22.07.2022 | 10:00

Абыраллаах национальнай бырайыак

Дьокуускай куорат саамай сытыы кыһалҕата уруккуттан баччаҕа диэри – суола. Суол куһаҕана ханнык баҕарар күннээҕи кыһалҕаны сабырыйар. 
Абыраллаах национальнай бырайыак
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырагырааманы олоххо киллэрии иитинэн киин куораппытыгар баар суоллар өрөмүөннэрэ, саҥа суоллары тутуу тэтимнээхтик барар. Үлэ үбүлээһинэ үс таһымнаахтык ыытыллар – федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн.

85 хаачыстыбалаах суол

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга 85 суол өрөмүөннэннэ уонна оҥоһулунна, тротуардар, газоннар тутулуннулар.

 

“Хаачыстыбалаах уонна куттала суох айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн бу сылга 2,2 млрд солк. көрүлүннэ.

 

Быйыл 28 саҥа уонна 2 ааспыт сыллартан хаалбыт объект оҥоһуллар. Бу объектар уопсай усталара 34 км 615 м тэҥнэһэр.

 

Эһиил бу бырайыагынан 34.16 км усталаах 31 суол оҥоһуллуоҕа.

 

Аны маны барытын сөптөөхтүк көрөр-истэр үбүлээһин боппуруоһа быһаарыллыахтаах. Соторутааҕыта куорат баһылыга Евгений Григорьев Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсөн, тустаах биэдэмистибэлэри кытта үлэни сөпкө торумнаан, 2023 сылга бу суоллары көрүүгэ үбүлээһини тобулар туһунан кэпсэттилэр. Онон саҥа суоллары көрүү үбүлээһинэ кэмигэр быһаарыллыаҕа.

Проспект аспаала – Алдан тааһа 

Ленин проспегар буола турар өрөмүөн бүтэрин куорат олохтоохторо бары күүтэбит. 
Киин куораппыт сүрүн уулуссатын аспаал бүрүөһүнэ ордук бөҕө буолара күүтүллэр. Ол курдук, куруук туттуллар щебень оннугар Алдантан кытаанах таас боруодата аҕалыллар. Бу туһунан “Саха” НКИХ эпииригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрэн турар. 
Экспертэр бэлиэтииллэринэн, маннык кытаанах таас боруодата аспаал ордук бөҕө уонна элэйимтиэтэ суох буоларын хааччыйыахтаах.

Ситимнэр саҥардыллаллар

Кылгас сайыны баттаһа балысханнык бара турар суол өрөмүөнүн кытта уот, гаас, уу, сибээс ситимнэрэ бары саҥаттан тардыллаллар.
2022 сыл алтынньытыгар диэри Дьокуускайга уонна куорат кытыытыгар сытар нэһилиэктэргэ 28 уулусса өрөмүөннэниэҕэ, 23-гэр үлэ номнуо бара турар. Суол оҥоһуутун кэмигэр ураты болҕомто инженернэй     коммуникациялары тупсарыыга ууруллуоҕа. Бу туһунан премьер Андрей Тарасенко министиэристибэлэри, тэрилтэлэри кытта мунньаҕар этэн турар.

“Үлэ графиктан хаалбакка, сорох сиргэ урутаан даҕаны баран иһэр. Ил Дархан уу, электричество уонна сибээс ситимин хаачыстыбалаахтык тардыыга туспа сорук туруорда. Биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар, суол оҥорооччулары кытта үлэни күүһүрдүөххэ, барыта биир былаанынан барарын ситиһиэххэ”, - диэтэ Андрей Тарасенко.
“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан суол өрөмүөнүн кытта тэҥҥэ инженернэй ситимнэр барыта уларытыллаллар, хаһыыларын буордара уларыйар, бөҕөргөтүллэр, ону кытта бордюрдар, уу сүүрэр ханаабалара оҥоһуллаллар. Манна “Сахатранснефтегаз”, “Водоканал”, “Якусткэнерго”, “ЯТЭЦ” уонна “Ростелеком” бары бииргэ үлэлэһэллэр.
8 эбийиэккэ бырайыактааһын докумуона оҥоһуллан эрэр. Ол курдук, Хатас, Киллэм уонна Дьокуускай эбийиэктэрин үлэтэ торумнанар. Тимирязев уул. уонна Мархаҕа үлэ от ыйын 15 күнүттэн саҕаланна. 

