13.01.2023 | 17:00

Ама, бүтүө дуо?

Саха киинэтин атын хараҕынан арыйбыт режиссер Дмитрий Давыдов “Эдэр саас” диэн ааттаах саҥа киинэтин бу дьыл тохсунньу 19 күнүттэн бары киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрөөрү сылдьар. Тохсунньу 10 күнүгэр «Лена» киинэ тыйаатырыгар премьера иннинээҕи көрдөрүү буолла.
Ама, бүтүө дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Эдэр саас – олох биир кэрэ түгэнэ

Киинэни икки сыл анараа өттүгэр бытарҕан тымныылар түһэн турар кэмнэригэр Амма улууһугар устубуттар. Сүрүн ис хоһооно – 40-ча саастаах Баһылай төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтигэр 20 сыл буолан баран төннөр... Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно бары бу олохтон букатыннаахтык күрэммиттэр, аймахтара тиэрэ хайыспыттар, доҕотторо улааппыттар. Арай кини эрэ эдэр сааһыгар «тохтоон» хаалбыт.

Сүрүн дьоруой уобараһыгар – Альберт Алексеев, быстах оруолларга Елена Маркова, Павел Ченянов, Ильяна Павлова оонньообуттар.

Көрөөччү санаата

Иван:

Киинэ «Эдэр саас” диэн аатын таппыттар дии санаатым. Аатырбыт «Хардыы» рок-бөлөх, ааптар Гаврил Колесов-Ганнибал айымньыларын 90-с сыллартан сэҥээрэн истэбин. Ааптар ырыаларын улахан аҥаарын ыччакка анаабыт киһи. Бэйэтэ элбэх оҕолоох ыал аҕата, уустук соҕус дьылҕалаах киһи буолан, киһи уонна уопсастыба диэни бэйэтин этинэн-хаанынан биллэҕэ буолуо. Бу киинэҕэ «Эмиэрикэ” диэн ааттаах ырыаны истэн ааһыам дуу дии санаабытым, тыаһаабата. Уопсайа «Хардыы” рок-бөлөх аҕыс ырыатын иһиттим. Эрдэ биллэрбиттэрин курдук, киинэ, чахчы, бу ырыаларынан сирдэтэн уһуллубут.

Режиссер Дмитрий Давыдов элбэх сэҥээриини ылбыт “Пугало”диэн  киинэтэ тахсыбытыгар социальнай ситимнэргэ “тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын “түһэрдэ” диэн суруйаллар этэ. Мин манна биири этэрдээхпин. Туймаада хочотугар, нуучча сиригэр кэлэммит, бэйэбит да билбэппитинэн бары маргинал буоллубут. «Эдэр саас” киинэ эмиэ «Пугало» тиэмэтин салҕыыр курдук. Сүрүн дьоруой, мин таайарбынан, 41 саастаах киһи быһыылаах, ону дьиэ нүөмэриттэн көрдүм. Сүүрбэ сыл анараа өттүгэр дьиэтиттэн тахсан барарыгар сүүрбэччэлээх уол эбит. Онон, мин санаабар, саҥа киинэ эмиэ хас биирдии тыа киһитин долгутар тыын боппуруоһу уот харахха көрдөрөр.

Маргарита:

Киинэ дьиҥнээх олоҕу көрдөрдө. Трагическай олоҕу диэххэ сөп. Биллэн турар, Дмитрий Давыдов киинэтин киһи ылла даҕаны тута өйдүүрэ ыарахан. Хас биирдии киһи бэйэтэ түмүк оҥосторо буолуо. Биир халыыпка киирбэт киинэ диэххэ наада. Миэхэ «олоҕу көрүү”, “тымныы сыһыан”, “дьадайыы”, “эр киһи уонна дьахтар сыһыана”, “мөлтөх санаа” диэн тыллар кутуллан киирдилэр. Түмүктээн эттэххэ, хас биирдии киһи бэйэтэ санныгар төбөлөөх, биирдэ бэриллибит олоҕун сиэрдээхтик, дьоһуннук олороро киниттэн эрэ тутулуктаах.

Валентин:

Киинэ кэннэ улахан толкуйга түстүм... Ыл даҕаны саас-сааһынан ууран биэрэр арыый уустуктардаах. Сөп ээ... Хаһааҥҥа диэри эргиччи көр-күлүү киинэтин уста сылдьыахпытый?! Дьиҥ кыһалҕалары ким эрэ көрдөрүөхтээх буоллаҕа дии. Онон режиссер бэрт дириҥ, толкуйдатар, уйулҕаны хамсатар киинэни устубут.

