24.06.2021 | 10:00

Алгысчыт Афанасий Федоров: «Сылаас илгийиэ. Туохтан? Сырдык сыдьаайыа. Хантан?»

Алгысчыт Афанасий Федоров: «Сылаас илгийиэ. Туохтан? Сырдык сыдьаайыа. Хантан?»
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Билбэти арыйыы

Айыы дьоно,

Күн оҕолоро

Алгыстаах санаанан

Арчылана сылдьыаҕыҥ,

Үөһэ айыыларбыт

Сырдык ситимнэрин

Сыыһа-халты туппакка,

Айан ыыппыт аартыктарын

Таба хаамар туһугар

Өйбүтүн-санаабытын

Холбуоҕуҥ, бука бары!

 

Дуонай

Ити тылы истээт, туох үчүгэй ааты ылыммыт киһиний, “Дуо, уон, ай” үчүгэй тыллартан бэйэтэ сыымайдаан таллаҕа дуу дии санаабытым. Мин улахан дуолан диэҥҥэ майгыннатабын. Афанасий Семенович Федоровы – Дуонайы билиһиннэрэр оччо наадата суох. СӨ үтүөлээх артыыһа, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.Е. Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Дьокуускай куорат, Уус Алдан улууһун, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ үксэ Орто дойду олоҕун торумнуур өттө уонна кини сылдьыбыт сирдэригэр уһуллубут киинэлэрин, саха сиэрин-туомун  элбэхтик толорорун көрбүт аан дойду араас муннуктарын  култуурологтара, историктара, этнографтара, фольклористара, улахан учуонайдара  билэллэр. Аҕыйах ахсааннаах саха, хотугу омуктар үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун  араас былаас мэлитэ сатаабытын, сөргүтэрин, пропагандалыырын норуоттар сүппэттэрин, өссө сайдалларын туһугар сынньанары билбэккэ үлэлиирин  улаханнык сыаналыыллар.  Ол эрээри Афанасий Семенович  билбэти, таабырыннааҕы  арыйарын курдук, кини туһунан биир дойдулаахтара харыстыы сылдьарбытыттан эһиги үөйбэтэххитин быктарыхпытын сөп.

--Убаастыыр учууталбынаан Иван Данилович Жирковтуун сахаттан, ордук Дүпсүнтэн ким үчүгэй буоллар эрэ үөрэр да этибит. Эн ааккын ааттатарбын эрэ: ”Һэ-һэ,  Дуонай...” диэт, мүчүҥнүүрэ. Сэрэйэн өйдөһүүттэн, бэйэбит курдук сэнэммит аймах оҕото сэттэлэрин көрдөрөрүн ырытыһарга тиийэрим. Киниттэн эн тускунан элбэҕи билбитим.

--Ама. Баар-суох доҕорум. Барыбытын таптал эбэтэр сэнэбил ааттары иҥэрбиттэринэн ыҥыраллара. Миигин ити  “дуона суох” суох оҥоро сатаабыттар. Ити “Дуона суох” диэн -- ол аата харысхал.

-- “Сэниир сэттээх. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ” диэн  өс хоһооно баар. Ол эрээри эн, онуоха аанньа ахтыбаттарын аҕыс уон аҕыс алгыһынан аал-луук мас буолан лаглайбыккын.

Үрдүк Айыылар дьаҥы дьалбарытыҥ даа

Дьиэбэр кэллэҕинэ хайаан да алҕааччы. Ыһыах күн ама ол үгэһи умнуо дуо? Аал Уоту оттон айах тутан, сыт таһааран, Хатан Тэмиэрийэттэн көрдөһөн алаһабытын, биһигини, дьиэлээхтэри, чугас дьоммутун алҕаата. Ол кэннэ Үрдүк айыыларга тиийэн, сордоох дьаҥы  дьалбарыталларыгар балайда элэ-была тылын эттэ.  

--Афанасий Семенович, ити дьаҥтан быыһанарга хаһыс көрдөһүүгүнүй?

-- Бастакым. Тоҕо эрэ аһыллан тахсан онно тиийдим. “Билбэт баҕайыттан норуоппутун босхолууртан хайдах гыныах баҕайыный?” диэн толкуйдуу сатыырым. Хас да атыҥҥа анаммыт алгыстарбар оннук төбөбөр мэлдьи баарынан син биир иэҕиллэн кыратык аҕыйах тылынан арчылыылларыгар ааттаспытым. Дириҥҥэ тиийбэтэҕим. Анаан оҥостон улахан кутаа оттон, ити ыарыыны мүлүрүтүүгэ кыалыннаҕына, кыйдыырга аналлаах сиэр-туом бэлэмнии сылдьабын. Онно бу бастакы ааны сэгэтии, чинчилээһин буолла.

--Бары да онтон –мантан хайдах көрдөһүөхпүтүн дуу, хайыахпытын дуу сатаан санаабаппыт. Наһаа да эрэйи көрдүбүт.

--Диэмэ да.

--Санаабар Бөтүрүөпкэ куйаас өссө күүһүрдэр уулларан, атырдьах ыйыттан ама буолар инибит.

