28.12.2021 | 10:30

Александра Бочкарева-Иннокентьева: «Үлэлии олорон атын үйэҕэ тиийэбин...»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү дьоруойбун кытта Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун үбүлүөйдээх дьоро киэһэтигэр билсибитим. Кини сэһэргиирин истэ туран, тулабытыгар буола турар сугулааны умна быһыытыйбытым. Биһиэхэ быыстапкаҕа мустубут да дьон мэһэйдээбэтэхтэрэ. Биир хартыына кэпсээниттэн саҕыллан тахсыбыт сэһэргэһии оннук кэҥээн-дириҥээн, силистэнэн-мутуктанан барбыта.

Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева – “Киин куорат” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта.

 

Куйуурдьуттар, 2012,х.м.,80х120

Биир хартыына кэпсээнэ

– Александра Самсоновна, “Уруу ыһыаҕа” хартыынаҥ туһунан ааҕааччыларга сиһилии кэпсиэҥ дуо?

– Устудьуоннуу сылдьан 1980 сыллаахха Чөркөөх музейыгар дипломнай үлэм тиэмэтин көрдөөн, таҥаһы-сабы көрө тиийбитим. Былыргы иистэнньэҥнэри олус сэргиир этим. Дмитрий Кононович (Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, саха норуодунай суруйааччыта – Аапт.) миэхэ сүктэр кыыс таҥаһын көрдөрбүтэ. Онтон ыла уруу туһунан элбэҕи билиэхпин-көрүөхпүн, хасыһыахпын баҕарбытым. Ааспыт үйэҕэ матырыйаалы буларга уустук этэ. Тоҕо диэтэххэ аныгылыы истииллээх, кэнсиэркэ кэтэр эрэ таҥаһы тиктэллэрэ. Билиҥҥи курдук сиэдэрэйдик оҥостубаттара.

Дьиҥэр, бу үлэбин 1998 сыллаахха саҕалаабытым. Ол эрээри билиим-көрүүм таһыма өссө да кыра эбит диэн санааҕа кэлбитим. Аны туран, хартыынам 2х3 миэтэрэ кээмэйдээх. Онно сүүһүнэн киһини оҥоруохпун, хас биирдии уобарас турар сирин учуоттуохпуон наада этэ. Киһи хараҕа хаҥастан уҥа көрөр. Ол иһин сүктэр кыыс дьоно уҥаттан хаҥас диэки утары кэлэн иһэллэр.

Уруу сиэрэ-туома олус элбэх эбит. Билсиһииттэн, илии охсуһууттан саҕалаан. Бу уолбут кыыһын арыаллаан иһэр. Кийиит кыыс атын 9-10-наах кыргыттар тутан тураллар. Сэргэни көрүҥ эрэ, аттан да намыһах. Сүктэр кыыһы абааһы хараҕыттан харыстаан маннык оҥороллор эбит.

Баай ыал кыыһа буолан, аҕыс арыалдьыт кыргыттардаах, тоҕус уолан уолаттардаах. Бары кинини кытта хаалаллар эбит.

Былыргы өбүгэлэрбит таҥастара-саптара олус сиэдэрэй, кэрэхсэбиллээх. Манна 16-с үйэттэн 19-с үйэ бүтэһигэр диэри таҥастары булан уруһуйдаабытым. Матырыйаал көрдөөн, Саха сирин араас музейдарын кэрийбитим.

Былыргы дьон наһаа уһун сону кэппэттэр. Өбүгэлэрбит күннээҕи олохторугар, айаҥҥа табыгастаах таҥаһы тиктэллэрэ. Ити кэнники, 19-с үйэттэн нууччалары үтүктэн, улахан, уһун таҥаһы кэтэр буолбуттар.

Хартыынаҕа баар дьон таҥастара бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат. Манна Иохельсон экспедициятын матырыйаалларын туһаммытым. Кини 1902 сыллаахха Боотуруускай улууһугар кэлэ сылдьыбыта. Ол сүүрбэччэ сыарҕанан тиэйэн илдьэ барбыт матырыйаалларын профессор Зинаида Ивановна Иванова-Унарова Нью-Йорк куоракка бара сылдьан түһэрбит хаартыскаларын туһаммытым. Бу хартыынам туһунан суруйуум кыра монография курдук буолбута.

