07.11.2024 | 10:00

Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»

Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим. 
Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин болдьоһон, куорат киинигэр баар дьиэтигэр лоп-бааччы эппит бириэмэбэр тиийдим.

Ааны сэргэх, сэнэх көрүҥнээх, эдэрдии эрчимнээх да диэхпин сөп, кэрэ сэбэрэтин ыһыктыбатах, мааны бэйэлээх Александра Дмитриевна миигин уруккуттан билэр киһилии олус үөрэ көрүстэ. Онтон саалатыгар ыҥыран, кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.

Александра Дмитриевна “Наука сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлээх, Саха сиринээҕи Наука киинин,  Өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Ытык сүбэ”  бочуоттаах кырдьаҕаһа.

Александра Дмитриевна, сахалыы сиэринэн төрдүгүн-уускун билсиэххэ.

– Мин 1939 сыл кулун тутар 25 күнүгэр Хаҥалас улууһугар, уруккута Орджоникидзевскай оройуон Тиит Арыы нэһилиэгэр сэттис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Быйыл 85 сааспын туоллум, үс оҕолоохпун, бары биэнсийэлээхтэр, алта сиэннээхпин, биэс хос сиэннээхпин.

Ийэм 5 сааспар, аҕам 8 cааcпар ыалдьан олохтон туораабыттара, онон төгүрүк тулаайах улааппытым. Аҕам үлэ фронугар сылдьыбыта. Кэлэн баран 1948 сыллаахха муҥура тэстэн өлөөхтөөбүтэ. Ийэм 1944 сыллаахха тыҥатынан ыалдьан өлбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттэбит этэ, мин кыраларабын. Ийэм, аҕам өлбүттэрин кэннэ миигин улахан эдьиийим иитэ ылбыта, кини миигиттэн 13 сыл аҕа этэ.

Бастаан кыратык интэринээккэ олоро сылдьыбыппын  өйдүүбүн, эдьиийим бастакы кылааска киирэрбэр  ылла быһыылааҕа. Кини оччолорго кэргэн тахсан, эрин дьонугар көһөн кэлбитэ. Ол дьон миигин туора көрбүттэрэ, эдьииийим кийиит буолан, улахан бырааба да суох курдуга. Онон дьиэ үлэтигэр төбөм оройунан түспүтүм, били “Золушка” курдук этим. Убайдарым холкуоска үлэлииллэрэ.

Дьиэ кэргэн - айылҕаҕа

Оскуолатааҕы сылларыҥ хайдах этилэрий?

– Ворошилов колхуос киинигэр Харыйалаах арыыга олорбуппут. Сэттэ кылаастаах оскуолалааҕа, балыыһа, дьыссаат, миэлиҥсэ, интэринээт эҥин баара. Онно Чкаловтан, Тиир Арыыттан, Тумултан, Еланкаттан оҕо бөҕө кэлэн үөрэнэрэ. Бары ыалынан дьиэлэнэн олороллоро. Биһиги эмиэ наһаа элбэх буолан олорбуппут. Мин күнү быһа иһит хомуйан, сууйан тахсар этим, наһаа элбэҕин, олус сылайарбын өйдүүбүн. Онтон эдьиийим оҕоломмутугар аны оҕо көрсөрүм. Дьиэ үлэтигэр наһаа үлэлээбитим.

Сайынын буолунай хортуоппуй олордоллоро. Сарсыарда оскуолабытыгар барыахпыт иннинэ бүтэйдии буспут хортуоппуйу хаҕылыыр, ыраастыыр этибит. Ону килиэп оҥороллоругар бурдуктарыгар булкуйаллара, аҥаара хортуоппуй буолара. Лэппиэскэни эмиэ оннук оҥороллоро, минньигэс да буолар этэ.

Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан хомсомуолга киирбитим. Оо, онно кытаанах ирдэбил этэ, устаап үөрэтэбит, боппуруос бөҕөтө биэрэллэр. Долгуйуу, куттаныы – барыта баара.