 

“Ардаҕы түһэрэн, баһаары тохтоттулар”

--Итинник сураҕы соцситимҥэ суруйуу ортотугар бу удаҕаттар кыайдылар диэбиттии хаартыска таһаарбыттар.    Арай, көрбүтүм биир кэрэ кыыс уон үс муостаах дүҥүрү тутан турар. Мин эпоһы, фольклору, этнографияны син хаһабын. “Ойууттар, удаҕаттар“ кинигэ, элбэх суруйуу ааптарабын.  Олоҥхоҕо да, номохторго да, архыып матырыйаалларыгар, мусуой экспонаттарыгар   даҕаны удаҕан дүҥүрэ кыра, төгүрүк гына ойууланар... Улуу Кульбертинова видеоҕа кып-кыраны тутан ойуоккалыыра көстөр. Чэриктэй Биэрэтэ олох да дүҥүрдэммэт. Добун ойуун да гиэнэ тоҕус муостаах, биирдэ онтон ордук буолар. 

--Оттон итинниктэр баар буоллулар дии.   

--Ити удаҕаны билэҕин дуу?

--Суох. Дойдутугар да билбэттэр үһү диэбиттэрин истибитим. Быһылаантан быыһыыр улахан киһи үөскээбит буоллаҕына үчүгэй. Ол эрээри ойуун малынан оонньуур сэрэхтээх.  Ойууҥҥа үөһээлэр хантан, киминэн,төһө үрдүктэн, туох мастан дүҥүрэ ол муостара хаһыгар сөп түбэһэри ыйан биэрэллэр. Үүнэн турар маһы сиҥнэрбэккэ быһан ылаллар. Охтубут мастан дүҥүр кыаҕа кыра. 

 

Дьикти бэлиэлэр  

Итииттэн дьиэҕэ саһан, үгүстэр, эдэрдэри кытта эппэҥнии сыталлар. Ол  кэмҥэ  да, 80 сааһын быйыл туолбут убайдаатар убайым   Афанасий Семенович хаһан баҕарар буоларыныы, мэлдьи сөхтөрөр.

Кинини ханнык да күҥҥэ сүгүн олордубаттар. Эгэ ыһыахтарга? Аҥаардас алгысчыт эрэ буолбатах, сценарист, уһуйааччы, чинчийээччи, артыыс. Концертары, испиэктээкиллэри, киинэлэри төһөлөөх дириҥ ис хоһооннообута буолуой?   Онно ону оҥороору, манна саҥаны -- уораҕайдары аһаары, ордук аартыгы арыйыыга, тутуу дьэндэтии акылаатын түһэриигэ... Төлкөлөөхтүк түстүүргэ, Байанай тардарга, ыраах айаҥҥа арчылыыр аргыһы аныырга  ким ордук буолуой диэтэллэр эрэ, сыһыаннаах дьон  истээт, тута бастакынан Афанасий Семенович дии түһэллэр. Табыллыбатахтарга санаа баттыырыттан көхсүнү кэҥэтээччи – Афанасий Семенович! Уруу тэрийээри, үбүлүөйдээри гыннылар, алгысчытынан  ааттаах-суоллаах Афанасий Федоров кэлэн дьоро киэһэлэрин киэргэтиэн баҕараллар.

Ол быыһыгар хаһыаттар, тв, араадьыйа, соцситимнэргэ интервью ылаары ыйыталаһыы, ыынньаҕалатыы кытаанаҕа. Кини аны кинигэ бөҕөнү суруйар, таһаартарар. Онтукаларын төһөлөөх тутталларын ким билиэй?      Ыһыахтарга кинини кыттыһыннарбатахха дьон соһуйар да ини. Ама хайаан?

Миэхэ дьиэбэр сарсын (бэс ыйын 22-гэр)  кэлиэх буолта. Хата, диэ!!! Бүгүн (21.06.2021) тии   йиэм диэтэ. Улахан тойоҥҥо алгыс оҥоруохтааҕа,  Москваҕа тардыллыбыт. Онон бу үлүгэр ыһыах  бырааһынньыктарын “Үс Хатыҥҥа”, атын да сирдэргэ  хас да хонук анараа өттүттэн камераҕа уһулан ыыталларын түүннэри–күннэри бэлэмнии,  оҥорсо аҕай сылдьан, быыс булан бүгүн өҥүрүк куйаас сарсыарда бэйэтин массыынатын  ыытан кэлэн  үөртэҕиэн!   

  Киһи кинини көрөн, бу ыгым кэмҥэ  холкутуттан уоскуйар, наҕылыттан   налыйар. Мэктиэтигэр тириппэтэх даҕаны.  

Ааспыт сыл бүтүүтэ Ньукуолун күн сарсыарда эрдэ ахсынньы аар-даам  50-чэ кыраадыс томороон тымныытыгар балайда ыраахтан, өссө үлэтинэн эргийэн, алгыыр малын ылан аҕалбыт. Онтуката балайда ыараханынан такси сакаастаатым. Саҥа дьыл чугаһа, туман, массыына кэлэригэр тиийбэккэ: “Мааҕыын оптуобуһунан бэрткэ кэлбитим. Тиийиэм-тиийиэм”, -- диэт хаһыытаппытынан тохтобул диэки бара турбута.

