31.10.2024 | 10:00

Александр Васильев – Көрдүгэн: «Утуйаары сыттаххына ол значогуҥ хараххар субу көстөн кэлэр»

Александр Васильев – Көрдүгэн: «Утуйаары сыттаххына  ол значогуҥ хараххар субу көстөн кэлэр»
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэ улахан спортивнай күрэхтэһиилэрин ыҥырыыга сылдьар, киэҥник биллэр, биһирэнэр кэмэнтээтэрэ, олоҕун кэрэ-бэлиэ сылларын – бүтүн 32 сылы өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыатыгар анаабыт Александр Васильевич Васильев – Көрдүгэн.

Убайбыт устар ууну сомоҕолуур уус-уран тылынан, ханнык эрэ түгэҥҥэ дьээбэни-хообону кыбытан, күллэрэ түһэн, этэн-тыынан элэгэлдьитэн, кэпсээн-ипсээн тэнитэн бардаҕына, хайдахтаах да бэйэлээх улугурбут уһуктар, успуортан ыраах да киһи сэҥээрэн, сэргээн барар. Дэлэҕэ кинини саха хапсаҕайын “көмүс куолаһа”, “энциклопедията” диэхтэрэ дуо!

Дьэ, ол гынан баран бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ этэ диэбиккэ саха сэмэйин киллэрэн, “кэбис, наадата суох” диэн, кэтэмэҕэйдээн ыксатта. Ол да буоллар кэпсэтии сүнньүн оҕо курдук бүөбэйдиир, күннэри-түүннэри хараҕар көрөр, мунньар значоктарын (фалеристикатын) диэки иэҕэ туппуппар, айаҕа аһыллыбытын бэйэтэ да өйдөөмүнэ хаалла.

– Александр Васильевич, 41 сыл анараа өттүгэр значок эрэ хомуйуом дии санаабакка сылдьан, 300-тэн тахса значок эскииһин ааптара, худуоһунньук П.И. Попов эйиэхэ бэйэтин 50 значогун бэлэх уунуоҕуттан, фалерист буолан хаалбыккын этэн тураҕын...

– Дьэ! Социалистическай эбэһээтэлистибэ курдук ылынан, “ни дня без значка” диэн девизтээх буолбутум. “Быйылгы сылга – бачча значок, аһары толоруута – бачча”, – диэн былаан ылынарым. “Бу күҥҥэ бачча буолла” диэн блокноппар сурунан иһэрим. Аны, хайаан да атастаһар значоктаах буолуохтааҕым. Онтуҥ “на всякий значок найдется свой дурачок” диэн эмиэ девизтээх (күлсэбит). Мин Саха сиригэр сыһыаннааҕы мунньар буоллахпына, атыттар – атын тиэмэлээҕи. Ол иһин авиация, тырааныспар, спорт туһунан значок көрдүм да, ылан иһэрим. Значок мунньааччы “фалерист” дэнэр. Онтуҥ биир тылбааһа...”значокнутый” диэн. Һэп? Сиэпкэр мэлдьи 3-4 значогу укта сылдьаҕын. Кэргэним таҥаспын сууйаары значок иннэтигэр илиитин тэһэ анньан, ол айдаана буолара. Оҕолорум бастакы тыллара “чоочоох” (значок) диэн этэ. Билигин наадыйбаттар. Саҥа значок тахсыбытын иһиттиҥ да, булчут курдук ону сонордоһоҕун. Ол саҕана Мииринэйгэ наһаа үчүгэй, тэрээһиннээх уопсастыба баара. Саха сирин туһунан значогу онно эрэ бэчээттииллэрэ. 3-с №-дээх фабрика дэнэрэ. Биир кэмҥэ, 60-с сс., Ленскэйгэ оҥоро сылдьыбыттара да, тохтообута. Онно оҥоһуллубут бастакы значоктар билигин – олох сыаннайдар. Нерюнгрига наһаа үчүгэй уопсастыба баара. Кинилэр “Октябрь” киинэ тыйаатырыгар өрөбүлгэ көрсөллөрө. Күрэхтэһиигэ эҥин бардахха, онно тиийэн, БАМ, АЯМ туһунан булаҕын. Кэлин, олох сайдыбытын кэнниттэн, Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга үчүгэй уопсастыбалар баар буолбуттара. Ол саҕанааҕы кэлиэксийэһиттэр түс-бас, улахан дьон этэ. Холобур, В.Т. Капылов – прокуратура полковнига.

