12.10.2023 | 10:00

Александра Федорова: «Ийэ буолар дьолу билбэтэх кыргыттарга көмөлөһөбүн...»

Александра Федорова: «Ийэ буолар дьолу билбэтэх кыргыттарга көмөлөһөбүн...»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Сахабыт сиригэр 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ күнүн алтынньы ый хас үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтиир туһунан Ыйаах тахсыбыта. Ол эбэтэр быйылгы үбүлүөйдээх 30 сылы, бу кэрэ бырааһынньыгы алтынньы 15 күнүгэр бэлиэтиибит.
Ийэ сүрэҕэ – оҕотугар. Бу олох аҕыйах тылга ийэ бүттүүнүн таптала, оҕотугар кыһамньыта, бэриниитэ, оҕотун туһугар ууну-уоту туораан, бэйэтин да толук уурарын кэрэйбэтэ кистэнэ сытар. 
Бүгүн мин ааҕааччыларбар биэс оҕо иһирэх ийэтэ, тапталлаах кэргэн, эдэр хаһаайка Александра Степановна Федоровалыын кэпсэтиибин ааҕааччыларбар тиэрдэбин.

– Александра, үтүө күнүнэн! Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэн иһэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибин. Итиэннэ бастакы ыйытыым: эн дьоллоох ийэҕин уонна кэргэҥҥин дуо?

– Дорооболоруҥ, күндү “Киин куорат” хаһыат ааҕааччылара. Бу ыйытыыга мин хоруйум маннык – мин дьоллоох кэргэммин уонна ийэбин. Тоҕо диэтэххэ, бэйэ-бэйэни өйдөһөн-өйөһөн эрэ олордоххуна дьоллоох кэргэммин дэнэҕин. Онон, мин бу олохпор ийэ да быһыытынан, кэргэн да буоламмын олус дьоллоохпун, сирдээҕи аналбын толоро сылдьабын диэн киэн тутта этиэхпин сөп.

– Төрөөбүт төрүт уускун, төрөппүттэриҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Мин 1988 сыллаахха алтынньы 19 күнүгэр хоһооҥҥо холбоммут, ырыаҕа ылламмыт, олоҥхо, оһуохай уйата буолбут, кэпсээн, сэһэн кэрэлэммит, номоххо хаалбыт аатырбыт ыһыахтары ыһар, олус талааннаах дьоннордоох Сунтаар улууһугар күн сирин көрбүтүм. Аҕалаатар аҕам Степан Гаврильевич Зыков, ийэлээтэр ийэм Александра Ивановна Зыкова диэн буолаллар. Ийэм төрдө – Сунтаар, аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх.

Бииргэ төрөөбүт үспүт, убайдаахпын уонна бырааттаахпын. Иккиэн ыаллар, үлэлээхтэр-хамнастаахтар.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан актыбыыс бэрдэ этим, спордунан, сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Саамай сөбүлүүр дьарыгым – ырыа этэ.

Аҕам ИДьМ үлэһитэ буолан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан көһө сылдьан олорбуппут, ол иһин доҕотторум сир-дойду аайы элбэхтэр. Хоту, Анаабырга тиийэ олоро сылдьыбыппыт.

Саамай өйдөөн хаалбыт оҕо сааһым кэмэ Таатта Ытык Күөлүгэр ааспыта. Онно дьиҥнээх, эрэллээх доҕоттордоммутум, истиҥ-иһирэх кылааһынньыктардаммытым.

11 кылааһы бүтэрээт, дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэххэ туттарса букатын көһөн кэлбитим. Ийэлээх аҕам миэхэ чугаһаары, Аллараа Бэстээххэ эмиэ көһөн кэлбиттэрэ.

Ол курдук 2006 сыллаахха сөбүлүүр үөрэхпэр, сахам тылын сүөгэйин-сүмэтин толору баһылаары, саха тылын салаатын устудьуона буолбутум. Ол сылдьан ырыабын бырахпакка салгыы дьарыктаммытым. 2009 сыллаахха “Саҥа ырыа” телевизионнай куонкуруска кыттан турардаахпын.

2011 сылга сөбүлүүр уолбун көрсөммүн, билсэн, таптаһан ыал буолбуппут. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри тапталбытын туоһулуур биэс оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн этэҥҥэ улаатыннаран эрэбит.