Сэттиһи бүтэрэн баран Сиинэҕэ барбытым, онус кылааһы онно бүтэрбитим, интэринээккэ олорбутум. Ол саҕана саастарынан аҕалары (переростоктары), хастыы да сыл хаалбыттары барыларын уураппыттар этэ, ити 1954 сыллаахха. Инньэ гынан биһиги тоҕус эрэ буолан үөрэммиппит. Оскуолаҕа син ортонон үөрэммитим. Ааҕыыга мөлтөх этим, дойдубар наар дьиэ үлэтигэр миккиллэн, олох кинигэни, литератураны аахпатаҕым таайдаҕа. Онон историяны, географияны, литератураны ыарырҕаппытым, ол оннугар ахсааҥҥа, суруйууга эҥин үчүгэй этим. Ыраастык,  сыыһата суох суруйууга быыстапкаҕа кыттан турабын.

Оскуола кэннэ үлэлии хаалбытыҥ дуу, үөрэххэ туттарсыбытыҥ дуу?

– 1957 сыллаахха оскуола кэннэ куоракка кэлэн туттарсыбытым. Медицинскэйгэ баҕарар этим да, медфакультет аһыллыбакка, докумуоннарбын БГФ-ка биэрбитим. Тоҕо эрэ медучилищеҕа барбатаҕым, үрдүк үөрэххэ таласпытым. Туттарсан көрөн баран, куонкуруһунан кыайан киирбэтим. Потогунан туталлар этэ. Мин бастакы потокка түбэстим, үс эксээмэни туттардым, төрдүс – омук тыла, оччолорго ханнык баҕарар үөрэххэ омук тылыгар эксээмэн туттараллар этэ. Биһиги омук тылын үөрэппэтэх буолан,  аттестаппытыгар ол биридимиэт суох. Ол иһин туттарбатым.

Ханна да барбаккыт, үлэлии хаалаҕыт диэн буолла, мин, хаалыахпын, олорор да сирим суох. Ол иһин дьиэбэр баран хааллым. Онтон 20 чыыһылаҕа кэллим. Испииһэккэ көрөбүн – аатым суох, кэлин билбитим, үлэҕэ сылдьыбатахпын, бары потоктар туттаран бүтүөхтэригэр диэри кэтэһиэхтээх эбиппин. Ол сыл оҕолор тутууга үлэлээбиттэр этэ. Мин биир үстээх, икки түөртээх этим эрээри, ол курдук киирбэтим.

Федоров Иван Афанасьевич диэн военком аймахтаах этибит. Кини быраатыгар Дмитрий Афанасьевичка тиийдим, кини биһиэхэ олоро сылдьыбыта, учууталлаабыта. Дойдубар төннөр баҕам суох этэ, ол курдук куоракка хааллым. Онно дьиэлэнэн олордум. Убайым “Водоканал” тэрилтэҕэ хлоратор диэн доруобуйаҕа олус буортулаах үлэҕэ киллэрдэ. Онтон аны саҥа дьылга медучилищеҕа “Медсестра-воспитатель детских яслей” диэн биир сыллаах куурус аһыллар диэтэ. Ону иһиттим-истибэтим диэтим да, киирэн хааллым.

50 сыл бииргэ

Онтон?

– Кууруспун бүтэрэн, хомсомуол путевкатынан Аммаҕа бардым. Абаҕа деткомбинатыгар ананан, баспытааталынан үлэҕэ киирдим. Дьэ үлэ бөҕөтө, ыччат да сүрдээх актыыбынай, субуотунньуктар, кулуупка араас тэрээһиннэр ыытыллаллара, наһаа да көхтөөхтүк олорбуппут. Ити 1958-60 сылларга.

Ол да буоллар хайдах маннык хаалан хаалыахпыный, эбэһээт үрдүк үөрэххэ барыахпын наада диэн санаа арахпат. Онон саас Аммаҕа үс ыйдаах бэлэмнэниигэ бардым. Онно үөрэнэн университеппар син биир БГФ факультетыгар биолог идэтигэр киирдим.