Спорт умсугутуулаах эйгэ

– Ээ, уола Евгений Саха телевидениетыгар үлэлээбитэ дии? Олус интэриэһинэй биэриини ыытара.

– Буо-буо, ол кини аҕата. Баһылай Түмэппиэйэбис Саха сирин значоктарын туһунан бүтүн 4 кинигэни таһаартарда. Биэнсийэҕэ олорор. Хомойуох иһин, сааһыран, 90-нун ааста, уопсастыбабытыгар кэлбэт. Ю.А. Линквист диэн Москубаҕа олорор улахан фалерист баар. Алдаҥҥа үлэлии сылдьыбыт геодезист. Ол киһи өрдөөҕүттэн мунньубут буолан, билигин да хайысхабытыгар – пиэрибэй нүөмэр. Киин сиргэ олорор буолан, туох баар кэлиэксийэһити тутан олорор. Ростов на Дону куоракка “Бюро путешествий” диэҥҥэ биһиги өрүспүт аатынан “Алдан” диэн теплоходтаахтарын киниттэн билбитим. Миэхэ хас да значогу ыыппыта.

Ону таһынан эриэккэскэ көстөр значоктар бааллар. Холобур, сыыһалаах суруллубут значоктар эмиэ сэдэхтэргэ киирсэллэр.

— Сэбиэскэй да саҕана сыыһаллар эбит ээ?

— Суруктара сыыһа суруллан хаалан, таһаарыыттан уһуллубут, дьон көрүүтүгэр тахсыбакка хаалбыт баар бөҕө буоллаҕа. Холобур, 1981 с. Монреаль куоракка “Человек и его мир” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка буолбут. Онно Саха сирэ эмиэ 3 значогу таһаарбыта: иккитэ – өстүөкүлэттэн, биирэ – төгүрүк алюминий. Англиялыы тылынан суруктаабыттар. Ону суруйалларыгар Монреаль диэн тылларын сорох буукубата нууччалыынан баран хаалан... “матырыйаал” диэн буолбутун “под молоток” ыыппыттара. Ол онтон 20-чэлиини тутан хаалбыппыт билигин эриэккэс көрүҥҥэ киирэ сылдьар. “Племобъединение” осеменатордар күрэхтэрин ыытара. Кыайыылаахха “Чемпион осеменатор ЯАССР” диэн подвескалаах значок бэриллэрэ. Ону ким кэтэ сылдьыай? Оттон соҕуруу онтуҥ былдьаһык. Булан ыыт диэн үлэһэллэр.

Чернышевскай уулуссатыгар баанньык баара. Онно Саха сиригэр аан бастакы сауна аһыллыбыта. Онно “Первым двадцати посетителям сауны г. Якутска” диэн типографскай клишенэн 20 значогу оҥорторбуттара. Онно эмиэ олус наадыйаллар.

— Ээ, оссө оннук баар эбит дуу. Матырыйаала туох этэй?

— Типография клишетин курдук. Кэлиэксийэһиттэр “тимир сааҕа” диэччибит. Аны, урут “Клуб любителей пива и хоккея г. Якутска” диэн баар эбит. Ол кулууп дьоно аан дойду, ССРС хоккейга чемпионатын биитэр Олимпийскай оонньуулары бииргэ түмсэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ, пиибэлии-пиибэли көрөллөр, ким хамаандата кыайарыгар уксаллар эбит. Ол кулуупка анаммыт 3 араас значоктаахпыт.

— Ити дии, барыта – история. Уопсайа төһө значоктанныҥ?

— Быһа холуйан, 6 тыһ. тахса. Кэннигэр клеймолааҕы, дьиҥ значогу эрэ мунньабын. Билигин Саха сирэ үксүгэр Кытайга эҥин бэчээттэтэр. Кэлиэксийэһиттэр өрөбүл аайы Кулаковскай киинигэр мустабыт. “Клуб выходного дня” диэн баар. Онно. Сайын – К. Маркс пааматынньыгын анныгар түмсэбит.

“Бэлэм буолга”, кэлин “Кэскилгэ” үлэлээбитим. Оччолорго да хамнаһым иһэ-таһа биллэр буоллаҕа. Ол эрээри: “Табах тардыбаппын, арыгы-пиибэ испэппин. Ол оннугар харчыбын значокка ыытабын”, – диирим. Кэллиэгэлэрим Н.И. Протопопова, В.Н. Угарова онно-манна сырыттылар да, куруук значок аҕалан көмөлөһөөччүлэр. Билигин да сорох дьон, хомуйарбын билэн, биэрэллэр. 6,5 тыһ. тухары барытын бэйэм булбат, ылбат буоллаҕым. Билигин Санкт-Петербурга, Москубаҕа Саха сирин туһунан мунньар нуучча уолаттара бааллар. Олор иккитэ-үстэ кэлэн бараллар. Дьэ, ону истэн, харчы мунньунаҕын.