Хонтуруол – хаачыстыба мэктиэтэ

От ыйын саҥатыгар баһылык Евгений Григорьев Дьокуускай куорат суолун-ииһин өрөмүөнүн хаамыытын кытта билсибитин хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр суруйан турабыт. Маннык кэрийэр айаннар дьаһалта үлэтигэр элбэхтик тэриллэллэр. Үлэни-хамнаһы миэстэтигэр былаанныырга, кытаанахтык хонтуруоллуурга, итэҕэһи-быһаҕаһы кэмигэр акт суруйан туоратарга төһүү буолаллар.

Санатар буоллахха, Пирогов, Ильменскэй, Билибин уулуссалар хапытаалынай өрөмүөннэрин бэдэрээтчитэ “Сэттэ” ХЭТ. Бу учаастакка Ильменскэй уулуссатыгар диэри суол бүрүөһүнүн аллараа араҥата ууруллар. Бордюр тааһын туруораллар, суолтан тахсыылары оҥороллор. Сэргэлээхтэн кэлиигэ 1 км 100 м усталаах суол бүрүөһүнүн аллараа араҥата тэлгэммитэ. Аспаал үөһээ араҥата ууруллар. Ууну сүүрдэр ханаабалары оҥороллор.

Үлэ, дьон үлэлиир кэмигэр мэһэйдээбэт курдук, киэһэ 21.00 чаастан сарсыардааҥҥыга диэри ыытыллар. Эбийиэккэ күн аайы 23 үлэһит уонна 13 тиэхиньикэ үлэлиир. Тутуу бэлэмэ билиҥҥитэ 70 %-ҥа тэҥнэһэр.

Ильменскэй уулусса хапытаалынай өрөмүөнүн Чайковскай уулуссатыттан Билибин уулуссатыгар диэри учаастагын бэдэрээтчитэ – “Сахатрасстрой” ХЭТ. Ый саҥатынааҕы туругунан эргэ аспаал көтүрүллүбүтэ, ууну ыытар лотуоктары олордуу уонна мөлтөх туруктаах буору уларытыы ыытыллыбыта. Үлэ 25 % бэлэм этэ. 

Эбийиэккэ 19 киһи уонна 9 тиэхиньикэ үлэлиирэ бэлиэтэммитэ.

Пирогов уулуссатын Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкай уулуссатыгар диэри учаастагар хапытаалынай өрөмүөнү “Сахатрасстрой” ХЭТ оҥорор. Ууну ыытар лотуоктар хорууларын хаһаллар, уот баҕаналарын туруораллар, гаас турбатын тардарга бэлэмнииллэр уонна щебень куталлар. Суол өрөмүөнэ 16 үлэһит уонна 8 тиэхиньикэ күүһүнэн ыытыллар. Тутуу бэлэмэ 70 %-ҥа тэҥнэһэр. 

Баараҕай былааннарга олорсон иһиэхпит

Дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар суоллары оҥорууга саҥа соруктары туруорда.

Ол курдук, 2023-2027 сылларга биэс сыллаах былаан оҥоһуллуохтаах. Ол түмүгэр дойдубут суолларын 85 бырыһыана тупсарыллыахтаах. Маныаха саҥа технологиялары, учуонайдарбыт саҥа айымньыларын, ураты ньымалары туһаныы былааннанар. Суолу кытта балысхан сайдыы кэлиэхтээх – туох баар инфраструктура барыта саҥаттан тардыллар.

Оттон “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак 2030 сылга диэри болдьоҕо уһатыллыан сөп.

