Александра Николаева: «Оҕо сааһым ыра санаата туолбута...»
Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха сирин судаарыстыбаннай циркэтин артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, дрессировщица Александра Николаева бэрт сотору кэминэн үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Кини 2000 сыллаахха циркэ дьиэтин боруогун атыллыаҕыттан күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии сылдьар.
Күөх Ньурбаттан куорсун анньынан
— Александра, дорообо! Бэйэҥ тускунан билиһиннэр, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
— Мин Нурба улууһун Маар нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Икки оҕолоохпун, уолум Герсандр Германович Николаев алта сыл 21 №-дээх орто оскуолаҕа математика учууталынан үлэлээбитэ, билигин информационнай технология эйгэтигэр үлэлиир. Кыыһым Любовь Германовна Николаева худуоһунньук идэлээх, кырачаанын көрөн олорор, медицина колледжыгар кэтэхтэн үөрэнэр.
Бэйэм Дьокуускайга улааппытым, 27 №-дээх орто оскуоланы бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан артыыс буолуохпун наһаа баҕарар этим. Үһүс кылааска ийэм Оҕо дыбарыаһыгар үҥкүү куруһуогар киллэрбитэ. Икки сылынан куорат 2 №-дээх музыкальнай оскуолатыгар хореография кылааһыгар киирбитим. Уһуйааччыларым Наталья Иннокентьевна Христофорова уонна Майя Лаврентьевна Мекюрдянова этилэр. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар балет артыыстарын кытта испэктээктэргэ кыттар этим – “Щелкунчик”, “Камень счастья”, “Баядерка” уо.д.а. туруорууларга. Кыра эрдэхпиттэн улахан сыанаҕа, улахан артыыстары кытта тэҥҥэ оонньоон, артыыс буолар баҕа санаам өссө күүһүрбүтэ.
Искусство ураты эйгэтэ
— Искусствоҕа улахан тапталы биэрбит киһим – ийэм Лидия Васильевна Егорова. Бэйэтэ хореограф үөрэхтээх буолан, кыра эрдэхпиттэн бэлэмнии таарыйа куруук илдьэ сылдьара.
Итини таһынан, уруһуйдуурбун, ону-маны оҥорорбун ис-испиттэн сөбүлээччибин. Оскуолаҕа араас күрэхтэргэ кыттан, хоһоон айан линиэйкэлэргэ ааҕарым, хаһыат уруһуйдуурум. Баҕар, ол иһин буолуо, дьонум уруһуйга талааннаах диэннэр, 8 кылаас кэнниттэн Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр 4 №-дээх СПТУ-га “Исполнитель художественно-оформительских работ” диэн үөрэххэ киллэрбиттэрэ. Училищеҕа үөрэммит сылларбын олус сырдыктык, сылаастык саныыбын. Үөрэппит учууталларбар, чуолаан Михаил Михайлович Климовка уонна Михаил Михайлович Стручковка махтанабын. Үөрэнэ сылдьан араас күрэхтэргэ кыттар этим, ону тэҥэ сайын аайы Дьокуускайга “Дьээ-буо” үҥкүү норуодунай ансаамбылыгар үс сыл тухары солисткалаан, араас сири-дойдуну кэрийбитим. Үөрэхпин кыһыл дипломунан ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар үҥкүү ансаамбылыгар киирэн, артыыһынан биир сыл кэриҥэ Василий Павлович Винокуровка үҥкүүлээбитим. Аныгыс сылыгар Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар «эстрадно-цирковой” үөрэххэ киирбитим, кураторым Сергей Васильевич Расторгуев этэ. Циркэ искусствотын олус сөбүлээбитим, араас жанрга арахсарын, киһи кутун-сүрүн тутарын билбитим. Ол гынан баран, дьылҕам буолуо, биир сыл үөрэнэн баран, кэргэн тахсан, оҕолонон, кэтэхтэн «Режиссер театрализованных представлений” диэн үөрэххэ көспүтүм. Ол кэмҥэ иккис оҕом төрөөбүтэ. Онтон куорат 32 №-дээх оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитим, ону таһынан икки куруһуок биэрэрим – уруһуй уонна үҥкүү. Аны икки оҕобун батыһыннара сылдьан хас сайын ахсын “Радуга” оҕо лааҕырыгар үлэлээбитим. 2000 с. үөрэхпин бүтэрэн баран, тохсунньу ыйга Саха циркэтигэр үлэлии киирбитим. Сергей Васильевич: “Учууталлыы сылдьыбыт, оҕолору кытта үлэлии үөрүйэх эбиккин”, – диэн олус үөрбүтэ. Саас аайы оскуола, уһуйаан выпусниктара банкеттыыллар этэ, онно миигин ыытааччы быһыытынан анаабыта.
