04.12.2022 | 16:00

Аар Саарынтан алгыстаммыт Күн Сандаара

Аар Саарынтан алгыстаммыт Күн Сандаара
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга айылҕаттан айдарыылаах, олоххо ураты көрүүлээх, тарбахтарыгар талааннаах, илиилэринэн илбийэн эмтиир сахалыы эмчиттэри хаһыаппытыгар үгүстүк сырдатан кэллибит. Бүгүн мин биир дойдулаахпын, алгысчыт, сахалыы эмчит Саргылаана Винокурова-Күн Сандаараны билиһиннэриэхпин баҕарабын. 
Күн Сандаара Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ол гынан баран өр сылларга Сунтаарга олорбут буолан, Сунтаарын ордук чугастык саныыр.

Кулгаахпар ким эрэ сибигинэйэрэ...

– Күн Сандаара, үтүө күнүнэн! Айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларгын хас сааскар билбиккиний? Барыта туохтан саҕаламмытай? Хайдах арыллан барбытыҥ туһунан ааҕааччыларга сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?

– Олох кыра сааспар ийэлээх аҕам арахсыбыттара. Бука, ол кэмтэн саҕалаан кулгаахпар араас саҥалары мэлдьи истэр буолан барбытым. “Хатыҥ уута ис, хатыҥ уута ис...” диэн ким эрэ сибигинэйэргэ дылы буолааччы. Ону тоҕо инник этэллэрий, тоҕо итинник саҥалары истэбиний диэн дьиибэргиирим. Кэлин саас аайы аҕабын көрдөһөн хатыҥ уута тоһуйтаран иһэр буолбутум. Онтон  оскуоланы бүтэрэн баран Сунтаарга тиийэн төрөппүт ийэбин көрсүбүтүм. Ийэм кыра эрдэхпинэ аҕабыттан арахсан баран дойдутугар Сунтаарга барбыта. Онно ийэбэр “Хатыҥ уута ис, хатыҥ уута ис, маҥан кыыс төрүө” диэн кулгаахпар саҥа иһиллэр диэн эппиппэр, наһаа күүскэ соһуйбута уонна: “Мин эйигин оҕолонорбор Намҥа төрүүр дьиэҕэ сыттахпына аҕаҥ бииргэ төрөөбүт быраата хатыҥ уута таһар этэ уонна куруук “Хатыҥ уута ис, хатыҥ уута ис, мап-маҥан кыыс төрүө” диирэ”, – диэн кэпсээбитэ. Ол аата мин өссө ийэм иһигэр сылдьан ити тыллары истибит эбиппин.

Кыраттан иҥнэ сылдьыбыппын...

Иккис кэргэним наһаа иһэр этэ. Араастаан эмтэтэ сатаан сахалыы эмчиттэринэн сылдьарбыт. Онтон биирдэ эрим аймах дьахтара Аар Саарын диэн илбийэн эмтиир киһи баарын кэпсээбитэ уонна төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитэ. Өр толкуйдуу барбакка, Аар Саарыҥҥа эрийбитим уонна Дьокуускайга тиийэн кинилиин билсибитим. Интэриэһинэйэ диэн, өссө көрсө иликпитинэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэ туран мин эйигин көрөбүн дии диэбитим, ону кини миигин эмиэ эрдэ көрө турарын туһунан  эппитэ. “Хаартыта суох көрөр эбиккин, хаартыгын илдьэ кэлээр эрэ”, – диэбитэ. Аар Саарын кэргэммин илбийэн эмтээбитэ, ол кэнниттэн наһаа үчүгэй буолан хаалбыта, олус туһалаабыта. “Эйигин бу миэхэ өбүгэлэриҥ бэйэлэрэ сиэтэн аҕаллылар, мин эйигин билигин көрүөм-истиэм, ол кэнниттэн миигин билгэлээр”, – диэбитэ. Салгыы олоппоско олордон баран илиитинэн илбийбитэ, онтон мин кинини көрбүтүм, онно наһаа соһуйан баран илиибэр таас туттарбыта уонна бу туох тааһай, туох көстөрүй диэн ыйыппыта. Бу таас боростуой, Саха сирин тааһа буолбатах, омук сириттэн кэлбит кыра, хара таас. Ону мин көрдөхпүнэ ол тааска элбэх баҕайы киһи көстөр этэ. Барытын харахпын симэн олорон кэпсээн биэрбиппиттэн олус соһуйбута. Ол тааһы Аар Саарын миэхэ бэлэхтээбитэ, бэйэҕин кытта илдьэ сырыт, көмөлөһүө диэбитэ.

“Кыраттан иҥнэ сылдьар эбиккин, бу сайын Сата хайатыгар кэлэ сырыт, онно кэллэххинэ өссө арыллыаҥ”, – диэн сүбэлээбитэ. Кини этиитин тута ылынан, Сата хайатыгар кэргэмминиин иккиэн үс күҥҥэ бара сылдьыбыппыт уонна дьиктитэ диэн, бастакы барыыбар тута “арыллыбытым”.