Туруоруммут сыалгын толорор кытаанах санаалаах эбиккин. Баҕа санаа оҥостубут үөрэххэр киирдиҥ!

– Дьэ, киирэн. Устудьуоннаабыт сылларым саамай үтүө кэмнэрим этэ. Уопсайга мас дьиэлэргэ олордум. Туохха барытыгар кыттарым, актыыбынай этим, кэнсиэр буоллун, араас тэрээһин буоллун. Ол сылдьаммын үһүс кууруска таанцыга тапталбын көрүстүм. Үҥкүүбүт уопсайбыт көрүдүөрүгэр буолар этэ. Уолум эмиэ биолог, бүтэрээри сылдьар. Иванов Борис Иванович диэн, Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээх. Кини үөрэҕин бүтэрдэ, Ботаническай садка лаборанынан хааллардылар. Мин үөрдэҕим дии, ханна да ыыппатылар диэн. Үһүс куурус кэннэ Өлүөхүмэҕэ экспедицияҕа барыахтаах этим, ону Бориһым: “Экспедицияҕа барыма, биһиэхэ үлэҕэ киир, хамнастаныаҥ”, – эҥин диэтэ. Инньэ гынан практикабын онно бардым.

Бориска Чайковскай уулуссаҕа мас дьиэлэргэ хос биэрбиттэр эбит. Ыалга дьукаах курдук. Ол ыаллара уоппускаларыгар барбыттарыгар мин киниэхэ баран олордум уонна сайыны быһа үлэлээтим. Күһүөрү дойдубар таҕыстым. Кэллэхпинэ, холбоһуохпут, сыбаайбалыахпыт диэн буолла. Дьиэбэр сылдьан табаарыс уолланным эҥин диэн эттэҕим дии, онтон кэлбитим арай киһим суох, дойдутугар баран хаалбыт.

Устудьуоннуу сылдьан
Өктөөп параадыгар

Бай, тоҕо ол?

– Кураанах дьиэҕэ кэллим, онтон межгородка баран төлөпүөннээн билбитим: “Дьонум ыалдьан ыҥыран ыллылар, эн хайыыгын?” – диэтэ. Дьоно кырдьаҕастар, кыамматтар этэ, убайа балыыһаҕа киирбит. Мин ийэм, аҕам суох, аны туран ыарахан буолбуппун. Сунтаарга сөмөлүөтүнэн көтөн тиийдим. Наһаа бэккэ көрүстүлэр. Тойбохойго түөрт сыл олордубут, ол быыһыгар үөрэхпэр кэтэхтэн көстүм, маҥнайгы сыл академическай уоппуска биэрдилэр, бэһис кууруска диэри иккитэ кэлэн эксээмэннэрбин туттаран барбытым.

Бастакы уолбут 1964 сылга төрөөбүтэ, аны сыл аайы оҕолоннум. Борис ийэтэ кыаммат, аҕата иһирдьэнэн-таһырдьанан наар үлэлиир, сүөһүтүн көрөр. Биэнсийэлэрэ да суох этэ ол саҕана. Кэргэним аҕыс кылаастаах оскуолаҕа завучтуур. Үлэ бөҕөтө. Мин күнү быһа дьиэҕэ олоробун, оҕолору, кырдьаҕастары көрөбүн, дьиэ хомуйабын, оннук дьиэ хаһаайката буолан хааллым. Түөрт сыл иһигэр үстэ оҕолоннум, иккис оҕом кыыс, кырабыт уол буолла.

Куоракка хаһан көһөн кэллигит?

