Александра Киселева: «Саха сиригэр күүстээх куттаах дьон төрүүр»
Кыһыҥҥы хараҥа киэһэҕэ үөһээ күлүмүрдүү оонньуур сулустар угуйар уоттара тугу кэпсиирин, биһиги олохпутугар хайдах дьайалларын үгүс киһи билиэн, кинилэр кистэлэҥнэрин кыратык да буоллар сэгэтиэн баҕарар. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт идэтийбит астролог, суруйааччы, сертификаттаах БаЦзы, Цзы Вэй Доу Шу – 12 Дыбарыас, Джойтиш ведическай астрология консультана, элбэх оҕолоох ыал күн күбэй ийэтэ Александра Киселева.
Дьикти дьарыктаах сэһэргэһээччибит аан бастаан арыллар кэмигэр дьүөгэтин олоҕун киинэ курдук көрбүтэ. Оттон былырыын Алессандра Айрис диэн аатынан «Ведьма» диэн урукку олоҕун биир кэрчигин кэпсиир кинигэтин таһаарбыта. Бэйэтэ этэринэн, киһи дууһата хас да олоҕу олорорун тухары үөһэттэн бэриллибит дьоҕурун арыйан, талбыт дьарыгын сайыннаран, саҥаттан саҥа кэрдиискэ таһаарар.
Александра Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар педагог уонна юрист дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Онтон ыал буолан баран элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Москваҕа көспүтэ, билигин Киселевтар күннээх, сылаас айылҕалаах Турцияҕа Анталья куоракка олороллор. Ыал ийэтэ идэтийбит астролог буолан биир сиргэ бааллан олорбот, аан дойду араас куоратынан айаҥҥа сылдьар, ол да буоллар төрөөбүт дойдутун кытта ситимин быспат.
— Александра, эн ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитиҥ. Оттон билигин үгүс дьон эйигин астролог быһыытынан билэллэр. Бу айылҕаттан бэриллибит дьоҕуруҥ хайдах арылынна, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Мин астрологиянан өссө 7 кылаастан үлүһүйэбин. Төрөппүттэрим уоппускаларыгар соҕуруу бара сылдьан Тамара уонна Павел Глоба инникитин туох күүтэрин эппит ламинированнай буклеттарын аҕалбыттара. Мин ону дьиктиргээн, хаста даҕаны эргитэ сылдьан көрбүтүм, үөһэ ханна эрэ кый ыраах баар сулустар биһиги олохпутугар сабыдыаллыылларын олус сэргээбитим. Өссө оскуолаҕа үөрэнэр сааспыттан астрологияҕа ураты интэриэс уһуктубута. Оччолорго биһиги саҥа уол-кыыс диэн арахсан, сөбүлүү көрөр уолбут аттыбытынан аастаҕына, сүрэхпит өрүкүйэ түһэр кэмэ этэ. Гороскопка ким кимниин барсара ырылхайдык сурулла сылдьара. Биһиги бэйэбит зодиакпыт бэлиэтин билэр буолан, куйаар ситимиттэн кэлбит дьикти иһитиннэриилэри хат-хат ааҕарбыт уонна ону оҥорор дьон хайдах эрэ ыраах, алыптаах буолан көстөллөрө.
Павел Глобаны кытта мин 7-8 сыллааҕыта билсибитим, кэпсэтэргэ олус интэриэһинэй уонна элбэҕи билэрэ-көрөрө тута харахха быраҕыллар. Мин кинини оруобуна оннук диэн оҕо сааспыттан саныырым. Бу эйгэҕэ мин 2011 с. киирбитим, онтон бэттэх элбэххэ үөрэнэн, билиибин кэҥэтэн, сатабылбын чочуйан иһэбин. Күн бүгүҥҥэ диэри астрология мындырын, инникини таба этэрин сөҕөбүн. Манна киһи духуобунай өттүнэн үүнэр-сайдар.
«9 олох» диэн кинигэни суруйан баран киһи дууһата хаста даҕаны бу сиргэ олорорун көрөр, билэр буолбутум. Биирдэ дьүөгэбин кытта чэй иһэ-иһэ күннээҕини кэпсэтэ олорон, кини ааспыт олохторун түгэннэрэ харахпар күлүм гынан көстөн кэлбиттэрэ. Биир кэм киинэ курдук түргэнник элэҥнээн испитэ, онтон тугу өйдөөн хаалбыппын, саамай чаҕылхай түгэннэри кэпсээбитим. Дьүөгэм олус соһуйбута уонна оҕо сааһын, аналын көрсөн ыал буолбут, оҕоломмут о.д.а. кэмин кытта ыкса ситимнээҕин, ону кини эрэ билэрин бэлиэтээбитэ.