Сордоох пандемия мэһэйдээн бу көрсүһүү хас да  көһөн, тоҕо эрэ Үөһээлэр бэлиэ күннэргэ түбэһиннэрдилэр. 20.20 (сүүрбэһис сыл кэнники сүүрбэһис күнүгэр) саамай уһун түүннээх кыһын бытархан тымныытыгар, Ньукуолуҥҥа уонна 21.21.21 (21-с үйэ, 21 сылын, 21 с –күнүгэр)  саамай уһун күннээх СӨ бастакы бэрэсидиэнэ М.Е.Николаев ыйааҕынан   ыһыаҕы  национальнай бырааһынньыгынан биллэрбит күнүгэр Туймаадаҕа Улуу Туймаада ыһыаҕын добун алгысчытын кытта өҥүрүк куйааһы билиммэккэ хас эмэ чаас сэһэргэстибит.

Ырайга сирдээччи –ити эн, ийэҥ дуо?

--80-кын ааһан да баран,  бу пандемия кэмигэр да сүгүн олорбоккун. Өссө онлайнынан конференция, лекция оҥороҕун. 

--Оннук үөрэнэн хааллахпыт дии. Ийэбит –аҕабыт, кэммит эйгэтин үөрэтиитэ оннук.

--Кэнники кэмҥэ “Алгысчыт Мэхээлэ” диэн Сэмэн Ермолаев киинэтэ таҕыста. Доҕорум Сиэн Өкөр эйигин сөбүлүүр. Айымньыларга арыалласпытыҥ элбэх. Дүпсүҥҥэ тахсыһа сылдьан, дойдубут туһунан ырыалары биһигинээҕэр ордук билэрэ. Афанасий Федоров өтөҕүнэн, сайылыгынан илдьэ сылдьан үөрэппитэ диэбитэ.

Ити “Алгысчыт Мэхээлэтигэр” “Үс Хатыҥ” дьаҥынан сабыллан турарын харабыллыырга солбуйан чуҥкуйан олордоҕуна, хатааһыннаах хос иһигэр тыас лүһүгүрүүр. “Дьик” гынан киирбитэ. Соччото суох сирэйдээх-харахтаах, барбах таҥастаах-саптаах уол олорор. Онтукабыт үөр эбит. Илэ абааһы кэлбит диэн сүрэх хайдыан сөп.  “Эн ийэҥ ыытта”  диэн анараа дойдуга барбыт күндү киһитин билигин да дьоҥҥо үчүгэйи оҥоро сылдьарын кэпсиир. Бу сиртэн барбакка эрэйдэнэ, онтон кэлбэккэ бокуонньуктарга ырайга тахсар суолга угуйар эбит. Онно бу уолу көрсөн кэлэригэр сорудах биэрбит...

--Ити эн, дьиҥ олоххуттан ылыы дуо?

--12 сааспар бииргэ төрөөбүт убайым соһуччу өрөҕөтө хайдан өлбүт соһумар сураҕа кэллэ. Ону баран, оһолломмут сириттэн сыарҕаҕа тиэйэн оҕуһунан дьоммор тиийбитим. Арай  энэлийии иһиллэр. Мин соһуйдум. Биир эмээхсин ыллыырын кэккэлэһэ олорор эмээхсин син солбуйда. Ол курдук биирэ тохтуурун кытта иккиһэ энэлийэр. Убайым куһаҕан буолбутугар итинник олороллорун оччо сөбүлээбэтэхпин көрөн ийэм быһаарда: “Тукаам, ити үөһээ айыылартан кутун чэпчэкитик, түргэнник эрэйдээбэккэ ылыҥ диэн ыллыыллар”. Түүнү быһа энэлийбиттэрэ. Сарсыарда барбыт этилэр. Чуваштарга 27 итинник тиһэх суолга атаарыы ырыалаахтар эбит. Оһолго өлүккэ, бэйэтигэр тиийиммиккэ тус-туспа. Эдэргэ-кырдьаҕаска, күүстээх-кэрэ аҥаардарга  атын-атын. Биһиэхэ эмиэ баара симэлийдэҕэ.   

   

 

Ол иһин...  

Төрөппүттэрбититтэн саҕалаан, төһө да убайым сүүрбэ сыл аҕа буоллар, тоҕо эрэ иккиэн маарынныырбыт үгүһүттэн үөрэбин. Уратыбыт аҕыйах эрээри олох тосту. Ийэм үчүгэй киһи курдук буола сатаа диирэ.

Аҕаларбыт алта уоннарыттан тахсан сылдьан анаара  Айыылардыын көрдөһөн  айбыттар. Элбэх оҕолоох ыаллар кыраларабыт. Санаабытын түһэрбэппит.

Сандал сааскы сарсыардаларга аламай маҥан күнү кытта тэҥҥэ Дүпсүҥҥэ, биир роддомҥа, ийэлэрбит 45 саастарыгар орто дойдуга истэриттэн таһаарбыт кыра оҕолоро эбиппит.

--Мин аҕам оскуолаҕа киирэрбэр, 74 саастааҕа. Эһэҥ кэллэ диэтэхтэринэ кыбыстар этим. Онуһу бүтэрэрбэр 84 саастааҕа.

--Эн, аҕаҥ... -- күлэ түһэр ытык ыалдьытым. Салгыы сөҕүүлээх куолаһынан:

--Оо, айака кыах киһи этэ. Бурҕаҥнатан хааман–сиимэн, оттоон-мастаан, булка кэлэн-баран үлэ бөҕө. Эчи бөдөҥө-садаҥа. Мин аан бастаан ойбон аттынан утары иһэрин көрбүтүм. Миинэн иһэр атыттан атаҕа сиргэ соһуллан иһэрэ. Тохтуу биэрдим.  Сүллүүкүн ууттан илэ тахсан иһэр дии санаат, эргиллэ түһээт, дьиэбэр  куоппутум. 

