28.01.2023 | 10:00

Албан ааттаах көлүөнэ

Олохпут сайдыыта көлүөнэлэр ситимнэриттэн тутулуктаах. Таатта улууһун Бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Арисовна Попова үйэтитии үлэтэ үүнэр көлүөнэҕэ ананарын кэпсиир.
Албан ааттаах көлүөнэ
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Үтүө күнүнэн, Маргарита Арисовна! Бэтэрээннэр хамсааһыннарын кэпсэтиэх иннинэ ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

– Мин Таатта  оройуонун Чөркөөх бөһүөлэгэр 1957 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Өбүгэлэрим төрүт таатталар. Аҕам Арис Дмитриевич Охотин 1932 с. оройуоҥҥа тэриллибит МТС биир бастакы тырахтарыыһа. Ийэм Ирина Ивановна Охотина (Мохчорова) 1955 с. оройуонҥа олорон үһүө буолан, Чөркөөххө Молотов холкуоска ыҥырыы таһаарбыт хомсомуолка. Бэйэм Ытык Күөлгэ олоробун. Кэргэним Николай бэйэтин кэмигэр сопхуоска, тэрилтэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кыргыттарбыт үлэ дьоно.

– Туох идэлээххиний, урукку сылларга үлэҥ-хамнаһыҥ?

– Сэбиэскэй кэм киһитэбин. Оччотооҕу оҕо быһыытынан “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан икки сыл ыанньыксыттаан баран,  Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэммитим. Идэбинэн сопхуоска  биригэдьииринэн үлэлээбитим. Онтон босхоломмут хомсомуол  сэкирэтээринэн үлэлии сырыттахпына 90-с сылларга олох уларыйан, 28 сыл социальнай эйгэҕэ үлэлээбитим. 2018 с. Каадырдары бэлэмниир институту бүтэрэн,  2020 с. Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музейга, ону таһынан уопсастыбаннай ноҕурууска быһыытынан улуус Бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин быһыытынан үлэлиибин.

 – Оҕо эрдэххиттэн уопсастыбаннай үлэҕэ эриллэн улаатан, билигин даҕаны олох оргуйар үөһүгэр сылдьаҕын.

– Оннук буолуо. Билигин саастаах дьоҥҥо сыһыаннаах уопсастыбаннай хамыыһыйаҕа баарбын. Өр сыл улууска бэрэссэдээтэлинэн Светлана Ивановна Беркина таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

– Улуус аҕам саастаахтарын, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэҕэ ханнык тэрилтэ сүрүннүүрүй? Бу үлэ сүрүн сыала тугуй?

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ Дьокуускай куоракка кииннэнэн үлэлиир. Вильям Очирович Иванов салайар, Дина Константиновна, Агафья Ильинична диэн эрэллээх үлэһиттэрдээх. Маны таһынан “Победа” пуонданы кытта ыкса ситимнээх үлэлиибит. Бэтэрээннэр, аҕам саастаахтар хамсааһыннарын тэрийии, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун, үлэ бэтэрээннэрин үйэтитии, холобур оҥостуу, көлүөнэлэри ситимнээһин, ыччаты иитии курдук үлэлэри толоробут. Бу үлэ барыта үүнэр көлүөнэҕэ ананар. Быйыл Аҕа  дойду сэриитин үс  улахан кыргыһыытын 80 сыла, онон үлэ бу эҥэр күүскэ барыаҕа уонна Үлэ сыла биллэриллибитинэн үлэһит удьуор дьоммутун эйгэлэринэн, үлэ салааларынан уонна настаабынньыктары таһаарыы ыытыллыа.

– Дьокуускай куорат сыллата сквердэринэн, элбэх пааматынньыктарынан киэргэйэр. Тааттаҕа эмиэ бу курдук үйэтитиигэ сыһыаннаах тутуулар, өйдөбүнньүктэр туруоруллаллар.

– Оннук. Улууспут киинэ да, нэһилиэктэрэ да Улуу Кыайыыга күүстээх болҕомто ууран, өйдөбүнньүктэри, сквердэри туталлар. Холобурдаан көрдөрдөххө, Ытык Күөлгэ Кыайыы болуоссатыгар сураҕа суох сүппүттэргэ анал пааматынньык, Дэбдиргэҕэ А.Ф. Бояровка аналлаах сквер, Чөркөөххө “Кыайыы скверэ” өрөмүөннэннэ, кэҥэтии үлэтэ барда, саҥа пааматынньык туруорулунна. Чычымахха “Сүгүрүйэр ытык дьоммут” сквер, элбэх бэлиэ туруорулунна, гражданскай сэрии кыттыылаахтарын пааматынньыгар барыы муостата өрөмүөннэннэ, Өксөкүлээх паарката арыллыбыта, Чымынаайы сэлиэнньэтигэр кыраайы үөрэтээччи Мария Петровна Прокопьеваҕа сквер уонна  музей өрөмүөннэннэ, Уодайга кулууп өрөмүөннээн, музей астылар, Боробулга Ананий Кононович Андреев, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сквердэрэ, Кыйыга А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй скверэ аһыллыбыттара. Баайаҕалар бэйэлэрин күүстэринэн пааматынньыктары өрөмүөннээбиттэрэ. Бу барыта 1-3 сыл иһинэн оҥоһулуннулар. Кинигэ таһаарыыта элбэх. Бэйэбит бэтэрээннэрбит хомуйан оҥорон таһаараллар, бэйэлэрэ үбүлүүллэр даҕаны. Онон сэрии кыттыылаахтарын дьоруойдуу охсуһуулара, олохторо сырдатылынна. Сураҕа суох сүппүттэр испииһэктэринэн үлэ күүскэ ыытыллан, балачча дьоммут чуолкай сирдэрэ билиннэ. Дьохсоҕоннор Ильмень күөлгэ эспэдииссийэҕэ сылдьыбыттара. Ол сүнньүнэн 20 этэрээт знамятын көрсүһүүтэ тэриллибитэ, Ильмень кыттыылаахтарын сыдьааннара кыттыыны ылбыттара. Бойобуой знамя улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музейга үйэлэргэ хараллыаҕа.

Аҕам саастаах олохтоохторбут өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар “Бэтэрээн тиэргэнэ” диэн күрэскэ сыллата ситиһиилэнэллэр.  2018 с. Варфоломеевтар, 2019 с. Луковцевтар,  2020 с. Теряковтар дьиэ кэргэттэрэ кыайыылаах үрдүк  аатын  ылбыттара, 2021 с. Чөркөөхтөн Гуляевтар дьиэ кэргэттэрэ сертификат уонна ааспыт 2022 с. Бояровтар дьиэ кэргэттэрэ иккис миэстэни ылбыттара. Чөркөөххө наставничество, волонтерскай хамсааһын, субуотунньуктары тэрийии күүскэ ыытыллар.

Билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө үп-харчы хомуйуутугар, таҥас-сап тигиитигэр эбэлэр кулууптара, Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ олохтоох дьаһалтаны кытта тэҥҥэ үлэ ыыта сылдьаллар.

– Олох муудараһын, ааспыт кэм дьонун дьоруойдуу олорбут олохторун, албан ааттаах үлэлэрин үйэтитэр уонна кинилэр холобурдарынан саҥа көлүөнэни иитэр сыаллаах киэҥ ис хоһоонноох үлэҕитин сырдаппыккар махтанабын. Доруобуйаны, өссө айымньылаах олоҕу баҕарабын

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...