– Мин хайдах эрэ дэлби түбүгүрэн эҥин дьүдьэйэн хааллым. Хата, хотону оҕонньор бэйэтэ көрөрө. Борис хайдах да тыаҕа сатаан олоруо суохпут диэн 1967 сыллаахха төттөрү көһөн кэллибит. Кэргэним эрдэ кэлбитэ, манна сибээһэ, билсиитэ элбэх, науканан дьарыктаныан баҕарар этэ. Мин сааскыга диэри хааллым. Бориһым үлэ миэстэтэ көстүбэккэ, биир сыл Суоттуга тахсан учууталлаабыт этэ. Мин саас кэлэн баран, бүтэһик чиэппэргэ ол оскуолаҕа математиканы, ботаниканы биэрдим, инньэ гынан учууталлаан турабын. Пермяковтар диэн элбэх оҕолоох ыалга олорбуппут. Мин онно төрдүс эрэ чиэппэргэ үлэлээбитим.

Үҥкүү аргыстаах

Онтон дьэ олохтоох сиргитин буллугут?

– Суоттуттан көһөн киириэхпититтэн күн бүгүҥҥэ диэри куорат ыалабыт. Манна Ботаническай садка үлэҕэ ыллылар. Борис урут үлэлээбит буолан, наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, ытыс үрдүгэр түһэрэн ыллылар. Түөрт кыбартыыралаах мас дьиэ баара, онно биир кыбартыыратын биһиэхэ биэрдилэр. Борис урут моонньоҕоҥҥо үлэтин саҕалаабыт этэ. Кэлбиппит физиолог Дохунаев Василий Николаевич дириэктэр буолбут, кини бурдукка көһөн хаалбыт. Онон бурдукка үлэлээтибит. Боруоста күүстээх үлэни көрүстүбүт.

Ол сылдьан Бориһым 5 сыллаах отчуотунан Ленинградка барда. Онно баран отчуотун көрдөрбүтүгэр, мантыкаҥ кандидатскай буолуон сөп диэннэр, кэлэн бэрт суһаллык кандидатскай минимумун туттарда уонна саас баран көмүскээн, 33 сааһыгар тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата буолла.

Ол мас дьиэҕэ алта сыл олордубут. Кандидат буоллаххына эрэ таас дьиэ биэрэбит диэбиттэрэ. Оҕолорбутун үлэбит оптуобуһунан куоракка дьыссаакка таһабыт. Сарсыарда үс оҕону илдьии, киэһэ аҕалыы, куруук тиэтэл, ыксал, кытаанах олох этэ, эдэр буолан тулуйдахпыт. Кандидат буолбутун эһиилигэр өссө учуонай-сэкирэтээр оҥордулар. Онтон дьэ киэҥ-куоҥ үс хостоох дьиэлэммиппит. Аны кандидатскайын көмүскээбитин кэннэ ийэлээх аҕабытын аҕалбыппыт. Кырдьаҕастарбыт үөрэ-көтө уолларыгар олоро кэлбиттэрэ.

Кэргэҥҥин кытары үлэҕэр, олоххор куруук бииргэ сырыттаххыт.

– Оннук, иннэлээх сап курдук үйэбит тухары наар бииргэ сылдьарбыт, сынньанарбыт. Кыһыл көмүс сыбаайбабытын бэлиэтээбиппит. Туох баар дьиэ кэргэн бырааһынньыгын барытын ылар этибит. Үрүҥ көмүспүтүгэр Средиземнай муораҕа круизка баран кэлбиппит. Эйэ-дэмнээхтик 54 сыл бииргэ олорбуппут.

Кэргэним хаһан эрэ суол саахалыгар түбэһэн тоноҕоһо алдьаммытын билбэккэ сылдьыбыт. МРТ түспүтэ, биир тоноҕос суох, быыкаа хаалбыт диэн буолла. Аҕабыт ол кэннэ куттанан ыараханы эҥин букатын көтөхпөт буолан хаалла, санаарҕаата, онтон сылтаан 2017 сыллаахха уһуннук ыалдьан олохтон барбыта. Сааһырбыт киһиэхэ кыра да сылтах буолар эбит. Онтон ыла соҕотох олоробун, бэйэм бэйэбин көрүнэбин. Оҕолорум да болҕомто киинигэр илдьэ сылдьаллар, онтон үөрэбин.

