07.12.2023 | 14:00

Афанасий Афанасьев: «Үҥкүүтэ суох сатаммаппын... Сыана — мин иккис олоҕум»

Ханнык баҕарар идэ бэриниилээх буолууну ирдиир. Ол эрээри артыыс уустук олоҕун киһи эрэ тулуйбат, уйбат. Ким эрэ айаҥҥа саҥа турунан иһэн, киирэр аартыктан туоруур, сорох суолун солоон, аара көрсөр моһоллорун киэр кыйдаан, үрдүк чыпчааллары дабайар.
Афанасий Афанасьев:  «Үҥкүүтэ суох сатаммаппын... Сыана — мин иккис олоҕум»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ким көрбөтөх, сылдьыбатах – ол элбэҕи сүтэрдэ

(киирии тыл оннугар)

Ахсынньы 4 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев 60 сааһыгар, айар үлэтин 45 сылыгар аналлаах “Куйаар Уола. Кэрэни кытта сэргэстэһэн” испэктээгэ күн сирин көрдө. Үҥкүүнү Таҥара оҥостубут артыыс дьылҕата, быыс кэннинээҕи олоҕо, санаалара түмүллэн, сыанаҕа уратытык уонна ураннык көһүннэ. С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра Үлэ сылынан туруу үлэһит артыыска, кини сүгүрүйээччилэригэр, кэрэ эйгэтин кэрэхсээччилэргэ дьоһун бэлэҕи оҥордо.

Туруорааччылар үҥкүүһүт үйэтэ олус кылгаһын, сыана олоҕо күлүм гынан ааһара түргэнин бэргэнник, чаҕылхайдык көрдөрдүлэр. Идэлэрин толору баһылаабыт сүдү маастардар үҥкүү, хамсаныы, тыас-уус, тыл күүһүн таба туһанан, чахчы, куйаарга көтүттүлэр!

Испэктээккэ үҥкүүһүт олоҕо, айар үлэтэ эрэ буолбакка, өй, сүрэх икки мөккүөрэ баһылыыр миэстэни ылла. Ол курдук, бу киэһэ кэрэни кытта сэргэстэспит дьон “Артыыстар олохторун бырааһынньык курдук көрөҕүт да, барыта үлэттэн, сыраттан тахсар” диэн этиигэ итэҕэйдибит.

Сүрүн дьоруой эдэр сылдьан балет солисткатын көрсүбүт түгэнэ, кини: “Илиитэ, атаҕа суох буолбут курдукпун”, – диэн тыллара көрөөччүлэри ордук долгутта. Кырдьык, бу киэһэ киһини уйадытар, ураты турукка киллэрэр түгэн үгүс буолла. Үҥкүүһүт сирдээҕи аанньалын, күн күбэй ийэтин уобараһа испэктээги истиҥ-иһирэх иэйиинэн толордо.

Туруорууну биир тыынынан көрдүбүт. Хайа эрэ кэмҥэ үөрүү, эрэл сырдык саҕахтарын арыйдыбыт, ардыгар курус санааҕа куустаран ыллыбыт. Ол эрээри искусство модун кыаҕар бүүс-бүтүннүү бэриннибит. Тапталлаах артыыспыт “Мин дьоллоохпуун!” диэн тыллара ыраахха, үрдүккэ кынаттаатылар. Чахчы, чаҕылхай, сонун испэктээк! Ким көрбөтөх, сылдьыбатах – ол элбэҕи сүтэрдэ.

Үбүлүөйдээх киэһэ түмүктүүр түгэнинэн Афанасий Афанасьевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин туттарыы буолла.

 

"Сороҕор үҥкүүлүү сылдьарбын түүлбэр кытта көрөбүн. Сарсыарда уһуктаат, үҥкүүлээн барыахпын баҕарабын. Сыанабын ахтан, алааска, айылҕаҕа да дьиэрэҥкэйдээн ылыахпын сөп. Оннук күүскэ ахтабын."

 

Алта уон сааспар бастакыбын холоннум...

Норуот тапталын, билиниитин ылыан ылбыт Афанасий Дмитриевич Афанасьев – “Киин куорат” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта. Кинини кытта испэктээк иннинэ көрсүбүппүт.

Сэргэх сэһэргэһээччибит улам арыллан, ааспыты ахтан, санааттан санаа саҕыллан, кэпсээнтэн кэпсээн тахсан испитэ...  