Олохтон олоҕу олорон истэхпит аайы биһиги дууһабыт сайдарын туһугар идэбит таһымын тупсаран, саҥаттан саҥа кэрдиискэ тахсан иһэбит. Холобур, элбэх киһи олоҕун быыһаабыт биллэр быраас олоҕун суолун былыр отоһуттаан, эмчит көмөлөһөөччүтүнэн, санитарынан үлэлээн саҕалыыр. Онтон сыыйа сайдан, үрдүк чыпчааллары дабайар.
Холобур, аан дойдуга биллэр опера ырыаһыта Анна Нетребко урукку олоҕун биир кэрдииһигэр ырыынакка испанскай былаачыйалаах ыллыыр этэ. Кини көхтөөх майгыта, күүстээх куолаһа хас саҥа олоҕун аайы күүһүрэн, кыаҕыран иһэр.
Эдэр дууһа, саҥа төрөөт, хайдах даҕаны операҕа 7 октаваны тута ылбат, ити айылҕа сокуонугар эппиэттэспэт. Киһи аймах кыылтан саҕалаан, үрдүкү өркөн өйгө тиийэ кэрчиктэринэн сайдар. Ким эрэ хас да олоҕун тухары биир сиргэ харан олорор, бытааннык сайдар, атыттар олох үөрэҕин түргэнник ылынан, сайдан иһэллэр.
Киһи уһулуччу сайыннаҕына, дууһата холкутуйан, ураты уоскулаҥ, нуһараҥ эйгэҕэ киирэн, саҥа таһымҥа тахсар.
— Инникини хайдах өтө көрөн, астрология көмөтүнэн билгэлээһиннэри оҥорор буолбуккунуй? Ол төһө туоларый?
— Эрдэ олорбут урукку олохпор мин таастарынан, онтон таро хаартынан билгэлиир эбиппин, Императорскай эргимтэҕэ норуот сулусчута буолан, сулустарынан дьон олоҕун кэпсиирим. Киһи итинник сайдан иһэр.
Дьон санаатын үллэстэринэн, билгэлээһиннэрим туолаллар, ол эрээри ити мин сүрүн сыалым буолбатах. Туох эрэ кыһалҕаҕа ыктаран кэлбит киһи санаатын көтөҕөн, ыас хараҥа анараа өттүгэр сырдык баарын көрдөрүөххэ наада. Оччоҕо киһи сырдыкка тардыһан, олоҕо эмиэ сырдаан, тупсан барар.
— Айылҕаттан бэриллибит дьоҕургун күннээҕи олоххо туттаҕын, чугас дьоҥҥор көмөлөһөҕүн дуо?
— Дьоҕурбун күн аайы туттабын, олоҕум биир сорҕото, туллубат тутааҕа диэххэ сөп. Үһүс харахтаах төрөөбүтүм эрээри, ону хайдах туттарбын урут билбэт этим. Бириэмэ эрэ көһүннэр, билигин дьоммор куруук көмөлөһөбүн.
— Алессандра Айрис диэн аатынан бэрт соторутааҕыта тахсыбыт «Ведьма» кинигэҥ бэйэҥ олоххун ойуулуур дуо уонна бу айымньы нөҥүө дьоҥҥо тугу этиэххин баҕарбыккыный?
— Бу кинигэҕэ урукку олоҕум биир кэрчигэ ойууланар. Тымныы тыйыс дойдуга төрөөбүт дьахталлар бары даҕаны ис кыахтаах дьон. Олоҥхо дойдутун курдук күүстээх эниэргийэлээх сиргэ мээнэ дьон төрөөбөт. Ким эрэ Таҥара биһигини атаҕастаан маннык тымныы сиргэ олохтообут, дьоллоох дьон Лондоҥҥа олороллор дии саныыра төрүт сыыһа.
Саха сиригэр күүстээх куттаах дьон төрүүллэр, өбүгэлэрин суолун өйдүүр, кинилэргэ махтанар дьон сайдан, үөһээ кэрдиискэ тахсан иһэллэр.