Мин дьонум холкулар, кэннилэриттэн лэппэрдии сылдьабын.  Сэрии кэмин оҕотобун. Кыһалҕалаах эйгэ оҕото кыратыттан ону-маны ыраҥалыы өйдүүр. Аҕам оскуолаҕа оһох оттор остуораһынан үлэлии сылдьан бириэмийэтигэр биир ити баччыыҥка хоруопкатын саҕа холбуйалаах американскай рафинад саахар ылан кэллэ. Ону күҥҥэ биирдии кубигынан күндүлүүллэр. Оннук минньигэһи сии иликпин. Куһуок саахар кыбыс-кытаанах, соҕуоҕунан алдьатарбыт. Бытархайыгар диэри былдьаһарбыт. Хачыгыратыы. Аны ол американец-саахар  сымнаҕас, өссө ордук амтаннаах.

Дьиҥэ аһы холкуостаахтар уонна кинилэр оҕолоро оҥорор этибит. Онтукабытын бэйэбитинэн ханна эрэ тиэйтэрэн ыыталлара. Ону оҥорооччуларыгар өлүүлээбэттэр. Чурапчылар көһүүлэрин туһунан испэктээкил туруортарбыттара. Ахтыыга балыктаабыттарыттан амсаппаттар. Онтукалара сытыйбытын өрүскэ таҥнары анньаллар.  

Мин мэлдьи аччыкпын. Эн, аҕаҥ бастакы ойоҕунаан элбэх оҕолоохторо.

Оҕолоро утуу–субуу бараахтаабыттар. Аҕам биир сайын биэс оҕону көмпүтүм диирэ. Биир эрэ ордубута, 80-чатыгар барбыта.

--Буолуо. Мин оскуолаҕа барар-кэлэр аартыгым аттыгар олороллоро. Ааһан истэхпинэ көрдөхтөрүнэ ыҥыран киллэрэн суорат кутан сиэтэллэрэ. Ону сиэри соруйан ааннара аһаҕас буоллаҕына онно уонна түннүктэрин чугаһыгар көрөн ыҥыраайаллар диэн бытааран, тохтуу-тохтуу ааһарым. Ол курдук ас кырыымчык.

Оскуолаҕа лэппиэскэлээх бардахха былдьаан сииллэр.  “Хараҥа муннугар” оҕолору, оннооҕор Бээди, Остуойка, Дыбаадыма, Баарда курдук ыраах алаастарга барыахтаахтары туруораллара. Аччыктыыллар. Киэһэ хараҥаҕа босхолууллар. Биирдэ миигиттэн: ”Дьонуҥ лэппиэскэлииллэр дуо?”-“Ээ, киэһээҥҥи аһылыкка буһарааччылар,” биһиэхэ аҕалыаҥ дуо?”-“Сөп”. Тылбар турбуппар олус да үөрбүттэрэ. Ол гынан киэһэ аһылыга суох уку-суку хоммуппут. Хаһан да куоластарын соноппотторо. Эгэ, ол аһыныы түгэнигэр...

--Барахсаттар. Кинилэри долгуйа ахтан, ийэбин санатан уйадыттыҥ.    

--Эн, ийэҕин ыалдьар диэн биһиги сайылыкпытыгар ити балаҕаммытыгар хонон ааспыттара.

--Дойдугар төһө сылдьаҕын?

--Киһи айылҕаттан өй-күүс, санаа-эрэл ылар. Төрөөбүт дойду саҕа элбэҕи биэрэр баара буолуо дии санаабаппын. Ити өтөҕүм турар. Тулабытыгар урут барыта тиит этэ. Арай икки эрэ  бэс бэйэ-бэйэлэриттэн чугас-чугас тураллара.

 

Үс бэс

-- Ол бэстэр мин  алгысчыт буоларбар сабыдыаллаахтар. Айыылартан, айылҕа кыһалҕалаахтар ордук көрдөһөллөр. Аҕам Япония сэриитигэр сылдьыбыт  биитэ, Читаҕа билиэҥҥэ ылыллыбыт үс ньүкэн сэрииһиттэри харыбыллыырыттан, аны ол баҕайылар өлөрөн кэбиһиэхтэрэ диэн куттанар эбит.

--Дьэ, Үс Ньүкэнтэн өлөрөргө-өһөрөргө тыйыстык үөрэтиллэн, соруктанан кэлбит дьон сырыттахтара. Оҕо эрдэхтэриттэн дьону тыыннаахтыы сүлэртэн, ымыр гыммат тыйыстар.  Самурайдара, ниндзялара биирдии бэйэлэрэ саабыланан сүүстүү да киһи төбөтүн лэкээрис гыналлар.   

--Ол иһин арааһа сэрии саҕаланыаҕыттан ордук алгыыр буоллаҕа. Удьуордардарыттан утумнаттаҕа.  Бэстэн -- бэскэ ситии тардан, салама ыйыыра. Уонна кутаа оттон, алҕаан ботугуруура. Миэхэ лэтээги өлөттөрөн, ону сүрэҕин-быарын ороон уокка биэрэрэ, бэйэтин ситиигэ таҥнары ыйыыра.

Ол мастар сууллубуттара, бу биир бэс үүммүтүн күрүөлээбиппит.