Кэргэним ЫБММ үлэһитэ, оҕолорун наһаа көрсөр, көмөлөһөр. Кини өйдүүр-өйүүр буолан, бэйэбэр да бириэмэ булунан, сөбүлүүр дьарыктаахпын, билигин да ыллыыбын-туойабын, айабын-тутабын.

Кэргэним Кэбээйи Чагдатыттан төрүттээх, эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕото. Ол да иһин буолуо, биэс оҕолонор дьылҕабыт тартаҕа.

Аҕата эриэккэс аатынан ааттаабыт – Киил диэн, киил мас диэнтэн. Бастаан билсэрбэр наһаа дьиктиргиир этим, “Киил буолан” диэн, онтон кэлин үөрэммитим.

Оҕолорбут онон бары Кииловна, Киилович диэннэр. Дьон соһуйааччылар, “Кииловна” диэтэхпинэ, “Ээ, бу кыыс барахсан “р” буукубаны сатаан саҥарбакка Кирилловна диэни атыннык этэр диэччилэр, холобур, поликлиникаҕа эҥин.

Өссө оҕолонор түгэммэр уол төрөөтөҕүнэ, аҕабыт аатын биэриэм дии саныыбын.

– Олохпут ыарахан, оҕону иитии уустук буолла диибит. Мин санаабар, хорсун санаалаах кыргыттар элбэх оҕолоноллоро буолуо.

– Мин бэйэм кыра сылдьан наһаа маанытык, атаахтык иитиллибитим, оҕо эрдэхпиттэн да, улаатан да баран элбэх оҕолонуом  дии санаабат этим.

Ыал буолан да баран оннук былаан суоҕа. Онтон оҕолорбут биир-биир кэлэн испиттэрэ. Улахаммыт Давид 12 саастаах. Кини кэнниттэн түөрт сыл буолан баран иккис оҕобут Афоня төрөөбүтэ, билигин 8 саастаах. Дианабыт алтата, кини кэнниттэн кэлэр уол үһэ,  Степан диэн, мин аҕам аатынан сүрэхтэммитэ. “Чуораанчык” уһуйааныгар быйыл иккис сылын сылдьар. Онтон саамай кырабыт, мурун бүөтэ кыыспыт, күммүт-ыйбыт Кэрэли балтараалаах, таптал аата Киичэ диэн.

Оҕобунуун үксүн бэйэбит олоробут, онтон, дьэ, киэһэ бары үлэлэриттэн, үөрэхтэриттэн кэллэхтэринэ, дьиэбит туола, оргуйа түһэр.

Оҕо кэлиэн баҕардаҕына, таҥара биэрэринэн син биир кэлэр эбит. Онон күндү чыычаахтарбыт, оҕолорбут күннээҕи олохпутун киэргэтэллэр, кэрэнэн, сырдыгынан симииллэр. Күн аайы кинилэри санаабытынан уһуктаҕын, кинилэр тустарыгар тугу баҕарар оҥорор бэлэмнээх утуйаҕын. Биһиги ыал элбэх оҕолоохпутунан киэн туттабыт, иккиэн ийэ, аҕа оруолун үрдүктүк тутан, биир сүбэнэн, өйөнсөн, сүбэлэһэн олоробут. Манна кэргэним аҕа, хаһаайын  быһыытынан күүстээх өйөбүлэ эмиэ улахан оруолу ылар.

– Дьиэ кэргэн күннээҕи олоҕун, сарсыардаҕыт хайдах саҕаланарын сэһэргээ эрэ.

– Хас биирдии ыал курдук күммүт сарсыарда ойон тураат оҕолору уһуйааҥҥа таһыыттан, оскуолаҕа атаарыыттан саҕаланар. 

Ол курдук бары уһуйаан, оскуола оҕолоро буолан, эрдэ туран таҥыннартаан, сууйан-тараан, аһатан баран “үлэһиттэрбитин” атаартыыбыт. Аҕалара барыларын биир-биир таһар. Улахан уолаттар оскуолалара чугас буолан бэйэлэрэ кыра эрдэхтэриттэн сатыы сылдьаллар. Онон дьэ абырыыллар.

Онтон дьэ, кыра кыыспыныын дьиэ киэргэллэрэ буола түһэбит, биир оҕолоох курдук хаалабын. Биир оҕо биир оҕо курдук, кырдьык, киһини эрийэр, болҕомто көрдүүр, ол курдук күнү быһа иилиҥкэйдэһэбит. Онтон эдьиийдэрэ, убайдара кэллилэр даҕаны, миэхэ эрэ наадыйбат буола түһэр.

