09.03.2024 | 16:00

Александр Винокуров: «Аҕа уолунуун» күрэххэ кыттаары, Дьокуускайга көспүппүт»

Александр Винокуров:  «Аҕа уолунуун» күрэххэ кыттаары, Дьокуускайга көспүппүт»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн үлэлиир алын сүһүөх оскуола физкултуураҕа учуутала уонна эбии үөрэхтээһин педагога Александр Ильич Винокуров. Кини – Куораттааҕы Аҕа сүбэтин чилиэнэ, чөл олох уонна спорт пропагандиһа, Дьокуускай куораттааҕы Аҕа күрэҕин икки төгүллээх абсолютнай чемпиона уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи абсолютнай призера.

Алта сааспар хотууру туппутум

Өлүөхүмэ улууһун II-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Винокуровтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Илья Афанасьевич Винокуров Уус Алдан улууһун Мындаабатыттан төрүттээх, сопхуоска үлэлиирэ, кыһынын мас охторооччу (вальщик) этэ. Ийэм Вера Семеновна Өлүөхүмэ улууһун II-с Нөөрүктээйитэ, атыыһытынан үлэлээбитэ, атыы-эргиэн туйгуна. Икки эдьиийдээхпин, улахан эдьиийим Домна Ильинична Уус Алдан улууһун Чараҥар кийиит. Иккис эдьиийим Татьяна Ильинична Өлүөхүмэҕэ олорор, учууталлыыр.

Аҕам миигин үлэнэн ииппитэ. Оруобуна алта сааспын туоларбар маҕаһыыҥҥа илдьэ барбыта уонна: «Эн билигин улааттыҥ, уһуйааҥҥын бүтэрдиҥ, оскуола киһитэ буолаҕын», – диэтэ уонна кыра от охсор хотууру ылан биэрбитэ. Наһаа үөрбүтүм уонна итинтэн ыла аҕабын кытта оттоһо барсар  буолбутум. Ол хотуурбун билигин даҕаны уура сылдьабын. Дьоммут улахан хаһаайыстыбалаахтара, элбэх ынаҕы тутар этилэр. Эдьиийдэрим дьиэ иһинээҕи үлэҕэ, ас астааһыныгар сылдьаллара, онтон мин эбээһинэһим тас үлэ – муус таһыыта, мас хайытыыта, хотону көрүү-истии.

Аҕам норуот маастара этэ, маһынан уһанара. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, миигин көмөлөһүннэрэн, ыһыахтарга сэргэлэри оҥорооччубут. Иллэҥ кэмигэр булка, балыкка сылдьарбыт. Хомойуох иһин, аҕам билигин суох, киниэхэ махталым наһаа улахан.

Оскуола саҕаттан спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанарым, ол эрэн саамай сөбүлүүрүм хайыһар этэ. Ийэм эдэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар хайыһарга бастыыр эбит этэ. Оттон аҕам эдэригэр тустара, ону утумнаан улахан кылаастарга тустар буолбутум.

2000 сыллаахха СГУ Физкултуурунай институтугар «чисто случайно» үөрэххэ киирбитим. Ол курдук, оскуолаҕа Николай Егорович Константинов уонна Игорь Ильич Ксенофонтов диэн тустуу тренердэрэ дьарыктыы сылдьыбыттара. Ол саҕана «Боотурдар оонньуулара» диэн күрэх баар этэ, Өлүөхүмэҕэ тустан бастаабытым. Онно СГУ тустууга тренердэрэ Николай Николаевич Рожин уонна Василий Петрович Уваров оҕолору Физкултуура институтугар сүүмэрдии кэлбиттэр этэ. Миигин бэлиэтии көрөн, үөрэххэ ыҥырбыттара.

Төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьан эмиэ Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Еленаны көрсөн ыал буолбуппут. Кэргэним идэтинэн экэнэмиис-буҕаалтыр. Нерюнгри куоракка олорор кини бииргэ төрөөбүт эдьиийэ ыҥыран, үөрэхпитин кэтэхтэн салҕыырга быһаарынан, онно көһөн барбыппыт.