Кэмэнтээтэр Көрдүгэн үлэтин үгэнэ

— Сыана буолуо, ээ?

— Буолар буо. Холобур, бэҕэһээ дьаарбаҥкаттан “Почетный гражданин поселка Белая Гора Абыйского района” значогу 1,5 тыһ. ылан, муҥура суох үөрэн олоробун. Бэйэбэр суоҕу көрдүм да, ыла сатыыбын. Син суоттанаҕын: маны кэнники да булуохпун сөп диэбиккин тохтотон эрэҕин уонна онтугун олох умнубаккын. Аны, үлэҕэр кыратык тардылла түһэн кэлиэххэ сөп дии? Оттон уопсастыба көрсүһүүтүгэр ким хайа иннинэ тиийэ сатыыгын. Тоҕо диэтэххэ биир эмэ алҕас кэриэтэ кэлбит (залётнай) киһи сэдэх значоктааҕын батара аҕаллаҕына, хойутаатыҥ да, маттаҕыҥ ол! Эрдэттэн эрдэ тиийэн, кэтэһэҕин.

— Туһугар кыһалҕа диэтэҕиҥ! (Сөҕөрбүн истэн, тэптэрэн биэрэр).

— Ким эрэ кэлэн, ылан кэбиһиэ диэн, дьэ, туттуу-хаптыы кытаанаҕа буолар. Туһугар моһуок. Аны, мин бассаабым эҥин суох. Дьон онон кэпсэтэн атастаһар буолбуттар.

— Кэлиэксийэһиттэр бөлөх-той бөҕөлөөхтөр эбит ээ. Элбэҕи сүтэрэ сыдьар эбиккин. Тоҕо?

— Сөбүлээбэппин. Көмпүүтэргэ чугаһаабаппын. Барыта – илиинэн суруйуу.

Бэйэм бэйэбэр, “былыргылыы” дьаһанан олоробун. Кэмэнтээтэрдиирбэр бэлиэтэммит 20-чэ тэтэрээттээхпин.

— Кэлиэксийэһиттэр ис-хаан ураты, туһунан күннээх-ыйдаах дьоҥҥут быһыылаах? Үнүр бэйэлэрин тиэмэлэригэр, бэл, кэмпиэт суутун, салпыакканы булбуттар, үөрбүттэрэ-дуоһуйбуттара үчүгэйин! Сорох кыахтаах мөлүйүөнү да сүүйдэҕинэ итинник үөрбэтэ буолуо.

— Дьэ, оннук буолар! Эбэтэр төттөрүтүн эн булуоххун баҕара, күүтэ аҕай сылдьыбыккын, субу муннуҥ анныттан былдьаттаххына баар ээ – улахан хомолто, кэмсинии эрэйэ!! Утуйаары сыттаххына ол значогуҥ хараххар субу көстөн кэлэр. Ону хайдах булар туһунан толкуйдуугун (күлэр).

— Кэлиэксийэҕин дьоҥҥо үгүстүк көрдөрөҕүн дии?

— Элбэхтик быыстапкалыыбын. Холобур, И.Ф. Михальчук мээрдиирин саҕана Дьокуускай к. тэрийбит “Семейные увлечения” быыстапкатыгар 1-кы миэстэни ылан, кэргэммин, икки оҕобун кытта Өлүөнэ очуостарыгар бара сылдьыбыттаахпыт. Куорат мусуойугар быыстапкалаабытым. Милииссийэ күнүгэр ИДьМ дьиэтигэр кыттыбытым. Ити курдук онно-манна көрдөртүүбүн. Тиэмэлэринэн наардаан илдьэбин. Оскуолаларга, сайыҥҥы оҕо лааҕырдарыгар эмиэ көрдөрөөччүбүн. Бүлүүгэ, Н.И. Протопопова пааматынньыга аһыллыытыгар бара сылдьыбытым. Тэрээһин таһырдьа буолбута. Бүлүү туһунан значоктары уонна, арыый атын буоллун диэн, эриэккэс значоктары илдьэ барбытым. Дьэ, билигин ханна да бэйдиэ ыт мэнээхтиирин айдаана дии? Саха сирин ыттарын туһунан 36 значоктаахпын. Эн биири эмэ көрбүтүҥ дуу?

