21.05.2022 | 01:57

Алексей Калининскай сырдыкка, кэрэҕэ дьулуура

Алексей Калининскай сырдыкка, кэрэҕэ дьулуура
Ааптар: Галина НОВИКОВА
Бөлөххө киир

(Киин Куорат, 2018 сыл, кулун тутар 29 күнэ)

 

Дьокуускай Өрөгөйүн ырыата 

 

Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй матыыба

Христофор Горохов-Элгэстэй уонна Владимир Жирков  тыллара

Над великою Леной рекой 

Сквозь дыханье морозных веков 

Вырос город Якутск со счастливой судьбой 

Быть столицей земли Олонхо!

 

Припев:

Процветай же, любимый наш дом, 

Всех народов согретый теплом! 

Ты навеки родной, мы гордимся тобой, 

Сердце Севера миру открой!

Вера в счастье сильна! Наша дружба крепка! 

О, Якутск, будем вместе всегда!

 

Үс үөстээх Өлүөнэ эбэбит 

Төрүт уус төлкөбүт биһигэ,

Туймаада хочото Эллэйтэн саҕыллан,

Дьокуускай үөскээбит дьылҕата. 

 

Хос ырыата:

Дьокуускай – эйэ-дьол куората, 

Дьокуускай – Хоту сир сүрэҕэ, 

Сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ дьулуурбут 

Биһиги кэхтибэт кэскилбит!

Доҕордуу норуоттар эйэҕэ дьулуурбут 

Биһиги самныбат саргыбыт! 

 

Процветай же, любимый наш дом, 

Всех народов согретый теплом! 

Ты навеки родной, мы гордимся тобой, 

Сердце Севера миру открой! 

Вера в счастье сильна, наша дружба крепка, 

О, Якутск, будем вместе всегда!

 

Бу бээтинсэҕэ, кулун тутар 30 күнүгэр, Хатас бөһүөлэгин «Тускул» култуура киинигэр композитор, мелодист Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй 65 сааһын чэрчитинэн куораттааҕы аһаҕас «Ыллыыр омук кэскиллээх» хорунан, ансаамбылынан ырыа куонкуруһа ыытыллаары турар.

Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй айар үлэтин биир чыпчаалынан икки сыллааҕыта Дьокуускай куорат Өрөгөй ырыатын матыыбын айбыта буолар. Ол курдук, 2015 сыл муус устар 24 күнүгэр куорат баһылыга Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах мунньахха өрөспүүбүлүкэ киин куоратын Өрөгөй ырыатын айарга күрэх биллэрбитэ. Сыл устата идэтийбит композитордартан, поэттартан уопсайа 61 сайаапка киирбитэ. 2016 сыл балаҕан ыйыгар биллиилээх композитордар, литератордар, суруналыыстар, Куорат уопсастыбаннай палаататын чилиэннэрэ састааптаах дьүүллүүр сүбэ 6 бастыҥ ырыаны талан, Куорат күнүгэр иһитиннэрэргэ быһаарбыта. Салгыы ырыалары Уопсастыбаннай палаата уонна Олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуону тутуһууга уонна регламеҥҥа хамыыһыйа көрүүтүгэр биэрбиттэрэ. Дьэ ол кэннэ ахсынньы 21 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын быһаарыытынан Алексей Калининскай суруйбут барыйаана бигэргэтиллибитэ.

Дьокуускай – эйэ-дьол куората, Дьокуускай – Хоту сир сүрэҕэ… Хайдахтаах курдук судургу, хас биирдии киһиэхэ өйдөнөр, үүт-маас хоһуйар уобарастарый? «Өрөгөй ырыатыгар куонкурус биллэриллибитин истэн, 10 хоһоону суруйбутум. Онтон Алексей Кирилловичтыын балайда уһуннук сыымайдаан, биир барыйааҥҥа тохтообуппут. Ол кэмҥэ биһиги ырыабыт кыайыаҕа диэн хантан билиэхпитий?!” - диэн ахтар оччолорго үбүлүөйдээх 80 сааһын туолбут поэт Христофор Горохов-Элгэстэй.

«Христофор Гороховы кытта тапсан үлэлээбиппит ыраатта. Бука, ол да иһин дьүүллүүр сүбэ биһиги ырыабытыгар тохтообут буолуохтаах. Хоһоон нууччалыы тылбааһа эмиэ олус табыллыбыт. Инньэ гынан бу курдук үтүөкэн ырыа үөскээн тахсарыгар, Өрөгөй ырыабытыгар этиллэрин курдук, «сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ дьулуурбут» кынаттаабыта саарбахтаммат», – диэн санаатын үллэстэр Дьокуускай куорат Өрөгөй ырыатын ааптара Алексей Кириллович.

Бэлиэтээн эттэххэ, Алексей Кириллович бу бастакы Өрөгөй ырыата буолбатах. Мин билэрбинэн, отуттан тахса улуус, нэһилиэк, тэрилтэ гимнин ааптара. Холобура, Хатас, Тулагы, Бороҕон, Өспөх, Дьохсоҕон, Тиит Арыы нэһилиэктэрин, Кэбээйи улууһун Куокуй оскуолатын, Дьокуускай куорат Саха гимназиятын өрөгөй ырыалара о.д.а. улахан тэрээһиннэргэ, түмсүүлэргэ сөбүлээн толоруллаллар.

