17.04.2020 | 11:21

Аанньалларбыт үлэлэрин сөпкө сыаналыахха

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Василий Дарбасов, бэрэпиэссэр,

CӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ наукатын судаарыстыбаннай

бириэмийэтин лауреата, РФ наукатын бочуоттаах үлэһитэ.

Мин бу ыстатыйаны суруйарбар «Киин куорат» хаhыат муус устар 9 күнүгэр бэчээттэммит «Yрүҥ халааттаaх аанньаллартан хомойдум» диэн Дьокуускай куорат олохтооҕо Полина Хаччагаева ыстатыйата төрүөт буолла.

Ааптар аҕалбыт хобдох түгэннэригэр мин эмиэ, ыарыhах буолан, сыана быhар быраабым да, кыаҕым да суох. Онон, баар чахчыларга олоҕуран, онколуогуйа дьыспаансырын билиҥҥи балаhыанньатын сорох түгэннэрин сырдатарга холонобун.

Бэйэм 2013 с. ыам ыйыттан ыла тыҥа араагар ыалдьаммын, манна учуокка туран эмтэммитим 7-с сыла буолла. Онон үйэм балайда уһаабытыгар бу дьыспаансыр эмчиттэрин кэлэктиибигэр махталым муҥура суох. Онон, саас-сааhынан кэпсээтэххэ, маннык.

Онколуогуйа дьыспаансырын тэриллиитэ

Аан бастаан онколуогуйа дьыспаансыра 1946 с. төрүттэнэн, уобаластааҕы балыыhа тиэргэнигэр атыыhыт А. Кушнарев олорбут икки этээстээх мас дьиэтигэр олохсуйбут. Оччолорго бастаан хирургия салаата аhыллан, дьону эпэрээссийэлиир буолбуттар, ити дьиэттэн чугас Ф. Кон аатынан уулуссаҕа радиология уонна цитология лабораторияларыгар анаалыстары оҥорор буолбуттар. Ол кэмҥэ нэhилиэнньэ үксэ куртах уонна куолай араагынан ыалдьан баалатан эрэ баран киирээхтииллэрэ, онон үтүөрэн тахсыы түмүгэ адьас кыра эбит. Ити ыарыылар олохтоохтор үксүн этинэн эрэ аhыылларын, олус итии чэйи иhиилэрин содулунан быhаарыллара, оҕуруот аhа, хортуоппуй аҕыйаҕа битэмиин тиийбэтигэр эбии сабыдыаллыыра. Сүрүн онкуолак-хирурунан сэрии кыттыылааҕа В.И. Попов, цитология лаборатория сэбиэдиссэйинэн П.С. Герасимов, кэлин эндоскопия салаатыгар СӨ үтүөлээх бырааhын үрдүк аатын ылбыт В.Г. Алексеев о.д.а. өр сылларга бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэр. Дьыспаансыр сэрии кэнниттэн, олох-дьаhах саамай ыарахан кэмнэригэр, тэриллибит буолан, дьиэ-уот, оборудование, каадыр өттүгэр үгүс ыараххаттары көрсүбүтүн туhунан, Томпо улууhуттан төрүттээх мин биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим бу дьыспаансырга 45 сыл эҥкилэ суох мэдиссиинэ сиэстэрэтинэн үлэлээбит А.И. Федорова ахтыылара хаhыаттарга бэчээттэннилэр. Онон онколуогуйа сулууспатын тэриллиитин төрүттэспит биhиги бэтэрээн үлэhиттэрбитин умнубат иэстээхпит. Оччолорго эмп үлэhиттэригэр баартыйа уонна бырабыыталыстыба сүүнэ улахан эппиэтинэhи сүктэрэллэрэ, ол дьон доруобуйатын кыраҕытык харыстыыр, үйэлэрин уhатар чопчу соругу туруораллара буолар. Ол кытаанахтык ирдэнэрэ.

