21.06.2022 | 12:00

Алгыс тылын хайдах иҥэринэбит?

Алгыс тылын хайдах иҥэринэбит?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Афанасий Семенович Федоров, алгысчыт:
– Былыргы ыһыахтар сүрүн сыаллара тугуй? Алгыс түһэрии. Кулубалар, кинээстэр ыһыаҕы тоҕо ыһаллар? Алгыс ылаары. Дьон ыраахтан-чугастан ыһыахха тоҕо мустар? Алгыс ылаары. Өбүгэлэрбит алгыска оннук үрдүк суолтаны биэрэллэрэ, алгыс ыллахпытына, олохпут арыый тупсуо этэ диэн бүк эрэнэллэрэ. Архыып докумуоннара кэпсииллэринэн, дьоннорун-норуоттарын туһугар кыһаллар кулубалар аччаабыта 28-тыы сылгыны туттан ыһыах ыһаллар эбит. Кэлэн алгыс ыллыннар диэн. 
Алгыс хайдах ылыллыахтааҕый? Алгыс ылар киһи буолаары турар быһыыга-майгыга өйүнэн-санаатынан эрдэттэн бэлэмнэниэхтээх, онно ис сүрэҕиттэн итэҕэйиэхтээх.
Алгыс сиэрэ-туома уу чуумпуга ыытыллыахтаах. Айылҕаны үргүппэккэ, алгысчыт хас биирдии тылын дорҕооно иһиллэрин курдук. Оччоҕо алгысчыт Үрдүк Айыылартан көрдөһөр көрдөһүүтүн тыла-өһө ордук иҥэр. Мустубут дьон ол этиллэр тыллары туох баар дьоҕурдарын ууран туран иҥэриниэхтээхтэр. Дьэ оччоҕо ол алгыс тыллара салгынынан Үөһээ Айыыларга, дойду иччилэригэр тиийэн, сирдээҕи дьоҥҥо төттөрү кэлэр. Ол аата ситим үөскүүр. 
Былыргы алгыстар билиҥҥи курдук 15-20 мүнүүтэ буолбаттар. От-мас көҕөрүүтүттэн саҕалаан, кыстыгы хайдах туораабыттарыгар, салгыы хайдах дьаһанан олороллоругар сүбэҕэ тиийэ саас-сааһынан этиллэр, кэпсэнэр. Аныгынан, сыллааҕы отчуот курдук диэххэ сөп. Ону барытын биир да дорҕоону сыыска-буорга түһэрбэккэ истэллэр. Былыргылар күүскэ иҥмит алгыс үс төгүрүк сылга тиийэр дииллэрэ, ол иһин ыһыаҕы үстүү сыл буола-буола оҥороллоро.
Алгысчыт Үөһээ Айыылартан уйгулаах быйаҥы уонна айылҕа тыынын харыстааһыны көрдөһөр. Уйгу-быйаҥ диэн ардах. Ардах түстэҕинэ, сирбит нүөлсүйэр, ол нүөл сиргэ от-мас үүнэр, ол отунан-маһынан сүөһү-ас төлөһүйэр, оччоҕуна бары чөл, чэгиэн буолабыт, кэскилбит кэтириир. Аны туран, алдьаныыны-кээһэниини, баһаары, курааны, өлүүнү-сүтүүнү аҕыйатыҥ диэн көрдөһөбүт. Күн киһитин көмүскэлэ, Айыы киһитин араҥаччыта Үрдүк Айыыларбыт эһиги эрэ бааргыт, эһиги эрэ кыайыаххыт, эһигиттэн атын биһигини көрөр-истэр, араҥаччылыыр киммит даҕаны суох диэн эрэнэн туран көрдөһөбүт. 
Ити курдук, алгыс ылыы – өй-санаа ситимэ. Таҥас-сап, киэргэл, атын даҕаны атрибут көмөлөһөөччү эрэ буолаллар. Арай этэрбэс быатыгар тохтуом этэ. Былыргы дьон алгыстан иҥэриммит күүһүҥ быата суох этэрбэһинэн үргүлдьү тахсан бара турар диэн, булгуччу этэрбэс быатын ыга баана сылдьааччылар. Аны илиини уунууга болҕомто уурар наада. Оһоххо иттэр курдук утары анньан турар сыыһа. Ытыстары, ынах муоһун курдук туора, илгэни сомсон ылардыы, хайҕаллаах хара быар туһаайыытынан тутуллуохтаах. Сорохтор алгыска күн тахсыбата диэн хомойо саныыллар. Үрүҥ күммүт былыт да быыһынан биһигини арчылыы, араҥаччылыы турар. 

Алгыс баһа сыаланнын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...