Алгыстаах айан саҕахтара
Кэнники кэмҥэ айан суола биллэ тубуста. Урукку дьылларга тиэхиньикэ аҕыйаҕа, суол туруга мөлтөҕө, онон улахан сырыы суоҕа. Ол оннугар сөмөлүөтүнэн көтөрбүт. Билигин үчүгэй суолунан айанныырга үөрэннибит, араас кыамталаах тиэхиньикэ да дэлэйдэ. Айаннаан иһэн тохтоло суох улахан кыамталаах массыыналар субуллалларын көрөҕүн. Ыраах сирдэринэн сылдьар суоппардар хотунан-соҕуруунан аһы-таҥаһы, туттар малы, тутуу маһын, тимирдэри, оттугу уо.д.а. таһаллар, дьон олоҕор улахан көмөнү оҥороллор.
90-с сылларга элбэх тэрилтэ сабылларга күһэллибитэ. Суоппардар үлэтэ суох хааланнар, дьиэ кэргэннэрин иитэр-аһатар инниттэн ким кирэдьиит, ким иэс харчы, үлэх ылан таһаҕас таһыытыгар үлэлээн барбыттара. Айан суола аргыһы эрэйэр, алдьаннахха, суолга хаайтардахха, аттыгар киһи баара көмө-тирэх буолар. Элбэх киһи санаата, өйөбүлэ үчүгэй буоллаҕа. Таатта улууһугар уһун айан суоппардара биэс сыллааҕыта “Таатта Дальнобой” диэн түмсүү тэриммиттэрэ. Манна улахан кыамталаах массыыналаах ыраах айан суоппардара уонна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор Тааттаттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт бааллар. Түмсүү бастакы олугун суоппардар кэрэ аҥаардара Светлана Игнатьева уонна Людмила Кутугутова уурбуттар. “Улахан уйуктаах ыраах айан суоппардарын түмүөххэ наада” диэн санааттан, Таатта нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, түмсүүнү тэрийэргэ сүбэлэспиттэр. Бу сыл ыам ыйын 17 күнүгэр норуодунай тыйаатырга бастакы мунньахтарын ыыталлар. Онно 21 суоппар кыттыыны ылбыт. Кэпсэтии түмүгүнэн түмсүү салайааччытынан Ытык Күөл олохтооҕун Никифор Кутугутовы талаллар. Бастакы көрсүһүүгэ Чурапчы суоппардарын курдук кинигэ таһаарыы үлэтэ барыахтааҕыттан саҕалаан, инники үлэ Таатта нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылыгар ананан ыытыллыахтааҕын туһунан кэпсэтии барар. Ойуунускай аатын сүгэр киин уулуссаҕа түөрт палисадникка 100 мас олордуутун ыыталлар. Онтон 2017 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Дьокуускай куоракка аан бастакынан ыытыллыбыт ыраах айан суоппардарын өрөспүүбүлүкэтээҕи I съеһигэр улуустан 29 суоппар ыҥырыллан кыттыыны ылар. Съезкэ уһун айан суоппардарын ассоциацията тэриллэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 300-тэн тахса суоппар кыттыбыт. Бу ассоциацияны Чурапчыттан төрүттээх Дьячковская Евдокия Кимовна сатабыллаахтык салайбыта.