Дьыспаансыр билиҥҥи туруга

Санаттахха, быйыл онколуогуйа сулууспата тэриллибитэ 70-сыла бэлиэтэнэр. Ити өр сыллар усталаах-туоратыгар дьыспаансыр хас да сиринэн-уотунан, мас дьиэлэринэн ыhыллан олорон баран, 90-сылларга Свердлов аатынан уулуссаҕа турар дьон олороругар аналлаах бырайыактаах дьиэҕэ көhөн, анаалыстыыр, эмтиир, дьону сытыарар усулуобуйата кэм аматыйар. Поликлиниката туспа турар дьиэ бастакы этээhигэр үлэлиир да, дьиҥ дьону приемнууругар, көрөр чинчийэр оборудованиеларын туруорарыгар элбэх эрэйи көрсөн, сорох ыарахан ыарыhахтар үҥсэргииллэрин, киҥир-хаҥыр саҥарсалларын үгүстэ истэргэ, ону кыалларынан тулуйа сатыырга тиийэллэрэ. Мин 7 сыллааҕыта онно учуокка туран, элбэхтик уочараттаан, маҥнайгы химияттан улаханнык сүhүрэн 13-түү хонук тугу да аhаабакка 20 киилэ ыйааhыным түhэн, уҥуох-тирии буолан, суорҕан-тэллэх киhитигэр кубулуйбутум. Кэргэммэр «туруулаhан син биир туhа суох эбит, бу уодаhыннаах ыарыыны тулуйарбыттан аастым» диэн бырастыылаһан кэриэспин эппитим. Ону чугас дьонум, быраастарым да, Ньургуйаана Спиридоновна Алексеева «олох санааҕын түhэримэ» диэн, араас укуолларынан эмтээн-томтоон, аан бастаан атахпар туруорбуттара. Ол туhунан сиhилии «Үчүгэйиэн, тыыннаах буолар» диэн 2017 сыллаахха тахсыбыт сэhэммэр суруйан турабын уонна ону булан ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Аны санаатахха, 7 сыл анараа өттүгэр химиянан эмтээhин схемата, препараттара, уонна ону сөпкө кэмигэр ыраастыыр (промывка) аныгы суурадаhыннара да тиийбэт быhыылааҕа. Ол иhин арыычча сылдьар ыарыhахтар улаханнык сүhүрэн, стрестээн да, толуордаан да ыалдьаллара элбэх этэ. Ону тулуйбакка сорохтор химияттан аккаастаналларын элбэхтэ көрбүтүм, аны ол үчүгэйгэ тиэрдибэтин кытаанахтык өйдөөбүтүм. Онтон билигин балаhыанньа тосту уларыйда, химиялааһын, сардаҥанан (лучевой) эмтээhин, эпэрээссийэлэр, сэрэтэр үлэлэр үчүгэй түмүктэри көрдөрөллөрүн статистика кэрэhилиир.

Онуоха биир суол хардыынан Ил Дархан А.С. Николаев ыйааҕынан дьыспаансыры урукку кыбычыын дьиэттэн биэс этээстээх, балыыhаҕа анал бырайыактаах Стадухин уул., 81 корпуһугар дьиэҕэ көһөрүү буолбута.  Онон балыыhа, поликлиника иккиэн биир дьиэҕэ 2018 с. сэтинньититтэн үлэлииллэрэ үлэhиттэргэ, ыарыhахтарга табыгастаах буолла.  Манна биир саҥа отделение арылынна, иккис хирургия салаата, гинекология, химиотерапия куойкалара лаппа элбээбиттэрэ, балыыhаҕа киирэр уочараты биллэрдик түргэтэттэ. Дьыспаансырга билигин 340-ча персонал үлэлиир, ол иhиттэн 70-тан тахса быраас, итинтэн 30 киhи анал үөрэхтээх онколуогуйа быраастара бааллар. Мин  бэйэм үксүгэр химиотерапия отделениетыгар эмтэнэр буоламмын, кылгастык ону сырдатыам этэ.