Биир дойдулаахтара күндэйэлэри кытта

— Суох. Көрбүт да буоллахпына, болҕойбутум саарбах. Хата, сылгы киэнин сэргиэм этэ. Кэлиэксийэһит таһымыгар тиийэ илик да буолларбын, сылгы сувенирдарын мунньабын. Ыт значога, эчи, элбэҕэ да бэрт эбит дии?!

— Миэхэ, дьэ, ыт киэнэ баар. Онтубун ол Бүлүүгэ көрдөрөр кэммэр оруобуна тулабар ыт бөҕө мустан, “бэйэлэригэр сыһыаннааҕы билэллэр”, –  диэн, дьон күлсүү, үөрүү бөҕө буолтара. Оччолорго ыкка сыһыан арыый үчүгэйэ. “Ыты таптааччылар кулууптара” баар дии? Нерюнгрига баар этэ. Мииринэйгэ, Дьокуускайга. Олор араас куонкурустары ыыталлар. Сүрүннээн ол значоктара: 1-кы, 2-с, 3-с миэстэлэр киэннэрэ. Барыта сахалыы суруллубут, собуокка бэчээттэммит, дьиҥнээх үчүгэй значоктар.

Оттон аатырдар-сураҕырдар, төрүт баайбытыгар – Дьөһөгөй оҕото сылгыга анаммыт значок... уончаҕа тиийбэт.

— Тоҕо хобдоҕой! Оттон Саха сирин бэчээтигэр сыһыаннаах төһө элбэҕий?

— Сүүстэн тахса. Хаһыаттар, сурунааллар тустарынан. Оройуоннааҕы хаһыат, сурунаал киэннэрэ үбүлүөйдээх сылларга тахсыбыттар. Суруналыыстар, суруйааччылар сойуустарын киэнэ эҥин. И.В. Мигалкин салайбыт сойууһа аҕыс араас значогу таһаартара сылдьыбыта. Чугастыы билсэр буолан, кэлиэксийэбэр ылан иһэрим. Ол оннугар Наталья Ивановна саҕанааҕы биир баар. Оттон урукку суруйааччылар сийиэстэрин киэннэрэ, үрүҥ көмүһүнэн эҥин оҥоһуллубуттар син бааллар. 70-с эҥин сыллардааҕылар. Худуоһунньуктар да киэннэрэ син элбэх.

Значоккун көрдөөн, дьону кытта элбэхтик кэпсэтэҕин, суруйсаҕын, оройуоннарга сакаастыыгын. Холобур, билигин нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо диэн значок элбэхтик тахсар буолла. Сорохтор үрүҥ көмүһүнэн эҥин оҥороллор.

— Төрөппүт, эһэ-эбэ наҕараадатын атыылыыр дьону өйдөөбөт эбиппин. Сүтүө, мунньар киһиэхэ сылдьара ордук диэн санааттан түҥэтэн эрдэхтэрэ дуу?

— Харчыга наадыйан биэрээччи эмиэ баар буолар. Хайыаххыный, олох. Аны, киһиэхэ бэриллибити эрэ буолбакка, оннук значогу оҥорбут уустары, маастардары кытта кэпсэтэн эмиэ ылыахха сөп. Холобур, Сунтаарга национальнай-тэхиньиичэскэй колледж ювелирнай сыаҕар оҥороллор. Дойдум буолан, уоппускабар тиийдим да, сырыыбын ол сыахтан саҕалыыбын. Анаан харчы мунньунан, атыылаһардыы оҥостон тиийэбин. Быйыл Кыргыстааҥҥа бара сырыттым. Онтон эмиэ аҕыйаҕы булбутум. Ол эрээри Таможняҕа сүрдээҕин көрөр буолбуттар. Наҕараада эҥин бэлиэлэрин.

— Онно Саха сирин киэннэрэ эмиэ бааллар эбит?

— Тоҕо, доҕор, эппитим курдук “на всякий значок...”. Мэнэйдэһэргэ. Спорт значогун манна сэргиир дьон үгүс. Холобур, “Чемпион Кыргыстана” диэни манна кыайан булбаккын.

Аны мин ыйытыым, эн санааҕар, аан дойду үрдүнэн муҥутуур элбэх значок кимиэхэ анаммыта буолуой?

— Эһээ Лениҥҥэ ини?

