21.05.2020 | 12:09

Афанасий Мигалкин: “Суту билиммэккэ, аччыктааһыны аахсыбакка, толук буолалларын кэрэйбэккэ Кыайыыны сыраласпыт дьоммутун санаан ааһыахтаахпыт”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин реанимацияҕа киирэн, быраастар түөрт түүннээх күн тугум ыалдьыбытын быһаарбакка аһыырбын, уу иһэрбин көҥүллээбэккэлэр, аччыктааһын, утатыы диэни билэн турабын. Аҕыс күн баатанан уоспун эрэ сиигирдэ сыппытым. Аттынааҕы дьоннорбор килиэп, уу аҕаллахтарына, ыраахтан сытын билэн, килиэп, уу күндүтүн өссө ордук өйдөөбүтүм. Онно холуйдахха, сэрии кэмигэр сут-хоргуйуу кытаанах буоллаҕа. Ол кэмҥэ оҕо, дьахтар аймах, оҕонньор-эмээхсин бэйэлэрэ муор-туор, санааҕа баттата сылдьан, сэрииттэн сыыйыллыбыт дьон эбэтэр бааһыран кэлбит фронтовиктар оннуларыгар былааннарын толорон, төһөлөөх эрэйи көрдүлэр?! Күн аайы чугас дьонноро тымныйыыттан уонна хоргуйууттан туораан иһэллэр. Уонна былааннара туолбат. В

Кыайыы кэлэригэр тыылга үлэлээччилэр көмөлөрө туохха да тэҥнэммэт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Афанасий Васильевич Мигалкин идэтинэн историк, тыыл үлэтин уонна онно төһө оҥоһуллубутун үөрэтэн-чинчийэн, араас дьону кытта көрсөн кэпсэппитэ. Онон бүгүҥҥү кэпсэтии сүнньүнэн сэрии сылларын туһунан буолуоҕа.

Афанасий Васильевич Мигалкин 1960 сыллаахха ыам ыйын  23 күнүгэр  Уус Алдан Бороҕонугар элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Мүрү орто оскуолатын кэнниттэн Саха госуниверситет  историко-филологическай факультетын бүтэрбитэ.  

Аҕалара эрдэ өлөн, төһө да уустук оҕо сааһы аасталлар, бары эйэлээх этилэр, үрдүк үөрэхтэммиттэрэ. Ким билбэтий, Иван Васильевиһы – Саха норуодунай поэтын, СӨ суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин, Василий Васильевиһы – техническэй наука кандидатын, Windowsка 15,5 тыһ. саха тылын электроннай тылдьытын айбытын, Александр Васильевич дипломат этэ, Саха сирин тас дойдуларга миниистирэ, сахалартан бастакы Арассыыйа генеральнай консула.

Университет кэнниттэн Афанасий Васильевич Лөгөйгө, Мэҥэ Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан Хомсомуолларын бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

1990 сыллаахха Афанасий Мигалкин норуот дьокутаатынан талыллыбыта. Үрдүкү сэбиэт ыччакка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1993 сыллаахха Уус-Алдан улууһун баһылыгынан ситиһиилээхтик, алта сыл социальнай-экономическай дьыалалары салайбыта. Кэнники сылларга СӨ территорияларга миниистиринэн үлэлээбитэ. А.В. Мигалкин 2002 с. кулун тутартан норуоттар уонна федеративнай сыһыаннаһыылар Департаменнарын салайааччынанан анаммыта. Кини элбэх Арассыыйа докумуоннарын оҥорсубута, кини кыттыһан норуоттар III-с Ассамблеялара уо.д.а. тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. 

А.В. Мигалкин Истиэп Думатын үлэтин тилиннэриигэ сүүнэ үлэни ыыппыта.

2011 сылтан М.К. Аммосов аатынан университет Хотугулуу-Илиҥҥи Институтун  сурукка-бичиккэ дириэктэринэн, Саха сирин уонна Өлүөнэтээҕи архиепискоба Роман сүбэһитинэн үлэлиир.

А.В. Мигалкин сыралаах, үтүө суобастаах үлэтин иһин  «СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» аат хаһаайына. 2010 сыллаахха  М.К. Аммосов аатынан Госбириэмийэни туттарбыттара. Афанасий Мигалкин биир сүрүн үлэтинэн 2007 сыллаахха Москваҕа Божественнай литургияны ыытыыта буолар. Ол сулууспаны патриарх Алексий II кыттыылаах ыытан турар. Аан дойдуга улахан Быыһааччы Киристиэс храмыгар сахалыы-нууччалыы Бороҕоннооҕу «Кэнчээри» уонна Нерюнгри «Соловушка» оҕо бөлөхтөрө таҥара ырыаларын толорбуттара.

