30.11.2023 | 16:00

Афанасий Романов: «Сорох үлэбин ситэрэргэ үөһэттэн күүс киирэр»

Афанасий Романов:  «Сорох үлэбин ситэрэргэ үөһэттэн күүс киирэр»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү кэпсиир киһим – “СӨ худуоһунньуктарын айар сойууһа” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдэтээлэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Афанасьевич Романов.
Сэтинньи ыйга Дьокуускай куорат 203-с түөлбэтигэр 24 №-дээх «Сардаана» оҕо саадын кэлэктиибин көҕүлээһининэн уонна төрөппүттэр, уопсастыбаннас өйөбүллэринэн Саха сирин историятыгар бастакы уонна соҕотох Иитээччигэ аналлаах сквер арылынна. Скверга турар скульптуралар композицияларын  ааптара – биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт. 

Оттон Афанасий Романов инники үлэлэриттэн билиһиннэрэр буоллахха, саамай сүдү үлэлэрэ – 2002 сыллаахха А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө боруонсаттан пааматынньыга, Дьокуускай куораты төрүттээччи хаһаак П.И. Бекетовка пааматынньык-монумент, Таатта Баайаҕатыгар сэриигэ биэс уолун сүтэрбит Ф.Н. Малгинаҕа пааматынньык, Сайсары күөлүгэр Ийэ пааматынньыга, “Студенческай этэрээттэргэ албан аат”, о.д.а. пааматынньыктар, сквердэр, аллеялар.

Афанасий Афанасьевич, эн оҕолорго пластилинынан оҥорууга, уруһуйга куруһуок ыытааччынан айар үлэҕин саҕалаабытыҥ. Москваҕа В.И. Суриков аатынан институкка киирбиккин кэпсиэҥ дуо?

– Ити 1970-с сыллар ортолоругар этэ. Икки сыл оҕолорго куруһуок салайааччынан үлэлээн баран худфоҥҥа кэлбитим. Бастаан художественнай училищены бүтэрбитим. Онтон худфоҥҥа үлэлии сылдьан Москваҕа уопсайа биэстэ туттарса бара сылдьыбытым. Бастаан саамай үчүгэй Репин аатынан институт баар диэбиттэрэ, онно туттарса сатаан баран киирбэтэҕим. Мухинкаҕа эмиэ туттарсыбытым. Ол курдук 1980 сыллаахха бэһис сылбар  В.И. Суриков аатынан институт устудьуона буолбутум уонна 1986 сыллаахха бүтэрэн профессиональнай скульптор идэтин баһылаан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын.

Эн үлэлэриҥ үксэ улуу, биллиилээх дьоҥҥо ананаллар. Идеяҥ хантан кэлэрий?

– Сакаастыыллар даҕаны, бэйэм даҕаны баҕа санаабыттан үлэлиибин. Куонкурус тэриллэр, онно кыттабын, эскиистэрбин оҥорон кыайабын. Кулаковскайы оҥорууга куонкурус биллэрбиттэригэр бастакы миэстэни ылбытым. Бекетовка, дьиҥэр, бэһис миэстэ буолбутум. Онон туораатаҕым дии. Ол эрээри айдаан тахса сылдьыбыттаах, суукка дьыала биэриэхтэригэр диэри. Ол бастакы миэстэлээхтэр истэригэр этэ. Оччолорго өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэнинэн Вячеслав Анатольевич Штыров олорор, кини бэйэм көрүөм, иккистээн туруоруҥ диэн буолла, онно тута мин үлэбин талбыта.

Биир чопчу, таптыыр, дуоһуйар үлэлээххин дуо, бу күүспүн, көлөһүммүн ылбыт үлэм диэн этэр.

– Өксөкүлээх саамай улаханнартан бастакы үлэм, кини, кырдьык, күүспүн-кыахпын ылбыта, көлөһүммүн тохпута. Сүбэһитим Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон этэ. Алексей Кулаковскайга училищеҕа үөрэммит, учуутала, тыыннааҕын көрбүт. Ол иһин Дмитрий Кононовиһы кытта ымпыгар-чымпыгар тиийэ сүбэлэһэр этим. Москваҕа Бабушкинскай комбинакка лепкалаабытым. Суорун Омоллоон оччолорго Теплый Стан оройуонугар олороро. Массыынанан баран ылан, собуокка аҕалан сүбэлэтэрим.

Сайыны быһа оҥорбутум, күһүн аһыллыыта буолуохтаах этэ, арай  бүтэрэр кыаҕым суох. Бастаан натураны балтараа размерынан саҕалаабытым, онтон иккиттэн, улахан киһи курдук буоллаҕына биир натура, икки киһи курдук икки натура диэн буолар. Олордоҕуна үс миэтэрэ, турдаҕына биэс буолар. Күһүҥҥэ диэри сатаан бүтэрбэт турукка киирдим, ситэрбэппин дии санаатым, Дмитрий Кононовиһы аҕаллым. Бэрт уһуннук кэпсэттибит, көрдүбүт, толкуйдаатыбыт. Дьиэтигэр тиийэн чэйдээтибит: “Оппуонньаа, булгуччу бу күһүн бүтэриэхтээххин”, – диэн быһа-бааччы соруйда.

