11.11.2022 | 09:00

Алтыһан ааспыт дьоллоохпун

Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 85 сылын туолар. 
Алтыһан ааспыт дьоллоохпун
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Норуот туһугар олорор – дьол»

М.Е. Николаев.

 

Арассыыйа таһымнаах бөдөҥ судаарыстыбаннай, политическай деятель туһунан бу күннэргэ суруллуо, кэпсэниэ турдаҕа. Оттон мин, оччолорго Сунтаар оройуонун «Кириэстээх» сопхуоһун дириэктэрэ, Михаил Ефимович Николаевы өссө кини Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир эрдэҕиттэн үлэ боппуруостарынан алтыһан ааспыппын билигин олоҕум биир бэлиэ түгэннэрин быһыытынан өйдүүбүн.

Михаил Ефимовиһы кытта мин дириэктэрдиир кэммэр, ити 1984-1990 сылларга, хаста даҕаны төлөпүөнүнэн, араас мунньахтарга сирэй даҕаны көрсүһэн кини этиитин, сүбэтин-аматын элбэхтэ истибитим. Кырдьык, Михаил Ефимович оччотооҕу үгүс салайааччылар курдук үлэтигэр олус үрдүк эппиэтинэстээҕин, ирдэбиллээҕин эппинэн-хааммынан билэн турабын. Кини ордук сайыҥҥы ыйдарга, ардыгар сарсыарда сэттэттэн саҕалаан үлэни-хамнаһы ыйыталаһан, ирдэһэн барара. Ол эрээри сопхуоска үлэлээбитим устатыгар кини кими эмит мөхпүтүн, күүскэ саҥарбытын букатын өйдөөбөппүн. Ардыгар үлэҕэ-хамнаска сыыһа-халты туттуу ханна барыай?  Оччоҕо Михаил Ефимович:  «Доҕоттор, итинник гынымыахха», – диэн баран, бэрт холкутук сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн барара. Оннук муударай, киэҥ-холку өйдөөх-санаалаах этэ. Кини миниистирдиирин саҕана сопхуостар дириэктэрдэринэн үксүгэр бартыыйынай, сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ буспут-хаппыт каадырдар үлэлииллэрэ.

Михаил Ефимович киһи, салайааччы быһыытынан олус боростуойун биир маннык түгэнинэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бэрэсидьиэн буолан баран, Сунтаарга сырыытыгар биирдэ Кэмпэндээйигэ тахса сылдьыбыта. Онно мин Мииринэйгэ АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлиирим. Бэрэсидьиэни дьон  батыһар, чугаһыы сатааһын бөҕө, мин тэйиччи сылдьабын. Биир түгэҥҥэ дьон быыһыгар Михаил Ефимовиһы утары көрсө түстүм. Арай кини: «Хайа, урукку каадырым Борис, дорообо», – диэн баран илиитин биэрэн дорооболоһон соһутта. Бэрт кылгастык ону-маны ыйыталаһан баран: «Борис, дьэ кытаат», – диэн баран санныбын таптайан соһуппута даҕаны, долгуппута даҕаны.

Билигин Михаил Ефимович Николаевы Максим Кирович Аммосов кэнниттэн Саха сирин олоҕун оҥкулун уларыппыт, саҥа сүүрээннэри киллэрбит иккис киһинэн саамай сөпкө сыаналыыллар дии саныыбын. Кини ханна даҕаны, ханнык да үлэҕэ буоллун боппуруоһу ылыннарыылаахтык быһаарар, сүбэлиир-амалыыр дьоҕурдааҕын билэбин.

Мин, сааһырбыт киһи, малтаччы этэбин. Оччолорго Михаил Ефимовичка  өрөспүүбүлүкэбитин үһүс болдьоххо салайарыгар кыах биэрбиппит эбитэ буоллар диэн...

Михаил Ефимович биирдэ этэн турардаах эбит: «Уопсастыбаҕа араас дьон бааллар. Оттон мин урут романтик этим. Салайааччы буолууну бэйэҕэ буолбакка, дьоҥҥо, дойдуга туһаны аҕалар кыаҕы биэрэр дии саныырым. Алта уонус сыллардааҕы дьон үгүстэрэ итинник саныыллара. «Аан бастаан бэйэҥ тускунан буолбакка, төрөөбүт дойдуҥ туһунан санаа» диэнинэн салайтараллара. Оттон салайааччы буоларга талаһар дьон атын дьону үрдүнэн баралларын, былаас уонна ситиһии туһугар туохха баҕарар бэлэмнэрин билэрим».

Михаил Ефимовиһы киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин бары олохтоохторо омугуттан тутулуга суох ханна баҕарар атахтарыгар туран сүгүрүйэн, уҕараабат уһун ытыс тыаһынан уруйдаан-айхаллаан көрсөллөрө долгутуулаах да буолара.

Кылгас бэлиэтээһиммин Михаил Ефимович үөлээннээҕэ, хомсомуолтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэни салайыыга тиийэ бииргэ үлэлээбит биир дойдулааҕым Климент Егорович Иванов этиитинэн түмүктүүбүн: «Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин үрдүкү дуоһунаһыгар талыллан үлэлиир сылларыгар норуотун, дьонун-сэргэтин күннээҕи олоҕун, кэлэр кэскилин  туһугар төһөлөөх сыратын, билиитин-көрүүтүн, дууһатын биэрэн, эппиэтинэһи сүгэн үлэлээбитэй?  Кини эппиэттээх үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттарын үөрэтэн, ырытан, салайар баай уопутунан, дириҥ билиитинэн, муударай өйүнэн туруоруммут соругун тиһэҕэр тириэрдэр кыаҕынан өрөспүүбүлүкэтин салайбыта, сайыннарбыта, кини аатын-суолун аан дойдуга биллэрбитэ.

Мин туох да омуна суох, чахчы, саха саарынын, саха дьолугар төрөөбүт Михаил Ефимович Николаевы кытта кылгас да кэмҥэ алтыһан ааспытым олоҕум, дьылҕам бэлэҕэ эбит дии саныыбын.

 

Борис ЕГОРОВ, 1984-1990 сылларга «Кириэстээх» сопхуос дириэктэрэ, «ХХ үйэ бастыҥ дириэктэрэ» бэлиэ хаһаайына, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, «АЛРОСА» АХ бэтэрээнэ, Мииринэй куорат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....