– Афанасий Дмитриевич, үбүлүөйдээх киэһэҕэр хайдах бэлэмнэммиккитий? Маннык буолуохтаах диэн ким толкуйдаабытай?

– Алта уон сааспар кэлэн сценариһы кытта аан бастакыбын үлэлээтим. Биир күн режиссерум Антон Ботаков: “Сценарист наада, бэйэҥ булуоҥ дуо?” – диэн улахан толкуйга түһэрбитэ. Тыйаатырга мин олоҕум туһунан билэр дьон бааллар, ол эрээри сценарий суруйуута ыарахан диэн аккаастаммыттара. Бэйэм да миигин билбэт киһи ылсара ордук буолуо дии санаабытым. Онтон режиссерум Ангелла Попованы ыйан биэрбитэ. Мин тута “умайа” түспүтүм.

Биир күн болдьоһон, сценариспын кытта көрсүбүппүт. Ангеллаҕа оҕо сааспыттан саҕалаан олоҕум, айар үлэм туһунан кэпсээбитим. Итиэннэ: “Библиотекаҕа эн тускунан хаһыакка тахсыбыт суруйуулары көрүтэлиэҕим”, – диэбитэ. Ол кэннэ өр баҕайы сүтэн хаалбыта. Онтон иккис көрсүһүүбүтүгэр устудьуоннаабыт сылларбыттан, аармыйаҕа сылдьыбыт кэммиттэн, гостуруоллартан мүччүргэннээх уонна чаҕылхай түгэннэри эбии кэпсээбитим. Ол кэннэ эмиэ өр баҕайы көрсүбэтэхпит. Ангелла атын үлэтэ элбэх буолан, миэнин тохтото сылдьыбыт этэ. Көр, сценарий суруйуута диэн оннук уһун, олус сыралаах үлэ эбит. Биһиги, холобур, нэдиэлэ иһигэр биир туруорууну бэлэмнээн баран, сыанаҕа тахсан үҥкүүлүүрбүт курдук буолбатах.

Ол курдук, сайын ааһан, күһүн кэлэн, тыйаатыр саҥа сезона аһыллара чугаһаата. Режиссерум солото суох сырытта. Репетиция хаһан саҕаланара биллибэт, ким да ыксаабат курдук. Ол аайы: “Хайа, оттон мин өктөөпкө алта уоммун туолабын, хаар түһэрэ чугаһаата дии!” – диэн долгуйабын (күлэр). Режиссерум: “Ыксаама, барыта үчүгэй буолуо”, – диэн уоскутан иһэр. Аны туран, Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһугар бырайыакка көмөлөһүҥ диэн сайаапка биэрбиппит, хас да хамыыһыйаны ааһан, харчыта кэлэн түстэ. Онно өссө ыксаатым. Ангеллаҕа эрийбитим, хата, холку баҕайытык: “Бүппүтэ”, – диэтэ. Онтон көрсөн, сценарийбын ыллым. Арай, доҕоор, хас да илииһи туттаран кэбистэ. Бачча халыҥ (илиитинэн көрдөрөр). Кыра оҕо эрдэҕинээҕи сылларбын, үҥкүүгэ хайдах кэлбиппин, сүүмэрдээһини ааһан, соҕуруу үөрэнэ барбыппын барытын олус үчүгэйдик суруйбут. Бүтүн драматическай испэктээк сценарийа!

Тыйаатырга ааҕан көрдүбүт. Аны режиссерум: “Маны барытын нойосуус үөрэтэҕин”, – диэн олус уустук соругу туруорда. Мин:  “Драма артыыһа буолбатахпын ээ, оттон үҥкүүлээбэппин дуо?” – диэн ыйытабын. Онуоха Антон: “Үҥкүүлүөҥ”, – диэтэ. Хайдах-хайдаҕый, ол аата саҥара-саҥара үҥкүүлүүр буоллаҕым дуу диэн улаханнык мунаардым. Миэнэ барыта хамсаныы буоллаҕа. Дьэ, онтон тиэкиспин ааҕан, нойосуустаан сордоннум. Үйэбэр итиччэ элбэҕи үөрэппэтэҕим. Оскуолаҕа да сылдьан хоһооҥҥо мөлтөх этим (күлэр). Холобур, “Ийээ, мин Ленинградка көттүм!”, “Ийээ, миигин куонкуруска ыллылар!” диэн тыллардаахпын. Ону барытын көннөрү этэн кэбиспэккэ, иэйиибин, үөрүүбүн, хомолтобун көрөөччүгэ тиэрдиэхтээхпин. Оттон режиссер уонна хореограф туруоруулара хамсаныыбын уонна саҥабын кытта дьүөрэлэһиэхтээхтэр.