Сквер – сомоҕолоһуу үтүө түмүгэ
Биир толкуйтан элбэх санаа үөскүүр. Киһи ыра санаата олус баҕардаҕына туолар айылгылаах. Салайааччы Никифор Леонтьевич олоҕун аргыһа Людмилалыын түмсүү туох эрэ суолталааҕы, үйэлээҕи оҥордоҕуна, үлэтэ биллэн-көстөн барыа этэ диэн сквер тутары толкуйдууллар. Оҕолоро төрөппүттэрин бырайыактарын өйүүллэр. Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр - тумарык туман, өҥүрүк куйаас, ардах, хахсаат тыал быыһынан суоппар айаҥҥа турунар. Дьиэ кэргэнэ, төрөппүттэрэ, ыарахаттары көрсүбэтин, табыллыы эрэ сиэттиһэ сырыттын диэн алҕыы хаалар диэнтэн сиэттэрэн “Алгыстаах айан” диэн сквер торума үөскүүр. Дьиэ кэргэҥҥэ тапталы, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну көрдөрөр сквер олоххо киириитин үлэтэ саҕаланар. Хас эмит ыйы быһа оҕолорун, кийииттэрин кытта бырайыак уруһуйун оҥороллор. Эдэр оҕолор көрүүлэрэ, санаалара чыҥха атын көстүүнү биэрэр. Бырайыак ситэн-хотон, аны өйөтөр, хамсатар түһүмэҕэр киирэллэр. Маныаха биир идэлээхтэрэ тутууга сөбүлэҥнэрин биллэрэллэр, онтон Таатта нэһилиэгин баһылыга Е.И. Павловка көрдөрөн, тута өйөбүл ылаллар. Нэһилиэк дьаһалтата сквер тутуутугар 250 тыһ. солк. үбү көрөр уонна кииҥҥэ тутарга сир аныыр. Сайынын сквер тутуллар сиригэр үлэ күөстүү оргуйар. Бастаан уу сири көннөрөргө анаан, эргэ гарааһы көтүрэн аҕалан куталлар. Салгыы карьердаах биир дойдулаахтарбыт Чербоев Ю.Ю., Охлопков К.М. босхо буор, кумах биэрэннэр, самосвал массыыналаах суоппардар Гуляев А.П, Гуляев П.П., Христофоров Н.И., Никонов Ю.Е., Софронов П.П., Егасов П.П., Иванов Ф.Ф., Игнатьев С.П., Христофоров С.С, Чербоев Ю.Ю., Охлопков К.М., Канаев П.П. массыынатынан Шестаков Д.И. уматыктарын биир санаанан бэйэлэрэ уйунан таспыттар. Барыта 160-ча массыына буор кутуллубут. Сквер олбуорун, хачыалларын, ыскамыайкаларын бэйэлэрэ оҥорбуттар. Итиннэ суоппар Васильев Трофим туттуллар тимирдэри куораттан тиэйэн аҕалар. Кыраасканы куоракка олорор Мандаров С.С., Игнатьев С.С., Табунанов С.С. дьаһайан ыыта олорбуттар. Никифор Леонтьевич уолаттара Леняны, Семену, Никаны кытта сквер ис-тас күрүөтүн тимирин 1000 устуукаҕа тиийэ бэлэмнээбиттэр. Күрүө барыта тэҥ, көстүүтэ үчүгэй буоллун диэн барытын кээмэйдээн, хас устуука буоларынан ааҕа быһан үллэһиллибит. Суоппардар Пономарев И.А., Хаптагаев П.И., Софронов П.П. бэйэлэрин эҥэр уолаттары түмэн, бэриллибит олбуор оһуорун оҥоруутун ылсаллар. Сир бэлэмнэммитин кытта бары түмсэн сыбаарка үлэтин саҕалыыллар. Сквер киэргэтиитигэр баар сакуралары урбаанньыт В.М. Никифоровка сакаастаан аҕалтарбыттар, онтон чаҕылыйа тыгар уотун-күөһүн А.И. Неустроевка оҥорторбуттар. Сквер тротуарнай плиткатын улуус баһылыга Соров М.М. үбүлээн тиэйтэрин аҕалтарар. Тутуу оҥоһуутугар барыта 76 суоппар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ, ол иһигэр 67 киһи 663 тыһ. харчынан, 9 суоппар үлэнэн кыттыспыттар. “Алгыстаах айан” сквер ситэн-хотон, 2017 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр улуус олохтоохторугар анаан аһыллар. Үөрүүлээх лиэнтэни улуус баһылыга Соров М.