--Ол хатыҥ бөҕө дии.

--Итилэр кэлин үүммүттэрэ.

--Кэрэ айылҕа эбит. Күөх Эбэ бэргэнник ааттаабыттар.

 

Сайылык

-- Оо, сайылыкка тахсарбыт. Бастаан биһиги тиийэбит Туолаҕа. Онтон Көстөкүүннээх кэлэллэр. Колкуостаахтар  караваннарын сыарҕаларыгар тиэйбит малларын кыһыл – хара саахыматтыы тигиилээх көбүөрдэринэн бүрүйэн аҕалаллара. Ымсыыран кылаҥнаһыы. Туох элбэх баар  буолуой? Маллара да аҕыйах. 

Дьэ, тута сөтүөлүү сырсабыт. Тула мутукчанан дыргыйар тыа. Онно моҕотойдуу сүүрүү. Сибэккилээх хонуу, чомполонор күөлбүт уутун, кытылын чэлгиэнигэр алаадьы сыта ыраахтан кэлэрин кытта ол диэки түһүнэн кэбиһэбит. Тотон баран хаамтахха, чыычаах ырыата, кэҕэ этиитэ, сылгы кистээһинэ, ынах маҥырааһына, сылгы- кулунчук кистээһинэ.

 

Муос уонна ситим

Киэһэ икки атыыр оҕуһу ыраахтан мөҕүрэтэн, айаататан лаҥкынатан, буору хастаран бурҕаттаран аҕалаллар. Туора Муос диэн икки өттүн ыйар муостаах семментал бөдөҥ соҕурууттан кэлбит боруода уонна Сүүрүк диэн саха оҕуһа. Өр да ньоҕойдоһоллоро. Бастаан лачырҕатыһан баран,   сылайан аҕылаһан тура түһэ-түһэ эмискэ уруттаан түсүһэ сатыыллара. Тоһуйса сатаан баран сэниэни эһэн туһа суох буолсу диэбиттии туора хаамсан кэбиһэллэрэ. Сыл аайы: “Хайалара кыайыай?”—таабырын, билгэ. Ким Сүүрүгү, ким Туора Муоһу талар. Туһа суох. Мэлдьи тэҥнэһии.

Онтон дьөһөгөй оҕолорун көрсүһүннэрии. Биһигини аҕаларга анаабыт атыырдара миэхэ, доҕотторбор эмискэ түһээри бу хахыллан кэлэр,  атаҕынан тэбээри-тэпсээри дьигиһийии-иҥэрсийии бөҕө. Охсуһуулара эмиэ ынырык. Хайалара да хотторуон баҕарбат.    

Сайылыкка араас бурдук бааһыналарыгар, от ходуһаларыгар, тэлгэһэҕэ  дьоммутугар көмөлөһөн киһи-хара буоллахпыт.

Аҕам тимир-мас ууһа. Үксүн бараана оҥороро. Боростуой быһахтары да охсоро. Ийэм ыалдьар. Сүөгэйи иирдэригэр сэниэтэ эстэн бэргиир. Киниэхэ саар ыаҕаска бэлэсипиэт эрийэрин олордон бэрт түргэнник арыылыыры оҥорбута.  

--Рационализатор эбит.

--Өссө оһохчут.

--Оо, оччолорго оннук идэлээх ыҥырыыга сырыттаҕа.

-- Аҥаардас оскуола 32 оһохтоох. Аҕам икки этээстээх дьиэни олорунан ититэрэ ыарахан этэ. Өрөмүөн, буруо, быыл бөҕө. Баһаар сэрэҕэ түүннэри маныыра. 

Оҕолору мөхпөттөр. Барыбытын таптал ааппытынан ааттыыллара.

Сиэн Өкөр итинтэн “Охоноон”, “Сайылык” диэн киинэлэргэ Афанасий Федоровиһы сүрүн дьоруой оҥоһуннаҕа.  Өссө Дьоппуонньуйаҕа дойдутун ахтан сордонооччу өрөбөлүүссүйэ дьалхааныттан эмиграцияламмыт саха туһунан айымньылаах. Ол курдук убайбыт бэйэтэ, дойдута  атыттарга эмиэ өй угар.  

Ийэ-аҕа сабыдыаллара

Мэлдьи барыны чинчийэ-билэ сатыы, онтон–мантан ботугураан көрдөһө, тугу барытын алгыы-арчылыы сылдьаллара. Ону үтүктэн бу алгысчыт-арчыһыт буоллаҕым.

Өлбүт дьоннору тиһэх суолга атаарыыга эмиэ көрдөһөбүн. Ол дойдуга барыта үчүгэй үһү. Онно тиийдэххинэ, биһиэхэ үтүөнү эрэ түстээтин диэн буолар.

Аҕам анаан лекциялары ааҕара. Балтараалыы чааска тиийэ. Дьэ, ким тугу, хайдах саҥаран туох буолбутун быһаарара. Арыгыттан алдьарыйбыттары ахтара ахсаана ааҕыллыбат. “Мээнэ бэлэстэтэн,  бас-баттах баран былаҕайга былдьанна. Эн оннук буолума” эбэтэр “Дьэ үтүө дьону кытта алтыһан, кинилэртэн үөрэн!”—көрө-истэ сылдьар дьоммут хаһан, хайдах сылдьан хайдах буолбуттарын кэпсээн  ханан сэрэнэрбин, тугу батыһарбын ыйара. 