Биһиги айылҕабыт күүһэ муҥура суох, онно элбэх сүүрээн, хайысха баар. Ону илдьэ сылдьан кимиэхэ даҕаны куһаҕаны баҕарыа суохтаахпыт, онтубут икки өттүнэн өтөн тахсар.
Дьоҥҥо үтүөнү баҕарыы, алгыс тылын этии биһигини ыраастыыр, үтүөнү эттэхпит аайы күүспүтүн улаатыннарар.
— Аймахтаргар айылҕалаах дьон бааллар дуо, кимтэн маннык дьоҕуру утумнаабыккыный?
— Миэхэ эбэм аатын биэрбиттэрэ, кини биир өттүнэн черкешенка хааннаах, ох тыллаах этэ. Эбэм күүстээх тыла миэхэ бэриллибит, мин ону үтүө сырдык санааҕа эрэ туттабын.
Ап-хомуһун порталын көрөн турардаахпын, биһиги тугунан дьарыктанарбытын барытын билэ-көрө олороллор. Иччилэри ыҥыран, кинилэри кытта кэпсэтэн, бу көстүбэт эйгэнэн аһары үлүһүйэ сатыыр бөрүкүтэ суох, сэрэхтээх даҕаны. Маннык дьарык соҕотохсуйууга уонна кыһалҕаҕа тиэрдэр.
— Александра, санаатаҕыҥ аайы аан дойдуну кэрийэҕин, билигин Турцияҕа олороҕут, бу барыта хайдах кыалларый?
— Биһиги ол иннинэ хас да сыл Москваҕа олорбуппут, улахан мегаполиска олорон элбэх киһиттэн, тыастан-уустан, кырдьыга, сылайбытым. Ол иһин икки сыллааҕыта Антальяҕа көһөн, арыый уоскуйан, холкутуйан, муора сибиэһэй салгынынан тыынан, санаам сэргэхсийдэ.
Мин үлэбинэн үгүстүк айанныыбын, араас куораттарга сылдьабын, олоҕум оҥоһуута оннук, төрүөхпүттэн биир сиргэ тэһийэн-тулуйан олорбот майгылаахпын, барыахпын-кэлиэхпин наада. Астрология көрдөрөрүнэн, миэхэ почта таһар 4 хамсыыр харамай баар, кинилэр хамсаталлар. Оннооҕор биир аттаах киһи түргэн, сыыдам туттунуулаах. Мин түөрт харамайдаахпын.
Оҕо сылдьан бэлэсипиэти түргэнник тэбэрим, биир оннук кытыгырастык сүүрэрим, кутан-симэн саҥарарым. Ол кэмтэн ыла туох да улаханнык уларыйбата, билигин да түргэммин, сылбырҕабын, айаҥҥа чэпчэкибин.
— Хас биирдии киһи орто дойдуга туох эрэ аналлаах кэлэр диэн санааны кытта сөпсөһөҕүн дуо? Бэйэтин дьоҕурун арыйбыт киһиэхэ улахан үп-харчы кэлэр дииллэр.
— Оннук, сөпкө этэҕин. Ол эрэн боростуой киһи бэйэтин аналын, дьоҕурун сулустар көмөлөрө суох хайдах арыйыай? Ол-бу кыһалҕа, ыарыы-дьаҥ олох сүүрээниттэн тахсан хааллахпытына эбэтэр бэйэбитин утары турдахпытына үөскүүр.
Дьыбааҥҥа сытан эрэ баай киһи кэлэн миигин кэргэн ылыа диэн күүтэр эбэтэр ийэм-аҕам харчынан көмөлөһүө диэн эрэнэр сыыһа өйдөбүл. Тугу эмит баҕарбыккын ыл да оҥорон иһиэххэ наада, сыыстаххына – көннөрөн биэр!
Быраас идэтин талбыт эрээри музыкант буолуоххун баҕарар буоллаххына, музыкаҕа үөрэн. 40 сааскар эриҥ, оҕоҥ суох буоллаҕына, түһүнэн кэбис, бэл 45 сааска төрүүр хойут буолбатах, үрдүкү Айыылар баҕалаах, сыаллаах-соруктаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр.
— Урукку олоҕор бу киһи ким-туох буолан төрөөбүтүн уонна билиҥҥи олоҕор онтон туох айыыны-хараны (карма) сүгэн кэлбитин хайдах билиэххэ сөбүй?
