09.02.2023 | 10:00

Агафья Захарова: «Омук быһыытынан тыыннаах хааларбытын толкуйдуур кэммит кэллэ»

Агафья Захарова:  «Омук быһыытынан тыыннаах хааларбытын толкуйдуур кэммит кэллэ»
Ааптар: Ангелина КУЗЬМИНА-Үнүгэс удьуора
Бөлөххө киир

Тохсунньу ый 24 күнүгэр этнограф, суруйааччы, политсыылынай Вацлав Серошевскай “Якуты. Опыт этнографического исследования” диэн аан дойдуга саха омугун олоҕун билиһиннэрбит кинигэтин II-с туомун сүрэхтэниитэ буолан ааста. Ол, олоҥхобут, сахабыт тылын дьылҕатын туһунан биһиги филологическай наука кандидата, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбыаннай бириэмийэ лауреата Агафья Еремеевна Захарованы кытта сэһэргэстибит.

— Агафья Еремеевна, үлэҕит тахсыбытынан эҕэрдэлиибит. Вацлав Серошевскай туһунан кылгастык ааҕааччыларбытыгар санатыахха эрэ.

— Вацлав Леопольдович Серошевскай 1858 сыллаахха билигин Тлущ диэн кыра куорат аттыгар Вулько-Козловска диэн сиргэ төрөөбүт,  1945 сыллаахха 87 сааһыгар өлбүт. Манна билигин киниэхэ аналлаах Музей-дьиэ баар. 1878 сыллаахха Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллар уонна унньуктаах уһун 12 сыл Дьааҥы, Халыма, Нам, Байаҕантай (билиҥҥинэн Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта) улуустарынан олорор. Бу сылларга хомуйан, таҥан оҥорбут сахалар тустарынан монографията үрдүктүк сыаналанан, Нуучча географическай уопсастыбатын кыра Кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланан, салгыы Уһук Илиҥҥэ экспедицияҕа барар. Сыала-соруга кэриэйдэр уонна айналар тустарынан матырыйаал хомуйан, этнографическай үлэ суруйуохтаах эбит. Кылгас экспедиция түмүгүнэн кэриэйдэр тустарынан кыра монография суруйбут. Бу үлэтин кэриэйдэр үрдүктүк сыаналаан, 90-с сылларга Тлущ куоракка Геройдар Аллеяларыгар кэриэй скульптора киниэхэ анаан улахан пааматынньык туруорар.

— I туома 1993 сыллаахха Тарас Десяткин генеральнай дириэктэрдээх «Золото Якутии» хампаанньа үбүлээһининэн иккистээн бэчээттэнэн, ол кэннэ өссө “Cахалар” диэн сахалыы тылбаастанан тахсан турар. Агафья Еремеевна, кинигэ I-кы туомун туһунан кылгастык билиһинннэриэххэ.

— I-кы туом 1896 сыллаахха ааптар тыыннааҕар Санкт-Петербург куоракка Нуучча географическай уопсастыбатын иһинэн аатырбыт атыыһыт Анна Громова (Иркутскай к.) үбүлээһининэн тахсыбыта. Кинигэ атыытыттан киирбит харчыны Громова Серошевскайга иккис туомун бэлэмнииригэр анаабыт. Онон ааптар I-кы туомҥа киирбэккэ хаалбыт уонна саҥа матырыйааллары таҥан, II-с туому бэлэмнээн, 1902 с. аҕалан туттарбыта, үбүлээһин суох буолан, кэмигэр тахсыбатах. Онон II-с туом 127 сыл буолан баран күн сирин көрдө. Рукопиһы СӨ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба А.А. Калашников бэлэмнээтэ, Нуучча географическай уопсастыбатын гыраанын үбүнэн таҕыста.

— Өр да буолан баран тахсыбыт. Дьэ, бу туомҥа туох саҥа матырыйаал киирдэ?