Мин ол кэннэ тиийэн, барыларын үүртэлээтим, кэргэммин, оҕолорбун, ордук хос дьону. Уонна түүн иһигэр чугаһаттым, ким эрэ аптаабытын дуу, хайдах дуу курдук, үөһэттэн айыллыбыт атын киһи курдук буола түстүм, туох эрэ күүс киирдэ. Хараҕын начаас оҥордум, тута көрөр буолла. Остуоруйа баар дии, туойтан оҥорбут киһиэхэ тыын киллэрэр, мин киһим оннук курдук этэ.

Оччолорго да, билигин даҕаны кириитикэлииллэр. Мас анныгар олорорун. Дмитрий Кононович бастаан ол маһы сөбүлээбэтэҕэ. Ону тылбар киллэрбитим.

Аны сирэйин оҥорорбор хайдах эрэ табыллыбат. Сорохтор мичээрдии олорорун оҥор дииллэр. Арай Назарбаев курдук киһи таҕыста. Өксөкүлээх ханнык да хаартыскаҕа мичээрдээн түспүтэ суох ээ. Барытыгар курус, сороҕор дьиппиэн даҕаны, олоҕо да, дьылҕата да оннук буоллаҕа. Элбэх оҕолордоох этэ да, биир эрэ оҕото хаалбыта, атыттар өлөөхтөөбүттэр. Ити маһа онуоха сөп түбэһэр. Хоту тиийэн, Үөһээ Дьааҥыга этэ дуу, үс күн хайаларга сылдьыбыт, онно элбэҕи толкуйдаатаҕа, ырыттаҕа, инникини бөлөһүөктээтэҕэ. Итини Иисус Христоска маарыҥнатабын. Кини эмиэ үс күн Синарскай хайаларга бара сылдьыбыта номоххо кэпсэнэр.

Онтон дьэ маһа наһаа уһуннук сатаммата. Мин ону арааһынайдык компановкалыы сатаатым, хайаатым. Онтон “Наше время” диэн хаһыакка хаартыска көрдүм, хоту диэки устубуттар быһыылаах, онно арай баараҕай мас баар. Мин ырааппакка ол хаһыаты Москваҕа илдьэн, онтон үтүктэн диэххэ дуу, оҥорбутум. Мас иһигэр дойдутун буорун укпуттара, Савва Тарасов салайааччылаах саха суруйааччыларын делегацията буолан. Маһын эрбээн, аан курдук оҥорон, онно буорун укпуппут.

Пекарскай тылдьытыгар Өксөкү диэн үс төбөлөөх кыыл диэн (трехглавое существо), ол маһы көрдөххө, оруобуна үс төбөлөөх.

Скульптураҕа оҥорор киһиҥ туттан туруута, олоруута туох суолталааҕый? Кини тугу кэпсиирий? Кини майгытын, туох эрэ бэлиэтин дуу.

– Суолталаах бөҕө буоллаҕа. Микеланджело “Моисей” диэн скульптуратын көрбүтүҥ дуо?  Моисей хас да күн кумах куйаарга баран кэлэр дии, онно тиийэн итэҕэлин булан кэлэн норуотун өрө көтөҕөр. Олорор курдук да, эмиэ да хамсыыр курдук, ырааҕы көрөр, тугу эрэ толкуйдуур. Өксөкүлээх олороро эмиэ улахан суолталаах.

Уолаттарын сэриигэ атаарбыт ийэ пааматынньыга өйдөнөр. Үс мохсоҕол көтөр, кини уолаттара, онтон биирэ батыйалаах ээ, ким да улаханнык өйдөөн көрбөт быһыылаах. Сэриилэһэр сэптээх, илии сыгынньах барбат буоллаҕа дии. Ити пааматынньык өссө Сайсары эмээхсини көрдөрөр. Сирэ да ытык сир буоллаҕа, Сайсары аатын сүгэ сылдьар.

Таҥаһын бэйэм айбытым, былыргы орнаменнары киллэрбитим, 700 сыл анараа өттүгэр, Ирландияҕа кейты диэн омук үөскүү сылдьыбыт, ол былыргы орнаменнаахтар, онтон киллэрбитим.

Өссө биир улахан, астынар үлэм Жатайга турар. Өрүс үлэһиттэригэр аналлаах пааматынньык. Бу сүрдээх уустук үлэ этэ. Пароходство хапытаалынай тутууга салаатын начаалынньыга Нина Ивановна Языкова бэйэтинэн хаста да кэлэн хонтуруоллаан, көрөн-истэн барбыта.

Үлэҕин саҕалыыргар бэйэҥ настарыанньаҥ, туругуҥ оруоллаах дуо?

