06.10.2022 | 11:00

Александра Ушницкая: «Идэбин таба тайаммыт эбиппин»

Учуутал күнүгэр аналлаах нүөмэрбит ыалдьыта – педагогическай наука кандидата, Дьокуускай куорат 6-с №-дээх оскуолатын дириэктэри үөрэх ис хоһоонугар солбуйааччы Александра Егоровна Ушницкая. Кинини кытта ирэ-хоро сэһэргэһиибитин таһаарабыт.
Александра Ушницкая:  «Идэбин таба тайаммыт эбиппин»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Түөрт араас оскуолаҕа үөрэммитим

Мин төрөөбүт-үөскээбит дойдум – Амма улууһун Эмис нэһилиэгэ. Төрөппүттэрим Егор Егорович, Меланья Прокопьевна Захаровтар олус мындыр толкуйдаах, оҕону иитиигэ ураты ирдэбиллээх, сахалыы өйүнэн-санаанан салайтаран кэлбит дьон эбиттэр диэн киэн тутта саныыбын.

1971 сыллаахха Амма улууһун Абаҕа орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Ол кэмнэри билигин даҕаны бэркэ өйдүүбүн, оччотооҕу түспүт хаартыскаларбын көрдөххө, наһаа улахан суумкалаах эбиппин, ол саҕаттан ачыкылаахпын.  

Иккис кылаастан ахсыс кылааһы бүтэриэхпэр диэри төрөөбүт дойдубар – Эмис оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуолабыт аҕыс кылаастаах буолан 9-10 кылааска араас сиринэн тарҕанан, интэринээккэ олорон үөрэнии баара. Мин 9-с кылааска Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа орто оскуолатыгар гуманитарнай кылааска үөрэнэ кэлбитим. Ол эрэн онус кылааһы бүтэрээри сылдьан доруобуйам туругунан дьиэбиттэн чугас Алтан орто оскуолатыгар тиийэн, орто кылаастарга бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта оскуоланы бүтэрбитим. Түөрт араас оскуолаҕа үөрэммит буоламмын, оҕо сааһым доҕотторо элбэхтэр. Хас биирдии үөрэммит оскуолам учууталларыттан уруокка билииттэн-көрүүттэн ураты билиҥҥи олоххо наадалаах элбэх хаачыстыбаны, сатабылы  ылыммыт, иҥэриммит эбиппин.  Санаан көрдөхпүнэ, хас биирдии үөрэммит учууталым туох эрэ ураты толкуйун, тылын-өһүн, өйүн-санаатын бэйэм үлэбэр күн бүгүҥҥэ диэри туһана сылдьабын.

Бары ситиһиибэр-сайдыыбар, кыайыыбар-хотуубар үөрэппит учууталларбар, үөрэммит оскуолаларбар дириҥ махталым  муҥура суох!

Учууталбыт үөрүүлээх бэлэхтэрэ

Орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэр кэммитигэр биһиги кылааһынан саамай кэтэһэр уруокпут нуучча тыла уонна литературата буолара. Бары бэлэмнээх кэлэн үчүгэйдик үлэлээтэхпитинэ, уруок бүтүүтүгэр ордубут биэс мүнүүтэҕэ Прасковья Семеновна нууччалыы кинигэттэн кэпсээн ааҕан иһитиннэрэрин  наһаа сөбүлүүр этибит. Ону истээри, уруокка сорудаҕы барытын сөпкө уонна түргэнник бүтэрэ сатыырбыт. Билиҥҥэ диэри кинигэҕэ ураты сыһыаннаахпын, кинигэ олохпор саамай күндү баайым буолар.   

Саамай дьоллоох оҕолорунан нуучча тылын куруһуогар сылдьар оҕолор этибит. Манна тыл ис хоһоонун ырытыы, онтон оонньуулары толкуйдаан күрэхтэһии, араас идеяны оҥорон таһааран көмүскээһин күүтүүлээх дьарык буолара. Билиҥҥи кэмҥэ ити барыта “проектная деятельность” диэн ааттанар курдук.

Биир сааскы күн нуучча тылын куруһуогар дьарыктанар оҕолор учууталбытын кытта тыаҕа барбыппыт. Арай ойуур устун хааман истэхпитинэ тиит мастар лабааларыгар онно-манна туохтар эрэ ыйанан тураллара. Кэнники билбиппит, Прасковья Семеновна сарсыарда эрдэ туран биһиги тиийиэхтээх сирбитигэр хас биирдиибит аатыгар сюрприз бэлэхтэри лабааларга иилбит эбит.