— Мин көрүүбэр, үгүс матырыйаал сонун курдук. Хас да холобуру аҕалыахпын сөп. “Акаары/Дурак” диэн нууччаттан киирэн сахатыйбыт остуоруйаҕа сахаларга киэҥник тарҕаммыт “Мэник-Мэнигийээн” сүрүн канвата уларыйбакка киирбит. Бу остуоруйаны “Мэник-Мэнигийээн” варианнарын кытта тэҥнээн көрүөххэ сөп: Сибиир хаһаахтарын киэнэ дуу, атын регионтан киирбит дуу? Эбэтэр, Нам олохтоохторун интэриэһиргэтэр биир түгэнинэн оччотооҕу кэмҥэ олоро сылдьыбыт дьон төрүттэрин-уустарын ымпыктаан-чымпыктаан биэрбитэ киһини сөхтөрөр. Эмиэ маннык биис уустарынан арааран эбэҥкилэр киэнин биэрбитэ наукаҕа суолталаах буолуоҕа. Билигин сүппүт, суох буолбут урукку сирдэр ааттара-суоллара, оччотооҕуга Саха уобалаһыгар бииргэ олорбут араас омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара бэйэтэ туспа социологическай матырыйаал буолуон сөп. Рукопись сорох матырыйааллара, ол иһигэр фольклор сахалыы айымньылара, сахаларга космогония, былыргы халандаар, андаҕардар, саха өҥү араарыытын уратылара, ийэ ууһун, аймахтаһыы ааттарын уо.д.а. сүппүттэрин туһунан ааптар хомойон суруйар. 1927 с. библиограф Н.Н. Грибановскайга: “Некому было править корректуры, полные якутских текстов... В конце концов рукопись (толстый том) затерялась. Я не получил ответов на запросы о ее судьбе...”– диэн суруйар. Биһиги, XXI үйэ дьоно, ааспыт икки үйэ (XIX-XX) кирбиитигэр саҥа үөскээн эрэр “якутоведение” салаатын арыйар сэдэх үлэни ол кэм таһымынан сыаналыахтаахпыт.

– Серошевскайы, оччотооҕу үөрэҕэ суох Саха сиригэр олорон маннык киэҥ хабааннаах үлэни суруйбут киһини, саха тылын билэр этэ дуо диэн интэриэһиргээччи дьон баар.

– Сөптөөх ыйытыы. Сорох дьон, кырдьык, Серошевскайы саха тылын билбэт этэ дииллэр. 12  сыл устата саха дьонун кытта бииргэ алтыһан олорон, саатар кэпсэтии тылын баһылаабыт буолан итинник элбэх матырыйаалы хомуйбута саарбаҕа суох. Саха тылларын сыыһа суруйар диэн этиилэр эмиэ соччо оруна суохтар. II-с туом рукопиһа каллиграфическай, чуолкай, ыраас буочарынан суруллубут, чэпчэкитик ааҕыллар; ааптар сатаан истибэтэх дуу, өйдөөбөтөх дуу тылларын сүһүөҕүнэн арааран биэрэр. Онон текстологическай эрэдээксийэтин оҥорорго сахалыы тыллар үксүлэрэ сөптөөхтүк бэриллибиттэр диэн сыаналыыбын. Уустук, фольклор тиэкистэрин суруйарыгар, холобур, “Күлүмүрдүүр Өлөөнө” диэн туойсууну расшифровкалыырга, сорох тыллары көтүтүү баарын көрүстүм.

— Вацлав Серошевскай Саха сиригэр 12 сыл сыылкаҕа олорор. Ити олорон саха дьахтарыттан оҕолооҕо биллэр. Ол оҕотун туһунан тугу этиэххин сөбүй?

— Верхоянскай сыылкатыгар олорон Анна Слепцова диэн саха дьахтарын кэргэн ылар. 1881 сыл тохсунньу 25 (олунньу 6 к.) күнүгэр киниттэн Мария диэн кыыс оҕо төрүүр. Анна өлбүтүн кэннэ, Саха сириттэн барарыгар кыыһын бэйэтигэр суруйтаран, киин Арассыыйаҕа илдьэ барар. Мария кыра эрдэҕинэ Вацлав доҕотторугар Москваҕа Ланду дьиэ кэргэнигэр иитиллэр, кэлин улаатан баран худуоһунньук Валентин Серов ийэтигэр иитиллэн, өлүөр диэри кинилэргэ олорор. Мария Серошевская 83 сааһыгар 1964 сыллаахха өлөр, Москва куоракка Новодевичьэй кылабыыһаҕа Серовтар фамильнай аҕыраадаларыгар көмүллэн сытар. Мария Саха автономията тэриллибитин кэннэ Саха Торговай Тэрилтэтигэр, кэлин Худуоһунньуктар Бүтүн Арассыыйатааҕы кооперативнай тэрилтэлэригэр буҕаалтырынан үлэлиир. Аҕатыгар суруктара Вацлав Серошевскай архыыбыгар хараллан сыталлар, аҕата кыыһын Польшаҕа ыҥыра сатаабытын аккаастыыр, ол эрээри 1930 сыллаахха  Польшаҕа  бара сылдьан, аҕатын кытта түспүт соҕотох хаартыскатын II-с туомҥа киллэрдибит. Мария хаһан да кэргэн тахса сылдьыбатах. Аҕатын кытта суруйсубут суруктарыгар уонна Вацлав архыыбыгар олоҕуран Мария Серошевская туһунан Польшаҕа кинигэ тахсыбыт.

