Алампа уобараһыгар сүгүрүйэбин
Бүгүн сырдатар киһим Елена Харайданова – Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун уонна худуоһунньуктар норуоттар икки ардыларынааҕы федерацияларын чилиэнэ, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһууга өҥөтүн иһин” бэлиэлээх, Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Дьохсоҕон нэһилиэгин гербэтин ааптара.
Алампа, мээнэҕэ: “Таҥара буолбут киһи. Киһи буолбут таҥара”,- дэппэтэх саха саҥалаах сүрүн-кутун туппут суруйааччы. Улуу суруйааччыбыт төрөөбүт күнүгэр Таатта үрэх наҕыллык устан ааһар “Таатта” мусуой Таҥаратын дьиэтин томторугар, үйэлэргэ олоҕун булан сытар сиригэр, дьохсоҕоннор сыллата кэлэн, кини аатыгар сүгүрүйэн, сибэкки дьөрбөтүн уураллар, хоһооннорун ааҕаллар, кэлэр кэми торумнаан, санааларын этэллэр. Елена Харайданова бу тэрээһиннэри кытта быһаччы ситимнээх.
– Алампа мөссүөнүн хайдах уруһуйдаан саҕалаабыккыный?
– Улуу суруйааччылар Былатыан Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа сүгүрүйээччилэрэ буолан, Анемподист Иванович төрөөбүт төрүт сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр олорорбунан киэн туттан туран, улуу киһини үйэтитэр сыалтан, кини араас кэмҥэ түспүт мөссүөннэрин суруйарга санаммытым. Ол курдук, Анемподист Иванович өлүөн аҕай иннинэ төрөөбүт Оккуодай алааһыгар кэлэн турарын уруһуйдаан көрдөрбүтүм.
– Алампа ханнык айымньыта эйиэхэ чугаһый? Ону хайдах ойуулуурга санаммыккыный?
– Алампа иһирэх тыллаах, дириҥ ис хоһоонноох айымньыларыттан биирдэстэринэн тапталлаах кэргэнигэр Евдокия Константиновна Яковлеваҕа анаабыт "Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр'' диэн норуот ырыата буолбут хоһооно биллэр. Бу хоһоону "Дьадаҥы Дьаакып'' диэн бастакы драматын кытта "Төрөөбүт дойду'' хоһоонун холбоон, 1995 сыллаахха триптих ойуулаан суруйбутум. Бу үлэ 170*270 иэннээх. Дьохсоҕон кулуубугар турар. Онтон суруйааччы араас сылларга түспүт биэс мөссүөнүн мэтириэт оҥорон суруйдум. Биир мөссүөнэ Тааттатааҕы хартыына галереятын, биир Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин пуондатыгар хараллаллар.
– Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр.
– Күөх Ньурба сирин киинигэр ыам ыйын 18 күнүгэр 1951 с. күн сирин көрбүтүм. 1977 с. Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа “декоратор-оформитель” идэни кыһыл дьупулуомнаах бүтэрбитим. Худуоһунньук буола сайдыыбар көмөлөөх элбэх быыстапкаҕа кыттан кэллим. Дьохсоҕоҥҥо уонна Тааттатааҕы хартыына галереятыгар тус быыстапкаларбын тэрийдим. ЯХУ-га үөрэммиттэр ыкса билсэбит. Бары айар үлэ үөһүгэр сылдьар дьон. Худуоһунньук буола айыллан төрөөбүт дьон олохторун устата айар кут аргыстаахтар. Лена Гоголева, Александра Иннокентьева-Бочкарева-Сууралдьыма, Александра Федулова ааттара өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа кытта ааттанарыттан үөрэбит. Худуоһунньук сырдык, кэрэ идэтигэр сирдьит буолбут учууталбытыгар Владимир Ивановка махтанабыт, кини аатыгар сүгүрүйэбит. Киин сиргэ олорор эрэ худуоһунньук идэтин баһылыыр буолбакка, тыа сирин худуоһунньуга идэтин толору баһылыырын бэйэм олохпунан билэн кэллим.
– Оформитель-худуоһунньук быһыытынан иккис дойдунан билиммит Дьохсоҕоҥҥор туох үйэлээҕи оҥордуҥ?