Идэбин ылан баран Нерюнгри 15-с №-дээх оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым уонна итиннэ 16 сыл үлэлээбитим. Бастакы үс сыл уустук этэ, саатар физкултуура учуутала тиийбэт буолан, солбуга суох үлэлиирим. Биирдэ эмит эдэр исписэлиистэр кэллэхтэринэ даҕаны, аҕыйах ыйынан уурайан хаалааччылар. Завучпут Надежда Леонидовна Ботурова миигин өйүүр, сүрдээҕин көмөлөһөр этэ. Төрдүс сылбар, оҕолор быһыыларын-майгыларын үчүгэйдик үөрэтэн, ханнык оҕоҕо хайдах «подходу» булары билэр буолбутум. Аҕыс-тоҕус сыл үлэлээбитим кэннэ Бурятиятттан эдэр учуутал кэлэн, дьэ солбуктаммытым, үчүгэй түмүктээх үлэ саҕаламмыта.

Оскуола дириэктэрэ Лидия Николаевна Шульга куорат спартакиадатыгар кыайарбыт буоллар диэн баҕа санаатын эппитэ. Инньэ гынан, ДЮСШ тренердэрин кытта кэпсэтэммин, волейболга, баскетболга, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга күүстээх бэлэмнэнии саҕаламмыта.  Үһүс сылбытыгар спартакиадаларга олус үчүгэйдик кыттар буоллубут. Оскуолабыт спорка күүстээхтэр кэккэлэригэр тахсарын ситиспиппит, спартакиадаларга кыайбыппыт, үс сыл үс бастыҥ миэстэлэргэ тиксибиппит.

 

Күрэххэ кыттар баҕа санаанан салайтаран

Нерюнгрига олорон үлэм, кэлэктиибим барыта наһаа үчүгэй этэ. Ол эрэн тоҕо Дьокуускайга көспүппүт туһунан кэпсиэм. Физкултуура уонна спорт управлениетын сүрүннүүр исписэлииһэ Светлана Александровна Харченко миигин 2007 сыллаахха ыҥыран ылан: «Аҕа уолунуун» күрэҕи ыытаары сылдьабыт, онно мас хайытыыта, эрбээһинэ, булчуттар биатлоннара, ойбон алларыыта, чэй өрүүтэ, остуолбаҕа ыттыы диэн түһүмэхтэрдээх. Көмөлөс эрэ, судьуйалаа. Бастаабыттар өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр бараллар», – диэтэ. Наһаа элбэх хамаанда кытынна, олус үчүгэйдик ааста. Күрэҕи наһаа сөбүлээтим,  кыттыбыт киһи диэн ымсыырдым, аны ол саҕана улахан уолбут Арсений 3 эрэ саастаах. Оччолорго уолаттары 12 саастарыттан кытыннараллар этэ. Оҕом уһуйааҥҥа икки сыл үҥкүүлээтэ, онтон оскуолаҕа киирбитигэр тустууга биэрдим. Онно 8-с кылааска диэри дьарыктанна, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка миэстэлэһэр буолла.

Дьэ, оҕом 12 сааһыгар үктэннэ, «Аҕа уолунуун» күрэххэ кыттар баҕа санаам туолла. Бастакы күрэхпитигэр иккис миэстэ буоллубут. Биир сыл сүүмэрдиир күрэҕи ыыппатахтара. Иккис сылыгар эмиэ ыыппаппыт диэбиттэригэр, мин быһалыы өрөспүүбүлүкэҕэ кытта барарга быһаарынным. Биир сүгэлээх, анньыылаах, туох да бэлэмэ суох Чурапчыга буолар күрэхтэһиигэ тиийэн, 17 хамаандаттан 6-с миэстэ буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕалар лигаларын аатыттан биһиэхэ карабин сааны, уолбар чурапчылар саха быһаҕын туттардылар, наһаа үөрдүбүт.

Күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэргэ Нерюнгрига усулуобуйа суох, сирэ-уота, айылҕата сөп түбэспэт. Мастара намыһах, Чульманка диэн үрэх дөйө тоҥор. Иккис сылбытыгар технология учуутала Дмитрий Кимович Скрябин эрбиилэрбитин, сүгэбитин сытыылаан көмөлөстө. Күрэхтэһии Майаҕа ыытылынна, элбэх хамаанда кытынна, биһиги 8-с миэстэ буоллубут. Эмиэ чаҕылхайа суохтук кииристибит.  Ити кэннэ дьэ, маннык табыллыа суох диэн санааҕа кэлэн, кэргэмминиин сүбэлэһэн баран, Дьокуускайга көспүппүт.