Прасковья Семеновна мин нуучча тылыгар  интэриэстээҕим иһин 7-с кылааска араас сайыннарыылаах эбии сорудахтары биэрэрэ. Онно анал халыҥ тэтэрээт оҥостубутум, ол сорудах үксэ өйтөн суруйуу этэ. Бастакы тиэмэлэр бары нэһилиэк олоҕор, араас тэрилтэлэригэр сыһыаннаахтара. Кыра нэһилиэккэ оччолорго тэрилтэбит диэн хонтуора, оскуола, маҕаһыын, балыыһа, почта, баанньык, гараж эрэ буоллаҕа дии. Саамай  уустук тиэмэ баанньык туһунан суруйуу этэ. Урут оҕо уопсай баанньыкка олох сылдьыбат буолара. Баанньык ис өттө хайдаҕын уонна хас да киһи тэҥҥэ киирэн хайдах суунан тахсалларын билбэт буоламмын, өр толкуйдаан, арааһа, биир ыйы быһа суруйдум быһыылааҕа.

Аны урукку кэм оҕото нууччалыы тылым саппааһа да кыра буоллаҕа дии, онон бастакы суруйууларбар улаханнык ыарырҕаппытым. Нэдиэлэни быһа төбөбөр ол тиэмэни тута сылдьан, суруйуохтаах санаабын арыт ботугураан бэйэбэр сахалыы тылынан хос-хос кэпсиир этим, онтон дьэ нууччалыы суруйан саҕалыырым.

Прасковья Семеновна биирдэ уруок кэнниттэн бэйэ санаатын хайдах суруйарга диэн анал схема үөрэппитэ, сүрүннүүр тыллары таба туһанары көрдөрбүтэ. Ол курдук били халыҥ тэтэрээтим бүтүөр диэри араас үлэни бэйэм санаабыттан дьэ астына суруйар буолбутум. Бу үлэ миэхэ элбэх сатабылы – санааны дьаарыстааһыны, ырытыыны, былааннааһыны иҥэрбитэ чахчы.

7-8 кылааска үөрэнэр сылларбар учуутал буолар   баҕа    санаам    дьиҥнээхтик    олохсуйбута, Прасковья Семеновна курдук астынан туран оҕолору нуучча тылыгар үөрэтиэм диэн бигэ быһаарыммытым. Ахсыс кылаас кэнниттэн улаханнык туруорсан, Майаҕа гуманитарнай кылааска үөрэнэ киирбитим. Учууталым ити кэмнэргэ уонна маҥнайгы кууруска устудьуоннуур сылларбар  миэхэ анаан, сүбэлээн-амалаан истиҥ баҕа санаалардаах сурук суруйан почтанан ыытар этэ. Ол суруктарбын билигин да ууруна сылдьабын.

Уруок кэнниттэн иллэҥ кэммитин биһиги үксүгэр пионерскай актив үлэтигэр атаарарбыт. Араас сбордары, тимуровскай көмөлөрү, бырааһынньыктары тэрийэрбитин, оҕолору пионерга киирэргэ бэлэмниирбитин олус сөбүлүүрбүт. Ону бэйэбит мустан, сүбэлэһэн толкуйдуурбут, былаанныырбыт, салайан-тэрийэн ыытарбыт.

Саамай сөҕөрүм баар – биирдэ да учууталларбыт “мөлтөхтүк оҥордугут, сатаан тэрийбэтигит” диэн сэмэлииллэрин истибэтэхпит.

Кэнники психолог быһыытынан сыаналаан көрдөхпүнэ, ити пионерскай актив уопсастыбаннай үлэтэ миэхэ элбэх туһалаах хаачыстыбаны иҥэрбит эбит. Кырдьык, наукаҕа да этиллэринэн, киһи майгыта-сигилитэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыана, толкуйдуур дьоҕура-сатабыла, тэрээһиннээх буолуута оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, ордук уруок таһынан ыытыллар үлэҕэ, иитиллэн-такайыллан тахсар, улаатан истэҕинэ   чочуллан биэрэр.