--Мин ийэм курдук эбит.

 

Култуураҕа кучуллуу

--Эн бастаан ханна да үөрэнэ барыаххын баҕарбат эбиккин.

--Учууталлары кытта наһаа эллэхтэһэн, кылайан олох үөрэх диэни иһиттим да мах бэрдэрэрим. Уһун тылбын кыаммакка, оскуолаттан уһуллан хааллым. Дьонум Бороҕоҥҥо тырахтарыыс курсугар ыыттылар. Ону бүтэрэн кэлэн тыраахтар мотуорунан уот биэрэр ыстаансыйаҕа үлэлээбитим.

Ол сырыттахпына, мунньах буолла. Бэбиэскэҕэ биир боппуруоһунан культпросвекка миэстэ биэрбиттэригэр кими ыытыахха сөбүн дьүүллэстилэр.  “Афоня бэркэ ыллыыгын. Эн бар”, --диэтилэр. “Ээ, онно баран күлүгээн буолуо”,--диэнтэн суугунааһын саҕаланна. Ол кэмҥэ кулууп кырдьаҕас дириэктэрэ “Афоня барара ордук. Олус тапсабыт. Хата миэхэ кэлэн көмөлөһүө. Устунан бэйэм оннубар дириэктэрдиэ” диирин кытта айахха астарбыттара.

  

Куһаҕан сирэйдээххин эҥин дииллэрэ кыһыыта бэрдэ.

--Эс. Урут 50, 60, 75 саастаргар хаһыаттарга тахсыбыт мэтириэттэргиттэн  сэбэрэҥ бу аҕыс уоҥҥар да оччо уларыйбатаххын. Кыыс кэрэ киһи диэн эн курдуктары хоһуйаллар ини. 

--Сирэйбэр эбир тахсара. Ол сүппүтэ.

--Ээ, миэнэ эмиэ. Үгүс биллиилээх дьон оҕо эрдэхтэринэ баппаттар, онтон киһи кэрэмэстэрэ буолаллар. Эн кими эмэ кытта охсуспутуҥ- этиспитиҥ дуо?

--Онтон ол учууталларбын, дириэктэрбин кытта.

--Оннук киһини сорохтор буулаан муҥнааччылар.

--Билиҥҥэ диэри атаҕастыыры туохтааҕар да абааһы көрөбүн.  Бардамнаан иһэн  холкубуттан дуу, тохтоон хаалаллар.

--Хараҕыҥ уоттаах, тылыҥ ылыннарыылаах. Баҕар, онтон буолуо.

--Ол да гынан биирдэ уулуссаҕа ол орох  урдустара саллаллара.

Дьэ, ол культпросветка үөрэнэ сылдьан иккис курстан хоровойга үөрэнэр Кларалыын билсэн ыал буолтум. Кини биир сыл хойутаан бүтэрэрин кэтэһэ, Сэбээн Күөлгэ кулуупка дириэктэрдии барбытым. Эһиилигэр иккиэн кини дойдутугар кулуупка ананан бардыбыт. Арай, дириэктэртэрдии сырыттахпына, сурук кэллэ. Бороҕоҥҥо билсибит, Дүпсүҥҥэ ыстаансыйаҕа бииргэ үлэлээбит доҕорум Баһылай Бочкарев (Кэлин РФ скульптора, суруйааччыта,  суруналыыһа буолта—И.У.) ыыппыт.  “Мин Москваҕа Суриковка үөрэнэ барар буоллум. Дьокуускайга Щепкиҥҥэ театральнайга оҕолору талан  эрэллэр. Эйиигин үөрэ ылыахтара. Бииргэ сылдьыахпыт...” диэн доргуччу аахтым.  Тапталлааҕым истэн баран: ”Бэйэҥ быһаарар буоллаҕыҥ” диэн кэбистэ. Икки кып-кыра оҕолоохпут. Туйаара  биирин саҥа ааспыт, Петя аҕыйах ыйдаах. Олор ийэлэрэ инньэ диир. Барар буолан хааллым. Клара Егоровна күн бүгүн ыалдьа сытан да, 60-ча сыл устата миигин өрө тутта аҕай. Кинини таптыырым, ытыктыырым күүһүрэн иһэр. Элбэх үтүөнү оҥорбутугар  хайдах махтаныахпын өйүм хоппот.

   

Артыыс аартыга, уһуйааччы суола

Ол Щепкиннэр сыаналаан Беларуссияҕа, Свердловскайга киинэҕэ уһултарыыларга ыыппыттара.

Театр тэтимэ

Ханнык да  оруолга бэйэҥ ол персонаһыҥ, уобараһыҥ иһигэр киирэн  киэҥник арыйа сатыырбытыгар үөрэппиттэрэ, ирдээбиттэрэ. Ф.Потапов да, А.Борисов да миэхэ элбэҕи эйгэлээбиттэрэ. Олох эдэрбэр Дмитрий Ходулов хаартыскатын кэннигэр алҕаан бэлэхтээбитэ баар.

--Сүрдээх дии.

-- Андрей Саввич “Улуу Кудаҥсаны”туруорарга турунна. Хамсатыы абытайа. “Чачыгый Тааһы оонньоо, онон бар, архыыбы үөрэт”. Дьэ ити бу билиҥҥи аартык аттанар ыркый  ыллыгым буолта.