Серошевскай дьиэ кэргэнин туһунан салгыы кылгастык билиһиннэрдэххэ, Вацлав полячка кэргэниттэн үс уолланар: Владислав, Станислав уонна Казимир. Сиэнэ Анджей Серошевскай (16.04.1933-25.07.2012), Варшавскай университет профессора, эһэтин туһунан “Беспокойная жизнь Вацлава Серошевского” диэн  улахан монографиятын 10 сыл устата суруйар, бу үлэтэ кини өлбүтүн кэннэ 2015 сыллаахха тахсар.

Сюзанна Серошевская-Ролевич – Вацлав хос сиэнэ, Анджей кыыһа,       Варшава куорат музейыгар худуоһунньук-реставратор, Серошевскай нэһилиэстибэтин аҕатын кэнниттэн тутан хаалбыт киһи. Кэргэнэ Ян Ролевич минералогическай наука доктора, үс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр. 2016 сыллаахха Верхоянскай ыһыаҕар кэлэ сылдьан бу II-с туом тахсарыгар ис сүрэҕиттэн баҕаран көҥүл биэрбитэ, ол туһунан кинигэ Киириитигэр суруйбутун кытта билсиэххитин сөп.

— Агафья Еремеевна, аны олоҥхобутугар киириэх. Олоҥхоҕо түҥ былыргы сүтэн хаалбыт өрүттэр бааллар дуо?

— Элбэхтэн аҕыйаҕы чорботон бэлиэтээтэххэ, былыргы олоҥхолор Киириилэригэр Аан дойду айыллыыта, куйаар эттиктэрин үөскээһинэ, бэл диэтэр, полюстар хамсааһыннара кытта кэпсэнэрэ. Бу олоҥхо дириҥ философскай ис номохтооҕун туоһута буолар. Урут олорон ааспыт улуу олоҥхоһуттар киэҥ анаарыылаах, дириҥ көрүүлээх, саха омуга уһун кэмнэргэ олорон ааспыт сындалҕаннаах олоҕун оҥкулун олоҥхоҕо киллэрэн, кэлэр көлүөнэҕэ кэс тыл курдук хаалларбыт духуобунай баайын тиэрдибит сүҥкэн үтүөлээх дьон. Кэлин олоҥхону сурукка түһэриигэ ити Киириилэр үгүстэрэ суруллубакка хаалбыттар.

Холобур, олоҥхо топонимикатыгар Үтүгэн диэн өйдөбүл Абааһы дойдутун курдук кэпсэнэр. Онтон туркмен ученайа М. Соегов суруйарынан, караваннар ”Великий шелковый путь” маршрутугар күөх түүрдэр-огузтар (Древнетюркский каганат) сирдэринэн ааһалларыгар Otuken (Отюкен) диэн топоним кинилэр киин куораттарын аата буоларын ыйар (557 сыл). VIII-с үйэҕэ огузтар тылларынан Кюль-тегиҥҥа анаммыт руническай сурукка: «О тюркский народ! Когда ты находясь в стране Отюкен, будешь посылать (торговые) караваны (в разные страны), у тебя совсем не будет горя. Когда ты останешься (навсегда) в Отюкене, ты можешь жить, созидая свое вечное государство”, – диэн этиллэр . Бу тыллар эмиэ Билгэ-кагаҥҥа анаммыт сурукка хатыланаллар. Мантан көстөрүнэн, биһиги өбүгэлэрбит Үтүгэн/Отюкен диэн күөх түүрдэр-огузтар дойдуларын кытта алтыспыттар.