Намҥа кэлбитим кэннэ маннык түгэн буолбута... Арай дьиэм олбуоругар баар баанньыкпар сууна олордохпуна эмискэ баҕайы эппиттэн тыал үрэр курдук буолбута. Икки илиибиттэн иккиэннэриттэн туох эрэ пылесос оборорун курдук. Оо, наһаа куттанан, тута баанньыкпыттан сүүрэн тахсыбытым уонна тэпилииссэҕэ саспытым. Онно үүнэн турбут оҕурсуларым биир-биир таммалаан түспүттэрэ. Бу айманарбын кэргэним истэн куттаммыт ахан этэ, тута: “Суһал көмөнү” ыҥырабын дуо?” – диэн ыксаабыт куолаһынан хаста да ыйыппыта. Онтон өр толкуйдуу барбакка, Аар Саарыммар эрийэн туох эрэ буоллум диэн биллэрбитим. Ону уоскуйуоххун наада, ыгылыйыма, оччоҕо тохтуоҕа диэбитэ. Кырдьык, уоскуйбутум кэнниттэн барыта тохтуурга дылы буолбута. Ити кэнниттэн дьэ арыллыбытым...

2017 сыллаахха ол Сата хайатыгар уопсайа үстэ бара сылдьыбытым. Үөрэппит учууталым Аар Саарын Намҥа миэхэ хаста да кэлэ сылдьыбыта. Кэлэн үлэлээччи, дьону көрөөччү, олохтоохтор истиһэн кэлэллэр этэ. Кэлин батыһыннарбытынан Мииринэйинэн, Ленскэйинэн сырытыннарбыта. Ол гынан баран аан бастаан миигин Аммаҕа илдьэ барбыта. Кулуупка тиийэн мустубут дьоҥҥо бу мин кыыһым, үөрэнээччим буолар диэн ис сүрэҕиттэн билиһиннэрбитэ. Онон үлэм аан бастаан саҕаламмыт сирэ Амма улууһа буолар. Аар Саарынныын үлэлиир кэмнэрбэр элбэх улуустары кэрийбиппит. Кини миэхэ элбэхтик көмөлөһөрө, сүбэлиирэ, кэлин бэйэҥ миигиттэн тутулуга суох үлэлиэҥ диэн эппитэ. Аар Саарын кэлин соһуччу ыалдьан күн сириттэн барбыта... Киниэхэ махталым муҥура суох. Куруук кинини үчүгэйдик саныыбын, өрүү холобур оҥостобун.

Кыайарбын эрэ ылсабын

– Дьэ эрэ, билиҥҥи үлэҥ туһунан кэпсэтиэх. Дьоҥҥо ханнык өҥөлөрү оҥороҕун? Хайдах быһыылаахтык үлэлиигиний? Эйиэхэ ордук туох кыһалҕалаах дьон кэлэллэрий?

– Биллэн турар, миэхэ үксүн дьиэ кэргэннэригэр кыһалҕалаах дьон кэлэллэр. Билигин хас биирдии ыал, биирдиилээн да дьон мунаарар ыйытыылаахтар, араас кыһалҕалаахтар. Ол эбэтэр эрдэрэ, ойохторо барбыт, үйэлэригэр оҕото суохтар, оҕолоно иликтэр уонна оҕолонуон баҕалаахтар биллэллэр. Урут аһыы утаҕы амсайар уонна быраҕа сатыыр дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөр этим. Кэлин маннык кыһалҕалаах дьону ыла сатаабаппын. Тоҕо диэтэххэ арыгы тиэмэтэ сүрдээх киэҥ өйдөбүл, киһи ылла да биир күнүнэн быһаара охсубат. Олоххо араас мэһэй-таһай элбэх. Сорох дьон үчүгэйдик олорор эрээри, харчыларыгар тиийиммэттэр, үпкэ-харчыга, бизнескэ араас уустуктары көрсөллөр. Маннык дьоҥҥо харчы ханаалын арыйан биэрэбин. Ол кэнниттэн ситиһиилэннибит, харчы кэлэр буолла диэн элбэх киһи махтанна. Сүтүктээхтэргэ эмиэ элбэхтик көмөлөстүм. Дьиэ-уот, массыына ыраастааһыныттан саҕалаан баҕалаах дьону бэйэлэрин эмиэ ыраастыыбын. Ыарыылаах дьону кытта эмиэ көрсөбүн, сахалыы эмтиибин. Уопсайынан, кыайарбын эрэ оҥоробун. Кыайбат үлэлэрбин ылса сатаабаппын.

– Билигин эн Сочига олороҕун. Манна хайдах кэлбиккиний? Бу куораты тугун иһин сөбүлээтиҥ?