Ол быыһыгар Байкалга, Кытайга баран кэллим. Тиэкиспин ханна да буоллун – порка, сөмөлүөккэ тута сылдьабын, субу-субу илдьирийэн хаалбыт илиистэрбин ылан ааҕабын. Дьон туох ааттаах үөрэхтээх киһиний дии саныыллар быһыылаах (күлэр).

Онтон хореограф кэлэн, үҥкүү туруорда. Сайыны быһа сынньаммыт киһи ыйааһыным да эбилиннэҕэ. Кырдьык, уонча киилэни түһэрдим быһыылаах. Аны атаҕым силгэтэ уунан, балыыһаланным, хайаатым. Ол тухары сыанаҕа хайдах саҥарыахпыный диэн долгуйа сырыттым.

Онтон режиссерум: “Үҥкүүҥ элбэх эбит. Саҥаҕын эрдэ устуохпут. Ол эрээри тылгын син биир үөрэт”, – диэтэ. Кырдьык, аҕылыы-аҕылыы саҥара турарым табыллыбат курдук. Итиэннэ сценарий тыла-өһө баай, киһи күн аайы туттубат уус-уран тыллардаах. Звукооператорга уһуллар да чэпчэки буолбатах эбит. Ыллыҥ да, тута биирдэ ааҕан кэбиспэккин. Сыыһа-халты саҥардаххына, хос-хос уһуллаҕын. Итинник хас да дубль буолбута. Онтон бастакы репетициябытыгар ол устубуттарын холбообуттарыгар, бэйэм саҥабын туораттан атыҥырыы истибитим. Музыканан киэргэппиттэр, олус үчүгэй буолбут этэ.

Дьиҥэр, 45 сыл устата син элбэх испэктээккэ кыттыбытым, үгүс айар биэчэрим буолан ааспыта. Араас кыыл: сибиинньэ, куобах, хотой, ат да буолбутум,  бухатыыры, оҕонньору да оонньообутум. Ол гынан баран алта уон сааспар бастакыбын драматическай артыыс маастарыстыбатын уонна үҥкүү искусствотын дьүөрэлииргэ холоннум. Дьэ, режиссер диэн оннук, сатаабаккын, кыайбаккын да оҥорторор киһи эбит!

– Ити сценарийынан киинэ уһулуохха эбэтэр кинигэ суруйуохха сөп эбит дии. Оннук этии киирдэҕинэ, хайыаҥ этэй?

– Сөбүлэһиэм этэ. Артыыс тугу эппиттэрин барытын толоруохтаах дии саныыбын. Эдэр сылдьан Александр Митта “Шаг” диэн киинэтигэр дьоппуон артыыһа Комаки Курихаралыын эпизодка уһуллан турабын. Ол эрээри кырыйан кэбиспиттэр этэ. Кэлин Дмитрий Давыдов “Нелегал” киинэтигэр эмиэ быстах оруолу толорбутум. Мин режиссер, хореограф туох дииллэрин барытын оҥорон иһэбин. 

 

"Көрөөччү артыыс аатыгар-суолугар итэҕэйэн кэлэр. Ол эрэлин артыыс толоруохтаах. Көрөөччү баарын тухары артыыс баар. Мин билиҥҥэ диэри сыанаҕа тахсарбын дьолбунан ааҕабын, онуоха бар дьоммор махтанабын."

 

Кыра кулууп, киэҥ-куоҥ дыбарыас да буоллун

– Дьиҥнээх артыыс хонууга да, хотоҥҥо да, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа үҥкүүлүү тахсыахтаах дииллэр. Баҕар, биэс көрөөччү иннигэр, баҕар, толору саалаҕа. 45 сыл устата ону билэн кэллэҕиҥ. Биир эмит түгэни ааҕааччыларга кэпсиэҥ дуо?

–  һуу, оннук элбэх буоллаҕа. Кырдьык, артыыс ол хайаан да уоттаах-күөстээх, килэйбит-халайбыт мааны сыанаҕа эрэ тахсан үлэлээбэт. “Хонууга” диэбиккэ дылы, ходуһаҕа, отууга үҥкүүлээн турардаахпын.