- Афанасий Васильевич, эн Саха сиригэр эрэ буолбакка, Америкаҕа, аан дойдуга тиийэ биллэр Иннокентий Веньяминов уордьана эйиэхэ туттарыллыбыттан үөрэбин уонна ис сүрэхпиттэн 60 сааскын туолбут күҥҥүнэн ытыспын уунабын. Бу коронавирус диэн хара дьай бүрүүкээбит кэмигэр сэрии сылларын ыарахаттарын кэпсэтиэххэ.

 Сут, аччыктааһын иэдээннэрэ

- Маннык гыныаххайыҥ, ордук өйдөнүмтүө буоллун диэн,  сүнньүнэн, сэрии кэминээҕи архыып докумуоннарыгар олоҕуран, илин эҥэр оройуоннарыттан Амма, арҕаа эҥээрдэртэн Горнай уонна Бүлүү сүнньүлэриттэн Сунтаар туһунан ырытан көрүөххэйиҥ.

Биллэринэн, официальнайдык нэһилиэнньэ ахсаанын 1939 сыллааҕы перепись (ааҕынан көрүү) түмүктэринэн ааҕаллар. Туһанар архыыппыт ыспараапката 1945 сыллаахха оҥоһуллубут, онон кэпсиир сыыппараларбыт 1945 сыл тохсунньу ый биир күнүнээҕи түмүктэринэн буолуохтара.

Амма оройуонугар 1939 сыллаахха 10.067 киһи баар буоллаҕына, 1945 сыллаахха 7256 киһи хаалбыт. 1940-1944 сс. күн сириттэн күрэммит 2315 киһи, ол эбэтэр 1939 с. нэһилиэнньэ  22, 99 % суох буолбут.

1941 сыллаахха Саха сиригэр олороро 413 125 киһи, олортон сэриигэ ыҥырыллыбыттара 62 343 киһи (хас сэттис киһи), ол эбэтэр 15 %.

Амматтан сэриигэ аттаммыттара 1665 киһи (16, 53 %), үлэ фронугар ыҥырыллыбыттара 101 киһи, холбоон мобилизацияҕа түбэспиттэрэ 1766, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 17,54%.

1945 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 67 643 киһи дьылҕатын сууттар быһаарбыттара (нэһилиэнньэ 16,37%) уонна 53 938 киһини буруйга таппыттара (осуждены), ол эбэтэр Саха сирин уопсай нэһилиэнньэтин 13,06 % буруйдаах буолбута (осужденные).

Аммаҕа 1516 киһи дьыалатын сууттар көрөллөр уонна 1146 киһини дьыалаҕа иҥиннэрэллэр, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 11,38 %.

Аммаҕа 1939 сыллааҕы перепись бэлиэтээбитинэн, 10 067 киһи олорбут эбит буоллаҕына, 1945 сылга диэри өлбүтэ – 2 315, мобилизацияламмыта – 1 766, сууттаммыта – 1 146 киһи, холбоон 5 227 киһи дьылҕатыгар быһаччы сыһыаннаах сыыппара тахсар, нэһилиэнньэ – 51, 92 % - киһини толкуйдатар сыыппара...

Горнай оройуонугар 1939 c. туругунан 6 507 киһи олорбутуттан 1945 с.  4 541 хаалбыт. 1940-1944 сс. оройуон иһигэр 1 130 киһи тыына быстыбыт, нэһилиэнньэ 17.37 % көҕүрээбит. Бырыһыанынан аахтахха, Горнайтан мобилизацияламмыт дьон ахсааннара өрөспүүбүлүкэҕэ биир үрдүктэринэн буолар, ол эбэтэр нэһилиэнньэтин 21.715% фроҥҥа ыҥырыллыбыт (1 413 киһи). Дьыалаҕа эриллибит 625 киһиттэн 503 киһитэ сууттаммыт. 6 507 нэһилиэнньэлээх Горнай оройуонугар өлбүттэри, мобилизацияламмыттары, сууттаммыттары аахтахпытына, 1940-1944 сылларга 3 046 (46.81 %) киһи дьылҕата тахсар – киһини дьиксиннэрэр сыыппара.

Өрөспүүбүлүкэбит биир бөдөҥ оройуонугар Сунтаарга 1939 сыллаахха  21 514 киһи олороро, 1940-1944 сылларга 2 517 оҕо төрөөбүтэ, олортон 1945 сыл тохсунньу ый маҥнайгы күнүгэр 13 794 киһи хаалбыта. 1941 с. – 1 294, 1942 с. – 1 702,  1943 с. 1 120 киһи сырдык тыыннара быстыбыт. Бу сыыппаралары иэдээнтэн (трагедияттан) атыннык ааттыыр уустук...

