02.02.2023 | 14:00

Александр Азаров: «Дуобат ыччаты кэрэҕэ эрэ сирдиир»

Александр Азаров:  «Дуобат ыччаты кэрэҕэ эрэ сирдиир»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Сахалартан бастакы Арассыыйа гроссмейстера, Саха сирин үтүөлээх тренерэ Александр Азаров аата өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Кини Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Идэтинэн үрдүк үөрэхтээх экономист. 1993 сылтан Саха сирин сүрүн тренеринэн үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар үлэлиир. 1994 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Аан дойду чемпионатыгар 3-с миэстэни ылан, сахалартан бастакынан Гроссмейстер аатын ылбыта.

Александр Гаврильевич тренер, уһуйааччы быһыытынан билигин дуобат спорда ханнык таһымҥа турарын, кыһалҕаларын, ситиһиилэрин, эдэр ыччаты, уол оҕону иитии туһунан ханнык баҕарар киһиэхэ ис сүрэҕиттэн кэпсиэн сөп.

Бу күннэргэ Александр Гаврильевичтыын көрсөммүт истиҥник сэһэргэстибит.

 

Дуобаттан киһи элбэххэ үөрэнэр

– Александр Гаврильевич, үтүө күнүнэн! Дуобат спордун туһунан ааҕааччыларга сиһилии билиһиннэриэҥ дуо? Спорт интеллектуальнай көрүҥэ Саха сиригэр хайдах сайдыбытай, туох үлэлэр ыытыллыбыттарай? Тренер быһыытынан ыччаты уһуйууга туох көрүүлээххиний?