— Маны түүл-бит эбэтэр проводник нөҥүө билиэххэ сөп, дьоҥҥо барытыгар сөп түбэһэр биир ырысыап суох. Барыта тус-туһунан.
— Карманы уларытыахха сөп дуо? Холобур, ким эрэ толору дьиэ кэргэҥҥэ төрүүр, ким эрэ төрөппүтэ суох улаатар, ол туохтан тутулуктааҕый?
— Ааспыт олохпутугар хайдах олорбуппут билиҥҥи олохпутугар быһаччы сабыдыаллыыр. Өскөтүн оҕо сырыттаххытына аҕаҕыт атаҕастыыр буоллаҕына, эһиги урукку олоххутугар кинини атаҕастаабыккыт. Аймахтар кармаларын ситимэ киһи хос төрүүрүгэр улахан оруоллаах. Маннык балаһыанньаҕа түбэспит киһи атаҕастаабыт киһитин бырастыы гынан, кинини хайдах баарынан ылынан эрэ иэстэн төлөрүйэр.
Ол эрэн биир иэдэскин оҕустахтарына иккискин тоһуйан буолбатах, үөскээбит түгэн төрдүн-төбөтүн булан, ону өйдүөххэ наада. Бэйэҥ кыһалҕаҕар атын дьону, бэйэни буруйдуур, ааспыты эргитэн аҕала-аҕала мөҕүттэр олох сыыһа.
Киһи бу сиргэ туохха эрэ үөрэнээри кэлэр, билигин уонна манна олоруохха наада, ааспыты санаабакка, инникини тымтыктана сатаабакка. Бүгүҥҥү олоххо махтана, астына-дуоһуйа.
— Халыҥ харчылаах, омук сиригэр тиийэ хастыы да дьиэлээх, баай-дуол быыһыгар нус-хас олорор дьон бааллар, оттон ким эрэ үйэтин тухары кып-кыра хамнаска үлэлиир. Бу эмиэ карма дуо?
— Карма уонна бэйэҥ санааҥ ханна тиэрдэр сиригэр кэлэҕин. Холобур, ааспыт олохторугар сөпкө олорбут дьон бу олохторугар баҕарбыттара барыта баар буолар. Оттон куруук кыра хамнастаахпын диэн муҥатыйар киһи харчыта хайдах эбиллиэй? Куйаарга тугу эппитиҥ ол туолан иһэр. Биһиги орто дойдуга үүнэ-сайда, ис кыахпытын арыйа кэлэбит, ким эрэ кэлэн көмөлөстөҕүнэ харчы кэлиэ диэн бэлэми кэтэһэн олорор сыыһа. Бэйэҥ айан-тутан истэххинэ, сөбүлүүр үлэҕинэн дьарыктаннаххына эрэ табыллыы кэлэр.
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах дьон бааллар, ким эрэ хойукка диэри ыал буолбакка, оҕо төрөппөккө сылдьар. Оҕото суох дьон урукку олохторугар былаана суох кэлбит оҕолорун көрбөккө быраҕан кэбиспит буолуохтарын сөп. Билиҥҥи олохторугар ол айыыларын боруостууллар.
Оҕото суох ыал оҕо ииттэ ылан, ол оҕолорун истиҥник таптаан, ылынан, биэбэйдээн баран бэйэлэрэ оҕолоноллоро олоххо баар суол. Туора киһи оҕото диэн араарбакка оҕону ис сүрэхтэн таптыыр киһиэхэ оҕо кута, хаһан эрэ аккаастаммыт, тиэрэ хайыспыт оҕолоро хайаан да кэлэр. Үөһэттэн биһигини итинник тургутан көрөллөр. Ол кэлбит оҕону таптыахха эрэ наада, оччоҕуна иэс тута сабыллар.
— Киһи дууһата хас олоҕу олороруй?
— Ким хайдах сайдыылааҕыттан тутулуктаах. Бытааннык сайдар кырдьаҕас дууһалар бааллар, эдэр эрчимнээх дууһалар сайдыылара түргэнник барар. Биһиги тугу оҥорорбутуттан эниэргийэбит быһаччы тутулуктаах.
— Икки сыллааҕыта аан дойду дьонун барыларын дьиэлэригэр олордубут хамсык ыарыытын тоҕо сиргэ ыыппыттарай?