М., нэһилиэк баһылыга Павлов Е.И., ЗАГС салайааччыта Пестрякова Н.В., “Таатта Дальнобой” түмсүү салайааччыта Кутугутов Н.Л. кырыйааттарын кытта, түмсүү суоппардара дьиэ кэргэннэриниин парадтаан көрөөччүлэри үөрдүбүттэрэ, Унаар Уйбаан алгыс тылынан аал уоту оттон, Үрдүк Айыылартан айан суола алгыстаах, суоппардарга үтүө айаны, дьоллоох-соргулаах буолалларын түстээн, үтүө тылларынан айах туппута. Биир кэрэхсэбиллээх дьыаланан “Айылҕаана” ийэлэр, эбэлэр түмсүүлэрин салайааччыта Бурнашева Е.И. сквергэ үүннэрэргэ рябинник талаҕы уонна уһун сылга үүнэр ромашкалары биэрбитэ буолар. Сквер аһыллыаҕыттан Дьиэ кэргэн күнүгэр ЗАГС уонна ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатын салаатын үлэһиттэрин көҕүлээһининэн, ыал буолбут дьоро сыллаахтар чиэстэнэр күннэрэ ыытыллар. Ону таһынан сыллата Библиотека күнэ сүрдээх тэрээһиннээхтик барар. Суоппардар былырыын “Ааҕар долбуур” оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Бу долбуурга биир дойдулаахтарбыт кинигэ, сурунаал аҕалан ууруохтарын, сынньанааччылар киэҥ билиини сомсуохтарын, оҕолор духуобунай өттүнэн баай буола сайдыахтарын сөп.
Бастыҥ оҥоһуулаах кинигэ
Түмсүү туһунан кинигэ таһаарыы барылын улуус библиотечнай үлэтин бэтэрээнэ, түмсүүнү төрүттэспит Игнатьева С.С. көтөхпүт. Икки сыл устата ахтыылар, хаартыскалар хомуллан, 100 ахсаанынан кинигэ күн сирин көрөр. Манна олохторун сындалҕаннаах айан суолугар анаабыт улуус 80 суоппара үйэтитиллибитэ. Кинигэҕэ Л.С.Кутугутова, Н.Л.Кутугутов, С.С.Игнатьева, В.В.Винокуров үлэлээбиттэр. 2018 с. түмүгүнэн “Алгыстаах айан” кинигэ библиотека сыллата ыытар күрэһигэр “Бастыҥ оҥоһуулаах кинигэ” анал аакка тиксибитэ.
Умнуллубат ыһыах
Бу сыл сайыныгар Таатта суоппардара Хадаайы алааска өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иккис үбүлүөйдээх суоппардар ыһыахтарын тэрийбиттэрэ. Онно 12 улуустан 160-ча суоппар дьиэ кэргэниниин, ыалдьыттардыын, тэрийээччилэрдиин барыта 300-кэ киһилээх ыһыах ыытыллыбыта. Ыйааһыннарынан спорт 8 көрүҥэр тыҥааһыннаах киирсиилэр, саха таҥаһыгар, ырыаҕа күрэстэр, массыына соһуута тэриллибиттэрэ. Суоппардар анал бириистэри, тэрээһиҥҥэ кыттыы харчытын бэйэлэрэ уйуммуттара. Ону таһынан Винокуров Г.Г., Григорьев С.Т., Игнатьев С.С., Игнатьев С.П., Кутугутов Н.Л., Соров М.М.,“Аллан” маҕаһыын (Винокуров А.Г.), “Айаана”автоледилэр түмсүүлэрэ, “Үрдэл” автооскуола (сал. Ефимова А.Е.), “Мясной двор” эргиэн тэрилтэтэ (Макаров А.Г.), “Монтажник” (сал. Ханин А.М.), “Дьохсоҕон нэһилиэгэ” МТ (баһ. Захаров П.Е.) уо.д.а. Ыһыах нэһилиэк, улуус дьаһалталарын, култуура улуустааҕы салаатын, “Сарыал” сынньалаҥ киин, улуус урбаанньыттарын өйүүр киин (сал. Мосоркина М. Р.) көмөлөрүнэн-өйөбүллэринэн үрдүк таһымҥа ыытыллан, биир күн биир тыынынан барбыта диэн билиҥҥэ диэри ахтыллар, кэпсэнэр.