Идэбин таба тайаныы

Орто оскуоланы бүтэрэн, оҕолорбут үгүстэрэ комсомольскай путевканан үлэлии тарҕаспыттара, бэрт аҕыйах киһи үөрэххэ туттарсара былааннаммыта. Мин омук тылын үөрэппэтэх буоламмын, филологическай факультекка үөрэнэ киирэрим сатаммат эбитин кэнники билбитим, онон олох да математика учуутала буолан тахсыбытым. Чурапчыга, Уус  Алдаҥҥа үлэлээбитим. Кэнники социальнай педагог, психолог идэлэрин баһылаабытым. Уус Алдан үөрэҕин управлениетыгар, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар  психологынан үлэлии  сылдьыбытым. Онтон салгыы наука эйгэтигэр үлэлэһэр санаа үөскээн, 2000 сылтан ыла педагогическай институкка психология преподавателинэн киирбитим. Уонна бу кэмтэн ыла Николай Константинович уонна Антонина Гаврильевна Чиряевтар ыҥырыыларын ылынан, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын алын сүһүөҕүн кылаастарыгар психологынан үлэлээн саҕалаабытым.

Профессор  Матрена Денисовна Гермогенова салалтатынан  оскуола алын сүһүөх кылаастарыгар үөрэх эйгэтигэр тэринии уонна тэрээһинин култууратын суолтатын ырытан, моделын оҥорон 2005 сыллаахха диссертациябын  көмүскээбитим. Бу үлэбит Арассыыйа наукатын академиятыгар улахан сэҥээриини ылан  элбэх учуонайдары кытта ситимнээхтик үлэлэһиигэ киэҥ суол арыллыбыта. 70-тан тахса араас үлэм научнай эйгэҕэ  бэчээккэ тахсыбыта күн бүгүҥҥэ диэри  үлэм ис хоһоонугар  көмөлөөх, ураты суолталаах. Научнай салайааччым Матрена Денисовнаны кытта билигин даҕаны быстыспат ыкса сибээстээхпит, кини миэхэ күн бүгүҥҥэ диэри өйбүн-санаабын дьаарыстанарбар саамай сүрүн настаабынньыгым буолар.

 

Татарстаҥҥа үлэлиэм диэн өйбөр да суоҕа

Үлэлээбитим устатыгар биир интэриэһинэй түһүмэҕим – Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр ыҥырыллан наука уонна үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит кэмнэрим буолаллар. Онно икки сылтан ордук үлэлээбитим. Бу кэмнэргэ Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьар үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ, оскуолалара, уһуйааннара туох сүрүн ис хоһоонноох, сонун идеялаах уонна аныгы олох инники сайдыытыгар хайдах былааннардаах үлэлииллэрин сиһилии билсибитим, күннэтэ оскуоланы, учууталлары уонна бу үөрэх эйгэтин сүрүн салаатын салайан кэлбит уонна билиҥҥи кэмҥэ үлэлии сылдьар дьону кытта алтыспытым чахчы бэйэм сайдыыбар, үлэм ис хоһоонун дириҥник өйдүүрбэр элбэҕи биэрбит эбит диэхпин наада. Бастакы күннэртэн саҕалаан эбии үөрэхтээһиҥҥэ “Универ” диэн тэрилтэ дириэктэринэн анаммытым. Дьиҥэр, Татарстаҥҥа үлэҕэ барыам диэн өйбөр да суох этэ. Кууруска үөрэнэ тиийбиппэр кэпсиирбин, санааларбын, идеяларбын истэн бараннар ол күн тута соһуччу миигин үлэҕэ хаалыаххын сөп дуо уонна уопуппун тарҕатыыга манна үлэлэһэргэ эйгэ киэҥ диэбиттэрин сэҥээрэммин, сөбүлээммин тута хаалан хаалбытым. Ол курдук ити “Универ” диэн Казань куоракка баар эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин билигин даҕаны салайар дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Ол эбэтэр дистанционнай көрүҥүнэн үлэлиибин. Сылга иккитэ-үстэ үлэм быыһыгар, уоппускам кэмигэр баран кэлэбин.

Билигин оҕо уонна учуутал инники сайдыытыгар туһуламмыт анал бырагырааманы олоххо киллэриигэ   үөрэхтээһин Российскай Академиятын уонна Татарстаҥҥа Казань университетын икки ардыларыгар дириҥ ис хоһоонноох, ураты ирдэбиллээх бырагыраамаҕа олоҕуран  ыкса ситимнээх  үлэ бара турар.

