02.02.2024 | 16:00

Александра Кардашевская: «Туризм эйгэтэ биллэ сайынна»

Биир өрөбүл күн сынньалаҥ баазатыгар тиийэн сахалыы сиэринэн ыраастанан, арчыланан, минньигэстик тото-хана аһаан баран, бу бэртээхэй эбийиэктэри кимнээх үлэҕэ киллэрбиттэрин билэргэ сананным.
Александра Кардашевская:  «Туризм эйгэтэ биллэ сайынна»
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

— Александра, куорат дьоно, ыалдьыттара, оҕо-уруу даҕаны дуоһуйа сынньанар баазаҕытын хаһан уонна хайдах тэрийбиккитий?

— Биһиги ыаллар туристическай урбааҥҥа 2022 сылтан киирбиппит. Бу дьарыкпыт биһигини айылҕаны өрө тутарбытын иһин бэйэтэ талбыт курдук кэлбитэ. Ол курдук, ыалдьыттарбыт айылҕаны харыстыылларын, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларын туһугар үлэлиибит, сахабыт норуотун баай историята, култуурата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, сүппэтин уонна симэлийбэтин туһугар туруулаһабыт. Кэлэр кэнчээри ыччакка бэйэбит билиибитин, үгэстэрбитин тириэрдиэхпитин баҕарабыт.

— Сынньанар дьиэ аныгылыы истииллээх эбит, бу маны ким дизайннаабытай?

— Дьиэлэрбит араас истииллээхтэр. Саха балаҕана да, “афрэйм” да баар, ханныгы сөбүлүү көрбүккүтүнэн, хараххыт таптаабытынан талар кыаҕы үөскэттибит. Быһыытын-таһаатын, ис-тас дизайннын бэйэм киэргэтэбин, сороҕор эдьиийим көмө-тирэх буолар. Ону таһынан фотозоналары бэйэм илиибинэн экологическай оҥоһуктарынан таҥан, оҥорон таһаарарбын ордоробун. Ыалдьыттыы кэлбит дьон да бэлэх быһыытынан аҕалаллар.

— Дьиэлэргит балай эмэ улахаттар эбит, төһө киһи батар?

— Биэстэн саҕалаан уон ыалдьыкка тиийэ хонон-өрөөн, дуоһуйа сынньанан ааһыахтарын сөп. Ону таһынан дьыл кэмиттэн көрөн араас сынньанар тэрил, усулуобуйа элбэх – тыы, квадроцикл, катамаран, снегоход, баанньык, сылаас гараас, мангал о.д.а. Дьиэ аайы иһиккэ-хомуоска, утуйар таҥаска тиийэ барыта баар буоларын хааччыйабыт.

— Тэрилтэҕитигэр хас үлэһиттээххитий?

— Кыһынын икки үлэһиттээхпит, сайыҥҥы өттүгэр ахсааннара лаппа элбиир. Устудьуоннар кытта быраактыкаларын ааһар буоллулар, үөрэ-көтө турбизнес ис куукунатын билиһиннэрэбит, үөрэтэбит.

— Эһиги баазаҕыт атын сынньанар сирдэртэн туох уратылааҕый?

— Биһиэнэ уратыта диэн уу-чуумпу, уот-күөс, интэриниэт уонна сибээс суох сирэ. Киһи сынньанарыгар ол ордук табыгастаах. Тыраассаттан тэйиччи, эбэ кытылыгар турар буолан, сайынын балыктыахха, эмтээх да оту хомуйуохха, күһүнүн хоно-өрүү сытан тэллэйдиэххэ да сөп.

— Маҥнай саҕалыыргытыгар туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?

— Урбаан эйгэтэ ыарахана элбэх буоллаҕа дии... ордук хаһаайыстыба чааһыгар элбэх этэ диэххэ сөп. Холобура, саас-күһүн суол-иис боппуруоһа биһиэхэ сытыытык турбута. Аны сөптөөх угуйук кыһалҕата турбута, дьон сэҥээриитин хайдах тардыахха сөбүй диэн. Манна даҕатан эттэххэ, сынньалаҥ баазатын тэрийиигэ сыллата конкурент ахсаана элбээн иһэр. Ол инниттэн бэйэҥ мааркаҕын тутуохтааххын, оҥорор өҥөҥ хаачыстыбатын кытаанах хонтуруолга илдьэ сылдьыахтааххын.