 

Учуутал уонна холууп

Арай, Москваҕа сылдьар кэммэр учууталбар Михаил Николаевич Глазковка тиийбиппэр миигин: ”Эн театртан бар. Норуотун үгэстэрин тилиннэрэ-сайыннара учууталлаа”, --диэн кэбистэ.        “Бай, куһаҕаннык оонньуур артыыс”, -- диэн тиэртэхтэрэ. Син-биир дьоҕурдаахпын бигэргэтиэм”-- санаам кыйаханна.—“Хантан ол оскуоланы кимнээҕинэн  тэрийэбин? Үөрэнээччилэри хантан булан, хайдах иитэбин?”—өйүм муммутун өтө көрөн, учууталым санаабын көтөҕө сатаата: ”Барыта кэлиэ”.

Тахсан санаам түһэн баран истэхпинэ, холууп санныбар олорон саахтаан кэбистэ. Харчым аҕыйаҕыттан чорботунан нэһиилэ ылбыт хаарыан көстүүммэр. Сотто сатаатым, марайа баран да бэрт...

Куһаҕан үчүгэйдээх эбит. Айыылар ол холууп сааҕынан миэхэ үчүгэйи түстээбиттэр эбит.

Дьэ, онон суола аһыллан бу алгысчыт аартыга аһыллыбыта.

 

Омуктары сөхтөрүү

--Ордук ханна сылдьыбыккын үчүгэйдик саныыгын.

--Саханы төһөнөн элбэх киһиэхэ умнуллубаттык улахан култууралаах омук дэтэргэ дьулуһабын. Индонезияҕа Суракартаҕа ЮНЕСКО киһи-аймах шедеврдарынан биллэриллибит айымньылардаах куораттар делегацияларын ыҥырбыта.  Бастаан бараат буолла. Онно бары национальнай музыкаларынан доҕуһуоллаан хааман истибит.  Уулусса икки өттүнэн олохтоохтор, туристар үмүөрүһэллэр.  Ордук сөбүллээбиттэрин арыаллыыллар.  Антонида Корякина биһигини кытаатыҥ диир.    Георгий Иванов хомустуу иһэр.

Мин дүҥүрбүн аргыый аҕай тоҥсуйан иһэн, эмискэ–эмискэ былаайахпынан саайаат, иккиэннэрин өрө уунабын:

--Уруй-айха-ал! Уруй-айхал! Уруй! Уруй! Айхал! Айхал! Айхал!

Батыһааччыбыт кэккэтэ халыҥаан, тэҥҥэ уруйдаһан илиини күөрэҥнэтээччи элбээн испитэ. Болуоссакка 10000 киһи мустубут. Саамай элбэх биһиги тула. Олох тэйбэттэр, тураллар. Бүппүппүт кэннэ миэхэ оҕо көтөҕүүлээх дьахтар бөҕө кэллэ. Бу киһини алҕаа, таарый  дииллэр. Имэрийдэҕим аайы үөрэллэр, дьоллоноллор аҕай. Куп-куйаас сыралҕаныгар ыыппакка хаайан турбуттара. Тохтобулга диэри субуруһа батыспыттара. Оптуобуска ыга анньыһан киирбиттэрэ. Таарыйтарбыт дьоллонон түһэн иһэр. Саҥалар киирэн эмиэ көрдөһөллөр. Оо, дьэ, элбэх да оҕо сымнаҕас көхсүн ытыспынан билбитим.     

 

 

Аляска хотуна. Саха ийэтин ахтылҕана, сыта

Ханна да тиийдэхпитинэ сурахпыт-садьыкпыт киэҥ дуорааннанар. Арай, биир сахалыы симэхтээх таҥастаах эмээхсин тиийэн кэллэ. Ханна эрэ көрбүт курдукпун. Кыра уҥуохтаах. Тугу эрэ саҥарда. Тылбаасчыт индеецтар тылларыттан английскайдыы тиэртэ. 1930 сыллаахха аҕата дьонун кытта 18 саастааҕар  күрэтэн Аляскаҕа тиэрдэн олохторун оҥорбут. Ол кэннэ өр буолбатах. Ийэтэ үкчү бэйэтин курдук кыра эбитэ үһү. Ол таҥаһын, симэҕин кэтэн кэлбит. Илин-кэлин кэбиһэрдэрэ хап-халыҥ үрүҥ көмүстэр этэ. “Дьэ-буо” ырыабын олус долгуйа истибит. Ийэтэ мэлдьи дойдутун-дьонун ахтан кэпсиирэ, сахалыы тойук эн курдук ыллыыра” диир.  “Сардааналар” сувенирдарын кимиэхэ туох баарынан бэлэхтээн куду астыбыт. Дьоллонно аҕай.  Сытырҕалыыр. “Ийэм дойдутун сытын ахтара, маннык буолуо”. Миигин кууһан сыллаата. Оройуттан сык гыннарбытым, олох сахалыы сыттааҕа. Индеец кэргэнинээн Саха сиригэр кэлэ сылдьар ыралаахтара.     

Улахан ойуун

--Эн улахан ойуун үһүгүн дии.