Аны туран, үлэбэр саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, күннээҕи түбүгүн-садьыгын, туттар тэрилин көрдөрөр санаалааҕым. Холобур, ат ыҥыыра, талкы, балыктыыр тэрил уо.д.а. Оҕолор дьарыктара эмиэ болҕомтоҕо ууруллубута. Үөрүүнү-көтүүнү тиэрдэр эмиэ туспа. Ол хомуһун туппут кыыс турар. Көр эрэ, бу оҕонньору, хайдах курдук сэргээн турарын. Итиннэ кэннинэн турар киһи уобараһа эмиэ көстөр буолуохтаах диэн санааны тутуспутум.

Былыр баай саха уһун баттахтааҕа. Үстүү, оннооҕор тоҕустуу суһуохтаах буолар эбит. Кыргыһа баралларыгар оройдоругар тимиринэн туттаран кэбиһэллэрэ. Ол булуллубут көмүүлэртэн көстүбүтэ. Онон манна баар эр дьон бэргэһэлэрэ үрдүк, хороҕор.

Сыылынайдар баалларын бэлиэтээн, арыый бааһынай дьону эмиэ киллэрбитим.

Сахалар уот оттор анал сирдээх буолаллар эбит. Бу алгысчыт Үрдүкү Айыылартан көрдөһө-ааттаһа турар гына оҥорбутум. Кэлии дьонтон уонна олохтоохтортон биирдии уол туостаах саһаҕаны уматан баран тэҥҥэ сүүрэллэр. Ол уоттарын биирэ үөлэһинэн, иккиһэ аантан туран эрэ холумтаҥҥа быраҕаллар. Дьиэ иһинээҕи холумтаҥҥа барыта бэлэмнэнэн турбут уот умайан тахсыахтаах. Хап-хара буруо таҕыстаҕына эбэтэр умайбатаҕына, кийиит дьоно эргиллэ түһэллэр да, төттөрү бараллар. Кыыспыт манна дьоло суох буолар диэн тойоннууллар эбит. Үрүҥ буруо унааран таҕыстаҕына, үөрэ-көтө аттарыттан түһэллэрэ. Кыыспыт сэргэни үстэ эргийэн баран, күөх от устун барыытыгар биир дьахтар кинини арыаллаан киллэрэрэ. Ол истэҕинэ киис, хара, кыһыл саһыл тутуурдаах кыргыттар кыттыһаллар, икки өттүттэн сэлэлии хааман кэлэллэр уонна күндү түүлээхтэрин уурталыыллар. Уолаттар эмиэ анараа өттүттэн кэлэллэр. Кыргыттар балаҕаҥҥа киирэр ааны ураһалыы тутан турар чэчирдэрин арыаллааччы дьахтар таарыйбакка, төҥкөйөн, иһирдьэ ааһар. Кини кэнниттэн кийиит кыыс түөһүнэн силэйэн киирэр. Ол аата дьоммуттан-сэргэбиттэн араҕыстым диэн суолталаах. Балаҕаҥҥа киирэн, бэйэтин кэһиитин, бэлэҕин-туһаҕын уурталыыр. Онтон бары тахсаннар ураһаҕа бараллар. Кыыс бастакы аал уотун оттуохтаах. Онуоха барыта бэлэмнэнэн турар. Долгуйара, кыбыстара ханна барыай. Бу кэмҥэ олохтоох билгэһит эмээхситтэр хайдах кыыс кэлбитин сылыктыыллара.

Ол чэчиринэн симэммит икки улахан баҕах турар. Ити улахан баай ыал оҕолоро холбоһоллоругар оҥоһуллар эбит.

Ыраахтан-чугастан атынан, оҕуһунан айаннаан кэлбит олохтоохтор аймахтара астарын-үөллэрин тиэйэн кэлэллэрэ. Ол курдук хас эмэ күннээх уруу буолара.

Саха иһитин-хомуоһун көрдөрөр, бэл, быычыкаайык оҕуруону оҥорор үгүс сыраны эрэйэр. Ол курдук сүүрбэччэ сыл үлэлээбитим.

Хартыынаҕар хас киһи баарый? Бу дьон прототиптардаахтар дуо?

– Аахпатаҕым. Сорох дьон анаан-минээн ааҕаллар этэ. Сүүстэн тахса дииллэрэ. Сүөһүлүүн, сылгылыын элбэх буоллаҕа.   