Ол эбэтэр билигин бу отделениеҕа 70 куойкаҕа дьон тиийэн химиянан эмтэнэн тахсар,  ортотунан 270 киhи ыйга киирэр-тахсар. Барыта 43 персонал үлэлиириттэн 7 анал клиническэй ординатураны Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга барбыт уопуттаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх быраастар, 20 мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ 8 санитарка, онтон да атын үлэhит иллээх кэлэктиибинэн үлэлииллэр. Бу улахан кэлэктииби мэдиссиинэ наукатын кандидата, СӨ үтүөлээх бырааhа Феодосия Гаврильевна Иванова сатабыллаахтык салайар. Кинини кытта быраастар: Н.А. Карсыбаева, Н.С. Алексеева, Н.И. Спиридонова, А.А. Тимофеева,  С.П. Никитина, Р.А. Николаева, старшай сиэстэрэлэр Н.Н. Винокурова, В.В. Винокурова, сиэстирэлэр Галина, Надежда, Софья, Мария, Алена, Александра о.д.а. бары биир сүрүннээхтик, иллээхтик, эйэлээхтик, ис дууhаларыттан ылсан үлэлии-хамсыы сылдьаллара харахха быраҕыллар. Маныаха ыарыhахха быраастар, сиэстэрэлэр өттүлэриттэн ылыннарыылаах истиҥ сыhыан, чопчу сүбэ-ама, киhиэхэ эрэл санааны саҕар, уоскутар, аралдьытар сыhыаннаахтара көстө-биллэ сылдьарын бэлиэтиэх кэриҥнээхпит. Итини ыарыhахтар «Книга отзывов» диэҥҥэ махтанан суруйбуттарыттан ааҕан итэҕэйиэххэ сөп.

Кэлиҥҥи сылларга искэн ыарыыны эмтээhин биллэ сайынна. Аны молекулярно-генетическэй диагностааhын көмөтүнэн хас биирдии ыарыhахха препараттары чопчулаан эбэн эбэтэр көҕүрэтэн оҥорор буоллулар. Сорох ыарыhах химиятын препаратын тулуйбатаҕына, маарынныыр эмтэринэн солбуйан биэрэр кыахтаннылар. Онон быраастар биир эрэ схеманан үлэлээбэккэ, эмтиир ньымаларыгар айымньылаахтык сыhыаннаhаллар. Түмүгэр, ыарыhах үйэтэ уhуур эбэтэр төрүт үтүөрэр. Аны билигин Арассыыйа үрдүнэн «искэн ыарыытыттан нэhилиэнньэ өлүүтүн аччатыы» диэн тус сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама үлэтэ саҕаланан, элбэх тэрээhин, ыарыыттан сэрэтии, өйдөтүү үлэлэрэ саҕаланнылар. Ол чэрчитинэн матырыйаалынай база тупсарылла турар, быйыл үс саҥа компьютернай томограф (КТ) экспертного класса уонна МРТ аппарат кэлэригэр анаан, турар миэстэтин бэлэмнээбиттэр, онуоха эдэр исписэлиистэр киин онколуогуйа институтугар үөрэнэн кэлбиттэр. Оччотугар ыарыhахтар уочаракка туран кэтэhиилэрэ-манаhыылара лаппа аччыыра күүтүллэр, ол эмтэнии көдьүүhүн лаппа үрдэтиэҕэ.

                   Инники кэскилбит хайдаҕый?

Саамай кылаабынай сорук – Онкокиин тутуута дьыспаансыр быраастарын эбэтэр ыарахан ыарыһахтар эрэ баҕа санаалара буолбакка, бүтүн норуот кыһалҕата буоларын дьон-сэргэ бары күүтэр, кэтэһэр этэ. Ону, хата, Ил Дархаммыт А.С. Николаев мэр эрдэҕиттэн өйөөн, өйдөөн, туруулаһан, 2017 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр анал бырагыраама быһыытынан киллэртэрэн, сыбаайатын ол сыл түһэрэн саҕалаан, кэлин икки сыл тутуута балай да баран иһэр. Быйыл бастакы этээстэр панеллара уурулла сылдьалларын П. Алексеев уулуссаттан дьон-сэргэ көрөн ааһар. Дьыспаансыр үп-харчы өттүнэн үбүлээһинэ Ил Дархан Арассыыйа доруобуйатын министиэристибэтигэр күүскэ туруорсубутун түмүгэр, урукку сыллардааҕар лаппа тупсан, ыарыһахтары араас саҥа сыаналаах препараттарынан эмтээһин күүһүрбүт. Үөһээ эппиппит курдук, Онкокиин тутуута салҕанар, онон, кыалыннаҕына, 2024 с. бу баараҕай тутуу түмүктэнэн, олохтоохтор дьэ өрө тыыныахтара диэн күүтэбит.