Саха Далбар Хотуттара

Бүгүн эбиэт иннинэ фитнескэ дьарыктана, үҥкүүлүү барбыт диэн истибитим.

– Аан бастаан 70 сааспар үҥкүүлүү барбытым. Бэйэм хайдах эрэ хамсаныахпын-имсэниэхпин баҕарар этим, уойан киирэн бардым, сүрэҕим ыалдьар, дабылыанньам тахсар. Үлэбит да оннук, олорон эрэ үлэлиибит. Мин 72 сааспар диэри үлэлээбитим.

Хаһыакка “Шахерезада” диэн үҥкүү устуудьуйата аһыллыбыт диэни көрөн, онно тиийэн дьарыктанным. Оччолорго олох, этэргэ дылы, “популярнай”, хас 45 мүнүүтэ аайы дьахтар бөҕөтө кэлэр этэ. Онтон кылгас кэмҥэ сылдьан баран “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар сарсыарда аайы сэрээккэлиир бөлөх баара, онно сырыттахпына кэллиэгэм Розалия Николаевна “биһиги илиҥҥи үҥкүүгэ үҥкүүлээн эрэбит” диэтэ. Хата мин онно барыыһыкпын диэн аны Габышева Настя устуудьуйатыгар көстүм. Ол ансаамбылга 15 сыл сырыттым.

Бастаан “Азиза” диэн этибит, онтон сааһыран ааппытын “Айыы саас” диэн уларыппыппыт. Үҥкүүлээн аан дойдуну кэрийбиппит.

Токиоҕа кытта сылдьыбыппыт. Лауреат эҥин буолан, гран-при да ылбыппыт. Билигин төлөбүрэ биэнсийэлээх киһиэхэ ыараата, онон тохтоотум. Онтон “Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар” фитнес-дэнс диэҥҥэ, син биир үҥкүүлээх, онно сылдьабын. Нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктанабыт. Ону таһынан Киин уокурукка бэтэрээннэр сэбиэттэригэр уон сыл сырыттым, хордаах эҥин этибит. Ол иннинэ Дьокуускай куорат Биэнсийэлээхтэрин сэбиэтигэр уонтан тахса сыл сылдьыбытым.

Бүгүн урукку кэмҥэ биир улахан бырааһынньыкпыт, Улуу Өктөөп күнэ. Санаан-ахтан ааһыахха эрэ.

– Өктөөп бырааһынньыгар улахан бэлэмнэнии буолара. Ким параадка сылдьарын эрдэттэн испииһэк хомуйаллар, устудьуон сылдьара булгуччулаах, ким барбатах истипиэндьийэ ылбат эҥин диэн буолар этэ. Онон булгуччу барабыт, үөһэ-аллараа түһүү, түбүк бөҕөтө, транспарант, былаах, сибэкки оҥоһуута диэн, хосторунан сүүрэ сылдьан ону-маны уларсыы... Уопсайынан, наһаа өрө көтөҕүллүүлээх буолара. Уонна дьэ эрдэ тиийэн тоҥуу-хатыы. Ол да буоллар, эдэрдэр буоллахпыт, үөрүү-көтүү, тоҥмуппут ааһан хаалар. Параад кэннэ уопсайбытыгар баран салгыы эҕэрдэлэһэбит, астанан аһаабыта буолабыт уонна киэһэтин көрүдүөрбүтүгэр үҥкүү-битии тэрийэбит.

Институкка үлэлии сылдьан эмиэ бары кэлэктиибинэн параадка тахсарбыт. 4-с маҕаһыын аттыгар мустар этибит. “Ураа” да “ураа”, үөрүү-көтүү, эҕэрдэлэһии, ырыа-тойук бөҕө буолара, тоҥорбутун да улахаҥҥа уурбат курдук этибит.

Дьиэбэр сарсыарда эрдэ туран бырааһынньыктааҕы аспын астаан хаалларабын, онтон доҕотторбутун кытта кэлэн остуолбутун тардан бырааһынньыктыыбыт, ыллыыбыт-туойабыт, хойукка диэри олорорбут.