Прототиптар диэ... Син кыралаан бааллар (күлэр). Урут наһаа үчүгэйдик хаартыскаҕа түһэрэр дьон олоро сылдьыбыттар эбит. Кинилэр үлэлэринэн сирдэтиммитим. Сорох предметтэри дьиҥ олохтон ылан уруһуйдаабытым. Холобур, эһэм сундуугун оҥорбутум уонна ити чурапчылар көһөрүүгэ айаннаабыт тэлиэгэлэрин майгыннаппытым.

 

Холустабар бэйэм режиссербун

– Хартыынаҕа хас биирдии персонаж бэйэтин оруолун толорор эбит...

– Мин дьоллоох киһибин дэнэбин. Кураанах холустаҕа бэйэм тугу санаабыппын, толкуйдаабыппын түһэрэбин. Ол аата режиссербун, туруорааччыбын, сценариспын, көстүүм бэрийээччибин. Аны туран, үлэлии олорон ханнык эрэ атын үйэҕэ тиийэн хаалыахпын сөп. Холобур, манна 16-с, 19-с үйэлэр атмосфераларыгар киирэн үлэлээбитим.

Историческай тиэмэ уустук, онон ылсар киһи аҕыйах. Билигин суоҕун кэриэтэ. Сэбиэскэй кэмҥэ, ирдэнэр буолан, син суруйаллар этэ. Кэнники түргэнник атыыга барар үлэни оҥоро сатыыллар. Хас биирдии киһини сиһилии ойуулаан хартыынаҕа үйэтитэр уустук, элбэх билиини, сыраны эрэйэр. Өссө хайдаҕын-тугун үчүгэйдик ис иһиттэн билээри, биир кэмҥэ бэйэм этэрбэс, бэргэһэ тигэн, тирии таҥаһы кэтэн көрө сылдьыбытым.

Маннык ис хоһоонноох хартыынаҕа киһи хайдах даҕаны сымыйалыыр кыаҕа суох. Бу үлэбэр бэс ыйын саҕанааҕы кэм көстөр. Дьиҥэр, былыргы сахалар урууну сүрүннээн күһүн оҥороллоро, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, ас-үөл баар кэмигэр. Баай ыаллар кыахтаах буоланнар, астара-үөллэрэ дэлэйэ, кымыстарын эҥин эрдэттэн бэлэмнииллэр эбит.

Көрүҥ эрэ, маннык сүлүүдэ түннүктэрдээх ураһаны былыр хос-хос-хос эһэм Күүрэй Попов оҥорон Чурапчы Сылаҥныыр суолугар туруорбута үһү. Ону көтүрэн Америкаҕа илдьибиттэрэ дуу, суоҕа дуу, чуолкай биллибэт.

Алгыс Благословение родной земли 2002, х.,м

Чинчийээччи худуоһунньук

– Үлэлиир кэммэр бэйэм чинчийээччи оруолун үгүстүк толорбутум. 90-с сыллартан элбэх сири-дойдуну кэрийэн, тыыннаах дьону кытта алтыһан, көрсөн кэпсэтэн, ыйыталаһан, тэтэрээккэ сурунан бэлиэтэнэрим, уруһуйдуурум.

Историческай хартыынаны суруйар худуоһунньук наука үлэһитин курдук хасыһыахтаах, чуолкайдыахтаах. Үлэтэ оччоҕуна биирдэ олоххо тирэҕирбит буолар.

– Ханнык кэмҥэ иэйииҥ уһуктарый, ордук таһаарыылаахтык үлэлиигиний?

–    Сороҕор кыл түгэнигэр истибит музыкаҥ эбэтэр ханнык эрэ тыл искэр киирэн иитиллэн хаалар. Ону илдьэ сылдьаҕын, өйгөр оҥорон көрөҕүн, сюжетын толкуйдуугун. Ол барыта ситимнэнэр. Онтон ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрдүүр үлэ барар.

– История ханнык кэрдиис кэмин холустаҕа үйэтитиэххин баҕараҕын?