– Дуобат спорда – сахаларга былыр-былыргыттан бигэ акылааттаах көрүҥ. Дьиэ акылаатын төһөнөн үчүгэйдик түһэрэҕин да, соччонон үйэлээх буоларын курдук өйдүүбүн. Биһиги бэтэрээн дуобатчыттарбыт бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын аһаҕастык билиһиннэрэн, араас кинигэлэри, босуобуйалары таһааран, дуобат спорда үрдүк кэрдиискэ таҕыста. Онон биһиги, билиҥҥи кэм дуобатчыттара, кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Сахалыы дуобат кинигэлэриттэн, босуобуйаларыттан, методическай, үөрэтэр-сайыннарар кинигэлэртэн киһи олус элбэҕи ылынар, сайдар. Дуобат өссө үрдүк кэрдиискэ 1993 сылтан тахсан барбыта. Дуобат федерациятын бэрэсидьиэнинэн Владимир Ильич Птицын талыллыаҕыттан, ырыынак ыарахан кэмнэригэр спортменнары күүскэ өйөөһүн саҕаламмыта. Ити саҕана билигин Саха сирин киэн туттар гроссмейстердара Гаврил Колесов (Чурапчы, Одьулуун), Иван Токусаров (Ньурба), Александра Бурнашева (Дьокуускай) ааттара дуорааннаахтык иһиллибитэ. Арассыыйа, Саха сирин үтүөлээх тренердэрэ Мария Никитична уонна Николай Николаевич Кычкиннар, Василий Иннокентьевич Кононов ситиһиилээх үлэлэрэ бу кэмтэн ыла саҕаламмыта. Саха сирин оҕолоро Арассыыйаҕа, Европаҕа, Аан дойдуга күргүөмүнэн кимэн киирбиттэрэ. Бу кэмҥэ спорт сорох көрүҥнэрэ ырыынак ыараханын тулуйбакка биир-биир сүтэн, симэлийэн барбыт буоллахтарына, дуобат спорда мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Бу сылларга Дуобат федерациятыгар Виктор Петрович Ноговицын (Спорт министиэристибэтин салайааччыта), Иннокентий Михайлович Андросов Дуобаты өйүүр фирманы тэрийэн, күүс-көмө буолбуттара, Вячеслав Павлович Карпов Спорт пуондатын тэрийэн, дуобатчыттарга элбэх көмөнү оҥорбута. Мин оҕолору, ыччаты кытта тренер быһыытынан 1993 сылтан дьарыктанабын. Тренерскэй сэбиэт быһаарыытынан улахан дьоҥҥо, оҕолорго сүүмэрдэммит хамаанда тэрийбиппит. Ол эрээри хамаандабыт дьонун ахсаана мэлдьи уларыйа турар. Чопчу бачча киһи баар диэн эппэппин. Кыргыттары кытта эмиэ туспа дьарыктанабын. Кинилэр оскуоланы бүтэриэхтэриттэн үрдүк үөрэҕи түмүктүөхтэригэр диэри олус күүскэ ылсан ситиһиилээхтик дьарыктаналлар. Саахымат уонна дуобат иккиэн спорт интеллектуальнай көрүҥүгэр киирэллэр. Оҕо барыта хамсаныылаах-имсэниилээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх спорду талбат. Футболлуурун, волейболлуурун сөбүлээбэт оҕону күүскүнэн күһэйэр сатаммат. Төрөппүттэр оҕону сөпкө өйдөөн, тугу баҕарарын, спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаныан сөптөөҕүн билэҥҥит, исписэлиискэ илдьэн көрдөрөн, дьоҕурун кэмигэр арыйарыгар көмөлөһүөххүтүн сөп. Оттон оҕо саамай баҕарар кэмигэр аккаастаатаххытына, кэнники өйө-санаата уларыйыан сөп. Дуобаттыыр оҕо үөрэҕин ситиһэр, бэрээдэктээх, үрдүк култууралаах, сайдыылаах буолар, куһаҕан дьаллыкка умньаммат. Билигин олохпут уларыйан, сайдан, көмпүүтэр, интэриниэт үйэтэ кэллэ. Төһө да оҕо манна көрөн ылынар дьоҕура сайыннар, дьиҥинэн, дуобаттыыр оҕо курдук лириҥник толкуйдууру сатаабат. Дуобакка оҕолор, эдэр дьон ордук кыһыҥҥы кэмҥэ сылдьа сатыыллар. Биһиэхэ айылҕабытынан оннук буолар. Дьон ордук кыһынын туһалааҕынан дьарыктаныан, бириэмэтин интэриэһинэйдик атаарыан баҕарар. Бэйэм туспунан эттэххэ, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ Вячеслав Павлович сырдык, ыраас санаата, үтүө көмөтө куруук тыыннаах. 35 сыл тухары тренерим бэйэтин үтүө санаатынан мин спортивнай, тренерскэй үлэбэр муҥура суох элбэх көмөнү оҥорбутун олус дириҥник сыаналыыбын, махтанабын. Сүдү улахан талааннаах киһини көрсүбүппүн бастакы күммэр сэрэйбитим. Кини миэхэ чопчу сыалы-соругу туруорбута, бэлэмнэнии хайдах барыахтааҕын, тактикаҕа уонна стратегияҕа тугу уларытан ситиһиибитин үрдэтэрбитин ытыска уурар курдук быһааран биэрбитэ. Билиитэ, көрүүтэ олус киэҥ этэ. Бэйэм оскуоланы бүтэрээт да соҕуруу барбыт буоламмын, олоххо-дьаһахха билбэтим олус элбэх этэ. Онно барытыгар үтүө сүбэһит, доҕор, суолдьут буолан көмөлөһөрө. Бэйэтэ улуу тренер Д.П. Коркиҥҥа уһуйуллубут, дьоҕурдаах спортсмен, тренер быһыытынан ол ноҕоруускатын иҥэрэн, куруутун үөрэтэн, такайан кэллэҕэ. Дьону бэйэтигэр тардар ураты дьоҕурдаах этэ. Үрдүкү маастарыстыба оскуолатыгар Дуобат-саахымат киинигэр дириэктэрдээн да олордоҕуна кини тула куруутун доҕотторо-атастара баар буолаллара, Павлович тугу этэрин, кэпсиирин истээри, күнү быһа да сылдьалларын билбэккэ хаалаллара. Дьону бэйэтигэр тардар оннук ураты күүстээх этэ.

– Саха сиринэн эрэ буолбакка, Арассыыйа араас куораттарыгар тиийэ күрэхтэргэ айанныыр буолуохтааххыт...

– Билиҥҥи үлэм сүрүн сыала-соруга – спортсменнар Арассыыйа, аан дойду, Европа таһымыгар ситиһиилээхтик кытталларын ситиһии, үөрэнэр, дьарыктанар түмсүү үрдүк көрдөрүүлээхтик барарын хааччыйыы, өрөспүүбүлүкэ сборнайыгар үп-харчы эккирэтиитэ. Дуобат икки көрүҥнээх. Нуучча дуобата уонна сүүс харахтаах дуобат. Мин нуучча дуобатыгар исписэлиис буоларым быһыытынан өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ көрдөрөбүн. Теорияны үөрэтии барыта мин илиибинэн ааһар. “Азия оҕолоругар” эмиэ хаста да ситиһиилэммиппит. 1996 сыллаахха аан бастаан ыытыллыбыт “Азия оҕолоругар” Монголия эдэр дуобатчыттарын инники түһэрэммит, 2 миэстэни ылан турабыт. Ити биһиэхэ барыбытыгар үөрэтэр уруок курдук буолбута. Онтон 100 харахтаах дуобаты Саха сиригэр күүскэ сайыннарарга туспа хайысха ылыллан, 2000 уонна 2004 сыллардаахха буолбут “Азия оҕолоругар” 1 миэстэлэргэ тиксэн турабыт. Онтон 2008 сыллаахха официальнайа суох хамаанданан кыттан бастаабыппыт.