Сэрии фронугар 1 197, үлэ фронугар 40 ыҥырыллыбыттара (9.47 %).

1 877 киһи дьыалата суукка тиийбитэ, олортон 1 625 киһитэ сууттаммыта.

Сунтаарга өлбүттэри, мобилизацияламмыттары, сууттаммыттары холбоон аахтахпытына 8 868 киһи дьылҕатын 1940-1944 сс. ытыйан ааспыттар...

  Ол туохтан буолбутай?

- Эн санааҕар туохтан сибээстээн ити алдьархайдар тахсыбыттарай?

- Биричиинэтин туһунан этэр элбэх, биир интервьюга батарар сатаммат.

Кылгастык, баар научнай литератураҕа, архыып докумуоннарыгар сигэннэххэ, сэрии кытаанах байыаннай сокуоннара, байыаннай балаһыанньа биир сүрүн биричиинэнэн буолаллар.

Сүрүн үлэһит илии, бу этиллибит оройуоннарга фроҥҥа барыыта улахан охсууну аҕалбыта саарбаҕа суох. Манна тоҕоостоон байыаннай историк, сэрии тиэмэтигэр уһулуччулаах учуонай Д.Д. Петров үлэтиттэн быһа тардыыны көрүөххэйиҥ:

“Летом 1942 г. произошла новая убыль в рабочей силе ... Десятки тысяч колхозников вместе с другими военнообязанными были призваны в армию. Часть колхозников была мобилизована для работы в промышленности и на транспорте. В результате общее число рабочих рук в южных районах республики в 1943 г. по сравнению с 1940 г. сократилось на  41 %, в том числе мужская рабочая сила на 60 с лишним процентов (см. табл. 8).

В обследованных нами колхозах это сокращение оказалось еще более значительным. Так, в колхозе “Комбайн” Олекминского района из 175 трудоспособных мужчин в возрасте от 16 лет и старше, работавших в 1940 г. Ушло в армию и на трудовой фронт 114 человек, т.е. две трети, а в колхозе “Новая жизнь” Усть-Алданского района из 30 человек – 29, то есть почти все. Такое резкое сокращение со всей остротой поставило проблему трудовых ресурсов”.

Ити кэмнэргэ сатыылаабыт курааннар тустарынан эмиэ ахтыахха наада. Ол эрэн Саха сиригэр бүрүүкээбит трагедия сүрүн биричиинэтин, Сэбиэскэй сойуус бэйэтин дьылҕата быһаарылла сылдьар кэмигэр, уоттаах сэрии үгэннээн турдаҕына, Бүтүн Сойуустааҕы коммунистическай партия (ВКП(б) Киин кэмитиэтэ ыйбыта уонна онон сибээстээн “Постановление ЦК ВКП от 13 апреля 1943 г. “Об ошибках в руководстве сельским хозяйством Якутского обкома ВКП(б)”  диэн ааттаах Уураах таһаарбыта.

Бу уурааҕы дьүүллэһиигэ кыттыбыт Киин кэмитиэт эппиэттээх үлэһитэ Владимир Иванович Репин Уураах тоҕо ылыллыбытын, суолтатын, обком итэҕэстэрин олус чуолкайдык быһааран биэрбитэ.

Билиҥҥээҥҥэ диэри Саха сиригэр сэрии кэмигэр тахсыбыт трагедияны сүрүннээн байыаннай кэм сокуоннарыгар, курааҥҥа сигэнэр куоһурдарга эппиэт биэрбитэ:

– Репин рассказывает, как, например, в прифронтовых районах, даже в тех, которые оккупированы и сейчас освобождены, серьезно заботятся о колхозниках и спрашивает как следует за работу руководителей района, пред.колхозов и.т.д., спрашивают за каждый центнер хлеба, за каждую голову скота. “Речь идет о том, что здесь требуем мало, ваши требования никак не похожи на те, которые предъявляются к коммунистам прифронтовых районов. Не говоря о явных врагах, но даже, некоторые честные колхозники, а среди них и участники отечественной войны – фронтовики, недоумевают по поводу создавшегося положения в сельском хозяйстве. Нельзя все это положение сваливать на трудности военного времени.

Нельзя думать так, что это неизбежно, последствия военной обстановки и.т.д. Нет, надо работать с народом, поднять народ, использовать все возможности, чтобы в самый кратчайший срок ликвидировать последствия грубейших ошибок обкома. Кто этого не поймет, тот балласт в аппарате, ему надо разъяснить его непонимание положения”.