– Бу ыйытыыга чахчы үйэтиппиппин эрэ ааттаталыам. Бастакытынан, бу кэпсээбит “Уруу ыһыаҕа” хартыынам. Иккиһинэн, көһөрүү тиэмэтигэр үлэлээбитим. Мин Чурапчы улууһугар төрөөбүтүм, онон бэйэбэр чугас тиэмэ. Кыра эрдэхпиттэн эбэлэрим сибигинэһэн кэпсэтэллэрин, кимнээх эрэ хоргуйан өлбүттэрин, ону булан ылбыттарын истэрим. Барыта кистэл буолара. Онон тугу өйдөөн хаалбыппын испэр иитиэхтии сылдьыбыт эбиппин. Кэлин оҕо эрдэхтэринэ көспүт уонна улаатан баран дойдуларыгар төннүбүт дьону көрсүбүтүм. Өйдөрө-санаалара ырааһын сөхпүтүм. Онон бу тиэмэҕэ бэһис хартыынабын суруйа сылдьабын. Дойдуларыттан барыыларын көрдөрөр икки үлэлээхпин. Биирин Чурапчы көһөрүүтүн музейыгар бэлэхтээбитим. Ону таһынан сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы балыктааһыны. Билигин мантан биэрэктэн барыыларын оҥоро сылдьабын. Ити 1942-1943 сыллар.

Уруккуттан иитиэхтээбит тиэмэлэрдээхпин. Онно сыыйа-баайа матырыйаал көрдүүбүн. Ол олус умсугутуулаах, интэриэһинэй. Олоҕуҥ өссө кэҥииргэ, байарга дылы буолар.

Киһи өйө-санаата хайдаҕый? Наар биир сиргэ бүгэн баран олорбоккун. Олох биир кэм оргуйар. Күннээҕи түбүгүнэн эрэ муҥурдаммаккын ээ. Дьахтар киһи үлэтэ элбэх буоллаҕа. Дьиэ кэргэҥҥэр астыаххын, таҥас-сап сууйуоххун наада. Ол эрээри айар киһи эйгэтэ киэҥ. Элбэҕи ааҕаҕын, көрдүүгүн. Билигин өссө интэриниэт баар дии. Урут библиотекаҕа сылдьан хасыһарым, музейдары эт атахпынан кэрийэрим, дьону кытта кэпсэтэрим. Мин былыргы тиэмэҕэ суруйар буоламмын, үксүн аҕам саастаах дьоннуун көрсүһэрим, кырдьаҕастарым да аҕыйахтара. Сураһан-сураһан, көрдөһөн, айаннаан тиийэрим. Холобур, Чурапчыга иккитэ экспедиция оҥоро сылдьыбытым.  

Алгыс Благословение родной земли 2002, х.,м

Бириэмэбин харыһыйабын

– Бу иннинэ “атыыга түргэнник бардын диэн” этэн аһарбытыҥ. Худуоһунньуктарга бизнес, коммерция диэн кыттыһара хайдаҕый?

– Ити барыта кыһалҕаттан. Киһи барыта айаҕын ииттиэн, дьонун аһатыан, таҥыннарыан, кирэдьиитин төлүөн наада. Оннук үлэлиир киһи айар үлэттэн тэйэн хаалыан сөп.

Миигиттэн атыылаа диэн үгүстүк ыйыталлар, көрдүүллэр. Атыыга диэн биирдэ эмит эрэ оҥоробун. Тоҕо диэтэххэ онно күммүн-дьылбын барыахпын баҕарбаппын. Дьиҥэр, харчы хаһан баҕарар наада. Ол гынан баран, өйүҥ-санааҥ атыҥҥа сылдьар буоллаҕына, бириэмэҕин харыһыйаҕын. Бириэмэ – киһиэхэ саамай күндү баай. Доруобуйа эмиэ ис туруккуттан, өйгүттэн-санааҕыттан тутулуктаах. Киһи тулалыыр эйгэтин бэйэтэ оҥостор. Эйиэхэ хантан да бэлэм эйгэ баар буола түспэт. Дьону-сэргэни кытта алтыһан, күрүөлэнэр курдук оҥостоҕун.

– Сылайар, уостар түгэннэргэр хайдах сынньанаҕыный?

– Бу олоххо киһи санаата түһэр кэмнэрдээх. Ыарыы буулаан, бириэмэҕин сүтэриэххин эмиэ сөп. Мин мастарыскыайбар киирдэхпинэ, олус сынньанабын. Үлэлиирбиттэн сылайбаппын. Бэйэм эйгэбэр киирдэхпинэ, тугу баҕарар кыайар дьикти туруктанабын, онтон дьоллонобун. Талан ылбыт идэбин олус таптыыбын.