Өктөөп суолтата оччолорго үрдүк бөҕө этэ. Биһигини, тулаайах дьону, Сэбиэскэй былаас киһи хара оҥордоҕо дии. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ суоҕа буоллар, үөрэнэр да, хайыыр да кыахпыт суох буолуо этэ. Өрөбөлүүссүйэ кыра-хара дьону өрө таһаарбыта диэн бигэ санаалаахпын. Ленини, Сталины уруйдаан бөҕө буоллаҕа.

Билиҥҥэ диэри хомсомуол күнүн ылабыт. Бу соторутааҕыта Киин уокурукпутугар ыллыбыт. Мин ол күн сарсыарда алта чааска Узбекистантан көтөн кэлбитим, хойутаан да буоллар тиийдим. Эрдэ саҕаламмыт, Хомсомуол тиэмэтигэр сочуот туттарбыттар, билиэттээхтэр эҥин үһү, алта уордьанын, хаһан тэриллибитэй диэн, онтон да атын ыйытыыларга эппиэттээбиттэр. Ол кэннэ үөрүүлээх мунньах буолла, эҕэрдэлээтилэр, “Ленинский зачет” диэн грамота туттардылар. Урукку ырыалары ыллаатыбыт, чэйдээтибит, дуоһуйа кэпсэттибит.

Биология институтугар кэргэҥҥиниин үлэлээбиккит. Иккиэн бурдугу үөрэтиигэ элбэх сыраҕытын уурдаххыт. Ол туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Үөһэ этэр аһарбытым курдук 72 сааспар диэри институппар үлэлээбитим. Кэргэним кандидатскайын, докторскайын бурдук үөрэтиитигэр анаабыта. Наар бурдугу үөрэппиппит – Саха сиригэр да үүнэр бурдугу, кэлии да бурдугу. Түргэнник ситэр бурдук сордун таһаарыахха наада диэн бэлэмниир этибит, селекционнай үлэ күүскэ барара. Наһаа элбэҕи үүннэрэбит уонна күн аайы төһө улааппытын мээрэйдиибит, үлэ да үлэ, барытын кэмниибит – куоласка төһө бурдук баарын, хас устуукатын, төһө ыйааһыннааҕын, кыһыны быһа оннук үлэлиибит. Төһө ууну кутары, хаһан ууну кутары, ханнык уоҕурдуулары туттары. Сахабыт сирин усулуобуйабытыгар барсар, саамай түргэнник үүнэр-ситэр “Скороспелка”, “Якутянка” уонна “Победа” диэн саха сортара тахсыбыттара.

Кэргэниҥ туһунан ахтан ааһыаҥ дуо?

– Кэргэним кыахтаах, дьиҥнээх учуонай, олоҕун наукаҕа анаабыт саха саарына этэ, мин курдук үҥкүү, ырыа диэҥҥэ аралдьыйбатах киһи, наар кинигэ ааҕан, суруксуттаан тахсара. Дьиэҕэ-уокка наһаа бүгүрү, төрөппүттэрэ ыарыһах, кырдьаҕас буоланнар, тугу барытын сатыыра, улахан таҥаһы барытын кини сууйара, туох баар өрөмүөнү оҥороро, кыраасканы да соторо. Үйэм тухары киниэхэ көмөлөһөөччү курдук сылдьыбытым. Барыны бары сатыыра. Ол оннугар аҕа быһыытынан мэлдьи солото суох буолан оҕолорун улаханнык көрсүбэтэҕэ, наар үлэлии сырыттаҕа, ийэтин, аҕатын, биһигини барыбытын көрүөн, иитиэн наада буоллаҕа. Сунтаарга олорон кустуур эҥин этэ, манна кэлэн баран быраҕан кэбиспитэ, тыаҕа, дэриэбинэҕэ тахсар, сайылыыр уруубут-аймахпыт да суоҕа.

Күн иллэҥэ суох эбиккин, дьарыгыҥ да элбэҕэ, онно барытыгар оптуобуһунан сылдьаҕын дуо?