--Эс, -- соһуйан эргиллэ түстэ. --Олох суох. Дьоҕур анамматаҕын баар диэм дуо? Дьэ, тыл күүһүгэр – итэҕэйэбин! Биирдэ кута үрдүнэн хааман иһэн эмискэ обоччоҕо түстүм. Күнүм көстө-көстө сүтэр. Биирдэ -- хараҥа, биирдэ --үрүҥ. Хаһыытаан көрөбүн -- ким истиэй?

 

Айдарыылаахтар анааһыннара

--Мин хаһыаппар, кинигэҕэр оҕо эрдэххинэ Чэриктэй Биэрэтин эдэр дьахтар кэлбитин көрөн, аҕаҥ ким кэлбитин сураспытыгар “Токуруччу кырдьыбыт эмээхсин кэллэ” диэбиккин. Өһүргэммэтэх ”Бэлиэр кырытыннардыҥ дуо?” Эйэргэспит. Уонна: “Бу уолгутун мөҕүмэҥ, оҕолоргутуттан барыларыттан уһуннук, ситиһиилээхтик олоруо. Норуотугар элбэҕи оҥоруо”, --диэн төлкөлөөбүт.

--Ол чахчы. Барыта 16 уол бииргэ төрөөбүттэртэн ким саҥа кэлээт, аҕыйах хоноот, ыйы, сыл уһаабыт 18 сааһыгар тиийэн өлөн испиттэр. Биэспит киһи-хара буолбуппут. Билигин соҕотох хааллым.

Ол оҥоһуутунан да Ньыыкаҥҥа сэбирдэхтэтиитин, сэлликтэн Кульбертиноваҕа искэн буолбутун, онкологоияттан, быыһаммыккын. Ол да дьон тугу эрэ бэристилэр ини.

--Майаҕа Манчаары оонньууларын саҕаланыахтарын биир хонук иннинэ тэрээһин этэҥҥэ ааһарыгар алгыы туран: “Үөһээ Айыылар истибит буоллаххытына бэлиэтэ ыытыҥ”, дииргин кытта үөр туруйа аргыый кэлэн үрдүгүтүнэн эргийэ көппүт. Доҕорум Василий  Винокуров—Кыталык Баһылай онно илэ көрбүтүн мэлдьи астына ахтар.

Уус Алдантан улуу суруйааччы буолбут Сергей Васильев “Мэҥэлэр хайа үрдүгэр” диэн поэманы анаабыт сирэ.

 

--Ол чахчы буолбута. Бытааннык былыт быыһынан көтөн үстэ эргийээт, сүтэн хаалтара.

Чэ, бээ, убай ойуун буолбатахпын диэн харыстанар, кистэлэҥин сороҕун кэмэ кэллэҕинэ аһыа. 

 

Оҕолорум үөрдүүлэрэ

--Кыыстаах уоллааххын, икки сиэннээххин. Туйаара аҕыйах саха санаммат МГУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитин билэбин. Кэргэним ЯСИА-ҕа, “Эхо столицы” бииргэ үлэлээн, майгытын наһаа хайгыыра. Ханна тиийдэ?

--“Энергосбытка” баар.

--Оттон Бүөтүрүҥ?

--Медфагы, онтон юридическайы бүтэрбитэ. ИДьМ миниистир көмөлөһөөччүтэ буола сылдьыбыта. Билигин Тиксиигэ нотариустаах. Киниттэн икки сиэннээхпин. Биирэ номнуо үлэһит, иккис үөрэнэр.

Айымньыларбын, үөрэнээччилэрбин, кинилэртэн уһуйуллубуттары  эмиэ оҕолорбуттан, сиэннэрбиттэн итэҕэс санаабаппын.

--Оннук буолумуна.

--Быйыл уһуйбут оҕолорум мустан 80 сааспынан алгыһынан эҕэрдэ оҥордулар. Олус үөрдүм, элбээбиттэр. Сайдыбыттар, араастаан тыыныы, албас ньымаларын үөрэппиппин баһылаабыттар. Ону көрөн сүргэм өрө көтөҕүлүннэ. “Арчы” дьиэтин аннынан тохсуо буолан бииргэ халааны утары Эбэттэн көрдөһүүлээх алгыс түһэрэн турардаахпыт. Онтон ыла ити иэдээннээх халыһыйыылар тахса иликтэр.

--Дыгдаал ойуун уоспаны чупчуруйан толук буолан ытыктанарын кинигэбэр аахпытыҥ буолуо.

-- Суор ойуун Бүлүүгэ Уоспаны утары кыырбытын киинэ оҥордубут. Сотору экраҥҥа тахсыа.

Билигин онлайнынан бары бииргэ бачча чааска диэн баран, болдьоһон ити дьаҥы, курааны, баһаары,  утары алгыс түһэрдэрбит.  

--Оо, табылыннар ньии.

 

Силиги ситэрии

Сэһэргэһиини Афанасий Семенович алгыһынан саҕалаабытын курдук , оннук силиги ситэрэр:

 

Аал уотум иччитэ

Бырдьа бытык

Чүүччү кыламан,

Саллыр чанчык,

Хатан Тэмиэрийэ-э,

Айар сырдык аартыкпытын

Ыйа-кэрдэ олорор

Үөһээ үрүҥ айыыларбытыгар

Үҥэн-сүктэн этэрбитин

Үүннээн-тэһииннээн кулу.

Сылаас тыыннаа,

Сырдык санаалаа.

 

Сэһэргэһиибит сэппээбэт, оннооҕор бүгүҥҥүбүтүн батарбатыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...