– Сочига кэлиэм иннинэ сири-дойдуну син кэрийбит киһибин. Тас дойдулартан Бали, Таиланд, Египет, Дубай, Кытай о.д.а. Ол гынан баран тоҕо эрэ Саха сиригэр олорон Сочига барыахпын баҕарарым, сүрэҕим, дууһам Сочига эрэ тардыһара. Онтон аан бастакыбын 2020 сыллаахха кэлэн сынньаммытым, куораты кэрийбитим уонна өссө күүскэ сөбүлээбитим. Сибиэһэй ас-үөл, фрукта, муора да салгына үчүгэйэ... Онтон Саха сиригэр тиийэн баран “Ханна олоро барыахха сөбүй?” диэн толкуйга түспүтүм. Сочига көһөн кэлиэм иннинэ өссө Турция Антальятыгар бара сылдьыбытым. Ону таһынан элбэх куораттарын кэрийбитим. Турцияҕа эмиэ олоруохпун сөп эбит дуу диэн көрбүтүм эрээри, тоҕо эрэ астарын сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин былырыын күһүн дьиэ кэргэммин кытта Сочига көһөн кэлбиппит. Манна дьоно-сэргэтэ, муората, салгына – барыта үчүгэй, аһын-үөлүн да сөбүлээтим.   

– Оччоҕуна дьону кытта хайдах үлэлии олороҕун? Барыта төлөпүөнүнэн, бассаабынан дуо?

– Билиҥҥитэ оннук. Ханнык баҕарар куораттан, дойдуттан Саха сирин кытта интэриниэт ситиминэн, онлайн үлэлии олоробун. Миэхэ нууччалар, бүрээттэр, оннооҕор омуктар тылбаасчыттаах кэлэллэр. Саха сиригэр бара-кэлэ сылдьабын. Дьокуускайга эрдэ суруйтарбыт дьону кытта көрсөбүн, ардыгар улуустарга тахсан үлэлиибин. Саха сиригэр барар, айанныыр буоллахпына хайаан да биллэрии таһаарабын.

Хом санаа баһыйбатын!

Салгыы өссө туохха үөрэнэр, үлэлиир, сайдар санаалааххын?

– Бу саҥа дьылга дуу эбэтэр саҥа сыл үүнүүтэ “Күн Сандааралыын бииргэ...” диэн интэриэһинэй туур оҥоруохпун баҕарабын. Сотору кэминэн  олоххо киириэ диэн эрэнэбин. Манна кэлбит дьон ыраастанан, алгыстанан, арчыланан баралларын курдук наһаа интэриэһинэй бырагыраама толкуйдуу сылдьабын. Хайаан да социальнай ситимҥэ биллэриэҕим.

– Дьону үөрэтэр анал куурустааххын дуо? Үөрэнээччилэриҥ туһунан билиһиннэр эрэ...

– Хас да үөрэнээччилээхпин. Миэхэ кэлэн үөрэнэллэр, сайдаллар. Сотору өссө хас да киһи кэлэн үөрэниэхтээх. Ол курдук, Чурапчыттан, Амматтан, Сунтаартан, Дьокуускайтан бааллар. Уопсайа 10-ча киһи үөрэннэ, наһаа үчүгэй кыргыттардаахпын, эр киһи да баар.

– Эйигин өссө алгыстаах браслеттарынан дьарыктанар диэн наһаа сэҥээрэн көрөбүн. Дьон төһө сакаастыырый?

– Билиҥҥитэ кылгас кэмҥэ браслеттарынан дьарыктаммаппын. Ол оннугар собуокка харысхаллары сакаастаан, анаан-минээн алгыстаан баран Дьокуускайга ыытабын. Саха сиригэр миэхэ көмөлөһөр кыыстаахпын, кини килийиэннэрбэр тарҕатар. Бу харысхаллар үрүҥ көмүстэн оҥоһуллаллар, эскиһин 10-с кылааска үөрэнэр кыыспын кытта тэҥҥэ уруһуйдуубут. Барытын иккиэн толкуйдаан, сүбэлэһэн оҥоробут. Дьэ ол кэнниттэн сакааска барар, килийиэн илиитигэр ким да туппатах, таарыйбатах, анаан-минээн киниэхэ ананан оҥоһуллубут оҥоһугу тутар. Онон дьон үөрэ-көтө сакаастыыр. 

– Сылбыт түмүктэнэрэ чугаһаата. Бу сыл эйиэхэ хайдах ааһан эрэрий? Саҥа сылтан тугу күүтэҕин уонна хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҥ баҕа санааҥ.

– Бу сыл этэҥҥэ ааһан эрэр. Кэлэр сылга хайаан да Дьокуускайга тиийэн үлэлиэм, миигин элбэх киһи кэтэһэр, ыйыталаһар. Баҕар, Таҥха кэмигэр баран кэлиэм. Ол гынан баран  билиҥҥитэ биллибэт. “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар уонна кэлэктиибигэр хом санааҕа ылларбакка, хомойор диэни билбэккэ, күүстээх санаанан салайтаран сылдьыахтарын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ киһи санаата түстэ да, туга барыта ыһыллар, тас эйгэтэ, аурата, иммунитета кытта мөлтүүр. Онон кыһыҥҥы кэмҥэ иҥэмтэлээх аһынан аһааҥ, ыраас уута иһиҥ, бэйэҕитин куруук көрө-истэ, харыстана сылдьыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...