэнэр кыахтаах дьон буолуохтаахпыт. Ол иһин биһиги “хап саай” диэн көрүҥү өрө тутабыт. Бастакынан саба түспэккин, көмүскэнэҕин диэн философиялаах.

Атын омуктар сахалар батыйаларын курдук сэптээхтэр-сэбиргэллээхтэр. Холобур, Японияҕа катана диэн баар. Сахалар эмиэ дьоппуоннартан итэҕэһэ суох киирсэр кистэлэҥ ньымалардаахтар эбит. Былыр өбүгэлэрбит илиинэн от охсоллоругар тутталлара-хапталлара эмиэ бэйэни көмүскэнии хамсаныыларыгар майгынныыр. Японияҕа карате, Бразилияҕа капоэйра, Таилаҥҥа муай тай диэн көрүҥнэр бааллар. Оттон биһиэхэ “хап саай” баар. Онно ат сүүрдэн иһэн киирсии, ох саанан ытыы, батаһынан туттуу, кыһыл илиинэн охсуһуу, о.д.а. барыта киирэр.

Бу түһүлгэҕэ арена, хаҥас өттүгэр аһыыр, уһанар сир баар буолуоҕа. Кириэппэс тас өттүгэр ох саанан ытар балаһаакканы былаанныыбыт, маны таһынан сахалыы тренажердары оҥоруохтаахпыт. Холобур, уол оҕо бу баҕанаҕа ыттан тахсыахтаах. Өссө моһоллору (нууччалыы эттэххэ, “полоса препятствий”) туоруохтаах, – диир уонна сэһэргэһээччим көрүөх бэтэрээ өттүгэр баҕанаҕа тииҥ курдук хатаастан тахсар.

–  Тыгын Дархан саҕанааҕы кэм ураты тыына, салгына, айылҕата манна, Аммаҕа, баар. Ону Никита Аржаков таба көрөн, киинэҕэ үйэтитэргэ соруммута. Мин маннык сиргэ сылдьан харахпын симтэхпинэ, өбүгэлэрбин санаатахпына, күүспэр күүс эбиллэр. Күрэхтэһиилэргэ эмиэ оннук турукка киирэрим, – диэн Алексей Юрьевич кэпсээнин түмүктүүр.

Балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох турар, “Тыгын Дархан” киинэ боотурдара кэппит таҥастара-саптара, сэптэрэ-сэбиргэллэрэ ыйаммыттар.

Пандемия бүттэҕинэ, манна олох күөстүү оргуйуоҕа. Эти-хааны эрчийэр дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллыахтара, мохсоҕол уолаттар эр бэрдэ буолан уһаарыллан, буһан-хатан тахсыахтара. 

***

Чахчы даҕаны, Ампаардаах алааһа охтоохтон охтубат, саалаахтан самныбат уоланнары иитэн-такайан таһаарарга анаммыт курдук. Онуоха Алексей Уваров “Боотур үөрэҕэ” бырайыак олоххо киирэригэр, үгүс ыччаты көччөх гынан көтүтэн таһаарарыгар бигэ эрэллээх. Түгэнинэн туһанан, кини Мээндиги баһылыга Илья Семеновка, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр махтанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...