Ама, тупсубатах үһү дуо?
«Азия оҕолорун» көрсө киин куораппыт күн-түүн тупсар, уларыйар, киэркэйэр. Иллэрээ күн туох үлэ ыытыллыбытын ааҕааччыларбытыгар хаартысканан кэпсээри, Дьокуускай устун хаамтыбыт.
Саҥардыы, тупсарыы, киэргэтии
Каландарашвили-Ойуунускай уул. быһа охсуһууларыгар турар Саха сирин тутар этэрээттэригэр анаммыт пааматынньык 2017 сыллаахха аһыллыбыта. Быйыл тротуарын уларыттылар, саҥардан биэрдилэр. Арай пааматынньык алын өттө (гитаралаах кыыс турар сиринэн) хайа барбытын абырахтыы түһүөххэ наада эбит.
Кырдьаҕас куоракка чуурка уулусса тэлгэнэн бүппүт, соторутааҕыта эрэ саҥарда сылдьаллар этэ. Сатыы дьон хаамарыгар бэртээхэй буолбут. Ууруналары кырааскалаабыттар, билигин да сыта-сымара ааһа илик. «Чуурка уулуссаны тэлгэтээччи» дьоҕус скульптура ырааһырбыт, бэл, «сирэйэ-хараҕа сырдаабыт» курдук буолбут.
Орджоникидзе болуоссатыгар көҕөрдүү үлэтэ күүскэ ыытыллыбыт. Ыскамыайкалар, бөх быраҕар ууруналар саҥардыллыбыттар. Ый анараа өттүгэр манна чыҥха атын хартыына этэ.
Циркэ искибиэригэр саҥа ыскамыайкалары оҥоро сылдьаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, аҕыйах күнүнэн манна норуоттар икки ардыларынааҕы «Мамонтёнок» бэстибээл ыытыллыахтаах. Балайда элбэх сибэкки олордуллубут. Арай туруктара бөрүкүтэ суох диэххэ дуу?
Аммосов уулуссатыгар бахрома гирлянданы ыйыы сылдьаллар. Хараҥаҕа кэрэ көстүү буолуохтаах. «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай» (А. Бүлүүйүскэй тыл., Д. Михайлов мел.) диэн норуот уоһуттан түспэт ырыа тыллара кутуллаллар:
Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр,
Тоҕо бэрдэй, үчүгэйэй
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!
Күөх «көбүөр», сиэдэрэй сибэкки, дыргыл сыттаах сирень
Орджоникидзе, 36, «Сургутнефтегаз» хампаанньа иннэ сиэдэрэй сибэккинэн симэммит. Кыһыл канна тэтэрэн, кыыһан турара кэрэтиэн! Чээлэй күөх «көбүөр» тэлгэммит. Онно үлэһит кырыс оту (газону) охсо сылдьар. Уопсайынан, көрүү-истии үчүгэйэ харахха тута быраҕыллар.
Курашов уул., 24, Идэлээх сойуустар дьиэлэрин иннигэр дыргыл сыттаах сирень сибэккилии турар. Бу күннэргэ селфи түһэр сиргэ кубулуйда.
Сайын аайы Доҕордоһуу болуоссатыгар петуния сибэккинэн дьэрэкээн композиция оҥоһуллар. Харахпыт үөрэнэн хаалбыта оччо дуу, туох эрэ сонуну, саҥаны күүтэбит дуу? «Һык» гымматыбыт, хаартыскаҕа түһэрдибит уонна салгыы бара турдубут.
Дьиэлэр тас көстүүлэригэр – ураты болҕомто
Кэнники кэмҥэ киин куоракка мурал элбии турар. Быйыл Олохтоох дьаһалта сакааһынан саха норуотун Ытык киһитэ Мандар Уус ойууларынан саҥа мураллар баар буоллулар. Хаартыскаҕа: Ойуунускай уул., 11.
Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр оһуор, ойуу-бичик куорат уопсай көстүүтүн тупсарара, сахалыы тыынныыра саарбаҕа суох. Хаартыскаларга: Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин дьиэтэ уонна Ленин пр., 44.
«Киин» киинэ тыйаатырын илин өттө таас очуостары санатар, петроглифтарынан (таас хайа ойуулара) киэргэтиллибитэ сонун көстүүлээх буолбут.
Короленко, 2а. Ый анараа өттүгэр бу эбийиэк туһунан маннык суруйан турабыт: Хаарыан архитектура өттүнэн хаһааҥҥыта эрэ «кэрэ» тутуу, «эһигиттэн бу буоллум» диэбиттии, уку-сакы кирийэн тураахтыыр. Эркиннэрэ быһыта-хайыта баран, урукку кырааската түһэн хаалбыт, үктэллэригэр абааһы үҥкүүлээбитин курдук, үтүө киһи сэрэнэн эрэ үктэнэр буолбут. Өрөмүөннэнэр ини?
Бу сырыыга үлэ саҕаламмыт, ол эрээри ситэ түмүктэнэ илик. Манна даҕатан эттэххэ, каадырга Ленин проспегын 16 №-дээх дьиэтигэр өрөмүөннэнэн баран туруоруллубут сүүнэ улахан күн чаһыта хабылынна.
Тэҥнээн көрүүгэ ый анараа өттүнээҕи уонна билиҥҥи хаартыскалары таһаарабыт.
Куорат көстүүтүн буортулуур хаарбах туруктаах мас дьиэлэри «кистээбиттэр», бүөлээбиттэр.
Хаартыскаҕа: Каландарашвили уул., 42.
Үлэ өссө түмүктэнэ илик...
Холобур, 1-кы нүөмэрдээх Оҕо искусствотын оскуолатын иннигэр аспаал үөһээҥҥи дьапталҕата оҥойон көстө сытар. Аҕыйах хаамыылаах сиргэ билиитэ бөҕө кыстанан турар. Оҥороллор ини? Ама, умнууга хааллардахтарай?
Билигин да кумаҕынан эрэ көрө сытар сир элбэх. Тротуардары саҥардыы, уопсастыбаннай туоналары кырааскалааһын, саҥардыы, тупсарыы үлэтэ салҕанар.
Ааптар түһэриилэрэ