Элбэх оҕолоох буолар диэн онон үчүгэй, бэйэ-бэйэлэрин кытта тэһийэн, көрсөн улааталлар. Этэргэ дылы, бэйэтэ дьыссаат курдук буолар.

– Бүгүҥҥү күҥҥэ тугу гыныахтааххын төһө эрдэттэн былаанныыгыный?

– Күммүн, бу диэн эттэххэ, соччо былаанныырбын сөбүлээбэппин. Тоҕо диэтэххэ элбэх оҕолоох буоллаххына былаанынан сатаан олорбоккун. Араас киһи көһүппэтэх өттүттэн толкуйдаабытыҥ ыһыллан хаалыан, быһыы-майгы уларыйыан сөп. Ол курдук  ким эрэ ыалдьан хаалар, ким эрэ үөрэҕэр уларыйыылар тахсаллар. Уопсайынан, кыра оҕолоох буоллаххына былааныҥ хайдах да санааҥ хоту буолбат.

Ону ол диэбэккэ син тугу эрэ торумнаан өрөбүллэрбитин бииргэ атаарарбытын олус сөбүлүүбүт. Айылҕаҕа тахсан походтаан, сынньанан, оҕону кытта оҕо буолан күммүтүн атаарабыт.

 – Хас биирдии хаһаайка, буолаары буолан элбэх оҕолоох ийэ тугу астыахтааҕын эрдэттэн толкуйдуура буолуо. Саамай тотоойу, судургу аһылыккыт ханныгый?

– Мин, кистээбэккэ эттэххэ, соччо асчытым суох. Көннөрү миин, торуой, плов астыырын астыыбын. Ол эрэн бурдук аһын, алаадьыны, блиныны, аныгылыы “муодунай” астары аҕабыт астыырын сөбүлүүр. Оҕолор даҕаны аҕаларын алаадьытын, блинытын быдан ордороллор. Онон албастаахпын, кыра кистэлэҥнээхпин. “Паапа алаадьыта минньигэс”, – диэн албыннаһабын.

Аҕабыт өссө бэйэтэ саамай табыллар, “фирменнэй” бүлүүдэлээх: французтуу эти олус минньигэстик астыыр, оҕолор ону бары наһаа сөбүлүүллэр.

Мин бэйэм тоҥорон хаһаанар бүлүүдэм эттэн рулет буолар, тиэстэҕэ халбаһы курдук эриллибит эт, дьэ ону таһаара-таһаара буһаран сиирбитин сөбүлүүбүт.

– Хас биирдии оҕоҕун аралдьытарга, кинилиин кэпсэтэргэ бириэмэҕин хайдах аттараҕыный? Дьиэ үлэтигэр төһө көмөлөһөллөрүй?

- Биллэрин курдук, улаатан эрэр оҕолор көрүүлэрэ-истиилэрэ олох уларыйар эбит. Этэргэ дылы, подросток тиэмэтэ буолаҕын. Мин бэйэм көрүүбүнэн, уопуппунан ылан эттэххэ, оҕо эн этэргинэн, таҥыннараргынан нэһиилэ 11 сааһыгар эрэ диэри истэн улаатар эбит. Онтон хайдах курдук 12-тин туолла да, бэйэтэ быһаарынара, таҥнара-симэнэрэ элбиир эбит.

Дьиэ үлэтигэр бука бары түһүнэн, хомуйан-имийэн кэбиһэбит. Ол кэннэ дьэ ким оонньуур,  бэйэтин дьарыгынан дьарыктанар диэн быраабылалаахпын. Бастаан дьиэбитин өрө тардына түһэн баран.

Элбэх оҕолоох киһи барыларыгар ураты болҕомто ууруоххун наада. Ону, хата, дьарыктаах буоланнар, ол дьарыктарбыт абырыыллар. Таах мээнэ сытыара сатаабаппыт, куруһуоктарынан сырытыннарабыт, тустуу буоллун, гимнастика буоллун,  сөбүлээн сылдьаллар.

Бары тус-туһунан көрүүлээхтэр, дьарыктаахтар. Улахан уол, АйТи өттүгэр сыһыаннаах буолан, техническэй кылааска үөрэнэр. Орто уол тустуунан дьарыктанар. Диана гимнастикаҕа сылдьар, кыралар билиҥҥитэ уһуйаантан ордубаттар. 