Считаю необходимым сказать о засухе. Нужно ли говорить сейчас о засухе оторванно от тех ошибок, которые допущены? Нет, нельзя. Ставить вопрос о засухе нужно, увязывать его с вопросами неудовлетворительной борьбы с засухой, что зависит от самих колхозников. Ставить вопрос о засухе, сваливая на них, будет неправильно. Могли бы мы в значительной степени предотвратить последствия засухи, если бы приняли своевременные меры по борьбе с ней. Нужно поднять колхозников на усиление подготовительных мероприятий по борьбе с заморозками в 1943 году, с тем, чтобы заморозок был парализован в отношении наших посевов”.

В.И. Репин этиилэрин дакаастыыр докумуоннар архыыпка элбэхтэр. Партия обкомун өттүттэн дьаһайыы, дьаһаныы, тэрээһин үлэтигэр “грубейшие ошибки” тахсыбыттарын суотугар, сүнньүнэн, Саха сиригэр иэдээн тахсыбытын обком чилиэннэрин өттүттэн өйдөөһүн уонна билинии 1943 сыл муус устар ыйын 13 күнүттэн саҕаламмыт кэриҥнээх...

Бэйэтин кэмигэр аатырбыт салайааччы Спиридон Иванович Сосин 1943 сыллаахха: “Биһиги киһи өлөрүн аахпаппыт, онтон сүөһү өлөрүн ааҕабыт”, - диэн курутуйан туран этиитин кэмнэрэ сыыйа-баайа уостан барбыттара...

Уураах кылаабынайа дьон өйүн-санаатын уларыппыта, уһугуннарбыта.

Тус бэйэм саныахпар, бу иэдээн төрдүгэр дириҥник сытар биричиинэлэр бааллар быһыылаахтар...

Өйдөбүнньүк бэлиэтэ

Москва патриархатын Дьокуускайдааҕы епархиятын епискоба Роман алҕааһынынан 2015 сыл алтынньы ый 5 күнүгэр Никольскай храм олбуоругар сэрии кэмигэр тыылга сырдык тыыннара быстыбыт, Кыайыы туһугар үлэлээбит, тус олохторун Кыайыы иһин толук уурбут дьоҥҥо анаммыт “Айыы тойон, кинилэр дууһаларын кырдьыктаахтар уоскулаҥнаах сирдэригэр киллэрэриҥ туһугар үҥэбит”  уонна “өйдүүбүт уонна саныыбыт”  диэн суруктардаах өйдөбүнньүк аһыллыбыта.

Саха түҥ былыргыттан киһи суох буоллаҕына: (киһи) барда”, “тыына быһынна”, “(тыыны) атаарыы” – диэн улахан уонна дириҥ философскай өйдөбүллэри илдьэ сылдьар, “тыын” баарын билэр омук. “Тыын” баар буолан, олох салҕанар...

Кинилэр тустарынан уонна ахтыбат буолар сатаммат.

Сэрии буолбатын

Киһи буолуохпуттан, биһиги ийэбит мэлииппэ курдук сибигинэйэн, “Сэрии буолбатын, сэрии эрэ буолбатын!” диэн хатылыыр тылларын истэрим. Билигин бэйэм оҕолорбор ол тыллары хатылыыбын: “Cэрии эрэ буолбатар”...

– Афанасий Васильевич, эн таҥараны улаханнык итэҕэйэр киһигин. Онно саха Саҥа дьылыгар тугу этиэҥ этэй?

– Киин кэмитиэт Уурааҕын олоххо киллэрии туһунан дьүүллэһии сааскы Ньукуолун кэмигэр ыам ыйын 24 күнүттэн буолбута хайа эрэ өттүнэн “күөххэ үктэнэн” эрэрбитин кэрэһилээбитэ.

Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй “Сайын кэлиитэ” айымньытыгар:

Саха киһи барахсан

Саахала ааһан,

Саргыта салаллан,

Санаата көнөн,

Үрүн күнү көрдөрбүт

Үрүҥ Аар тойону өйдүөтэ,

Аан дайдыны харахтаппыт

Айыы тойону санаата, – диэн суруйбутунуу, оччолорго бобуулаах аҥаардаах, былааһынан өйдөммөт “ыһыахтар” тустарынан: “ничем иным нельзя объяснить такой факт, как недооценкой, когда у нас оказались заброшенным национальный кумысный праздник, проводившийся повсеместно летом, ...” уонна “ежегодно проводились каждым зажиточным крестьянином кумысный праздник...”  диэн ыһыахтары сөргүтүү туһунан бу мунньахха Гавриил Васильевич Попов тыл эппитэ.

Онон 1943 сыл Муус устар ый 13 күнүнээҕи ыһыахтары сөргүтүүгэ төһүү күүс буолбута диэтэхпитинэ сыыспаппыт уонна саха Саҥа сылын бэлиэтиир кэмнэрбитигэр – Ньукуолуҥҥа ол быһыы-майгы саҕаламмыта үтүө буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...