28.12.2021 | 19:30

Ааһан эрэр сыл сүрүн үктэллэрэ

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

2021-2023 сылларга биллэриллибит Тупсарыы сылларыттан үс гыммыт биирин түмүктээн эрэбит. 
Мантан аллараа ааһан эрэ сылга өйдөнөн хаалбыт сонуннары сырдатабын.

Тохсунньу ый

Тохсунньу ый 11 күнүгэр мэр Сардаана Авксентьева доруобуйатын туругунан дуоһунаһыттан уурайан, куорат олохтоохторо бары кэриэтэ соһуйан хаалбыттара. Бу күн көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ, социальнай ситим барыта Авксентьева уурайарын туһунан сонунунан туолбута. Куораппыт историятыгар билиҥҥитэ бастакы уонна соҕотох дьахтар мэрбит, төһө даҕаны икки аҥаар эрэ сыл үлэлээтэр, үп-харчы кырыымчыгын аахсыбакка, киин куораппыт сайдарыгар, олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар үгүс үлэни ыыппыта. Авксентьева мэр дуоһунаһыгар эдэр кэскиллээх киһини Евгений Григорьевы өйүүрүн биллэрбитэ.

Олунньу ый

Олунньу ый, үгэс курдук, куорат уокуруктарын уонна дьаһалта сыллааҕы отчуоттарынан «баай» этэ. Коронавирус ыарыыбыт эмискэ өрө туран, ону кытта ротавирус, норовирус ыарыыта элбээн, үөрэх тэрилтэлэрэ, уһуйааннар маассабайдык харантыыҥҥа көспүттэрэ. Коронавирус инфекцията киэҥник тарҕаммытынан, хааччахтааһын миэрэлэрэ кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһаан биэрбиттэрэ.

 

Кулун тутар ый

Дьокуускай куорат, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн, 102 элбэх кыбартыыралаах дьиэни көһөрөргө эбии 4,5 млрд солкуобайы ылары ситиспитэ. Куорат киин болуоссатыгар аһаҕас халлаан анныгар каток арыллыбыта.

Муус устар

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Ленин проспегын реконструкциялааһын туһунан бастакы сонуннар тахсыбыттара. Проспект өрөмүөнэ 2022 сылга – Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр түмүктэниэхтээх. «Сыл бастыҥ учуутала» куонкурус кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат 23 №-дээх орто оскуолатын учуутала Анна Конова буолбута.

 

Ыам ыйа

Саҥа талыллан үлэлээн эрэр мэрбит Евгений Григорьев суруналыыстарга пресс-десант тэрийэн, муниципальнай оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын саҥардан тутуу, тупсарыы боппуруоһун көтөхпүтэ.

Бэс ыйа

Хаһан да буолбатах куйаас сатыылаан эрэрэ биллибитэ. Ол да буоллар Туймаада туонатын ыһыаҕа пандемиянан сибээстээн онлайн халыыбынан ыытыллыбыта. Арай Дыгын оонньуулара «Туймаада» стадиоҥҥа спортсменнар эрэ кыттыылаах ыытыллыбыта. Икки күннээх эрийсиилээх күрэхтэһиигэ 12 күүстээх спортсмен сэттэ көрүҥҥэ күөн көрсүбүттэрэ. Түмүккэ Хаҥалас хотойо Егор Филиппов бэһис төгүлүн кыайыыны ситиспитэ.

От ыйа

Киин куорат Промышленнай уокуругар Рихард Зорге уулуссатын 7/2 нүөмэригэр Sinet Spark бастакы оҕо балаһааккатын арыйбыта. 

Атырдьах ыйа

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһулунна. 2,2 млрд солкуобай кэриҥэ үп хамсаан, 48, 29 км усталаах суол тутулунна. Былааннаммыт үлэ барыта болдьоҕор ситтэ. Тупсарыы сылынан Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Мой двор» диэн бырайыак үлэлээн,  куорат 15 тиэргэнэ өрөмүөннэннэ. Эһиил бу бырагырааманан 45 эбийиэк тупсарыыта былааннанар.

Балаҕан ыйа

Ил Дархан Айсен Николаев “Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын туһунан” Ыйааҕар илии баттыыр. Ыйааҕы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2032 сылга Дьокуускай Арассыыйа атын куораттарын кытта тэҥҥэ күрэстэһэр, сайдыылаах, дьон олороругар табыгастаах куорат буолуохтаах. Хаарбах туруктаах дьиэ, оллур-боллур суол диэн суох буолуохтаах. Сыбаалканы бөҕү наардыыр собуот солбуйуохтаах.

Аммосов уулуссатыгар куорат бастакы музейа аһыллар. «IT – куб» оҕо цифровой үөрэхтээһинин Киинэ үлэҕэ киирэр. Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан балет оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы Оҕо театра аһыллар.

Алтынньы ый

Дьэллик ыттар кыһалҕалара сытыырхайар.

Сэтинньи ыйа

Сэтинньи 13 күнүгэр биир чааска 300 тыһыынча кубометр кыамталаах гааһы таҥастыыр станция үлэҕэ киирэр. Саҥа станция эргэрбит ГРЭС-1 солбуйар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу эбийиэк 1967 с. үлэҕэ киирбит.

Ахсынньы ыйа

Куорат уокуругун Сыырдаах сэлиэнньэтигэр «Саюри» тэпилииссэ комплексын тутуу үһүс уочарата түмүктэнэр. Биэс сыл иһигэр тэпилииссэҕэ 2 тыһыынчаттан тахса туонна оҕуруот аһа үүннэрилиннэ. Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар төгүрүк сыл устата нэһилиэнньэни сибиэһэй оҕурсунан, томаатынан, атын даҕаны күөх үүнээйинэн хааччыйар тэрилтэ салгыы киин куорат ырыынагын – 20-25 %, Саха сирин 10% кэриҥин хааччыйара күүтүллэр.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамаларынан Птицефабрика оройуонугар тутуллубут саҥа дьиэҕэ күлүүстэри туттараллар. Уопсайа көһөрүүгэ диэн анаан 68 кыбартыыра ылыллыбыт.

Куорат оптуобустарын саҥардарга 80 мөл. солк. кэриҥэ үп көрүллэр. Онон эһиил Саха АССР 100 сылынан киин куоракка 100 саҥа тиэхиньиэкэ кэлэрэ күүтүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...