Кырдьыгынан эттэххэ, биир эмит оҕо эрэ ис санаатыттан дьиэ үлэтин этиттэриитэ суох оҥороро буолуо дии саныыбын. Ол да буоллар соруйдаххына барытын гыналлар, улахан уолбут кыралары көрөн-истэн тэҥҥэ улаатыннаран эрэр.

Улахан уолаттар кыраларын дьаһайтаан көрөн-истэн, көмө буолан улаатан эрэллэриттэн үөрэбин. Онон ийэлээх аҕаларыгар көмөлөрө элбэх. Оҕо да көрсөллөр, дьиэ да хомуйсаллар.

– Туораттан көмө баар дуо, эбээлэр, эһээлэр, аймахтар?

– Көмө диэн, мин санаабар, хас да өйдөбүллээх. Кимнээх эрэ эбээлэрэ, эһээлэрэ оннооҕор анаан дэриэбинэттэн киирэн сиэннэрин көрсөллөр, кимнээх эрэ харчынан-үбүнэн, этинэн-аһынан көмөлөһөллөр. Хайа да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэни өйөһөн, көмөлөсүһэн олорор үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Аһара сэлээнниир эмиэ сыыһа дии саныыбын.

Мин дьиэбэр олорон үлэлээх буоламмын, оҕолорбутун бэйэбит көрөбүт, икки өттүттэн эбээлээх эһээлэрбит хайа-хайалара да үлэлииллэр, онон кинилэри тыыппаппыт. Ол оннугар сиэннэригэр үбүнэн-аһынан күүскэ көмөлөһөллөр. Түгэнинэн туһанан, күндү төрөппүттэрбитигэр, куруук күүс-көмө, сүбэ-ама буоларгыт иһин сиртэн халлааҥҥа тиийэ барҕа махталбытын тиэрдэбит уонна ийэлэрбитин кэлэн иһэр Ийэлэр күннэринэн эҕэрдэлээн туран уһун дьоллоох олоҕу, чэгиэн доруобуйаны уонна биһиги аттыбытыгар өрүү баар буоларгытыгар баҕарабыт.

– Сайыҥҥытын ханна, төһө туһалаахтык атаардыгыт?

– Сайынын кыра оҕолоох буолан ыраах барбатахпыт, улахан уолаттар эрэ эбэлээх эһэлэригэр Бэстээххэ тахсан сайылаабыттара.

Сайыммыт бэйэтэ да кылгас, онон сөтүөлээн, сынньанан туһалаахтык атаардылар. Уолаттар улаатаннар аҕаларын кытта тэҥҥэ бултууллар,  балыктыыллар. Эр киһи уолаттарын илдьэ сылдьыахтаах диэммин төһө кыалларынан аҕаларын кытта булка-аска сыһыаран тэҥҥэ сырытыннара сатыыбын.

– Сорох аҕалар, кэргэн киһи ийэбит миэхэ болҕомтотун уурбат, оҕолорунан эрэ муҥурданар дииллэр. Эһиги төһө бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомто уураҕыт?

– Оҕолорбут улаатан эрэллэрэ биллэр. Бириэмэ көһүннэ эрэ, кэргэммин кытта иккиэн эрэ киинэҕэ, рестораннарга сылдьан кэлэбит. Кыратык даҕаны бэйэ-бэйэҕэ бириэмэ, болҕомто уурары наһаа наада дии саныыбын. Ол эрэн син биир кыра оҕолордоох буолан уһуннук сылдьыбаккын, ырааппаккын, начаас, бэрт тиэтэлинэн, ыксалынан төннөн кэлэбит. Ол да буоллар киһиэхэ кыра да наада, аҥаардас массыына да иһигэр оҕото суох батыһан тиэллэ сырыттаххына сынньаммыт саҕа сананабын.

– Бэйэҕэр бириэмэ булаҕын дуо, фитнескэ, спа-кииҥҥэ сылдьаҕын, тыҥырах, сирэй-харах оҥортороҕун дуо?

– Ый аайы да сылдьыбатарбын, дьахтар буоламмын кэрэ көстүүбэр син бириэмэ булабын, онон хаһан, ханна да буоллар аныгы кэм ирдэбилинэн да диэххэ дуу, маҕаһыыннарга сылдьан, сөбүлүүр малбын атыылаһан, тыҥырахпын оҥорторон бэйэбин бэйэм күүскэ таптыырым быһыытынан онтон туораабаппын.