– Барытыгар оптуобустанабын. Сатаан торуосканы туппаппын, онон хаалыктаах хаамыынан дьарыктаммаппын. Саамай кыһалҕам диэн хараҕым мөлтөх, онон эрэйдэнэбин.

Дойдубуттан тэйбитим ыраатта да, кэргэним баарына син сылдьар, барар-кэлэр этибит. Билигин бииргэ төрөөбүттэрим оҕолорун билсэбин, алтыһабын.

Кэмсинэрим диэн суох. Төһө да тулаайах буолларбын, үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсан наһаа дьоллоохтук олордум дии саныыбын. Оҕо сааһым кытаанах этэ, ону саныахпын да баҕарбаппын, эдьиийим мөҕөн тахсара, күтүр этэ, адаҕа курдук сананарым, ону санаатахпына билигин да ытыахпын баҕарабын. Ол иһин, онуһу бүтэрээт, куоракка кэлбитим уонна төннүбэтэҕим.

Дьылҕа диэн баар, таптал диэн баар, бастакы уонна соҕотох тапталбын көрсөн, үйэм тухары кинини кытта олордум. Бииргэ сылдьан, бииргэ олорон, бииргэ сынньанан, аан дойдуну кэрийэн, ама куһаҕаннык олордум диэм дуо. 54 сыл куруук бииргэ сырыттыбыт, таптаһан холбоспут буоллаххына, салҕыбаккын.

Сүтэрэн баран, биллэн турар, олус суохтаатым. Миигин араҥаччылыыр дии саныыбын, үчүгэйдик олороор диэн кэриэһин эппитэ, кыаммат буолбут киһини бу дьиэбэр ыарыылаан харайбытым. Бориһым төрөппүттэрин эмиэ көрөн-истэн, ыарыылаан бу дойдуттан атаарбыппар билигин бэйэбэр махтана саныыбын. Тулаайах киһи оҕолоох-уруулаах, дьоннордоох олох олорон кэллэҕим.

Дьиэбин наһаа сөбүлүүбүн, уу чуумпутук олоробун. Бэйэм дьаһанан олорорбуттан астынабын.

Ыччакка тугу баҕарыаҥ этэй?

– Эдэр ыччакка кэс тылым диэн кылаабынайа доруобуйаны көрүнүөххэ наада, үчүгэйдик аһаан, сылаастык таҥнан сылдьыахха. Киһи доруобуйатын бэйэтэ оҥостор, үчүгэй доруобуйалаах киһи кэскиллээх буоллаҕа дии... Эдэр эрдэххитинэ спордунан дьарыктаныҥ, киһи кыахтаах, спортивнай буоллаҕына, иммунитета да үчүгэй буолар,  санаа да көтөҕүллэр. Доруобай буолар наадаттан киһи кимиэхэ да найыламмакка бэйэтин бэйэтэ көрүнүөхтээх, үлэни, сынньалаҥы сөпкө аттаран сылдьыахтаах, чөл олоҕу тутуһуохтаах.

Кытаанах олоҕу ааспыт буоламмын оҕолорбор адаҕа буолуохпун баҕарбаппын, сылдьарым, кыахтааҕым тухары бэйэм олоруом диэн девизтээхпин.

Өктөөп бырааһынньыгынан ааҕааччыларга тугу баҕарыаҥ этэй?

– Улуу Өктөөп биһиги, аҕам саастаахтар, ытыктыыр, наһаа үчүгэйдик саныыр, ахтар бырааһынньыкпыт. Урут үөрүү-көтүү, уруй-айхал, өрө көтөҕүллүү бөҕө буоларбыт. Билигин Сомоҕолоһуу күнэ диэн оҥордулар, ол да үчүгэй. Киһи сомоҕолоһон, түмсэн, бэйэ-бэйэни өйөһөн сылдьара туох куһаҕаннаах буолуой.

Бука бары этэҥҥэ сылдьыҥ, олоххут уһаатын, доруобай, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....