Циркэҕэ үлэлии сылдьан кэтэхтэн үөрэнэн, Санкт-Петербург уонна Москва куораттарга туризм уонна режиссер идэлэрин баһылаабытым.
Билигин дрессировщица эрэ курдук үлэлээбэппин, маны сэргэ 23 сыл устата оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри ыытан кэллим.
20 сыл холууптары кытта
— Циркэҕэ бастакы үс сылбар кордебалекка үҥкүүлээбитим, онтон төрдүс сылбар холууптары ылбытым. Ол саҕана биир кыыс аттары кытта Владивостокка үлэлии барбыта, онно холууптар хаһаайына суох хаалбыттара, миигин ылаҕын дуо диэбиттэрэ, тута ылсыбытым. Кыра эрдэхпинэ кыылларга наһаа ымсыырарым да, дьонум аллергиялаах буолан, көҥүллээбэт этилэр. Онон оҕо сааһым ыра санаата туолбута.
Ол кэмтэн күн бүгүҥҥэ диэри чыычаахтары эрэ кытта буолбакка, попугай аралары, павлиннары кытта үлэлээтим. Былырыын Москваттан королевскай, розелла, ожереловай диэн саҥа попугайдары аҕалан дрессировкалаатым. Бу сыл муус устар ыйыгар «Айархаан» этно-бөлөҕү кытта «Страна талантов» диэн күрэххэ барарбар неясыти диэн боруодалаах үс хахханы ылбытым. Чолбон, Арчын уонна Боотур диэннэр. Сарсыҥҥытыгар Альбина Дегтяреваҕа биир түүн иһигэр хахханы санныгар дрессировкалаан олордубутум. Онтон иккис күнүгэр съёмкаҕа хахханым санныбар үчүгэй баҕайытык олорбута.
Холууптары кытта үлэлээбитим 20 сыл буолла. Кэтээн көрбүппүн кэпсээтэхпинэ, кинилэр уһун үйэлэммэттэр, уһаабыта уонча сыл олороллор, онтон биэс сылын олох күүскэ үлэлииллэр эбит. Ол иһигэр саамай үлэлиир кэмнэрэ үс сыл буолар. Биир сыл кэриҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, уокка-тыаска, музыкаҕа үөрэнэллэр.
— Кырдьыбыт холууптары ханна гынаҕыт?
— Миэхэ хаалаллар. Тоҕо диэтэххэ эдэр холууптары кытта саастаах холууптар сороҕор эмиэ пааралаһаллар, саастарын наһаа аахсыбаттар. Бэйэ-бэйэлэригэр наһаа эрэллээхтэр. Кубалар, кыталыктар курдук бэйэ-бэйэлэрин олус өйдөһөллөр, доҕордоһоллор. Паарата өлөн хаалбыт холууп наһаа хомойор, суохтуур, сороҕор төбөтүн тоҥхотон баран олоруон сөп. Бачча сыл үлэлээн баран биири чопчу этиэхпин сөп – холууп паарата өллөҕүнэ, иккис паараны бэйэтигэр ылбат буолар.
Кыыл-сүөл сылдьыбыт сиригэр төннөр, кэлэ турар диэн этэллэр дии. Ол курдук эмиэ кырдьаҕас холууптарбын быраҕан кэбиспэккэ, сороҕор манежка таһаарабын, стойкаларыгар кэлэн олордохторуна наһаа үөрэллэр.
Сүүрбэччэ сыл тухары элбэҕи биллим-көрдүм. Оннооҕор таһырдьа көтө сылдьар чыычаахтары көрөн быһаарсар буолар эбиккин. Туох диэн саҥаралларын, кыыһын дуу, уолун дуу, туох диэн өйдөөх-санаалаах төбөлөрүн хамсаталларын уо.д.а. Бэл, тугу кэпсэтэллэрин өйдүүр буолаҕын.