 

«Логос» лааҕыр элбэх оҕону ситиһиигэ кынаттаабыта

Диссертациябын көмүскээн баран, салгыы пединститукка үлэлии сылдьан оҕону сайыннарыыга үлэлэһэр киэҥ бырагыраамалаах “Логос” диэн чааһынай тэрилтэ, устунан өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕыр  арыйан ураты интэриэһинэй    кэм саҕаламмыта. Уон сыл устата үөрэх-сайдыы эйгэтин киэҥ  хайысхаларынан Францияны, Болгарияны, Грецияны, Испанияны, Казахстаны, Киргизияны, Монголияны уонна Москва университеттарын кытта сылын аайы хардарыта сибээстээхтик үлэлээн, араас научнай форумнарга сылын аайы оҕолору уонна «АКМЕ» кулуупка  устудьуоннары  бэлэмнээн, араас-араас омук сиригэр  көтөн тиийэн кыттар этибит. Оҕолор научнай эйгэҕэ алтыһан, суруйбут үлэлэрин көмүскээн дакылаат ааҕан, атын дойду, куорат дьонун култууратын  билсэн, ситиһии кынаттанан кэлэллэрэ төрөппүттэргэ, учууталларга  олус үөрүүлээх түгэн буолара.

Элбэх оҕону тас дойдуларынан айаҥҥа илдьэ сылдьар оччолорго даҕаны ураты эппиэтинэстээх этэ, сыл инниттэн бэлэмнэнии үлэтин ыытарбыт. Хас биирдии оҕо элбэх кинигэни хасыһан, чинчийэр үлэ ыытан, рефераттан саҕалаан бэчээккэ тахсар ыстатыйа суруйан ис хоһоонун кэпсиир кыахтаныар диэри дьарыктаан бэлэмниирбит.

 

Оскуолабытыгар 12 араас омук оҕото үөрэнэр

Дьокуускайга ДСК оройуонугар баар 6-с №-дээх оскуолаҕа үлэлээбитим үһүс сылыгар барда. Билиҥҥи үлэм дириэктэри үөрэх ис хоһоонугар солбуйааччы диэн. Оскуола үлэтигэр барытыгар сыһыаннаах. Сахабыт сирин элбэх оскуолатыгар сылдьыбыт, өрөспүүбүлүкэ учууталларын, үөрэнээччилэрин уопуттарын көрбүт буоламмын билигин ол үлэм, ол идеяларым, биллэн турар, элбэх көмөлөөхтөр. Оскуолабыт балтараа тыһыынчаттан тахса оҕолоох. Дириэктэрбит Маргарита Николаевна Куличкина уонна үөрэх хаачыстыбатыгар дириэктэри солбуйааччы Светлана Афанасьевна Егорова  дириҥ көрүүлээх,  үөрэх араас эйгэтигэр өр сылларга үлэлии сылдьар уопуттаах салайааччылар буолаллар. Мин күннэтэ кинилэртэн олус элбэххэ үөрэнэбин.

Биһиэхэ 12 араас омук оҕото үөрэнэр, ол аата араас хайысхалаах сонун эйгэ буолар. Тус-туһунан култууралаах, үгэстээх, абыычайдаах, иитиилээх оҕо мустан үөрэнэр. Улахан оскуолаҕа үлэлиир олус интэриэһинэй, манна дьиҥ чахчы оҕолору кытта үлэлэһэр бырайыактар олоххо киирэллэр. Үгүс сонун көстүүлэр, көрүүлэр бааллар, идеяны олоххо киллэриигэ учуутал, элбэх үөрэнээччи кыттара ураты үчүгэй буоллаҕа.

 

Учуутал үлэтин былаанныыра улахан суолталаах

Билигин учууталга ирдэбил наһаа күүһүрдэ, учуутал идэтэ уруогу биэрэрин таһынан докумуонугар, компьютернай бырагырааматыгар тиийэ, араас былааннарын оҥоруутугар кытта кэҥээн турар кэмэ. Ол гынан баран учуутал бириэмэтин сатаан аттаран таба туһанар, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар уонна сатаан бэйэтин тэринэр кыахтаах буоллаҕына эрэ дьаарыстанан былааннаах үлэтэ табыллар.

Ону таһынан учуутал ааҕарын-үөрэнэрин тухары учуутал буоллаҕа дии, онон саҥа киирэр ирдэбиллэр уонна үлэ хамсааһыныгар сөп түбэһэр аныгы бырагыраамалар олоххо киирэллэрин наадатыгар мэлдьи үөрэниэхтээх уонна систиэмэлээхтик  дьарыктаныахтаах.

Учуутал үлэтин сүрүн ис хоһооно  иитии, сайыннарыы буолар. Ол аата хас биирдии уруокпут билиини иҥэрии нөҥүө иитэр суолтатыгар болҕомто ууран, дэгиттэр ньымалары баһылааһын баар буолуохтаах.