Иккиһинэн, Онкокиин үлэҕэ киирэригэр сөптөөх мэдиссиинэ каадырынан хааччылларбыт наада. РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өссө 2012 с. сэтинньи 15 күнүнээҕи 915 №-дээх бирикээһинэн 20 тыһ. нэһилиэнньэлээх улуустарга онколог-быраас ыстаата көрүллэрин олоххо киллэрии үлэтэ бара турар. Ол курдук, Нерюнгри, Алдан, Майа, Нам, Ньурба, Сунтаар, Бүлүү о.д.а. улуустарыгар исписэлиистэр баар буолбуттар. Сорох балыыһаларга анал хостору анаталаан, процедура, химиятерапия кабинеттарын аһан үлэлэтэн эрэллэр. Онон чугастааҕы сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 18 онколуогуйа филиаллара аһыллан үлэлиэхтэрэ диэн онкодьыспаансыр салалтата бэлиэтиир. Итинэн сибээстээн онколуогуйа киинигэр үлэлиэхтээх үрдүк квалификациялаах каадырынан бэлэмнииргэ ХИФУ Мэдиссиинэ институтугар онкуолаг-быраастары (интерннэр) уонна клиническай ординаторы үөрэтэн, иитэн таһаарыы сүрүн сорук быһыытынан турарынан мантан кэлэр сылларга үөрэххэ ылыы миэстэтин лаппа кэҥэтии былааннанар. Оччотугар олохтоох бэйэбит каадырдарбыт ити кииҥҥэ үлэлииллэрэ нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн көдьүүстээх, үтүө түмүктэрдээх, кэскиллээх буолуо этэ диэн санаалаахпын. Тоҕо диэтэххэ, каадыр тиийбэт түгэнигэр кэлии каадырдар сонно тута кэриэтэ элбиэхтэрэ. Мин билэрбинэн, Блохин аатынан онколуогуйа киинин быраастарын 2013 с. 20 %-ра чэчиэн, ингуш, азербайджан хааннаах этилэр уонна, кэлин эмтэммит ыарыһахтартан иһиттэххэ, өссө элбээбит курдуктар. Онон сибээстээн бэйэбит каадырдарбытын эрдэттэн бэлэмниир сорук турар. Маныаха киһи сэргиирэ Айсен Николаев Онкокиин тутуутун хаамыытын өрүү болҕомтотугар уурар. Кини үрдүк кылаастаах каадыры Япония, АХШ,  Соҕуруу Кэриэйэ аатырбыт килииникэлэригэр бэлэмниири ирдиир. Онкокиин үлэҕэ киирдэҕинэ, 900-тэн тахса үлэһиттээх буолуохтааҕын ыйар, оттон бүгүн 480 каадыр, ол иһиттэн 67 онколог-быраас тиийбэтин бэлиэтиир.

Түмүктээн эттэххэ

Уодаһыннаах араак ыарыыны эмтээһиҥҥэ төһө да үлэ күүскэ барбытын үрдүнэн, Арассыыйаҕа балаһыанньа ыарахан. РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин биллэриитинэн, кэнники 10 сылга дойдуга араагынан ыалдьыы 40% элбээбит. Эрэгийиэннэртэн ордук Курскай уобалаһыгар улахан, онно 100 тыһ. киһиттэн  3,3 тыһ. киһи араагынан ыалдьар эбит. Иккиһинэн  Мордовия, салгыы Краснодар, Калуга, Псков уобаластара иһэллэр, онон дойду үрдүнэн 4 мөл. кэриҥэ араак ыарыылаах киһи баар эбит.