– Бастаан матырыйаалы үөрэтэбин, онтон, интэриэһинэй дии санаатахпына, тардыһабын, ылынабын. Холобур, Бекетовы ыраахтан көрдөххүнэ хараабылы ыытар киһи (кормчай) курдук. Ойоҕостон көрдөххүнэ, оруобуна оннук курдук ээ.

Бэйэм да чуолкайдык билбэппин, боруоста ылан саҕалыыбын. Турукка айыы таҥарам бэйэтэ киллэрэр дуу, киллэрбэт дуу, мин туох эрэ инструмент курдукпун. Мин нөҥүө боруобат устун ким эрэ үөһэттэн салайар курдук буолабын уонна үлэлээн киирэн барабын.

Эн ордук ханнык матырыйаалынан үлэлиигиний?

– Бастаан альбомҥа харандааһынан уруһуйдуубун, салгыы пластилинынан үлэлиибин. Скульптураларбын, үлэлэрбин бронзанан кутабын. Моделы кып-кыра гына оҥоробун, Бекетов модела 30 см ээ үрдүгэ, турдаҕына үс миэтэрэ буолар. Тута ылан кэмниигин, боростуой линейканан, илиитэ, атаҕа уһунун, ону оруобуна  төгүллээн масштабка 1/10 эбэтэр 1/100 оҥоруохха наада. Онтон каркас оҥоһуллар, туойунан модель, дьиҥнээх размерга, ол кэнниттэн бүттэҕинэ халыыптыыллар, онно атын исписэлиистэр үлэлииллэр.

Мастарыскыайгар оҥорон бүтэрэн баран көрөрүҥ, астынарыҥ, атын сиргэ илдьэн туруордахха уларыйар дуу?

– Биллэн турар, астынабын. Бачча улахан боруонса үлэни ким астыммат буолуой. Оҥоһулунна да ким да уларыппат, хас эрэ тыһыынчанан сыл туруохтаах. Боруонса наһаа үйэлээх, туохха да бэриммэт, туох да сиэбэт, 2,5 тыһыынча сыл сыппыт скульптураны  муора анныттан таһаараллар дии. Хаһан эрэ, 70-с сылларга, икки скульптураны булбуттара, икки тыһыынча сыл сыппыттар муора анныгар, ону кыратык ыраастаан музейга биэрбиттэр. Туох да буолбакка билигин да тураллар.

Биһиги куораппытыгар, эн санааҕар, туох скульптурата, пааматынньыга тиийбэтий?

– Тиийэр, саамай сөп дии саныыбын, историябыт буоллаҕа.

Оттон ити Кыайыы болуоссатыгар баар пааматынньык тула айдаан тахсар, кэпсэтиилэр бараллар диигин дии. Ити, дьиҥэр, историялаах, ону сорохтор билбэттэрэ буолуо. Ити башкир омук национальнай дьоруойа Салават Юлаев. Хаһан эрэ, хас эрэ сыллаахха пааматынньык оҥоһуллуохтаах этэ, Ньургун Боотурга. Ону Москваҕа анаан кырдьаҕас киһини ыыппыттар, Слепцов Иннокентий Алексеевич, фронтовик, бэйэтэ улахан архитектор. Ленинградка үөрэммит, бастакы выпускниктартан биирдэстэрэ. Онно тиийэн Иннокентий Алексеевич биир нуучча скульптора Орехов диэн киһини кытта билсибит. Манна Пушкин пааматынньыгын оҥорбут киһи. Кэпсэппиттэр, аһаабыттар, иккиэн фронтовиктар эбит. Орехов миэхэ биир сахаҕа маарыҥныыр скульптура баар диир, башкирдар национальнай дьоруойдара, Салават Юлаев, башкирдар харчылара суох, үлэ оҥоһуллубут, сатаан атыыласпатахтар. Ону баран иккиэн көрбүттэр, саппыкытын үөһэ өттүн быһыахха, бэргэһэтин эмиэ уларытыахха диэн буолбут. Боруонса эрбээтэххэ эрбэнэр, ол курдук чочуйбуттар, сахаҕа маарыҥныыр оҥорон кэбиспиттэр. Иннокентий Слепцов манна кэлэн Обком үлэһиттэрин тылыгар киллэрбит, Ньургун  Боотур уобараһа диэн буолбут, харчытын төлөөн, Кыайыы Болуоссатыгар олордубуттар.

Иннокентий Алексеевич Слепцов 1960-с сылларга Дьокуускай куорат бастакы архитектордарыттан биирдэстэрэ, Кулаковскай пааматынньыгын оҥорорбор миэхэ соавтор быһыытынан үлэлэспитэ.

Афанасий Афанасьевич, бокуой булан кылгас бириэмэҕиттэн анаан кэпсэппиккэр махтал. Сахабыт сирэ, Дьокуускайбыт киэргэйэрин туһугар историябытын тилиннэрэр пааматынньыктары, скульптуралары өссө да оҥорон үөрдэ тураргар баҕарабын. Кэлэр сыл ситиһиилээх буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....