08.11.2024 | 12:00

Александр Крылов аатынан турнир: Айсен Потапов — 1 000 000 солк.!

Александр Крылов аатынан турнир: Айсен Потапов — 1 000 000 солк.!
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Сэтинньи 2-3 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорт уораҕайыгар көҥүл тустууга эр дьон ортотугар Бүтүн Арассыыйатааҕы III-c турнир Арассыыйа спордун маастара, Ил Түмэн IV-с ыҥырыытын дьокутаата Александр Крылов кэриэһигэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

2019-2024 сылларга көҥүл тустууга СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, билигин Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников санаатын үллэстэригэр, үһүс төгүлүн ыытыллар турнир сыллата кыттааччытын ахсаана эбиллэн иһэрин, ааттаах-суоллаах бөҕөстөр кэлэн тустаннар, сэҥээриини үөскэтэллэрин бэлиэтээтэ. Турнир сүрүн фишкатынан ыйааһыннар кыайыылаахтарыгар 1 мөл. солк. лотерея оонньонорун ааттаата. Ол курдук, уопсайа 2 мөл.солк. кээмэйдээх бириистэри Өймөкөөн улууһа бэйэтэ уйунар. Өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирэ Леонид Спиридоновка, сүүмэрдэммит хамаанданы бэлэмниир Киин  дириэктэрэ Михаил Пахомовка, Арассыыйа тустууга федерациятын отделын салайааччыта Петр Юмшановка, улуус дьокутааттарыгар о.д.а. өйөбүллэрин уонна көмөлөрүн иһин махталын биллэрдэ. Александр Владимирович Крылов бэйэтин кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит сирин-дойдутун эрэ буолбакка, Сахатын сирин таптыырын, бэриниилээҕин, дьокутааттыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ спортсменнарыгар элбэх көмөнү, өйөбүлү оҥорбутун, салайар Строительнай ырыынагын аатыттан бастыҥ спортсменнарга истипиэндьийэ анаталаабытын, улууһун кыһалҕаларын туоратыыга көмөлөспүтүн бэлиэтээтэ.

Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытын үгэнигэр спорт миниистирэ Леонид Спиридонов РФ спордун маастарын бэлиэлэрин уонна дастабырыанньаларын Александр Авеловка, Петр Адамовка, Владимир Бояновскайга, Николай Заболоцкайга, Игорь Матвеевка, Николай Охлопковка уонна Иван Охлопковка туттартаата.

Турнирга дойду тустуулаах регионнарын 18 хамаандаларын 155 бөҕөһө кытынна. Бастакы уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксэр иһин финаллар, иккис күн, ыарахан ыйааһыннартан саҕаланнылар. Көрөөччүлэр, аҕыйах да буоллаллар, саха тустууктарыгар сүрдээҕин “ыарыйдылар”.

125 кг (6 бөҕөс) боруонса мэтээли саха бөҕөһө Михаил Нестеров ылла. Бастакы миэстэни Осетияттан кэлбит Үөһээ Бүлүү күүстээҕэ, 24 саастаах Харысхан Баппаҕай утарсааччыларыгар баал биэрбэккэ хотуталаата уонна финалга ыалдьааччыларын куруутун үөрдэр “Муома хайатын” Никита Хабаровы эмиэ 5:0 баһыйда.

 

Харысхан Баппаҕай: «Вячеслав Багаев диэн тренердиин билсэн, Осетияҕа анаан-минээн тустуунан дьарыктана тиийбитим. Физкультурнай институкка 4-с кууруска үөрэнэбин. Эһиил үөрэхпин магистратураҕа салгыам. Улахан таһымнаах бөҕөстөрү кытта тэҥҥэ эрчиллэбин. Бу иннинэ Арассыыйа устудьуоннарыгар бастаабытым. Сыалым-соругум – Арассыыйа чемпионатыгар миэстэлэһии, онтон улахан түһүлгэлэргэ тахсыылаахтык тустан, Олимпиадаҕа кыттыы. Дьарыктанарга усулуобуйа баар. Маннык үчүгэй тэрээһиннээх, дьоһун үп-харчы бириистэрдээх турнирдар көҕүлүүллэр».

 

97 кг сэттэ бөҕөс кииристэ. Биһиги бөҕөстөрбүт Максим Толмачев (Красноярскай), Никита Софронов, Евгений Аронов үс иһигэр киирбэтилэр. Константин Пшеничников (Кемерово) бастаата, Даниил Иванов (Осетия-Саха сирэ) – иккис, Тимур Котаев (Красноярскай) – үһүс.