Москваҕа устудьуоннуур сылларбар сайын аайы дьиэбэр, Тааттаҕа сынньана кэлэр этим. Биирдэ култуура управлениетын начаалынньыга ыҥыран ылан: “Оппуонньа, отчуттарга агитбиригээдэнэн баран кэнсиэр көрдөрөбүт, барсыаҥ дуо?” – диэтэ. Өссө кыратык харчы төлүөх буоллулар. Устудьуон киһи үөрүүнэн сөбүлэстэҕим дии. Хатанан турбут кулуубу арыйтаран, биир практикантка кыыһы кытта бэлэмнэннибит. Икки сольнай уонна биир паарнай үҥкүүнү туруордубут. Ол курдук УАЗ массыынанан Алдан өрүһү туораан, ыраах үрэх баһыгар тиийдибит. Ардах тохтоло суох курулаччы түһэр. Хайыахпытый, отуу иһигэр киирэн таҥна-таҥна тахсабыт. Көрөөччүлэрбит эмиэ отуу иһигэр олороллор. Ол саҕана Кавказ үҥкүүтүн манна туруорбат, дьон соччо-бачча билбэт да этилэр. Нууччалыы эттэххэ, “какой там Кавказ, какая там лезгинка” (иккиэн тохтоло суох күлэбит). Отчуттар наһаа соһуйа көрдүлэр. Аны уот суох, музыка суох. Ээ, биһиги харса суох байааҥҥа доҕуһуоллатан, үҥкүүлээн тэйиэккэлиибит. Ичигим (атах таҥаһа) барыта бадараан. Ити курдук, ардах аннынан грузин үҥкүүтүн толорбуппун күн бүгүҥҥэ диэри бу баардыы өйдүүбүн.

Өссө биирдэ Москваҕа П.И. Чайковскай аатынан мааны саалаҕа Үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбылын кытта “Якутяночка” диэн үҥкүүбүтүн толорбуппут. Улахан да улахан саала: сыана биир өттүгэр турар киһиҥ кып-кыра буолан көстөр. Күнүс репетициялаабыппыт, киэһэ үҥкүүлээбиппит. Ол күн олус да сылайбытым, илистибитим. Омуннаан эттэххэ, куртаҕым аһыллан, таһырдьа тахса сыспыта (күлэбит).

Итии дойдуларга үҥкүүлүүр диэн баар этэ, абытай. Францияҕа, Мартиг куоракка 45 кыраадыс умайар уот куйааска хара саһылбытын анньынан баран, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү, дефилеҕэ кыттыбыппытын санаан кэллим.  Африка үҥкүүһүттэрэ сыгынньах кэриэтэ сылдьаллар, хамсаныы-имсэнии, оттон биһиги сонноох, түүлээх бэргэһэлээх, этэрбэстээх буһуу-хатыы. Көрөөччүлэр бары шортигынан эрэ тураллар. “Браво!” ыһыы-хаһыы бөҕө. Ол аайы биһиги баарбытынан-суохпутунан үҥкүүлээ да үҥкүүлээ, тиритэ-хорута “һыттыалыыбыт”. Тоҕо эрэ итинник тэрээһиннэри сарсыарда өттүгэр оҥорбокко, эбиэттэн киэһэ, саамай муҥутуур куйаас турдаҕына ыыталлар этэ.

“Абытай” диир буоллахха, аны “ычча” диэни эмиэ эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Саха сирин улуустарын биир гына тилийэ кэрийдэхпит. Ол сылдьан араас усулуобуйаҕа түбэһэрбит. Тымныыттан тымныы кулуупка тиийэрбит, оптуобустарбыт эмиэ аара суолга тоҥоллор. Кыргыттар – иннигэр, уолаттар кэннигэр олорорбут. Ардыгар табанан, ытынан, бураанынан айанныырбыт. Сорох бөһүөлэккэ бураан хаста да кырынан дьону таһара. Дьэ, ол тоҥон-хатан тиийэн баран, этэрбэскин сылыта түһээри, батарыайа көрдүүгүн. Онтон уураары гыммытыҥ, тыбыс-тымныы. Уп-улахан уулаах уһаат турар, көрбүтүҥ, үрдэ мууһуран хаалбыт буолар. Тыа сирин дьоно барахсаттар киэһэ ынахтарын ыан, оһохторун сабан, артыыстары көрө кэлэллэр. Сыанаҕа таҕыстахха, ытыс тыаһа кутулла түһэр. Көрөөччүлэр харахтара үөрүүнэн туолар. Дьэ, оччоҕуна саала иһэ биир кэм сылыйар, сырдыыр.