 

«Сууй!» диэн саҥа иһиллибитэ...

– Айар эйгэҕэ сиэтэн, сирдээн аҕалбыт киһиҥ кимий?

– Төрөппүттэрим. Аҕам Самсон Васильевич Иннокентьев ыллыыра, туойара. Кини 1957 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Нохсоороп ырыаларын ыллаан, лауреат аатын сүкпүтэ. Эбэм Елизавета Васильевна Самсонова латыынныы олус үчүгэйдик суруйара, биир линиянан киһи сирэйин, аттаах киһини кытта оҥорон таһаарара.

Биһиги саҕана ыччат “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн санаанан салайтарара. Мин да онтон туора турбатаҕым. Кылааһынан фермаҕа үлэлии тахсыбыппыт.

Ол кэнниттэн СГУ физмат факультетыгар бэлэмнэнии бөлөххө үөрэнэн, туттарсан киирбитим. Онон физика учуутала буолар кэскиллээх этим.

Биирдэ дьүөгэбин кытта музейга барбыппыт. Онно дьон үлэлэрин олус сэргии көрбүтүм. “Мин эмиэ итинник уруһуйдуохпун сөп эбит ээ” диэн санаа олохсуйбута. Дьиҥэр, ол иннинэ уруһуйдаабатах киһи буоллаҕым. Ол кыыһым бэлэмнэнэрин, натюрморт суруйарын көрөрүм уонна үтүктэрим, онтум кырдьык-хордьук маарынныыра. Икки күн устата толкуйга түспүтүм. Уруһуйдуохпун эрэ баҕарар курдук буолбутум. Аны уон оҕолоох ыал улахан оҕотобун. Үөрэхпин бүтэрэн, үлэһит буолан дьоммор көмөлөһүөхтээхпин, бырааттарбын, балыстарбын үөрэттэриэхтээхпин. Киһи үйэтин тухары сөбүлээбэт идэтинэн үлэлээтэҕинэ, дьоло суох буолар диэн түмүккэ кэлбитим. Онон докумуоммун төттөрү ылан баран, олох билбэт үөрэхпэр туттарсыбытым. Оруобуна ол күн эксээмэн саҕаламмыт этэ. Оччолорго художественнай училище Крупская уулуссатыгар турара. Тиийбитим, оҕолор айар сорудахтарын оҥоро сылдьаллара. Натюрморт уруһуйдуохтаах эбиппит – чаанньык, дьаабылыка, тууйас эҥин баара. Харахпар билиҥҥэ диэри көстөр. Аан маҥнайгы үлэм буолан, олус чуолкайдык өйдүүбүн. Мутукча өҥнөөх чаанньыгы кырааскалаан кэбиспитим. Арай көрбүтүм, атыттар уруһуйдара олус дьэрэкээн өҥнөөх. Чаанньыкпар дьаабылыка дьаабылыканан көстөр, ону, ыллым да, кыһыл өҥү эбэ сатаатым, онтум харааран таҕыста. Оннук мучумааннана олордохпуна, кэннибэр “Сууй!” диэн саҥа иһилиннэ. Эргиллэн көрбүтүм, ким да суох. Түгэх кытыыга олоробун. Иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, үлэбин ыллым да, илии суунар сиргэ сүүрэн тиийэн, кумааҕы лииспин сууйааччы буоллум. Үрдүк үөрэхтэн маттым, ыанньыксыттыы барар эбиппин диэн хараастан, хараҕым ууланан киирэн барда. Онтон киирэн салгыы олорон үлэлээтим. Ааттаах үчүгэй натюрморт тахсан кэллэ. Аля прима диэн тиэхиньикэнэн.

 

Багдарыын Сүлбэ биэрбит аата

– Псевдонимыҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

– Александра Самсоновна Бочкарева-Иннокентьева диэн толору аатым-суолум олус уһун. Урут Далан ааккын кылгат диирэ, псевдоним толкуйдуу сатыыр этэ.