 

Сонун хайысхалар, интэриэһинэй бырайыактар

Оскуолабыт биир сүрүн бырайыагынан куораппыт историятын үөрэтиигэ оҕолорбут бэйэлэрэ чинчийэн, матырыйааллары хасыһан куорат историятыгар сыһыаннаах информация бэлэмнээһиннэрэ буолар. Бу барыта анал куруһуок иһинэн үлэлиир.

“Увлекательный маршрут” диэн автобуснай бырайыакпыт бастакы хардыылара ааспыт үөрэх дьылыттан саҕаламмыта. Бу бырайыак Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна куораппыт 390 сылыгар анаммыта. Куруһуок оҕолоро 14 уонна 1 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобустар сылдьар уулуссаларынан тохтобуллар ааттарын историятын үөрэтэн аудио-гид курдук кэпсиир бырагыраамалара оҥоһуллубута. Быйыл күһүн куорат күнүгэр бу бырайыак 14-с оптуобус маршрутугар олоххо киирэн оҕолорбут (4-6 кылаастар) сыралара түмүктээх буолла.

Оҕолор үлэлэрин ис хоһоонун биһирээн “СоюзАвто” тэрилтэ биһиэхэ Нам, Хаҥалас уонна Бүлүү трассатын рейсовай оптуобустарыгар анаан үлэлэһэргэ этии киллэрбитэ. Билигин оҕолорбут (5-7 кылаастар) М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан Нам трассатын устун нэһилиэктэр историяларын үөрэтэ аудио-гид  буоларга бэлэмнэнэ сылдьаллар. Мархаттан саҕалаан Нам улууһун бары сиригэр-уотугар, Хатырыкка тиийэ оптуобуска олорсубут айанньыттар биһиги оҕолорбут кэпсиир куоластарынан улуустарын историятын истэр буолаллар. Ол кэнниттэн Горнайга, Бүлүүгэ диэри сылдьар оптуобустарга үлэ  салҕанан барыахтаах.

Өссө биир сонун бырайыакпытынан былырыыҥҥыттан “Учуутал – устудьуон – үөрэнээччи” настаабынньыктыыр сыаллаах үлэтин саҕалаабыппыт буолар. Манна настаабынньык быһыытынан үөрэнээччигэ устудьуон, устудьуоҥҥа учуутал буолуохтаах.

Бу бырайыакпытын Педагогическай институт алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир кафедратын (сал. А.Н. Неустроева) бастакы кууруһун устудьуоннара өйөөбүттэрэ. Оттон кинилэргэ настаабынньык оруолун алын кылаас оҕолорун педагог-психолога М.К. Павлова уонна алын кылаас учууталлара ылыммыттара. Сыыйа-баайа бу бырайыакпытын математика уонна информатика Институтун устудьуоннара (кафедра сал. В.П. Ефремов) өйөөннөр 4-с кылаас оҕолоругар сайыннарар тэрээһини ыыппыттара. Бу иккис сылын үлэлиир дириҥ ис хоһоонноох бырайыакпыт  сүрүн суолтата үөрэххэ дьоҕурдаах оҕолору сайыннарыыга туһуламмыт усулуобуйа тэрийиитэ буолар.

Ааспыт үөрэх дьылыттан Москва куорат педагогическай университетын Самаратааҕы филиалын базовай оскуолата буолбуппут, 10-11 кылаас оҕолоругар анаан социальнай-педагогическай кылаас арыллыбыта. Бу кылааска психология, педагогика, информационнай ситим, дьыалабыай култуура куурустара эбии киирэн биэрбиттэрэ.

Самара оскуолаларын педагогическай кылааһын оҕолорун кытта бииргэ биһиги оҕолорбут онлайн сибээһинэн хас нэдиэлэ аайы дьарыкка сылдьаллар. Учуутал, психолог, иитээччи идэтин баһылыан баҕалаахтарга тус сыаллаах миэстэлэр баар буолуохтарын сөп.

Өссө биир интэриэһинэй бырайыакпыт “Город – селу, село – городу” диэн ааттаах. Бу ааспыт үөрэх сылыттан тыа сирин оскуолаларын кытта ыкса сибээстэһэн, хардарыта методическай уопут атастаһыыта буолар. Ол курдук ааспыт нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлү оскуолатын уонна Нам улууһун Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицейин кытта бииргэ түмсэн семинар тэрийэн, аһаҕас уруоктары ыытан салгыы үлэлииргэ дуогабар түһэрсиитэ буолла.