Алексей Калининскай норуоту сырдыкка, кэрэҕэ, үтүөҕэ көҕүлээбит бырайыактара аҥаардас ырыа күрэхтэринэн муҥурдаммат. Айар киһи быһыытынан толкуйа киэҥ, дьоҕура дэгиттэр. Ол курдук, 2010 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар Кэбээйи Куокуйугар «Сибэкки биһикки» диэн Саха сиригэр бастакы уонна, арааһа, билиҥҥэ диэри соҕотох Духуобунас скверин туттарбыта – сонунун, уратытын ааһан, мындыр толкуй. Сөбүлүүр суруйааччым Антуан де Сент Экзюпери: “Аан дойду үрдүнэн биир эрэ кыһалҕа баар, ол киһи аймахха духуобунаһы төннөрүү»,- диэн турар. Үйэ аҥаарын кэриэтэ үөрэх, култуура эйгэтигэр үлэлээн, Алексей Калининскай ону хайдахтаах курдук таба өйдөөн, дьон бары бэтэрээннэр, геройдар, атын даҕаны биирдиилээн биллиилээх дьон, историческай түгэннэр о.д.а. сквердэрин, пааркаларын, пааматынньыктарын тута, толкуйдуу сырыттахтарына, Духуобунас скверин толкуйдаан таһаарбыта соһуччу этэ. Сквери “бэйэм нэһилиэкпэр туттарабын” диэн сүүрэ-көтө сырыттаҕына, мин өссө “итиччэ үчүгэй толкуйу тоҕо элбэх киһилээх киин сиргэ оҥорторбото буолуой?” дии санаабыттаахпын. Бу билигин өйдөөтөхпүнэ, саамай сөпкө гыммыт эбит. Духуобунаһы бэйэҕиттэн саҕалыыр буоллаҕыҥ – бэйэҥ ис туруккуттан, төрөөбүт дойдугуттан. Ийэ буорга түспүт эрэ сиэмэ араскы тардарын кэриэтэ.

2013 сыл саас Ньукуолун күнүгэр аҥаардас кини сүүрүүтүнэн-көтүүтүнэн Саха сиригэр аан бастаан Ырыа күнэ буолбутун бары өйдүүбүт. Биир саас бу бырайыагын ыытаары, массыыната алдьанан, Хатас курдук сиртэн туос сатыы тиритэ-хорута сылдьарын көрсүбүтүм. Алта уончалаах, бэйэтэ даҕаны ыарытыйар киһиэхэ хас чиновник аанын тоҥсуйан үҥэр-сүктэр, хас тэрилтэни кэрийэн көрдөһөр-ааттаһар, тылыгар киллэрэр, хамсатар манан аҕай дьыала буолбатах.

Алексей Калининскайга биир сөҕөрүм – хаһан эрэ доҕоро Виталий Андросов бэргэнник эппитин курдук, аанынан киллэрбэтэххинэ, түннүгүнэн да киирэн туран ылсыбыт дьыалатын ситиһэр күүстээх дьулуура. Ити үлүгэр элбэх киһилээх бырайыактары иилииргэ-саҕалыырга, элбэх киһилээх ансаамбыллары, хордары тэрийэн, салайан, биир киһи курдук ыллатарга төһөлөөх сэниэ-сылба, үтүөҕэ, кэрэҕэ булгуруйбат дьулуур, Эрэл, Таптал уонна Итэҕэл наадатыттан саллаҕын эрэ.

Талааннаах киһи, кырдьык, барытыгар талааннаах буолар быһыылаах. Луҥха Өлөксөй баянист талааннааҕа, мелодист бастыҥа, учуутал мындыра, салайааччы чулуута, аны туран, ырыа суолтатын, аналын туһунан хас даҕаны кинигэ ааптара, хомуйан таһаарааччыта, көҕүлээччитэ. Ырыаларыгар клиптэрин киһи эрэ көрдөр көрүөх, өрө көтөҕүллүөх курдук оҥорторбутун ааһан, төрөөбүт дойдуга, саха ырыатыгар тапталы уһугуннарар ураты күүстээхтэр.

Быһаарсар, үлэлэһэр, дьайар, көҕүлүүр эйгэтэ киэҥин, бэйэтигэр дьону тардар, култуура курдук, боростуой киһи өйдөбүлүгэр «ырыа-тойук» эрэ эҥэрдээх кэпсэтиини судаарыстыбаннай таһымҥа таһаарар, дьыалабыай ис хоһооннуур дьоҕурун билэн, саха араадьыйатыгар, телевидениетигэр биллиилээх суруналыыстар Ольга Степанова, Альбина Тарабукина, Наталья Сметанина, Наталья Михалева-Сайа, Георгий Белоусов о.д.а. хастыыта даҕаны сөбүлээн ыалдьыт оҥостон тураллар.

 

Онон, урукку сылларга тэрийэн ыыппыт «Төннө туруом дойдубар» (Сангар, 2001), «Ыалдьыттааҥ Луҥхабар» (Куокуй, 2008), «Саргыбыт сайыннын» (Дьокуускай – Тулагы, 2013) о.д.а. ырыаҕа сыһыаннаах ааптарыскай бырайыактарын ортотугар бу кулун тутар 30 күнүгэр Хатаска буолаары турар «Ыллыыр омук кэскиллээх» бырайыага биир дьоһун миэстэни ылара, дьон-норуот сүрэҕэр духуобунаһы уһугуннарара, иитийэхтиирэ, үтүөҕэ-сырдыкка кынаттыыра саарбаҕа суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...