Былыргы ыһыах туһунан үлэлэрбэр олоҥхоҕо айыы итэҕэлэ хайдах киирэн сылдьарын бэлиэтээн, чопчулаан киллэрэ сатыыбын. Урукку өттүгэр биһиги олоҥхо геройун наар бухатыыр эрэ өттүттэн көрөр эбит буоллахпытына, бу уобарас уратытын атын өттүттэн көрүөххэ сөп. Үөһээ айыылар баһылыктара Үрүҥ Аар Тойон олоҥхоҕо үс дойдуну үһүөннэрин дьаһайар, салайар. П.А. Ойуунускай “Якутская сказка (олонхо), её сюжет и содержание” диэн үлэтигэр Үс дойду үөскээһинин ырытар. Үс ини-бии бырааттыылар сири былдьаһан «уоттаах, улуу сэриини” саҕалыыллар. Онуоха Аан дойду атыйахтаах уу курдук айманар. Үс дойду олохтоохторо көрдөһүүлэринэн “киҥкиниир киэҥ халлаан Улуу уот дьүүлүн” түһэрсэн, үс бырааттыылар үс дойдуну үллэстэллэр. Улахан убайдара Үрүҥ Аар Тойон Үөһээ дойду үс хаттыгаһын баһылыыр, ахсаана биллибэт биис ууһун онно олохтуур. Ортоку ини Улуутуйар Улуу Тойон Үөһээ дойду хоту, арҕаа алта хаттыгаһыгар 39 биис ууһун олохсутар. Алдьархайдаах аллараа дойдуну туохха да баппатах аччыгый инилэригэр Арсан Дуолайга 36 биис ууһун кытта биэрэллэр. Арай Орто дойду быраҕыллыбыт сир курдук хаалар. Онуоха Үрүҥ Аар Тойон  чуолҕанынан өҥөйөн, кураанаҕын көрөн, бэйэтин уолаттарын сири-уоту, киһини-сүөһүнү тэнитиҥ диэн Орто дойдуга түһэрэр.

Саха омуга түүр, моҕуол тыллаах аймахтарбытыттан эрдэ арахсан, хоту түһэн, тылынан уус-уран айымньыбытыгар, бастатан туран олоҥхобутугар, түҥ былыргы итэҕэлбитин, култуурабыт көрүҥнэрин, омук олоҕун-дьаһаҕын  уратытын кэпсээн хаалларбыт. Саха суруга суох буолан уус-уран тыл көмөтүнэн олоҥхотун уустаан-ураннаан хоһуйан, уос номоҕор киллэрэн, күүскэ сайыннаран күн бүгүнүгэр диэри аҕалбыт. Биһиги олоҥхобут курдук сиэдэрэй, сөҕүмэр баай тыллаах, фантазиялаах эпос атын омуктарга суох.

— Олоҥхоҕо итэҕэл сүрүн көстүүтүн бэлиэтэ тугуй?

— Саха итэҕэлин дириҥник үөрэппит, итэҕэл көстүүлэрин илэ харахтарынан көрөн, эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит дьоннорунан А.Е. Кулаковскай, Г.В. Ксенофонтов, П.А. Ойуунускай, Сэһэн Боло, А.А. Саввин уо.д.а. буолаллар.  Итэҕэли үөрэппит улахан учуонайдар И.А. Худяков, В.Ф. Трощанскай, С.А. Токарев, Н.А. Алексеев, бүрээт учуонайа Д.С. Дугаров уо.д.а. үлэлэригэр Айыы итэҕэлэ философскай өттүнэн дириҥин, толору сиппит-хоппут итэҕэл буоларын ыйаллар; маньчжурскай, палеоазиатскай ойууннааһынтан уратытын бэлиэтииллэр. Олоҥхо тиэкистэрин уонна кинилэр үлэлэрин көрдөххө, итэҕэл сиэрин-туомун тута сылдьар, сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит көстүүнэн былыргы ыһыах буолар. Арҕаа, Илин Сибиир араас омуктарыгар ойууннааһын араас көрүҥнэрэ сайдан кэлбиттэр. Сахаларга уонна вотяк омукка ойууннааһын сырдык итэҕэл быһыытынан күүскэ сайдыбыт туоһутунан үрүҥ ойуун бэйэтэ буолар; кини жрец, духуобунай баһылык функциятын XVII-с үйэ бүтүөр диэри илдьэ сылдьыбытын көрөбүт. Орто үйэлэргэ хас биирдии биис баһылыга, ойуун диэн дэгэтэ – титул эбит. Ол элбэҕи этэр.