— Сахабыт сиригэр туризм сайдыан баҕарар буоллахпытына, судаарыстыба ордук туохха болҕомтотун ууруон наада дии саныыгыт?

— Сүрүн харгыстары, биллэн турар, суол-иис инфраструктурата мөлтөҕө, уот, гаас ситимэ суоҕа оҥороллор. Маны таһынан судаарыстыбаттан көмө быһыытынан анал үлэлиир тиэхиньикэни атыылаһарга чэпчэтиилэр баар буолуохтарын баҕарабын, бу биһиэхэ билиҥҥи туругунан тыын суолталаах боппуруос буолар.

— Саха балаҕанын туттубуккут дии, ол туһунан кэпсээ эрэ.

— Саха ыала буоларбыт быһыытынан балаҕан баара олус үчүгэй, оҕолордоох ыал өбүгэлэрбит хайдах олорбуттарын билсиһиннэрэргэ, ситим сүппэтин туһугар балаҕаммыт дьыл түөрт кэмигэр үлэлии турарынан киэн туттабыт, анаан-минээн онно кэлэн ыалдьыттыыр дьон элбэҕиттэн үөрэбит. Аҕа саастаах дьон, ааттаах-суоллаах спортсменнар кэлэн алгыстанар көмүлүөк оһохтоохпут.

— Инникитин туох былааннааххыт?

— Бу сайын эбии дьиэлэри тутан, куораттан чугастыы өссө да элбэх дьон тахсан сынньанарын, Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын кытта алтыһарын ситиһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит!

— Дьоҕус урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах дьон сир ахсын бааллар. Кинилэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Биһиги үс сыл тухары «Мой бизнес» киин өйөбүллээх буолан, олус үчүгэй дии санаатыбыт, барҕа махталбытын тиэрдэбит! Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо араас судаарыстыбаннай көмөнү ыларга да, туһанарга да тирэх буолаллар. «Мой бизнес» тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһугар урбаанньыттарга сүбэ-ама, үп-харчы, билии ылар өттүнэн көмө буолар сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Чопчу урбаанньыттарга эрэ буолбакка, бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаах дьоҥҥо эмиэ сүбэлииллэр, баар инструменнары таба туһанарга, регистрацияны  ааһарга көмөлөһөллөр. Ол курдук, киин нөҥүө барыта 70-тан тахса араас көрүҥнээх көмөнү ылыахха сөп: докумуон толорууга, көмө харчы  (субсидия), грант, кыра бырыһыаннаах кирэдьиит ыларга уо.д.а. тиийэ.

— «Мой бизнес» тэрилтэ «Бизнес инкубатора» эһиэхэ тугунан көмөлөстө?

— Бизнес инкубаторга чэпчэтиилээх офис куортама баар, онон саҥа саҕалыыр дьоҥҥо олус туһалаах. Холобура, саҥа саҕалыыр киһи удамыр сыанаҕа хос куортамнаан, кэлин улаатар кыаҕы бэйэтигэр оҥостор кыахтаах. Маны таһынан угуйуктары тарҕатыы, саайты оҥоруу да буоллун, бухгалтерия да өттүнэн араас өҥөнү бэйэтигэр ылынар.

— Уонна түмүкпэр урбаанньыт киһи ханнык санаанан салайтараргын билиэхпин баҕарабын.

— Олоххо тутуһар санаам – өбүгэ ситимин сүтэрбэккэ, Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын үүнэр көлүөнэҕэ харыстаан тиэрдии, сахабыт баай тылын-өһүн уонна култууратын ытыктыырга, сыаналыырга бары ааҕааччылары ыҥырабын.

— Александра, кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Дьиэ кэргэҥҥит дьарыга инникитин да өссө сайда турарыгар баҕарабын, сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун.

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....