Өссө, этэн аһарбытым курдук, ыллыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ол баҕабын, сүрэхпэр тута сылдьыбыт ыра санаабын, бу сотору толороору сылдьабын диэн ааҕааччыларга этиэм этэ. Наһаа үчүгэйкээн Катя Черкашина диэн эдэр кыыс мин баҕабынан ырыам тылын, матыыбын айан биэрэн араадьыйа ситимигэр оруобуна төрөөбүт күммэр тахсаары турар. Буруолуу сылдьар “Сырдыгы батыс” диэн ырыабын истэн дуоһуйуоххут диэн эрэнэбин. Ыллаабатаҕым ырааппыт буолан кыра долгуйуу эмиэ баар.

– Эн биир дьикти дьарыктааххын истибитим. Дьахтарга оҕо кутун иҥэрэр, хас да кыыс ийэ буолбут диэн. Ол туһунан, хайдах саҕаламмытын кэпсиэҥ дуо?

– “Оҕо кута” диэн интэриниэт ситимигэр ааттаахпын. Наадыйбыт, кыһалҕалаах дьон истиһэн, ааҕан бэйэлэрэ булаллар.

Бэйэм оҕо кутун кыргыттарга иҥэрбитим үс сылтан таҕыста.

Миэхэ хаһан да төрөөбөтөх эбэтэр өр оҕоломмотох кыргыттар кэлэн бараллар. Кинилэр кыһалҕаларын, кэпсээннэрин сиһилии истэн туох баар ис куппун ууран туран курууска эбэтэр кулон оҥорон биэрэбин, анаан кэлэн сакаастыыллар.

Билигин бу кэмҥэ мин ананан кэлбит идэбинэн дьарыктанабын.

Элбэх эдэр кыргыттары дьоллоотум, дьоллуом да турдаҕа. Мин бэйэм оҥорбут кулоннарым, аптаах чааскыларым оҕо куттаахтар, ол эбэтэр оҕо кутун тардаллар, өр кэмҥэ сатаан ийэ буолар дьолу билбэтэх кыргыттарга көмөлөһөбүн диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Хас кыыһы дьоллообуппун, кырдьыгынан эттэхпинэ, ааҕан сиппэппин, мин бэйэм дьарыкпын олус сөбүлүүбүн, күүспүн барытын ууран туран оҥоробун.

Кыргыттар миигин дьүөгэлэриттэн билэн, истиһэн булан кэлэллэр. Өссө саамай үөрэрим диэн кэнники эр дьон эмиэ суруйан кэргэннэригэр сакаастыыр буоллулар.

Ийэ буолар дьолун билбит кыргыттар махталларын, санааларын суруйдахтарына, ыыттахтарына, ийэ аатын сүктүбүт диэтэхтэринэ, ол буолар – мин үлэм түмүгэ, халлааҥҥа тиийэ мин саҕа дьоллоох киһи суох буолар.

– Барытын ситиһэргэ, кэрэтик көстөргө, оҕолорго уонна кэргэҥҥэр бириэмэ аныырга эдэр ийэлэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

- Оҕону кыра эрдэҕиттэн тугу баҕарарын истэн, онон дьарыктааҥ. Оҕо санаатын утары баҕарбат дьарыгар киллэримэҥ диэн бу тус бэйэм сүбэбин этэбин.

Төһө да элбэх оҕолоох, чаастаах үлэлээх буолларгыт дьиэ кэргэҥҥэ болҕомтоҕутун ууруҥ, аан бастакы уочарат дьиэ кэргэн, онтон дьэ атына кэлэрин умнумаҥ. 

 – Ийэ күнүнэн ааҕааччыларга эҕэрдэҕин тиэрдиэҥ дуо?

– Бастатан туран, эһиэхэ махтанан туран, Сахабыт сирин кэрэ-мааны ийэлэрин эҕэрдэлиэм этэ. Барыларыгар дьолу, тапталы, истиҥ иэйиини уонна уһун-уһун олоҕу баҕарабын. Хаһан да санаарҕаамаҥ, саппаҕырымаҥ, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, эйэлээх олох уйгута барыгытын ыксары куустун, үрүҥ күммүт өлбөөдүйбэтин, оҕолорбут барахсаттар үөрдэ турдуннар, аанньалларбыт айхаллыы, урууларбыт уруйдуу сырыттыннар!

– Александра, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Эйигин эмиэ Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ тапталлара эйиэхэ кынат буолан өссө үрдүгү, элбэҕи ситис, уонна бүгүн эппитиҥ курдук, хас уонунан сыллары уҥуордаан эмиэ дьоллоох ийэбин, кэргэммин диэн этэ тураргар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...