 

Саҥа сиргэ – саҥа олох

2021 сыллаахха Дьокуускайга кэлэн, 1-гы №-дээх оскуолаҕа үлэлии киирдим. Куоракка кэлээт, Аҕалар сүбэлэрин ыйыталаһан, Егор Гаврильевич Попову, Егор Егорович Жерготовы кытта көрүстүм. Кинилэргэ «Аҕа уолунуун» күрэххэ кыттар баҕалаах көһөн кэлбитим туһунан кэпсээтим уонна усулуобуйа тэрийэллэригэр, өйүүллэригэр көрдөстүм. Биһигини Үс Хатыҥҥа Кымыс Байбалга илдьэн, мас булан биэрбиттэрин суоран, эрбээн, ойбон алларан, оҕобун кытта ый курдук эрчилиннибит.

2022 сыллаахха куораттааҕы сүүмэрдиир күрэххэ бастаатыбыт уонна Чурапчыга өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кытынныбыт. Онно олох күүстээх киирсиигэ үһүс миэстэҕэ таҕыстыбыт. Егор Гаврильевич салайааччылаах Аҕа сүбэтэ биһигини өйүү барсыбыттарыттан наһаа үөрбүппүт. 2023 сыллаахха эмиэ кыттыбыппыт уонна куорат күрэҕэр эмиэ бастаабыппыт. Өрөспүүбүлүкэ күрэҕэ Таатта Туора Күөлүгэр буолбута. Бастакы күрэх бириэмэҕэ чэй өрүүтэ этэ, онно аҕыйах маһы уураммыт, субу чэйбит оргуйаары турдаҕына сууллан хаалла. Инньэ гынан, бытааран, түмүккэ 5-с миэстэҕэ тэбиллибиппит.

Быйылгы күрэхпит кулун тутар 9 күнүгэр буолаары турар, онно бэлэмнэнэбит. Миигин сүрүн судьуйанан анаатылар. Улахан уолбут Арсений Новосибирскайга мединститутка устудьуоннуу сылдьарынан, кыттыбаппыт. Онон 2-с кылааска үөрэнэр Алексийбыт улаатарын күүтэбин, кыралаан бэлэмниибин.

 

Аҕа сүбэтэ – түмэр күүс

Бэйэм куораттааҕы Аҕалар сүбэлэригэр баарбын. Быйылгыттан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн үлэлиир алын сүһүөх оскуолаҕа физкултуура учууталынан киирдим уонна тута Аҕа сүбэтин тэрийэри ситистим. Алтынньы ыйга Егор Гаврильевич Попову уонна Яков Тимофеевич Оконешниковы ыҥыран, аҕалары кытта көрсүһүүнү, аһаҕас кэпсэтиини тэрийбиппит. Бэрэссэдээтэлинэн Яков Денисович Иванову талбыппыт. Бассаап бөлөхпүтүгэр 40-ча аҕа баар, араас тэрээһиннэри, күрэхтэри ыытабыт. Холобур, «Кыстыкка киирии» диэн бастакы тэрээһиммитигэр маастар-кылаас быһыытынан хайдах бултуурга, куйуурдуурга, балыктыырга уо.д.а. үөрэппипит. Саҥа дьыл саҕана дыбарыас тиэргэнигэр хаар оҥоһуктары туруорбуппут. Кылаастар алдьаммыт тэриллэрин өрөмүөннүүбүт, тиэргэн ыраастыыбыт, кэнсиэртэргэ кыттабыт.

Нерюнгрига үлэлии сырыттахпына «Сыл учуутала» күрэххэ кытын диэн буолла. Толкуйдаан баран доруобуйаларыгар хааччахтаах үөрэнээччилэргэ анаан остуол оонньуутугар бырайыак оҥорбутум. Сороҕун интэриниэттэн көрөн, бэйэм ааптарыскай оонньууларбын эбэн биэрбитим. Технология учуутала Дмитрий Кимович Скрябинниин фанеранан биир нэдиэлэ устата түүннэри оҥорон бүтэрбиппит. Балыктааһын, таба ытыы, моториканы сайыннарар оонньуулар бааллар. Онтубун илдьэ кэлэн билигин дыбарыаска куруһуок быһыытынан дьарыктыыбын.

Билиҥҥи кэмҥэ куораттааҕы Аҕа сүбэтэ Ленин болуоссата өрөмүөннэнэринэн сибээстээн каток оҥороору саҥа сири көрдүүбүт уонна «Аҕа уолунуун» күрэххэ бэлэмнэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...