Бу санаатахха, куоракка уопсайбыт да суоҕа, эгэ кэлэн бэйэбит туспа дьиэлэниэхпит дуо. “Самородок” утары икки этээстээх “Тайга” диэн мас гостиницаҕа хастыы да буолан дьукаахтаһан олорбуппут. Дьиэтэ суох дьон, Саха сирин бөһүөлэктэрин устун айаннаан, ыалга хоно-хоно артыыстаан, эдэр сааспыт оннук ааспыта. Ким да “куһаҕан”, “утаттым”, “аччыктаатым” диэн муҥатыйбат, айалаабат-дьойолообот. Сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт оҕолор буолан эбитэ дуу, кэммит оннуга дуу. Билиҥҥи артыыс суточнайын, командировочнайын хайаан да ирдэһэн, ханна тиийэн түһэрин ыйыталаһан, инструктаж ааһан баран айанныаҕа. Олох, ирдэбил уларыйдаҕын аайы артыыс, көрөөччү да уларыйан истэхтэрэ.

Кыра кулууп, киэҥ-куоҥ дыбарыас да буоллун, тымныы-куйаас буоллун, сырыы бөҕөнү сылдьан, айан бөҕөнү айаннаан кэллэхпит. 45 сыл тухары араас барыта буоллаҕа. Халтарыйан, сыанаҕа охтон түспүт, ыстааным хайдан ыксаан ылбыт түгэннэрим да бааллара. Үҥкүүлүү сырыттахха уот барара, музыка тохтоон хаалара кэмнээх буолуо дуо. Ону көрөөччүгэ биллэрбэккэ, тиһэҕэр диэри үҥкүүлүөхтээххин.

Кэпсээнтэн кэпсээн. Биирдэ “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар туох эрэ улахан быыстапка буолла. Арай тахсарым саҕана звукооператор олох атын музыканы холбоон кэбистэ. Хайыахпыный, “чэ, буоллун” диэн баран таҕыстым. Киһи тобус-толору. Мин үҥкүүбүн барытын толордум. Арай музыкам биир кэм тохтоло суох бара турар. Звукооператорга “бүттүм” диэн илиибинэн-атахпынан араастаан хамсанан-имсэнэн биллэрэ сатыыбын (туран көрдөрөр. Иккиэн күлэбит – Аапт.). Суох, киһим олох өйдөөбөт. Наһаа өр үҥкүүлээтим, ол тухары музыкам бүппэт да бүппэт. Хата, репетитор өйдөөн, звукооператор олорор сиригэр ойдо.  Хаһан дыбарыаһы биир гына сүүрэн тиийиэр диэри син өр үҥкүүлээбитим. Дьэ, оннук эмиэ буолааччы.

 

"Билигин 60-наахпын, ол 45 сыл анараа өттүгэр үҥкүүлээбитим курдук буолбатахпын. Ол эрээри “айака, ыарыйдым, сылайдым” диэбэппин. Сааһырдым диэн баран тэлэбиисэр иннигэр тиэрэ түһэн олоруу – ол миэнэ буолбатах."

 

Барар кэмиҥ кэлбитин өйдүүр ыарахан...

– Айар үлэһит сороҕор “умайан” кэлэр, ардыгар сылайар, уостар, “умуллан” хаалар кэмнээх. Эйиэхэ оннук буолар дуо? Ону хайдах аһарынаҕын?

– Айар куттаах киһи уйан, биллэн турар, үгүстүк хомойон ылар. Артыыс олоҕо хайаан барыта үөрүү-көтүү буолуой. Урут испэктээктэргэ элбэхтик иккис оруолга сылдьыбытым. Аны ыраах айаҥҥа барыахтаах дьон испииһэктэрин көрөҕүн – эн суох буолаҕын. Биллэн турар, онтон хомойоҕун. Санаам түһэрэ, ол эрээри “умуллан” хаалбатаҕым, салгыы үлэлээбитим.