— Сөп. Урукку социалистическай дойдулары ааҕан көрдөххө, В.И. Лениҥҥэ анаммыт 36 тыһыынчаттан тахса араас көрүҥ значок баар! Ити – көрүҥүн эрэ арааһа. Ахсаана олох да хара баһаам. Иккис миэстэҕэ Юрий Гагариҥҥа анаммыт значок сылдьар. Оттон Саха сиригэр, холобур, Ойуунускайдааҕар, Махсыым Аммосовтааҕар да элбэх значок Сергей Зверевкэ-Кыыл Уолугар анаммыт. Ити, мин кэлиэксийэбэр баарынан этэбин: 40-тан таҕыста.

Сыра сыаналанар түгэниттэн

— Тыый! Эһиил Звереппит төрөөбүтэ 125 сыла туолар! Өссө эбиллэрэ буолуо. Хайдах киниэнэ ала-чуо элбээн тахсыбыта интэриэһинэй эбит?

— Холобур, кини аатынан араас куонкурустар Сунтаар аатырбыт ыһыахтарыгар, атын да сирдэргэ үгүстүк буолаллар. Ол кыайыылаахтарыгар Сергей Афанасьевич аата, мөссүөнэ баар значок үгүстүк бэриллэр.

П. А. Ойуунускай киэнэ миэхэ уонча араас баар. М.К. Аммосов киэнэ уончаҕа тиийбэт. Саамай чулуу, өрөспүүбүлүкэ олохтонуутугар, саха саха буола сайдыытыгар сүрүн суолталаах дьоммутугар итинник аҕыйах.

“Бэлэм буолга”, “Кэскилгэ” кэлиэксийэҕэ анаммыт анал муннуктаах этим. Онно мусуойга, БАМ, АЯМ анаммыт значоктар, Саха сирин туһунан тахсыбыт значоктар, милииссийэҕэ сыһыаннаахтары эҥин билиһиннэрэр этим. Мин түөрт эйгэҕэ сыстаҕаһым: хаһыат, тустуу, хапсаҕай уонна бу значогум. Киин куоракка анаммыты Куорат күннэригэр көрдөрөөччүбүн. Холобур, “Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо” аат, значок баарын билэҕин. Оттон значогун көрбүтүҥ? Миэхэ 5 арааһа бэһиэннэрэ баар. Ил Түмэн, Гордуума дьокутааттарын значоктара. Култуура үтүөлээх үлэһитэ, Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй, Д. Коркин бириэмийэтин лауреаттарын киэнэ барыта баар. Быйыл А.Я. Овчинникова киэнин буллум. Мин значогу 1983 с. саҕалаабытым диэн эппитим дии? Ол иннинэ култуура министиэристибэтин аппараатыгар үлэлии сылдьыбытым. Биирдэ Москубаҕа командировкаҕа сырыттахпына, сорудах биэрдилэр: “Монетнай двортан” Ойуунускай бириэмийэтин лауреатын 20 значогун ылан кэл”, – диэн. Дэбиэринэс ыыппыттара. Ону туппутунан киирэн, генеральнай дириэктэр солбуйааччытыттан илии баттаан ылбытым. Көрдөхпүнэ, хоруопкаҕа өссө да 6-7 устуука кинилэргэ хаалбыта. Ол саҕана мунньарым буоллар, биир ордугу көрдүөм этэ, атыытыгар.

— Онтугун саныы-саныы, абарарыҥ буолуо?

— Ээ, кэлин булбутум. Бастакыта “лауреат премии имени Ойунского ЯАССР” диэн суруктааҕа, кэлин “государственная премия” диэн эбиллэн биэрбитэ. Билиҥҥи эмиэ – атын. Ити бириэмийэ үс значога үһүөн бааллар.

— Аҕалбыт бэлиэҥ төһө эрэ кэминэн бэйэҕэр эргийбит дии.

— Эргиллэн. Көрдүүр киһи – булар.

 

Дьэ, ити курдук, значоктар кэм-кэрдии, олох-дьаһах араас түгэнин кэрэһитэ буолан, историяны үйэтитэр, умнуллубуту санатар дьоһун аналлаахтар. Онуоха фалеристар оруоллара сүҥкэн. Александр Васильевиһы кытта кэпсэтэ олорон ону дьэҥкэтик өйдүүгүн уонна Саха сирэ тиэмэлээҕи талбытыгар махтана саныыгын. Кини дьарыгын сыаннаһа кэм-кэрдии аастаҕын аайы улаатан иһиэ.

 

Хаартыскалар: "Спорт Якутии" соцситимҥэ страницатыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...