– Александр Гаврильевич, дьиҥнээх саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый? Эн эр киһи ханнык хаачыстыбатын ордороҕун?

– Саха эр киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, дьүөрэлии буолуохтаах. Ыал аҕата бэйэтин дьиэ кэргэнин туһугар өйдүүн-санаалыын сааһылана сылдьыахтаах, элбэхтик үлэлиэхтээх, дьоҥҥо үтүөнү оҥорортон дуоһуйууну ылыахтаах. Эрэнэр эркин, булугас өйдөөх, толкуйдаах доҕору ордоробун. Эрэнии доҕордоһуу тутааҕа буоларын умнубаппын. Үлэҕинэн доҕоргун эрэ кытары санааҕын үллэстэҕин, былааҥҥын, ситиһиигин, кыайыыгын-хотуугун, хомолтоҕун этэҥҥин дууһаҥ чэпчиир.

– Уол оҕону хайдах сөпкө иитиэххэ сөбүй? Бэйэҥ туох холобуру аҕалыаххын сөбүй?

Дуобат оҕо майгытын-сигилитин сааһылыыр, ис толкуйун бэрээдэктиир, үөрэҕэр көмөлөһөр. Ити барыта оҕону оонньотон ситиһиллэр! Биһиэхэ дьарыкка төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр кэлэллэр уонна оҕолорун, сиэннэрин көрөн олус үөрэллэр, долгуйаллар. Саха оҕотугар дуобат, саахымат көрүҥэ барсар. Ханнык баҕарар төрөппүт оҕото дуоспуруннаах, толкуйдуур дьоҕурдаах буолуон баҕарар. Сорох төрөппүттэр көмпүүтэр, төлөпүөн, гаджет ылан биэрэн баран «оҕобут, дьэ, күнү билбэккэ атаарар” диэн сыыстараллар. Учуонайдар ити төрүкү сыыһа өйдөбүл диэн дакаастаан тураллар. Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар үөрэх хайа баҕарар көрүҥэ – дуобат, саахымат – биһиги айылҕабытыгар сөп түбэһэр. Саха ыалыгар кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ остуол оонньуута баар буолуохтаах, төрөппүт, чугас дьоно оонньууга эрдэ үөрэтиэхтээхтэр. Аны туран үчүгэй тренер, учуутал оҕону хотторууга сэрэнэн бэлэмниэхтээх. Оҕо кыайыы куруук кэлбэтин эрдэттэн билиэхтээх.

– Бэйэҥ иллэҥ кэмҥин, сынньалаҥҥын хайдах атаараргын сөбүлүүгүн?

– Иллэҥ бириэмэ олус кэмчи. Билигин 5 кырачаан сиэннээхпит, оҕолорбутун кытта бодьуустаһарбытын дьолунан ааҕабыт, төһө кыайарбытынан айылҕаҕа тахса сатыыбыт, күүс-уох ылынан кэлэрбитин сөбүлүүбүт.

– Александр Гаврильевич, интэриэһинэй кэпсэтиигэр махтанабын.

Түмүккэ

Мин санаабар, дуобат – улуу түһүлгэ. Бэйэтэ туспа эйгэ, ураты олох, атын көрүүлэрдээх, ирдэбиллэрдээх. Дуобаты, омос көрдөххө, бэрт судургу курдук эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, бэйэтэ байҕал кэриэтэ диэн көрөбүн.

Талаан хас да араас көрүҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур. Онтон Александр Азаров курдук киэн туттар киһибит спорт биир көрүҥүн баһылаан, бэйэтин көрдөрөн, кини үтүө аата номнуо аан дойдуга сураҕырарыттан биһиги, саха дьоно, киэн туттуохпутун туттабыт уонна инникитин өссө да үлэтигэр, тус олоҕор ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...