Урукку сылларга биһиги оскуолабыт 9 кылаастаах этэ, үһүс сылбытын орто оскуола буолан, саҥалыы хайысхалары олоххо киллэрэн, сэргэхтик үлэлии олорор кэлэктиип буолабыт. Быйыл бастакы выпускниктарбыт (19 оҕо) этэҥҥэ эксээмэннэрин ааһан, бары араас хайысханан үөрэххэ киирбиттэрэ уонна саамай үрдүк көрдөрүүбүт – нуучча тылыгар 98, английскай тылга 93 бааллаах үөрэнээччилээхпит барыбытын үөрдэр уонна эппиэтинэспитин үрдэтэр.

Оскуолабыт сонун хайысхаларыгар, ситиһиитигэр өр сылларга сыралаахтык үлэлээн кэлбит кэлэктиип баай уопута, оскуола сайдыытын историята, хас биирдии учуутал, техническэй үлэһит кыһамньылаах үлэтэ сүрүн түмэр күүс буолар.

Билигин хайа баҕарар оскуолаҕа иитэр үлэ ис хоһоонун дириҥэтэр инниттэн, төрөппүттэри иитэр эйгэҕэ интэриэстэрин түмэр сонун сүүрээннэри киллэрии олус суолталаах кэмэ.    Былырыын төрөппүттэргэ аналлаах “Ситимнээх үлэм сааһыламмыт санааларыттан...” диэн кинигэм күн сирин көрбүтэ.  Манна бэйэм психолог быһыытынан өр сыллаах кэтээн көрүүлэрим, оҕону иитии ньымата, оҕо хас сааһыттан бэйэтин көмүскэнэ үөрэнэрэ, төрөппүттэргэ эрэ буолбакка эбээлэргэ, эһээлэргэ аналлаах матырыйааллар элбэхтэр.

Олохпор биир сүрүн баайым, киэн туттуум бу бэйэм суруйан таһаарбыт 70-тан тахса научнай ыстатыйам  уонна үөрэхтээһиҥҥэ аналлаах Арассыыйаҕа бэчээккэ таһаарбыт кинигэлэрим буолаллар. 2019 сыллаахха төрөөбүт улууспар Аммаҕа, Бөтүҥ орто оскуолатыгар, университет эйгэтигэр үлэлэспит 20 сылым устата араас классик учуонайдар кинигэлэрин мунньан бэлэмнээбит научнай-методическай бибилиотекабын бэлэх оҥорбутум. Бөтүҥ оскуолатыгар дириэктэринэн пединститукка үөрэппит биир киэн туттар бастыҥ устудьуоммут Акулина Семеновна Иванова ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Бу библиотека салаата арыллыытыгар Эмис оскуолатыгар үөрэппит учууталларым, пединститут, улуус үөрэҕин салайааччылара уонна ити сыллардааҕы үөрэх миниистирэ В.А. Егоров кэлэн кыттыыны ылбыттара биир үөрүүлээх умнуллубат түгэн этэ.

 

Эҕэрдэлэр кэлэ турдуннар

Учуутал идэтин баһылаан аан бастаан Одьулууҥҥа 1986 сылга үлэбин саҕалаабытым. Онно балаҕан ыйын 1 күнүгэр төрөппүттэрим миигин эҕэрдэлээн ыыппыт телеграммалара билигин даҕаны баар. Ону таһынан бииргэ төрөөбүттэрим, учуталларым телеграмманан эҕэрдэлэрин күн бүгүн уура сылдьан көрөбүн.

Урут почта бытааннык сылдьар, сурук наһаа өр айанныыр, төлөпүөннэһэргэ ханна эрэ баран переговор сакаастыаххын наада, ыал аайы төлөпүөн суох, онон эҕэрдэ барыта телеграмманан кэлэр этэ. Билигин олохпут, үйэбит сайдан эҕэрдэҥ, суругуҥ, баҕа санааҥ биир сөкүүндэнэн тустаах сиригэр тиийэ охсор. Мин учууталларга тулууру, кытаанах доруобуйаны, сырдык, кэрэ эйгэни, кыһамньылаах үөрэнээччилэри уонна сир үрдүгэр или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарыам этэ.

Тапталлаах учууталбар Прасковья Семеновна Неустроеваҕа уонна научнай салайааччыбар, настаабынньыкпар, ХИФУ бочуоттаах профессорыгар Матрена Денисовна Гермогеноваҕа дириҥ махталбын уонна Учуутал күнүнэн эҕэрдэбин тиэрдиэхпин баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...