Холууптарга талааннаах уонна талаана суох диэн оҕолор эмиэ бааллар. Олору атыылаһаргар көрөн ылаҕын, сороҕор ылбыт холуубуҥ бастаан үчүгэй баҕайы курдук, онтон кэлин “подростковай кэмэ” киирэн ылар. Ол бириэмэлэрин учуоттаан, салайан биэрэҕин. Охсуспаттарын курдук туспа олордоҕун, паара була охсоҕун, оччоҕуна кинилэр эмиэ эн иитэргинэн баран иһэллэр. Бэйэтэ оскуола курдук диэххэ сөп. Кинилэри эмиэ кыра оҕо курдук бүөбэйдиигин, сороҕор куоласкын сонотоҕун. Сорохтор: “Ити чыычаахтар туох өйдөөх үһүлэр, төбөлөрүгэр туох даҕаны суох буоллаҕа, чыычаах мэйиилэр” диэччилэр. Итини кытта сөбүлэспэппин. Кинилэр эмиэ кыыллар. Төбөлөрө үлэлиир, киһи кыыһыран кэлбитин кытта билбит-көрбүт буолаллар. Кинилэри кытта куруук кэпсэтэ-ипсэтэ, имэрийэ-томоруйа сылдьар ирдэнэр.
— Оттон попугайдары?
— Аан бастаан 2005 с. икки паара попугайы соҕурууттан аҕалбыттара. Килиэккэлэригэр киирэрбэр киһи үрдүгэр сапсына-сапсына биирдэ баар буола түһэллэрэ, сөбүлээбэтэхтэрин тута биллэрбиттэрэ. Дьиикэй попугайдар буолан буолуо. Биллэн турар, дьиикэй кыылы ылан үөрэтэр, бэйэҕэр сыһыарар, илиигэ үөрэтэр ордук ыарахан. Кэпсэтэн, аттыларыгар олорон, илиибинэн аһатан, чугасыһан эн-мин дэспиппит. Аралар биирэ кыыс, биирэ уол этэ. Дора уонна Гоша диэн ааттаабытым. Өр баҕайы миэхэ үлэлээбиттэрэ. Кэнникинэн киһи курдук саҥарар, ааппын кытта ааттыыр буолбуттара. Дьиҥинэн, аралар саҥарбаттар эбит. Павлуша диэн ааттаах павлиным эмиэ биэс сыл кэриҥэ үлэлээн баран, кырдьан өлбүтэ.
— Саамай уустук, элбэх үлэнэн, сыранан ситиһиллибит нүөмэриҥ ханныгыный?
— Холууптаах нүөмэр, биллэн турар, сыралаах. Урут «полеттаах” нүөмэри оҥоро сылдьыбытым, көмөлөһөөччүтэ суох, соҕотох киһиэхэ ыарахан. Манежка холууптары биир сиргэ көтүтэр наһаа үлэлээх этэ. Сарсыарда эрдэ кэлэн холууптаргын аһатаҕын, уоту биир сиргэ тыктараҕын, онтон, дьэ, улахан сыранан көтүтэҕин. Тоҕо диэтэххэ сорох холууптар эдэрдэр, оҕолор, аҕыйах ыйдаахтар. Эн баҕарбыккын толорбот буоллахтара, үөһээ манежка, куполга көтөн хаалаллар. Барыларын хомуйаҕын. Онтон эмиэ бары үрүө-тараа көтөн хаалаллар (күлэр). Билигин санаатахха, наһаа ыарахан этэ. Бу трюк «Полет голубей” диэн этэ. Онтон кэнники элбэх холуубу биир точкаҕа атыннык моһуоннаан көрдөрөр, зонтикка, хачыалга көтүтэр буолбутум. Илиибиттэн аҕыстыы-тоҕустуу холууп көтөн тахсара, кинилэри атын холууптар батыһаллара уонна бары миэхэ көтөн кэлээччилэр.
— Бириэмэҕин хайдах аттарынаҕын?
— Артыыс киһиэхэ бириэмэ куруук ыгым буолар – репетициябыт, дьиэбит-уоппут, дьиэ кэргэммит. Миэхэ төрөппүттэрим: “Бириэмэҕин үчүгэйдик аттарынар буоллаххына, элбэҕи ситиһиэххин сөп”, – диэччилэр. Киэһэ утуйаары сытан сарсын тугу гынарбын, дьыалабын барытын былаанныыбын. Кыра эрдэхпиттэн чааһынан араара үөрэнэн хаалбыппын.
— Александра, олоҕуҥ орто омурҕаныгар үктэммиккинэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Чэгиэн туругу, айар үлэҕэр ситиһиилэри, бар дьоҥҥун саҥа нүөмэрдэргинэн куруук үөрдэ тураргар баҕарабыт.