Розалия:

Үчүгэй киинэ. Мин санаабар, эдэр саас биир саамай ыарахан, тургутуулаах кэмин ахтан ааста. Маннык тэтими хас биирдии киһи олоҕор ааһар, уун-утары көрсөн да ылара элбэх. Бу тургутууну эн хайдах ааһарыҥ иитиигиттэн, сайдыыҥ таһымыттан, төрөппүттэргиттэн, алтыһар доҕотторгуттан, үпкүттэн-харчыгыттан тутулуктаах. Сүрүн дьоруой сүүрбэ сыл ааспытын аахсыбакка урукку олоҕор хаалан хаалбыт, былыргылыы өйдөөх-санаалаах эбит. Киинэ 70-с, 80-с сылларга ыччаттаан ааспыт көлүөнэ дьылҕатынан аныгы кэм ыччатын үөрэтэр, бу суолу хатылаамаҥ диэн этэр.

Иннокентий:

Режиссер бу киинэтигэр Гаврил Колесов эдэр сааһыгар “тиийэн”, ону хайдах баарынан, туох да киэргэтиитэ суох «көрөн”, хоһоон нөҥүө киинэ оҥорбут быһыылаах. Ол курдук киинэҕэ хас биирдии аҕыйах ахсааннаах норуокка сытыытык турар кыһалҕа аһаҕастык ойууламмыт. Мин санаабар, сыһыан туһунан киинэ. Режиссер эн хайдах сыһыаннаах уопсастыбаҕа иитиллэн улаатаҕын да, олоҕуҥ суола соннук устар диэн көрдөрө сатаата. Аны, биир өттүнэн,  аһыы утахха ылларыы туохха тиэрдэрэ ойууланна. Билигин даҕаны тыа сиригэр, куоракка даҕаны ускул-тэскил сылдьар дьон хара баһаам, бу дьоҥҥо көрдөрүөххэ баар эбит.

Евдокия:

Сүрүн дьоруой «Джокер» киинэҕэ майгынныыр дии санаатым. Олохтон кэлэйэн бүппүт киһи. Киинэ хас биирдии уобараһыгар эдэр саас «символлара” кистэммиттэр. Холобура, кока-кола, матассыыкыл уо.д.а. Сүрүн дьоруой эдэр сааска оҥорбут сыыһатын-алҕаһын көннөрө сатыыр да, саараама, таҥнары тардылла турар, барыта хойутаан... Өйө-санаата сайдыбакка хаалан, ол сүүрбэ сыллааҕы таһымыгар, ол кэмигэр төннө сатыыр. Бииргэ үөрэммит оҕолоро бары дьиэ-уот, оҕо-уруу, хаһаайыстыба тэринэн ньир-бааччы олороллоро кинини өссө баттыыр. Ити сахсырҕа уобараһа эмиэ тугу эрэ бэлиэтиир быһыылаах, тугун өйдөөбөтүм. Маҥнай көрөөт, киһи бу олоххо туохха барытыгар адаптацияланар дии санаабытым, онтон түмүккэ доҕордуу буолан хааллылар. Аны туран, ити кыра оҕолор ыҥыра сатыыллар, арыгылыыр оскуола кыргыттара...чэ, уопсай түмүк – киһи олоҕун сыаналыы үөрэниэхтээх.

Ньургуйаана:

Кырдьык даҕаны эдэр сылдьан сыыһа-халты үктэнииттэн огдолуйан, иннитэ-кэннитэ биллибэт олоҕу олорор дьон баар буоллаҕа. Онон бу «Эдэр саас” киинэ көрөөччүнү элбэх толкуйга түһэриэ дии саныыбын, олорон кэлбит олоҕу хаттаан ырытан көрөн, хайа эмэ өртүнэн үөрэх буолуо. Эдэр сааһы эрдэттэн харыстыы үөрэниэх.

Александр:

Бастакы санаам омуннаах соҕус киинэ диэн этэ эрээри, төрүт оннук буолбатах эбит. Маннык кыһалҕаҕа түбэспит киһи киинэҕэ бэйэтин көрүө, көннөрүнэр, олоҕун суолун уларытар туһунан толкуйдуо дии санаатым. Куһаҕантан – төннүбүттэр, үчүгэй олоххо эргиллибиттэр бааллар, кинилэр сыанабыл биэриэхтэрэ дуу...

Эриэккэс көстүү

Олох уонна доҕоттор быстыспат ситимнэрэ, дьол уонна сор бэйэ бэйэлэригэр сабыдыаллара биир хартыына буолан чочуллан, уһаарыллан тахсыбыт киинэтин тохсунньу 19-с күнүттэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....