Мин 38 сааспар биэнсийэҕэ барбытым, ол эрээри 50 сааспар диэри үҥкүүлээбитим. Бу диэн эттэххэ, сыанаттан барар кэмиҥ кэлбитин өйдүүр ыарахан эбит. “Салгыы тугу гынабын?”, “Ханна барабын?” диэн араас санаалар үүйэ-хаайа туталлар. Ол эрээри ону барытын киэр кыйдаан, араас бырайыактарга, флешмобтарга кыттаҕын, бырааһынньыктарга, күрэхтэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ ыҥырыллан, үөрэ-көтө баран үлэлиигин. Миигин уһуйааччыларым туохтан да толлубакка, чаҕыйбакка, ыарахаттары тоҕо көтөн, инним диэки баран иһэргэ үөрэппиттэр эбит. Саамай сүрүнэ – ыалдьыа суохха наада.

– Сыанаҕа тахсаргын төһө ахтаҕыный? Ытыс тыаһын суохтууруҥ буолуо...

– Ахтан, долгуйан... (өрө тыынар). Сороҕор үҥкүүлүү сылдьарбын түүлбэр кытта көрөбүн. Сарсыарда уһуктаат, үҥкүүлээн барыахпын баҕарабын. Сыанабын ахтан, алааска, айылҕаҕа да дьиэрэҥкэйдээн ылыахпын сөп. Оннук күүскэ ахтабын.  Сыана – мин иккис олоҕум. Үҥкүү диэн үлэ. Мин санаабар, талан ылбыт идэҕин таптыахтааххын, өйгүн-санааҕын, доруобуйаҕын, олоххун – барытын онно аныахтааххын.

Билигин 60-наахпын, ол 45 сыл анараа өттүгэр үҥкүүлээбитим курдук буолбатахпын. Ол эрээри “айака, ыарыйдым, сылайдым” диэбэппин. Сааһырдым диэн баран тэлэбиисэр иннигэр тиэрэ түһэн олоруу – ол миэнэ буолбатах. Үҥкүүтэ суох сатаммаппын. Ыҥыралларын тухары аккаастаабакка, сөбүлэһэн иһэбин. Артыыс оннук буолуохтаах дии саныыбын. Сороҕор: “60 саастаахпын. Эдэр уол курдук бырааһынньыкка үҥкүүлээн дайа сылдьыам дуо?” диибин ээ. Ол эрээри ис санаам: “Суох, эн эдэргин, олоруо суохтааххын, тур. Ыҥырбыт буоллахтарына, баран кыттыахтааххын, дьону үөрдүөхтээххин” диэн ирдиир. Оччоҕуна ойон турабын уонна үчүгэй көстүүммүн ылан уктабын уонна үҥкүүлүү барабын. Баҕар, Ньурба түгэҕэр эбэтэр ыраах Дьааҥыга да буоллун. Дьон-сэргэ күүтэн-кэтэһэн олорбут буолар, сыанаҕа тахсан кэллэхпинэ, үөрэ-көтө көрсөр, ытыс тыаһын бэлэхтиир. Дьэ, онтон бүтэн олорон: “Кэлбитим үчүгэйиин!”- дии саныыбын.

Көрөөччү артыыс аатыгар-суолугар итэҕэйэн кэлэр. Ол эрэлин артыыс толоруохтаах. Көрөөччү баарын тухары артыыс баар. Мин билиҥҥэ диэри сыанаҕа тахсарбын дьолбунан ааҕабын, онуоха бар дьоммор махтанабын. Тыйаатырым баар буолан, норуодунай артыыс аатын ылан, күн бүгүҥҥэ диэри саха үҥкүүтүн толоро сылдьарбыттан үөрэбин.

Бу үбүлүөйдээх киэһэбэр бүтүн кэлэктиип үлэлээтэ, элбэх киһи сыратын уурда. Сценарист, режиссер, хореограф, худуоһунньук, уус-уран салайааччы, дириэктэр, композитор, иистэнньэҥнэр уо.д.а. үлэлээтилэр. Түгэнинэн туһанан, “Киин куорат” хаһыат нөҥүө тапталлаах тыйаатырбар, эрэллээх көрөөччүлэрбэр, Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһугар дириҥ махталбын тиэрдэбин.

– Афанасий Дмитриевич, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Эн норуот тапталын ылбыт дьоллоох артыыскын. Бу курдук кэрэни кытта сэргэстэһэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтии сылдьаргар, саха үҥкүүтүн аар-саарга ааттата тураргар баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...