Онтон олоҥхоҕо Үрүҥ Аар Тойон тус бэйэтин оҕолорун Орто дойдуга олохтууругар, таҥара оҕолорун курдук анаан түһэрэр (“сын божий”, “получеловк-полубог”). Айыы бухатыырын дьылҕатын барытын Айыы итэҕэлин киэбигэр киллэрэр. Ону ирдээн, кинини үөрэтэр-такайар, сыыстаҕына, бэл, буруйдуур. Айыы бухатыыра бас-көс киһи буолан иитиллэн тахсарыгар, омук баһылыга буолар миссиятын толоруутугар бары өттүнэн эппиэттиир буолуохтаах;  буойун, бухатыыр буоларыгар буһар-хатар, эт-хаан өттүнэн эрчиллэр, үс дойдунан уһаарыллар. Ол курдук, эр киһи килбиэннээҕэ, бухатыыр киэнэ күүстээҕэ-уохтааҕа, сиэр-майгы өттүнэн Айыы киһитин талыыта буолан тахсар. Омугун, сирин-дойдутун, баайын-дуолун араҥаччылыыр, көмүскүүр сыаллаах, кэлин бухатыырдаан бүтэн баран биис ууһун баһылыга, омугун үксэтэр аналлаах буолар.    

— Агафья Еремеевна, сахабыт тылын инникитин туһунан туох этэрдээххиний?

— Кэм-кэрдии аастаҕын аайы төрөөбүт тыл суолтата улаатан, кэҥээн иһиэҕэ дии саныыбын. Билигин саха улахан үөрэхтээх омук буолла. Дьон билигин даҕаны кинигэни ааҕар эбит диэн үөрдүм. Серошевскай II-с туомун балачча интэриэһиргээн ыллылар, өссө да ылыахтара дии саныыбын. Ол аата саха омуга былыргы историятын билиэн баҕарар эбит. Урукку курдук тыл, фольклор эйгэтэ суох, тосту уларыйыы буолла, буолаары да турар. Өбүгэлэрбит хайдахтаах курдук киэҥ сирдэри баһылаан биһиэхэ хаалларбыттарын сүтэрээри олоробут. Өбүгэлэрбит барахсаттар сылгы, ынах сүөһүнү талбытынан иитэн, Дьөһөгөй айыы диэн туспа таҥараны киллэрэн, айылҕаны кытта алтыспыт Айыы таҥара диэн ураты итэҕэллээх буолан тыыннаах тиийэн кэлбиттэр. Улуу олоҥхоһуттар үөскээбит төрдүлэрэ – төрөөбүт тылларын ийэттэн түһээт баһылаан, фольклор бары жанрдарын дэгиттэр толорон, онно иитийиэхтэнэн улаатыылара. Ийэ, аҕа өттүттэн олоҥхоһут идэтэ утум быһыытынан эмиэ бэриллэрэ. Ол дьиэ кэргэҥҥэ таба иитииттэн саҕаланара. Омук бэйэтин омук курдук сананан, салайынан олороругар тулхадыйбат бэлиэлэр бааллар: утумнаан, баһылаан олорбут сирэ-дойдута; омугун ахсаана, төрүүр-ууһуур үгэһин тутуһан олоруута; төрөөбүт тылын-өһүн сайыннарыыта; ураты, туспа, төрүт култуурата; үгэс быһыытынан тутан олорбут хаһаайыстыбата, ол аата омугун аһынан-үөлүнэн хааччыйыыта. Бу барыта урут саха омук былыргы итэҕэлиттэн тутулуктаммыта саарбаҕа суох. Хайдах атын омук сабардаан киирэн, итэҕэлин эһээтин кытта, сиэр-майгы сатарыйан, доруобуйа алларыйан, оҕо төрүүрэ аҕыйаан барбыта. Салалтаҕа сахалыы тыына, итэҕэлэ суох, тус бэйэлэрин эрэ интэриэстэрин көрүнэр дьон киириитэ кистэл буолбатах. Мин 2021 сыллаахха «Олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэ. «Ытык Бичик” бастакы кинигэтэ” диэн үлэ суруйан таһаардым, ол 2023 сыллаахха “Айар” кинигэ кыһатыгар элбэх ахсаанынан тахсаары турар. Манна сүрүн санаам биир: саха киһитэ өбүгэлэрин үгэһин тутуһан, айылҕаны кытта алтыспыт былыргы итэҕэлигэр төннөн, айыы киһитин курдук сананан, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн тупсан, төрүт сиригэр-уотугар, алааһыгар төннөн, сирин-уотун баһылаан, тылын-өһүн тилиннэрэн олоруохтаах. Бу уустук, быыһык кэмҥэ омук быһыытынан тыыннаах хааларбытын толкуйдаабатахпытына, эстэр суолга киирэбит. Онон тыл суолтата соҕотохтуу тутуллан быһаарыллыа суохтаах, биир кэлимсэ бырагыраамаҕа киирэн сайдыахтаах. Мин санаабар, саха омуга онно бэлэм олорор.

Вацлав Серошевскай «Якуты» кинигэтин II-c туомугар киирбит хаартыскалар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...