 

Дьокуускай куоракка 2022 сылга ыытыллыахтаах суол өрөмүөнүн, саҥардан оҥоруу, тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн былаанын испииһэгэр 34 км тахса уһуннаах 38 эбийиэк киирэн турар. Ол иһигэр былааҥҥа Ленин проспегын, Каландаришвили, Федор Попов, Поярков, Ильменскэй уонна Щорс күөлүн таһынааҕы улахан ноҕуруускалаах куорат суоллара бааллар.

2022 сылга уулусса-суол ситимин тутуу, саҥардан оҥоруу, хапытаалынай өрөмүөн былааныгар киирбиттэрэ:

Тутуу:

1. Хатас сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар чугаһыыр суол;

2. "Звезднай" микрооройуонун «Воинская часть» кыбаарталга уулусса-суол ситимин тутуута.

Саҥардан оҥоруу:

3. Винокуров уулуссатыгар Ильменскэй уулуссаттан Чайковскай уулуссатыгар диэри кэрчик;

4. Можайскай уулуссатыгар Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчик;

5. Кангалаас бөһүөлэгин Нагорнай уулуссата.

Хапытаалынай өрөмүөн:

6. Пирогов уулуссатыгар Петр Алексеев уулуссатыттан Жорницкай уулуссатыгар диэри кэрчик;

7. Ленин проспегар Хабаров уулуссатыттан Краснояровка диэри кэрчик;

8. Маяковскай уулуссатыгар Каландаришвили уулуссатыттан Широких-Полянскайга диэри кэрчик;

9. Яков Потапов уулуссатыгар Кеша Алексеев уулуссатыттан «Гимеин» эргииригэр диэри кэрчик;

10. Бабушкин уулуссатыгар Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Очиченкоҕа диэри кэрчик;

11. Ильменскэй уулуссатыгар Чайковскай уулуссатыттан Билибиҥҥэ диэри кэрчик;

12. Пионерскай уулусса;

13. Космонавтар уулуссалара;

14. Труд уулуссата;

15. Верхоянскай уулуссатыгар Дзержинскэй уулуссатыттан Халтуриҥҥа диэри учаастак;

16. Челюскин уулуссатыгар Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаттан Беринг уулуссатыгар диэри кэрчик;

17. Киллэм сэлиэнньэтин Уваровскай уулуссатыгар;

18. Глухой переулокка;

19. Щорс күөлүн кытыытынааҕы уулуссаҕа;

20. Птицевод уулуссаҕа;

21. Хатас сэлиэнньэтин Октябрьскай уулуссатыгар;

22. Хатас сэлиэнньэтин Ленин уулуссатыгар;

23. Уустаах Избеков уулуссатыгар.

Өрөмүөн:

24. Очиченко уулуссатыгар Бестужев-Марлинскай уулуссатыттан 1-кы холуонньаҕа диэри кэрчик;

25. Билибин уулуссатыгар (2-с уочарат) Ильменскай уулуссаттан Сэргэлээхтиир шоссеҕа диэри кэрчик;

26. Каландаришвили уулуссатыгар Ленин проспегыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри кэрчик;

27. Марха микрооройуон Мархинскай уулуссата;

28. Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили уулуссата;

29. Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уулуссата;

30. Федор Попов уулуссатыгар Богдан Чижик уулуссатыттан Энергетиктарга  диэри кэрчик;

31. Энергетиктар уулуссаларыгар Кальвица уулуссатыттан Федор Попов уулуссатыгар диэри кэрчик;

32. Мерзлотнай уулусса;

33. Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суол (Эргэ Покровскайдыыр тракт уонна Николай Антонов уулуссаларыгар);

34. Тимирязев уулуссатыгар Дежнев уулуссатыттан оптуобус түмүк тохтобулугар диэри кэрчик;

35. Поярков уулуссатыгар Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскайга диэри кэрчик;

36. Авиатордар уулуссалара;

37. Три сосны уулусса (2 учаастак);

38. Кардиологическай диспансерга чугаһыыр суол.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...