– Дьохсоҕоҥҥо кийиит буолан кэлиэхпиттэн кулуупка ыытыллар тэрээһиннэри үксүн кэриэтин оҥордум. Паарка түһүлгэтин киэргэтэбин. Былатыан Ойуунускай 100 сылыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, “Оҕоҕо баҕарбыт”, “Кыһыл ойуун”, онтон 2005 с. “Оҕо куйуурдуу турара”, 2004 с. Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларынан “Байанай алгыһа”, “Сайын” (2004 с.), ини-бии Мординовтары уруһуйдаан, бырааттыы Мординовтар мусуойдарыгар бэлэхтээбитим, П.А. Ойуунускай, А.Е. Кулаковскай, нуучча суруйааччыларын А.С. Пушкин, Ю.М. Лермонтов, А.П. Чехов, М. Горькай, политдиэйэтэллэр В.И. Ленин, Л.И. Брежнев, Ю.В. Андропов, Ю.Д. Черненко мэтириэттэрин, 40-ча Дьохсоҕонум туруу үлэһит дьонун үйэтиттим уо.д.а. Иннибэр өссө элбэх үлэ күүтэр.
– Эн Дьохсоҕон нэһилиэгин гербэтин ааптараҕын. Гербэ уустук сүүмэрдээһини ааһан бигэргэнэр. Нэһилиэгиҥ гербэтин ис хоһоонун сырдат эрэ.
– Гербэ эмбилиэмэттэн чочуллан оҥоһуллубута. Быһыыта төгүрүк. Ортотугар ыҥыыр үрдүгэр көмүс Хотой олорор. Хотой – күүстээх, модун санаалаах көтөр. Кини үөһэттэн нэһилиэгин көрө олорор, харыстыыр, арчылыыр. Төгүрүк үөһэ өттө – ыраас халлаан. Эйэлээх, нус-хас олох туоһута. Аллараа өттө – от күөҕэ. Сир ийэни көрдөрөр. Быйаҥ бэлиэтэ. Үрүҥ көмүс ыҥыыр – Өксөкүлээх атынан Саха сирин биир гына кэрийбитин көрдөрөр. Хаҥас өттүнэн ойоҕолуу тыа хаһаайыстыбатын дьарыгын көрдөрөр кыһыл көмүс бурдук куолаһа ойууламмыта. Уҥа ойоҕолуу үрүҥ көмүс куорсун бэлиэ – улуу суруйааччылар Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүт нэһилиэктэрэ буоларын көрдөрөр. Геральдическэй сэбиэт гербэни сөптөөҕүнэн ааҕан, гербэбит 2016 с. бигэргэммитэ. Гербэ оҥоһуута олус уустук. Сорох нэһилиэктэр гербэлэрэ бигэргэммэккэ кэлэр түгэннэрэ эмиэ бааллар. Манна худуоһунньук таба көрүүтэ, анаарыыта ирдэнэр. Саха олоҕун бөлүһүөктэрин Өксөкүлээҕи, Алампабын гербэҕэ эмиэ киллэрэн турабын. Үлэбин сыаналаабыт нэһилиэгим баһылыктарыгар Е.В. Захаровка, М.Л. Архиповка, Г.Г. Винокуровка, Г.Е. Арылаховаҕа уонна кэскиллээх, элбэҕи эрэннэрэр салайааччыга П.Е. Захаровка, олохтоохторго махталым муҥура суох.
... Бу курдук сааһырыыга бэриммэккэ, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан салайтаран, Елена Ивановна Харайданова, Алампаны айар кут оҥостон, Дьохсоҕонун албан ааттаахтарын ааттата, олохтоохторун холустаҕа үйэтитэ, нэһилиэгин киэргэтэ-симии олорор.
Улуу киһибит мөссүөнэ үйэлэргэ уруһуйданан, биһиэхэ, саҥа кэрдиис кэм олохтоохторугар, саха олоҕун анаара, кэпсии туруоҕа. Кини айымньылара ааҕыллалларын тухары, Алампа аата үйэттэн үйэҕэ ааттана, сурулла туруохтара.