Тэрээһиннэрэ, аахсыйалара үгүс
Түмсүү 2019 сылтан оҕолорго анаан Саҥа дьыл утренниктарын ыытар. 2019 с. атынан сылдьан ыалларынан бэлэх түҥэппиттэр, 2020 с. көрсө “Сарыал” нэһилиэк сынньалаҥ киинигэр, 2021 с. көрсө нэһилиэк киин харыйатыгар утренниктарын ыыппыттар. Никифор Кутугутов Тымныы оҕонньор, Сидорова Туйаара Хаарчаана буоланнар оҕолору сыллата үөрдэллэр. “Эрэл” киинэ ыытар “Сүрэхпит сылааһын оҕолорго” үтүө санаа аахсыйатыгар үһүс сылларын кытталлар. Ол курдук аһымал аахсыйаларга 2018 с.- 145 тыһ. 400 солк., 2019 с. - 950 тыһ. солк., 2020 с. - Кыайыы күнүгэр улуус тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии сылларын оҕолоругар 18 олбоҕу тигэн уонна 6 суоппардар төрөппүттэригэр ас наборун бэлэхтээбиттэр, 2021 с. 185 тыһ. солк. аахсыйаларга көмөлөспүттэр. 2020 с. Оҕо көмүскэлин күнүгэр “Мой папа-дальнобойщик” уруһуй уонна видеоролик күрэһин ыыппыттар. Ковид ыарыыны утары 15300 т. солк., соҕотох ийэ Стручкова Я.В. оҕотун эпэрээссийэтигэр 44500 т. солк. ыыппыттар. Онтон Ытык Күөлгэ уот суоһаабыт ыксаллаах күннэригэр түмсүү суоппардара 38 тыһ. солк. уу харчынан, 30 тыһ. солк. аһынан көмөлөстүлэр. Инникитин даҕаны бу үгэһи ситимнээхтик ыытаары торумнууллар.
Суоппар идэтэ удьуорунан салҕанар
Билиҥҥи туругунан түмсүүгэ 150-ча суоппар баар. Олор истэригэр кырдьаҕас суоппардар, айан солбук суоппардара эмиэ бааллар. Манна суоппардар Захаров А.П. уолунуун Захаров А.А., Игнатьев С.П., уолунуун Игнатьев С.С., Аржаков А.А. уолунуун Аржаков А.А., Халыев М.М. уолунуун Халыев М.М., Тарабукин В.В. уолунуун Тарабукин В.В., Гуляев П.П. уолунуун Гуляев А.П., Никитин И.И. уолунуун Никитин И.И., Хаптагаев П.И. уолунуун Хаптагаев А.П., Пономарев И.А. уолунуун Пономарев Л.И., бииргэ төрөөбүт убайдыы-быраат Цой Г.М., Цой М.М., Васильев Т.В., Васильев И.В., Васильев А.В., Аввакумов Н.И., Аввакумов И.И. курдук удьуор суоппардар баалларын үөрэ кэпсииллэр. Ол аата ханнык да кэмҥэ суоппар идэтэ наадалааҕын, туһалааҕын, удьуорунан утумнуурун көрдөрөр.
“Ыраах айан суоппардара сомоҕолоһон, түмсэн, үрдүк хаачыстыбалаах тупсаҕай тутууну оҥорон төрөөбүт улууспутугар бэлэх ууммуппут. Ханнык да тэрээһиннэртэн туора турбакка, биир санаанан кыттабыт, көмөлөһөбүт. Бу курдук хас биирдии түмсүү үйэлээҕи, кэскиллээҕи оҥордор, улууспут киэргэйиэ-тупсуо турдаҕа”, – диэн түмсүү салайааччыта Никифор Кутугутов санаатын үллэстэр. Бу курдук киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах, ыарахантан чаҕыйбат суоппардар үлэлэрэ-хамнастара кэҥии, сайда, айаннарын суола тыргылла турдун.