92 кг тохсуолар. Биһигиттэн икки бөҕөс эрдэ туораата. Буянто Шадапов (Бурятия) – бастакы, Эмиль Рамазанов (Хабаровскай) – иккис, Ньургун Сергин (Саха сирэ), Гаджимагомед Нажмудинов (Москва) үһүс буоллулар.

86 кг 11 бөҕөс кытынна. Бу ыйааһыҥҥа биһиэттэрэ бэһиэн миэстэлэспэтилэр. Дмитрий Зайнидинов (Красноярскай), Азрет Улимбашев (Кабардино-Балкария), Евдокимов (Иркутскай), Кочоян (Приморскай) туһааннааҕынан бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

79 кг Красноярскайтан бырааттыы Анатолий уонна Антон Сучковтар, саха бөҕөстөрө Роман Николаев, Анатолий Никитин туһааннааҕынан бастакы-иккис-үһүс буоллулар.

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыайыы үөрүүтүн 74 кг (14 бөҕөс) Константин Капрынов аҕалла (тренерэ Егор Пономарев). Д.П. Коркин норуоттар икки ардыларынааҕы турнирыгар ылбыт үрүҥ көмүс мэтээлин кыһыл көмүскэ уларытта. Финалга Александр Балтуевтыын  (Бурятия) хапсыһыылара сытыытык ааста. Түмүккэ хапсыһыы 8:6 ахсаанынан биһиги кыайыыбытынан түмүктэннэ.

Бу ыйааһыҥҥа саха бөҕөстөрө Албан Аввакумов уонна Николай Сивцев боруонса мэтээллэргэ тигистилэр.

 

Константин Капрынов: «Пъедесталга туруом дии санаабатаҕым. Миэхэ “ыалдьыбыт” дьоҥҥо махтанабын. Турнир үчүгэйдик ааста. Улаханнык настройкаламматаҕым. Көннөрү “схватка” оҥоро киирбитим.  Болтуев хайдах тустарын билбэт этим. Коркин финалиһа, тустара миэхэ сөп түбэһэр. Дагестаҥҥа Умаханов турнирыгар бараары сылдьабын. “Триумфка” дьарыктанабыт. Чурапчы институтугар магистратураҕа 1-кы кууруска үөрэнэбин. Билигин сүрүн сыалым-соругум – Ярыгин турнира, онтон Арассыыйа чемпионата. Тустуум дьэ саҕаланна, бэйэбин көрдөрүөм дии саныыбын».

 

Өссө биир кыһыл көмүһү 70 кг (19 бөҕөс) Дьааҥыттан Ярыгин аатынан турнир боруонса мэтээлин хаһаайына Айсен Потапов (тренерэ Артур Константинов) Тыва күүстээх маастара, аан дойду ыччаттарын түһүлгэтиттэн боруонса мэтээллээх Сайын Казырыгы кытта эриирдээх, кытаанах хапсыһыыны 2:2 ахсаанынан түмүктээн, эбии үлэлээн икки баалы ылан аҕалан, көрөөччүлэргэ улахан үөрүүнү бэлэхтээтэ. Иркутскай тустууктара Якимов, Топшиноев үһүс буоллулар.

Итинтэн аллараа ыйааһыннарга биһиги уолаттарбыт туһуннулар эрээри, мэлдьитин да сэргэх тустуулары көрдөртүүр тывалар күннээтилэр. 65 кг (16) Кежик Чымба (Красноярскай), Василий Григорьев (Саха сирэ), Юлиан Григорьев (Саха сирэ), Виктор Жербаев (Бурятия); 61 кг (30) «Коркин-2023» кыайыылааҕа Кежик Монгуш (Иркутскай) уонна «Коркин-2024» кыайыылааҕа Александр Авелов (Саха сирэ) күөн көрсүһүүлэрэ 4:3 ахсаанынан Монгуш туһатыгар түмүктэннэ, Валентин Бурнашев (Саха сирэ), Баир Баяндуев (Бурятия), 57 кг (34) Аяндай Ондар (Тыва), Федор Постников (Саха сирэ), Егор Явловскай (Саха сирэ), Амир Чамзын (Тыва), бастакы-иккис-үһүс миэстэлэннилэр.

Кыһыл көмүс мэтээли ситиспиттэр – 70 тыһ. солк., үрүҥ көмүс призердар – 50 тыһ. солк., боруонса мэтээллээхтэр – 30 тыһ. солк., бастаабыт бөҕөстөр тренердэрэ 20 тыһ. солк. наҕараадаланнылар. Александр Владимирович Крылов доҕотторо анал бириистэри туттартаатылар. Турнир 10 ыйааһынын кыайыылаахтарыгар оонньоммут 1 000 000 солк. сүүйүүлээх лотерея кыайыылааҕынан 70 кг чемпиона Айсен Потапов буолла!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....