Сууралдьыма диэн ааты Багдарыын Сүлбэ биэрбитэ. “Боотуруускай улууһа этибит” диэн ыстатыйа суруйан баран, киниэхэ тиийэ сылдьыбытым. Оҕо эрдэҕинээҕи таптал ааппын ыйыталаспыта. Онно кыра эрдэхпинэ аҕам сарсыарда аайы хайдах уһугуннарарын кэпсээбитим. Кини мэлдьи оҕо көтөҕө сылдьара уонна: “Сууракаан суруксут, Сууралдьыма Куо, тураҥҥын оскуолаҕар бар”, – диэн ыллыы-ыллыы киирэн кэлэрэ. Итини кэпсээбиппэр, Багдарыын ойон турбута уонна кумааҕы ылан, каталогтарын хаһыспыта уонна ботугуруу-ботугуруу сүһүөхтэринэн арааран кэбиспитэ уонна: “Эн идэҕин аҕаҥ талбыт эбит. Суурайан оҥорор идэлээх диэн тахсар. Мантан ыла Сууралдьыма Куоҕун”, – диэбитэ. Сууракаан диэн аат үчүгэй диэбиппин, оҕо киэнэ, олус кыччатар диэбитэ.

Псевдониммын соччо ылыммакка сылдьыбытым. Кыралаан хоһоон суруйабын, онон кэлин туһанар буолбутум. Ааппын ити курдук сыыйа-баайа сөбүлээн барбытым.   

Дьолбор көрсүбүт дьоммор махтанабын

– Айар үлэһит өйөбүлэ суох сатаммат. Эйигин өйдүүр, күүс-көмө буолар дьонноох буоллаххына эрэ арыллаҕын, айар-тутар кыахтанаҕын...

– Оннук, сөбүлэһэбин. Мин чугас дьонум өйөбүллэринэн үлэлээн кэллим. Кэргэним Радион Николаевич Бочкарев-Иннокентьев — физик,  ХИФУ доцена, олус киэҥ билиилээх киһи.

Былырыын баччаларга балыыһаҕа өлөр-тиллэр икки ардынан ыарахан туруктаах сыппытым. Ол кэммэр доҕотторум, аймахтарым бары көмөлөспүттэрэ. Харчы хомуйан, сүүрэн-көтөн, эмп булбуттара. Ол иһин кинилэргэ махталым муҥура суох. Чэгиэн-чэбдик буолуҥ диэн алгыспын ыытабын.    

Маны сэргэ, киһи дууһатын байытар дьон баар буолар. Олохпор оннук үтүө дьону кытта алтыспыт дьоллоохпун. Василий Яковлев-Далан курдук улуу киһи мэтириэтин уруһуйдаабытым, кинилиин көрсөн, кэпсэтэн, элбэҕи билбитим. Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон күн сириттэн күрэниэр диэри ыалдьыттаан, кэпсээн-ипсээн барара. Тыл үөрэхтээҕэ, историк Гаврил Васильевич Попов Кудаҥса туһунан матырыйаалы көрдүүрбэр олус көмөлөспүтэ.

Саха дьонугар бэйэ бодобутун тардынан, сиэрдээхтик туттан сылдьыахха, тылбытын харыстыахха диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Төрөөбүт тылбыт – сүрүн баайбыт, өбүгэлэрбитин кытта ситиммит. Мин 1504 сыллаахтан бэйэм төрдүлэрбин билэбин диэн киэн тутта кэпсиибин. Бу силиһим-мутугум, өйөбүлүм, тирэҕим. Улуу Кудаҥса, Батас Мөндүкээн – мин төрдүлэрим.

– Пандемия кэмигэр хайдах үлэлээтиҥ? Хааччахтааһыҥҥа төһө хаайтардыҥ?

– Айар эйгэ дьоно дьоллоохпут: өйбүтүнэн туохха да хаайтарбаппыт. Ол эрээри пандемия син биир охсуулаах буолла. Урут доҕотторбутун кытта быыстапкаларга, пленергэ сылдьар этибит. Ону суохтуубун. Киин куораттарга улахан быыстапкалары тиийэн көрүөхпүн баҕарабын. Төһөнөн элбэҕи көрөҕүн, биир идэлээхтэргин кытта алтыһаҕын да, оччонон ыатарарыҥ, ырытарыҥ элбиир, билииҥ-көрүүҥ кэҥээн, байан иһэҕин.

– Александра Самсоновна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин, бары үтүөнү-кэрэни, айар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын. Саха норуотун историятын, олоҕун-дьаһаҕын, култууратын холустаҕар үйэтитэ тур!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...