Онтон Саха сиригэр 13 тыһ. искэннээх киһи эмтэнэ сылдьар. Аны сыл аайы 2700 саҥа ыарыһах кэлэр. ХИФУ онкология кууруһун сэбиэдиссэйэ, бэрэппиэссэр П.М. Иванов бэлиэтииринэн, кэлин сылларга искэнинэн ыалдьар эр киһи ахсаана лаппа элбээбит (18,1%). Ол курдук простата 3 төгүл, быар 2, хабах 2 төгүл улааппыт. Аны бэлэс, суон оһоҕос, тыҥа, ноор, быар искэннэрэ элбээбит. Онтон дьахталларга төрүүр-ууһуур уорганнар, бүөр, хабах, ноор араага үөскээбит. Онон онколуогуйа дьыспаансырын үлэһиттэригэр түбүктэрэ-садьыктара, аччыаҕынааҕар, өссө элбээн иһэрэ сэрэйиллэр. Баҕар, итинтэн сылтаан дьыспаансырга кэккэ итэҕэстэр баалларын ыстатыйа ааптара П. Хаччагаева ыйбыт быһыылаах. Онуоха чуолаан гинекология уонна реанимация отделениеларын үлэһиттэрин ыарахан ыарыһахха хаҕыс сыһыаннарын, хосторо хараҥатын, сиэстэрэлэр нэстэрин о.д.а. итэҕэстэрин ыйбытын, мин санаабар, дьыспаансыр кэлэктиибэ мунньахха киэҥник дьүүллэһэн, сөптөөх административнай миэрэлэри ыллаҕына, итэҕэстэр туоратыллыахтарын сөп.

Мин 7 сыл устата элбэхтэ эрэйдэнэн, итинник хаҕыс сыһыаны, бүтэн биэрбэт уһун уочараты элбэҕи көрүстэҕим. Онтон муунтуйуу, санааҕа-онооҕо баттатыы, ол түмүгэр доруобуйа айгырааһына да таҕыстаҕа. Итинник түгэннэргэ Блохин аатынан клиникэҕэ түбэстэҕим. Ону үксүгэр киэҥ көҕүстэнэн, тулуйан, баар балаһыанньаны өйдөөн, түбүктээхтик, тулуурдаахтык, ыктаран үлэлии сылдьар быраастары, сиэстэрэлэри өйдөөн бэйэ ньиэрбэҕин харыстанан холкутуйан сыһыаннаһар наадалаах. Кинилэр эмиэ бириэмэҕэ ыктаран үлэлииллэр, онон ардыгар быһымах түгэн баар буолааччы. Ити ордук саҥа ыарыһахтары балыыһаҕа киллэриигэ миэстэ тахсыбакка, киһи эрэ хомойооччу, ыксааччы. Ону тулуйар эрэ наада, баар балаһыанньаны ыарыһах эмиэ өйдүөхтээх!

Уопсайынан, онкодьыспаансыр үлэһиттэрэ олус түбүктээхтик үлэлииллэрин манна эмтэнээччилэр бары бэлиэтииллэр. Быраастар, сиэстэрэлэр сарсыарда 7 ааһыыта кэлэллэр, сиэстэрэлэр суукканан сылдьаллар, күнү быһа тохтообокко сүүрэ-көтө сылдьан, хаста да обхуодтууллар, ол быыһыгар химия суурадаһыннарын, систиэмэлэри туруортууллар, анаалыстары ылаллар, укуоллууллар, эргитэ сылдьан сууйаллар-тарыыллар. Ыарыһаҕы КТ, УЗИ, МРТ-га көрдөрө илдьэллэр, сорохтору көлөөскөлөрүнэн анньаллар, таксинан таһаллар. Ити курдук түбүк үөһэ түбүккэ сылдьаллар, аны бу коронавирус ааҥнаан, карантин биллэриллэн, дьиэни-уоту барытын дезинфекциялааһын, араас профилактиканы ыытыы түбүгэ элбээтэ.

 Дьэ итинник түбүккэ-садьыкка сылдьар амарах сүрэхтээх, үлэлэригэр бэриниилээх үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар үтүөнү эрэ баҕарыаххайыҥ, доруобуйаны, дьиэлэригэр-уоттарыгар нус-хас олохтоноллоругар алгыспытын аныаҕыҥ! Айыыһыккыт аргыстастын!!! Иэйэхсиккит эҥэрдэстин!!!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....