— Хамсык айылҕаҕа болҕомто уураары өрө турбута. Дьон санаатын ырааһырдаары. Төрүөхтэриттэн муус доруобай, хайа баҕарар саастарыгар эдэрдии эрчимнээх, ыарыы сыстыбат, үөрэ-көтө сылдьар дьон бааллар.
Куруук куһаҕаны, мөкүнү эрэ санаан, киһи бэйэтин эниэргийэтин кэбирэтиэн сөп. Былыр даҕаны холера, оспа, чахотка, тиф, чума, испанка ыарыы тарҕанан, элбэх киһини илдьэ барбыта.
Хамсык — лабораторияҕа дьон айан таһаарбыт вируһа киһи өйдүүр дьоҕурун, хаан эргиирин, ууһуур уорганын мөлтөтөр.
— Саҥа өрө тыынан, көҥүл олоххо киирэн истэхпитинэ, аны байыаннай эпэрээссийэ саҕаланна. Төһө даҕаны официальнай сонуннар иккис мобилизация буолбат диэтэллэр, итэҕэйбэт, сэрэхэдийэр дьон суох буолбатах.
— Мин политиканы ырыппаппын, билгэлээбэппин, бу эйгэҕэ үлэлээбэппин.
— Үүнэр 2023 сыл киһи аймахха хайдах буолуой?
— Быйылгы сыл кэлэр 2023 сылга бэлэмнэнии быһыытынан ааһан эрэр. Онтон салгыы үп-харчы өттүгэр, айылҕа алдьархайыгар уустук кэм кэлэн иһэр. Ол эрэн киһи хайа баҕарар түгэҥҥэ сырдыкка эрэлин ыһыктыбакка үчүгэйи эрэ саныахтаах, киһи санаата аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны уларытар кыахтаах.
Хара куруолук сылыгар дьону кытта сатаан кэпсэтиэххэ, сыл хаһаайынын кыыһырдымыахха наада. 12 харамайтан кыыһырдаҕына саамай кутталлаахтара кини.
2023 сыл гексаграммата — дьиэ кэргэн. Өскөтүн 2022 сылга ыаллар айдааннаахтык олорбут, кыыһырса, арахса сатыыр буоллахтарына, үүнэр сыл дьиэ кэргэни сомоҕолуоҕа. Ону таһынан, бэйэтин төрүттэрин, өбүгэлэрин билиэн баҕарар дьоҥҥо көдьүүстээх сыл иһэр.
Дьиэбитигэр кэлэн биһиги чугас дьоммутун кытта хайдах баарбытынан сылдьабыт, манна күүс-тирэх ылабыт, Куруолук сылыгар бэйэ-бэйэҕэ истиҥ-сылаас сыһыаны олохтуохха наада. 2023 сылга эһигини дьиэ кэргэҥҥит өйүөҕэ.
Бу үүнэр сылга, хомойуох иһин, элбэх киһи үлэтин сүтэриэ, олус үрдүк инфляция буолуо, ас-таҥас сыаната салгыы үрдүү туруо, хамнас ырааҕынан хаалан иһиэ, ол иһин ыарахаттары этэҥҥэ туоруурга хаһаастаах буолар ордук. Социальнай ситим нөҥүө үлэлиир, онлайн куурустары ыытар дьоҥҥо ситиһиилээх сыл. Холобур, Америкаҕа 90 саастаах эбээ оҕолорго остуоруйа онлайн кэпсээн аатырбыт, эбии дохуот киллэрбит.
Инфляцияттан сылтаан араас дойдулар бырабыыталыстыбалара саҥа харчыны бэчээттиэхтэрэ. Түргэн-тарҕан туттунуулаах, барыылаах-кэлиилээх эрэ дьон сатаан харчы аахсыахтара. Дьиэттэн онлайн үлэлиэххэ сөп эрээри, аан дойдуга буола турар быһыыга-майгыга түргэнник туттан-хаптан иһиэххэ наада. Холобур, оҥорор өҥөҕүтүн тас дойдуга таһааран атыылыахха сөп. Дохуоккутун хаҥатарга саҥа үүтү-хайаҕаһы көрдөөҥ, биир сиргэ олорон хаалымаҥ.
Аны 20 сылынан хоту дойду уонна уу эйгэтин бастакы түһүмэҕэ саҕаланыа. Онно Арассыыйа Арктиката күүскэ сайдан, үп-харчы хамсаан барыа. Ыраас уу улахан баайбыт буолуо.